4308
04 мая 2018 в 19:00
Парламент үлэтин туора сотор табыллыбат
Балаҕан ыйыгар Ил Түмэн депутаттарын талыахпыт. Кистэл буолбатах, билигин өрөспүүбүлүкэ парламенын депутатын мандаатын ылар иһин сирэйэ-хараҕа суох киирсии саҕаланна.
Биир идэлээхтэрим, суруналыыстар, дьон-сэргэ өйүн-санаатын бутуйар-таһыйар суруйуулара элбэхтик тахсар буоллулар. Баҕар, өйдүү-өйдүү буолуо, уопсастыбаҕа парламент наадата суох институт курдук санааны үөскэтэ сатаан эрэллэр.
Маны таһынан сорох депутакка дураһыйар дьон эмиэ парламент үлэтигэр хара мэҥи түһэрэр сыаллаах үлэлэрин саҕалаатылар. Күндү ааҕааччылар, өрөспүүбүлүкэҕэ буола турар быһыыны-майгыны билэ-көрө сылдьаҕыт. Өссө быһаарылла илик икки депутат дьыалатын, этэргэ дылы, хойох хостоһооччулар мэҥиэ оҥоһуннулар. Дьиҥ-чахчы өрөспүүбүлүкэтин, норуотун туһугар кыһаллар, сырдык санаалаах киһи, этэргэ дылы, куһаҕантан ас таһаарыммата чуолкай.
Парламент ыытар үлэтин туора соторго соруналлар. Дьон-сэргэ хараҕын баайар туһугар араас ньымалар туттуллан эрэллэр. Урукку да өттүгэр элбэхтик суруйбутум курдук, бэһис ыҥырыылаах Ил Түмэн депутаттара үгүс өрүттээх үлэни ыыттылар. Өрөспүүбүлүкэ социальнай-экономическай олоҕор туһалаах үгүс көдьүүстээх сокуоннары ылыннылар. 2013 сылтан саҕалаан Госдумаҕа барыта 28 сокуону оҥорууга көҕүлээһини киллэрдилэр. Күн бүгүн 6 сокуону оҥорууга көҕүлээһин федеральнай сокуон буолла. Биир барыл бастакы ааҕыыга ылыныллыбытын бэлиэтиибин. Маны таһынан 11 сокуону оҥорууга көҕүлээһин Госдума көрүүтүгэр сылдьар. Урукку өттүгэр итиччэ элбэх көҕүлээһини федеральнай киин өйөөбүт холобура суох этэ. Ити улахан сыралаах үлэттэн ситиһиллэрин тоһоҕолоон бэлиэтиибин.
Бу суруйуубар бэһис ыҥырыылаах Ил Түмэн оччону-баччаны оҥордо, үлэлээтэ диэн дакаастыыр былааным суох. Үгүстэр бэйэҕит бэркэ диэн билэн-көрөн олороҕут.
Күндү ааҕааччы, угаайыга киирэн биэрбэккэ, маннык политикаҕа уустук кэмҥэ уһуну-киэҥи толкуйдаан, кураанах куолуну суоллаах-иистээх үлэттэн холбуйан ылан туора бырах. Ыһыллыыттан, уопсастыбаҕа санаа хайдыһыытыттан олох-дьаһах сатарыйара дөбөҥ. Оттон эйэлээх, түмсүүлээх буолартан ордук, инникигэ сырдык саҕахтары саҕар хаачыстыба бу күн сиригэр суох. Онон сомоҕолоһуулаах, түмсүүлээх, иллээх буолуоҕуҥ.
Билигин үөскээбит быһыы-майгы тула хас да киһини көрсөн кэпсэтэ сырыттым.
––––––––––––––––––
“Биир идэлээхтэрим, суруналыыстар, дьон-сэргэ өйүн-санаатын бутуйар-таһыйар суруйуулара элбэхтик тахсар буоллулар. Баҕар, өйдүү-өйдүү буолуо, уопсастыбаҕа парламент наадата суох институт курдук санааны үөскэтэ сатаан эрэллэр”.
–––––––––––––––––––
Парламент бэтэрээннэригэр ыарыылаах
Егор Ларионов, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин ХII, Ил Түмэн I уонна II ыҥырыыларын депутата, Өрөспүүбүлүкэ палаататын бэрэссэдээтэлэ:
— Бу күннэргэ көрдөрөр-иһитиннэрэр средстволарга өрөспүүбүлүкэ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын – Ил Түмэни араастаан туустаан-тумалаан үөҕэн, ыыстаан аҕай эрэллэр. Ити, биллэн турар, өрөспүүбүлүкэҕэ саҥа парламентаризмы төрүттэспит бэтэрээннэргэ, аҕа саастаах дьоҥҥо сүрдээх ыарыылаах уонна хомолтолоох. Тоҕо маннык быһыы-майгы үөскээтэ диэн, төһө да үлэлээбэккэ, бочуоттаах сынньалаҥҥа олордорбут, толкуйдуубут.
Биллэн турар, ити аны күһүн буолуохтаах Ил Түмэн быыбарын кытта сибээстээх. Маны ким барыта өйдүүр буолуохтаах дии саныыбын. Соторутааҕыта ыытыллыбыт праймериз сиэллээх-кутуруктаах буолла. Сорох кандидаттар быыбарданан бүппүт курдук, спикер буолабын диэн телевидениени, хаһыаты бараатылар. Урукку өттүгэр хаһан да буолбатах түгэн. Маны сиэрэ суох быһыынан, көстүүнэн ааҕабын. Өрөспүүбүлүкэбитигэр соччото суох политическай балаһыанньа үөскээтэ.
Иккиһинэн, ЯТЭК, Магомедовтар дьыалалара күөрэйэн таҕыста. Бу боппуруос ким спикер буоларый диэн мөккүөртэн сүүс төгүл улахан айдаан. Бүтүн Россияны, ол иһигэр Сахабыт сирин аймаата. Билигин ити дьыалаҕа силиэстийэ бара турар. Силиэстийэ уонна суут уһуннук ыытыллааччы. Онон сибээстээн, уопсастыбаннаска тирэнэн, Арбитражнай суукка докумуоннары бэлэмнээн, өрөспүүбүлүкэбит бас билиитин, судаарыстыба, бэйэбит бас билиибитигэр ылыахтаахпыт диэн тус бэйэм толкуйдаахпын. Ол оннугар бытархай-оторхой боппуруостарынан дьарыктана сылдьабыт. Доруобай күүстэри түмэммит, дьыалабытын-куолубутун чөкөтө туруохтаахпыт.
Үс-түөрт сыл анараа өттүгэр ким эрэ бэрик дуу, спонсорскай көмө ылбыт дуу бытархай дьыалатынан буолбакка, өрөспүүбүлүкэ олоҕор бөдөҥ суолталаах ЯТЭК боппуруоһунан ылсан дьарыктаныахха баара. Бэрик дуу, спонсорскай дьыала дуу боппуруоһун силиэстийэ быһаарыаҕа, ыраас мууска ууран биэриэҕэ. Онно сэниэни эһэр наадата суох. Өрөспүүбүлүкэ парламенын киринэн-хоҕунан соппокко, төттөрүтүн ыллыктаах дьыалаларынан дьарыктаныахха баара. Ил Түмэн ааспыт пленарнай мунньаҕар тустаах боппуруоһу сөпкө туруора сырытта. Ол эрээри оробуочай бөлөх тэрийэн, өрөспүүбүлүкэ актыыбын көмүскүүргэ өссө күүскэ ылсыан наадалаах дии саныыбын. Билиҥҥи парламентарийдар ити дьыаланан дириҥник, хорутуулаахтык дьарыктаналларыгар аны күһүн быыбарга диэри бириэмэлээхтэр. Оччоҕо быйылгы Ил Түмэн уонна эһиилги Ил Дархан быыбардарыгар бэлэмнээх буолуо этибит. Быыбары кытта ситимнээх үөхсүү, айдаан туох да үтүөҕэ аҕалбата чуолкай.
Сорох дьон парламент оруолун түһэрэ сатыыр, наадата суох институт курдук көрдөрө сатыыр буоллулар. Баайы-дуолу, үбү-харчыны биһиги талбыт депутаттарбыт, парламент быһаараллар. Кини таһаарбыт уураахтарын, Конституционнай сокуоннарын ким да көтүрэр бырааба суох. Өрөспүүбүлүкэ дьылҕатын көмүскүүр парламент, былаас бэрэстэбиитэллээх уоргана, норуот депутаттара буолаллар. Ил Түмэн күүһэ манна сытар.
Балаҕан ыйыгар быыбардааччылар Ил Түмэҥҥэ төрөөбүт-үөскээбит дойдуларыгар, норуоттарыгар бэриниилээх дьоһун кандидаттары, дьону талыахтарын наада. Оннук политическай күүстэр өрөспүүбүлүкэҕэ бааллар. Политическай партиялар үлэлии олороллор, уопсастыбаннай күүстэр хаһааҥҥытааҕар да түмсэн үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Хайдах депутатскай куорпус талыллара быыбардааччылартан 100% тутулуктаах.
Сомоҕолоһуулаах буолуохпутун наада
Юрий Николаев, Ил Түмэн бюджекка, үпкэ, түһээн уонна сыана политикатыгар, бас билии уонна приватизация боппуруостарыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ:
— Икки киһи дьыалатынан бэһис ыҥырыылаах Ил Түмэн депутатскай куорпуһун үлэтин хараардар сыыһата биллэр. Маннык балаһыанньаҕа суруналыыстар, блогердар дьон өйүн-санаатын булкуйалларын, өрөспүүбүлүкэ салайар уорганын үлэтин-хамнаһын туора сотон таһааралларын сөбүнэн аахпаппын. Итинник гынаммыт өрөспүүбүлүкэбитигэр, дьоммутугар-сэргэбитигэр туох да үчүгэйи оҥорбоппут.
Билигин төттөрүтүн түмсүүлээх, сомоҕолоһуулаах буолуохпутун наада.
Суруналыыстар күннээҕинэн буолбакка, уһуну-киэҥи толкуйдаан, дьоҥҥо-сэргэҕэ охсууну оҥорбот курдук суруйуохтаахтар дии саныыбын. “Тыл — ох” диэн мээнэҕэ эппэттэр. Суруналыыс биир суруйуутунан киһи олоҕун алдьатыан да сөп эбэтэр өрө таһаарыан да сөп. Салгыҥҥа тарҕанан хаалар тыллааҕар, кумааҕыга бэчээттэммит тыл икки-үс төгүл күүстээх.
Көрдөрөр-иһитиннэрэр средстволар кырдьыгы суруйуохтаахтар, көрдөрүөхтээхтэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ сыыһа өйдөбүлү үөскэтиэ суохтаахтар.
Парламент бырабыыталыстыбаны өйүүр диэн буруйдууллар. Дьиҥэр, биир сүбэнэн үлэлээтэхпитинэ эрэ, үүнэр-сайдар буоллахпыт. Икки былаас уоргана ыттаах куоска курдук буоллахпытына, өрөспүүбүлүкэ олоҕор-дьаһаҕар охсуулаах буолара чуолкай. Бары биир сыалга-сорукка, Сахабыт сирэ сайдарын туһугар үлэлии-хамсыы олордохпут. Итинник саарбах өйү-санааны куоһур туттар политиктары, суруйар идэлээх да дьону төрөөбүт дойдуларыгар улаханнык кыһаллар дьонунан ааттыам суоҕа этэ.