709
22 февраля 2019 в 11:57
Кыһамньыны билиэхтэрэ турдаҕа
Баһылык ыйааҕа
“Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр төрөөһүнү өйүүргэ туһуламмыт эбии дьаһаллар тустарынан” ыйаахха баһылык Айсен Николаев илии баттаата. Ол курдук 2019 сыл тохсунньу 1 күнүттэн оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ эбии социальнай көмө көрүллэр буолла. Дьиэ кэргэҥҥэ бастакы оҕо төрөөтөҕүнэ (ииттэ ыллахтарына) биир кэмнээх 33812 кээмэйдээх харчынан көмө (тииһинэн олоруу алын кээмэйин икки гыммыта), иккис оҕо төрөөтөҕүнэ – федеральнай ийэ хапытаалын кээмэйиттэн 30%-на — 135 907,8 солк. өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаала, үһүс оҕоҕо уонна онтон салгыы оҕо төрөөтөҕүнэ, дьиэ кэргэн хас биирдии киһитин дохуота тииһинэн олорор кээмэйтэн кыра буолаҕына, оҕо 3 сааһын туолуор диэри ыйын аайы 16 906 солк. кээмэйдээх босуобуйа төлөнүөхтэрэ.
Ил Түмэн дьиэ кэргэн уонна оҕо аймах дьыалаларыгар кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алена Атласова:
— Бу ыйаах Саха сиригэр демографическай балаһыанньа тупсарыгар уонна дьиэ кэргэн бигэ туруктаах буоларыгар туһаайыллар. Дьиэ кэргэҥҥэ судаарыстыба өттүттэн өйөбүл улахан суолталаах. Ыйаах кэмигэр таҕыста, Президент Владимир Путин ыам ыйынааҕы ыйааҕар уонна Оҕо аймах уон сылынан ыытыллар тэрээһиннэргэ сөп түбэһэр. Айсен Николаев олунньу 14 күнүнээҕи ыйааҕа оҕолоох дьиэ кэргэни өйүүр өссө биир саамай туһалаах дьаһалынан буолла. Дьахтар сарсыҥҥытыгар эрэллээх буоллаҕына, төрүүр. Өрөспүүбүлүкэҕэ дьиэ кэргэни уонна элбэх оҕолоохтору өйүүр үгүс дьаһаллар бааллар, ол дойду бигэтик сайдан иһэригэр көмөлөһөр. 90-с сылларга төрөөһүн көрдөрүүтэ түспүтүн түмүгэ бүгүн көстөн эрэр. Ол иһин төрөөһүнү уонна элбэх оҕолоох дьиэ кэргэни өйүүр булгуччулаах буолла. Онон Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕа көдьүүстээх буолара саарбахтаммат.
СӨ үтүөлээх артыыһа Анатолий Бурнашев:
— Биһиги, Сахабыт сирин олохтоохторо, Ид Дархаммыт үлэтин өйүөхтээхпит. Аҥардас биир ыйааҕынан эрэ сыаналаабакка. Кини көрүүлэрин, ылынар нормативнай докумуоннарын, этиилэрин өйүөх тустаахпыт. Биир ыйааҕынан кини үлэтин сыаналыыр татым дии саныыбын. Кини үлэтин далааһына олус киэҥ. Дойдутун, өрөспүүбүлүкэтин, норуотун туһугар олус үчүгэйдик үлэлии сылдьар диэн санаалаахпын. Онон кини ханнык баҕарар хайысханан үлэтин өйүүбүн.
Мария Николаева, түөрт оҕо ийэтэ, Ньурба:
— Мин Ил Дархаммыт оҕолоох дьиэ кэргэни өйүүр ыйааҕын туһунан телевизорынан истэн баран олус үөрбүтүм. Судаарыстыбаттан маннык өйөбүллээх буоллахха, эдэр ыаллар бигэтик сананыахтара, инникилэригэр эрэллээх буолуохтара. Биллэн турар, оҕо – дьол, төһө харчыны төлүүллэрин аахсыбакка күн сирин көрдөрөбүт. Ол да буоллар, маннык ыйаахтар, сокуоннар тахсаллара истиҥ өйөбүл баарын көрдөрөр.