869
14 мая 2018 в 09:10
Парламент дьылҕата мин дууһабар, сүрэхпэр өрүү чугас
Олох диэн сүрдээх уустук, таайыллыбат таабырын дииллэрэ чахчы баар суол. Ол да иһин киһи күүппэтэх өттүттэн араас быһылааннар тахсаллар. Саха муударай өс хоһооно баар: “Балык ыамнаах – киһи күннээх”.
Ил Түмэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин үрдүкү судаарыстыбаннай былааһын биир тулхадыйбат, быстыспат салаата буолар. Норуокка, уопсастыбаҕа быһаччы сыһыаннаах сокуоннары оҥорон таһаарар уонна сүрүннүүр сыаллаах-соруктаах уһулуччу бөдөҥ политическай тэрилтэ буоларын турар-турбат барыта билэр диир сөптөөх уонна оруннаах. Ол да иһин Парламеҥҥа болҕомто хаһан даҕаны ахсаабат. Киниэхэ сүктэриллибит сыалы-соругу билиҥҥи 5-с ыҥырыылаах Ил Түмэн чиэстээхтик толорон иһэр диэн этэр толору кыахтаахпыт.
Мин тус бэйэм Россия Үрдүкү Сэбиэтигэр үлэлээбит сылларбын аахпакка эрэ, аҥардас түөрт ыҥырыылаах Ил Түмэҥҥэ үлэлээбит депутат буолабын. Ол иһин Ил Түмэни харыстыыбын уонна өрө тутабын. Икки депутакка сыһыаннаах быһылаан тахсыбытынан сибээстээн Ил Түмэн аатын-суолун түһэрэ сатыыр олус тутах уонна төрдүттэн сыыһа. Парламент бэйэтин үлэтин сиэрдээхтик толорор, ол иһин Россия Федеральнай Мунньаҕар, атын уобаластарга киэҥник биллэр. Ити биирэ.
Иккиһинэн, уопсастыба, дьон-сэргэ хайдах даҕаны сокуона суох олорботтор. Ол иһин Парламент, салгын курдук, олус наадалаах уонна бөдөҥ суолталаах тэрилтэ. Кинини мөлтөтө, таһымын намтата сатыыр сатаммат, бас-баттах наадата суох диир төрдүттэн тутах, сыыһа уонна туох да кэскилэ суох.
Үсүһүнэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэһис ыҥырыылаах Судаарыстыбаннай Мунньаҕа (Ил Түмэн) үтүмэн элбэх сокуоннары бэлэмнээтэ уонна ылынна. Маны сотон кэбиспэккин. Сокуона суох хайдах даҕаны олоруллубат, дьону-сэргэни, бүтүн норуоту сатаан көмүскээбэккин. Оттон биһиги Ил Түмэммит ити өттүнэн күүстээхтик үлэлии олорор. Махтаныахха эрэ наада.
Төрдүһүнэн, бүтүн Дальнай Востокка (Илиҥҥи эргимтэҕэ) инники кэккэҕэ сылдьар уонна убаастанар Парламент буолар эбээт. Ити барыта үгүс сыраттан, күргүөмнээх үлэттэн тахсар.
Аны туран, биһиги Парламеммыт үлэтэ, аата-суола Федеральнай Мунньахха, ол эбэтэр Судаарыстыбаннай Думаҕа, Федерация Сэбиэтигэр эмиэ чуолкайдык иһиллэр уонна биллэр. Ити эмиэ сындааһыннаах, хорутуулаах үлэттэн тахсар.
Бэсиһинэн, баары баарынан эттэххэ, Парламент салайааччыта Александр Николаевич Жирков кэскиллээхтик, сүрдээх тахсыылаахтык үлэлиир. Күүстээх уонна ирдэбиллээх салайааччы. Кини сырыыта киэҥ, таһыма үрдүк.
Алтыһынан, күн бүгүн үлэлии олорор Парламент үлэтин сиэрдээхтик сыаналыыр тоҕоостоох. Онон үөскээбит быһыынан-майгынан салайтарбакка эрэ, Ил Түмэн үлэтигэр, аатыгар-суолугар холкутук, өйдөөхтүк, киэҥник, дуоспуруннаахтык сыһыаннаһыахха. Дьэ ол буолуох этэ дьон-норуот олохтоох муудараһа диэн.
Сэттиһинэн, Ил Түмэн уонна Сахабыт сирэ бүттүүнэ биир силистээхтэр. Ол иһин Ил Түмэни мөлтөтө сатыыр төрдүттэн сыыһа, халы-мааргы быһыы буолуоҕа. Ис дьиҥэр киирдэххэ, Сахабыт Өрөспүүбүлүкэтэ күн сарсын хайдах буолара биллибэт эбээт. Маны табатык өйдүүрбүт наадалаах. Иирсибэккэ, иллээхтик олоруохха. Үрдүкү былаас биир салаатын туллаҥната сатааһын букатын кэскилэ суох, онон Ил Түмэн үлэлээбитин курдук үлэлии олоруохтаах.
Суруйар-иһитиннэрэр судаарыстыбаннай тэрилтэлэр (хаһыаттар, радио, телевидение) бүгүҥҥү балаһыанньаҕа холкутук, сиэрдээхтик сыһыаннаһалларыгар баҕарыам этэ. Биири тоһоҕолоон этиэхпин наада. Ил Түмэни кыҥаан баран, бүтүн Сахабыт Өрөспүүбүлүкэтин табыахха сөп. Итинтэн хайдах оронон тахсарбыт биллибэт буолуон сөп. Иллээхтик олоруохха, түмсүүлээх буолуохха диэн өссө төгүл хатылыыбын.
Сахабыт сирин сокуону оҥорон таһаарар уонна ситэриилээх былааһын салааларыгар (парламеҥҥа уонна бырабыыталыстыбаҕа) хайдыһыы тахсыбат уонна тахсыа да суохтаах. Икки судаарыстыбаннай былаас салаалара хардарыта өйдөһөн, бэйэ-бэйэлэрин өйөһөн үлэлииллэр. Маны өйдүөххэ уонна өрө тутуохха. Атын суолунан барыы барыбыт дьылҕабытыгар охсуута олус күүстээх уонна ыарыылаах буолуон сөп.
Өйдөөн кэбиһиҥ, Сахабыт сирин дьылҕатыгар, сирбитигэр-уоппутугар тиийэ ыарахан түгэннэр ааҥнаан кэлиэхтэрин эмиэ сөп. Оннук эрэ буолбатар ханнык. Онон холкутук, дириҥник хорутан норуоттарбыт, өрөспүүбүлүкэбит дьылҕаларын тустарынан туох-ханнык иннинэ толкуйдуохха, онон салайтарыахха уонна сомоҕолоһуохха.
Түмүкпэр ити икки депутат тустарынан санаабын этэрим наадалаах. Александр Уаровы уонна Дмитрий Саввины бары билэбит. Түөрэккэй быһылааҥҥа киирэн биэрдилэр дуу, хайдах дуу? Чэ, маны туһааннаах тэрилтэлэр быһаарсыахтара, туга-ханныга биллэн иһиэҕэ.
Олох диэн олох. Кини кэрэ уонна күндү, ол гынан баран ардыгар уустук уонна түөрэккэй эмиэ буолааччы. Сыыстардахха эбэтэр наһаалаатахха. Онон киһи бодотун тардынан сылдьыахха. Кэм-кэрдии сөптөөх суолу тобулуоҕа. Ити үөһэ этиллибит икки дьоммутун туора сотон кэбиһэрбит сатаммат. Биһиги барыбыт харахпыт далыгар улааппыт, сиппит-хоппут дьоммут буолаллар. Өрөспүүбүлүкэбит туһугар үлэлээбит, туһалааҕы, наадалааҕы оҥорсубут аххан дьоммут буоллахтара дии. Хаһан баҕарар киһилии сыһыаны умнумуохха. Маннык киһилии сыһыан Сахабыт сирин бүгүҥҥүтүгэр уонна инники кэскилигэр эмиэ быһаччы туһаайыллар.
Андрей КРИВОШАПКИН,
народнай суруйааччы.