997
09 февраля 2018 в 13:31
Санаа күүһэ кыайбатаҕа суох
2016 сыл. Россия олорон эрэ волейболга сүүмэрдиир хамаандата Рио-де-Жанейро куоракка ыытыллар Паралимпидиаҕа бараары күүстээхтик бэлэмнэнэ сылдьара. Бу дойду араас муннуктарыттан талыллыбыт чулуу спортсменнар ортолоругар соҕотох саха кыыһа баара.
Россия сүүмэрдэммит хамаандатыгар — саха кыыһа
Хомойуох иһин, спорду политикаҕа кубулутан, биһиги дойдубут паралимпиецтарын толору састаабынан оонньууттан устан кэбиспиттэрэ. Хамаанда итиннэ кыттыыны ылбыта эбитэ буоллар, хайаан да паралимпийскай мэтээли дойдутугар аҕалыах этэ. Ааҕааччым, ити соҕотох саха кыыһа ким буоларын интэриэһиргээтэҕиҥ…
Алдьархай ааҥнаабыта
Алена Дмитриева олоҥхо дойдутунан аатырбыт Сунтаар улууһугар Кэмпэндээйигэ күн сирин көрбүтэ. Эйэҕэс эбээтэ ааҕарга эрдэ үөрэтэн, добудугураччы ааҕар, ахсааны суоттуур кыысчаан оскуола боруогун аан бастаан атыллаабыта. Эт-хаан өттүнэн сайдыылааҕа эрдэттэн биллэрэ. Бэйэтин олус кыанара. Кини оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, мас тардыһыытынан уонна баскетболунан утумнаахтык дьарыктаммыта.
1998 сыл. Кыһын. Алена, ити курдук, бэйэтин тэҥнээхтэрин кытта үөрэ-көтө, оонньуу-күлэ сырыттаҕына, алдьархай ааҥнаабыта. Кини хааман иһэн, эмискэ атаҕа аккаастаан кэбиһэр буолбута, кэлин көрүөхтэн ынырыктык сүллэччи иһэн хаалбыта. Оччолорго кини 15 эрэ саастааҕа. Бу кэмтэн ылата эдэркээн оҕоҕо ыарахан ыарыыны кытта утары охсуһар, тиниктэһэр уустук күннэр-дьыллар саҕаламмыттара. Түөрт ыйы быһа Сунтаарга эмтэммитэ. Хомойуох иһин, дойдутугар эмчиттэр Алена чуолкай тугунан ыалдьыбытын кыайан быһаарбатахтара. Онон Дьокуускайдаппыттара. Киин сиргэ ыарыытын диагноһа чуолкай быһаарыллыбыта. Быраастар рак, искэннээх ыарыы диэн суостаахтык иһиллэр диагноһы кыысчааҥҥа туруорбуттара. Алена күүстээх санаалааҕа, олоххо дьулуурдааҕа оччоттон биллэрэ. Ытаан-соҥоон, бэйэлэрэ да чарааһыы сылдьар чугас дьонун аймаабатаҕа.
Эрдээхтик турууласпыта уонна кыайбыта
Куорат быраастара: «Эрдэ манна кэлбитиҥ буоллар, атаххын быыһыахпыт, чөл хаалларыахпыт этэ», — диэбиттэрэ. Ый курдук кэм устата кыысчаан доруобуйатын чинчийбиттэрэ. Саас муус устар ыйга кыысчаан искэннээх атаҕын ампутациялаан кэбиспиттэрэ. Алена бу да сырыыга күүстээх санаатын киллэрэн, дьонун харыстаан, аймамматаҕа. Кинини кытта бастаан киин куоракка эһэтэ кэлсибитэ. Онтон ийэтэ кыыһа эпэрээссийэлэнэрин истэн, кыһыл оҕотун хаалларан, Аленатыгар күүс-көмө, өйөбүл буола кэлбитэ.
Билигин кини: «Арааһа, таптыыр ийэм-аҕам, эһэм, бииргэ төрөөбүттэрим аттыбар баар буоланнар эрэ, ити олохпор улахан охсууну тулуйбутум», — диир. Эпэрээссийэ кэнниттэн киһини өссө муучу оҥорор, эрэйдиир химия процедуралара саҕаламмыттара. Эдэркээн кыысчаан баттахтара түспүтэ, ууну да истэҕинэ, төттөрү өҕүтэн таһааран кэбиһэрэ. Алена төһө да итинник эрэйдэннэр, киниэхэ хаһан да куһаҕан, мөкү санаалар киирбэтэхтэрэ, мэлдьи сырдыгы эрэ ыраланара.
Алена: «Тыаттан киин куоракка кэлбит дьоҥҥо олорор сир кыһалҕата өрүү баар буолааччы. Ыарахан кэммитигэр дьоммут Елизавета уонна Виктор Саввиннар дьиэлэригэр олордоннор, улахан өйөбүл буолбуттара. Кинилэргэ махталым муҥура суох», — диэн кэпсиир.
Кыысчаан атаҕын бааһа оспутугар, протез оҥорон биэрбиттэрэ.
Саас кулун тутарга дойдутуттан арахсыбыт кыысчаан бэс ыйыгар, айгыр-силик айылҕа силигилээн аҕай турар кэмигэр таптыыр-ахтар Сунтаарыгар төннөн кэлбитэ. Төрөөбүт-үөскээбит дойдутугар, таптыыр дьонугар кэлээт, күүһүгэр күүс эбиллибитэ. «Киһи — санаатынан» дииллэрэ кырдьык. Алена күүстээх санаатынан, олоххо дьулуурунан ити ыарахан ыарыыны кытта эрдээхтик турууласпыта уонна кыайбыта.
Куһаҕан эмиэ үчүгэйдээх
Алена оскуоланы дьиэҕэ олорон үөрэнэн бүтэрбитэ. Кини салгыы хайаан да үөрэниэхтээхпин диэн толкуйдааҕа. Дьокуускайга үөрэххэ бараары дойдутугар медицинскэй ыспыраапка ситиһэ сырыттаҕына, биир эмчит «хайдах үөрэнээри гынаҕын» диэбит хатыылаах тыллара кыысчааны өссө өсөһүннэрбиттэрэ. Куһаҕан эмиэ үчүгэйдээх диэн мээнэҕэ эппэттэр. Сэнэбиллээх тыллар күүһүгэр күүс эппиттэрэ. Аленаҕа «хайаан да үөрэниэхтээхпин» диэн бигэ санаа киирбитэ, олохсуйбута.
Кыысчаан ити санаатын ситиспитэ. Дьокуускайдааҕы педагогическай институтукка социальнай педагог идэтигэр үөрэнэ киирбитэ. Үөрэҕин ситиһиилээхтик бүтэрбитэ.
Сүргэтэ көтөҕүллэн төннүбүтэ
Дойдутугар Сунтаарга районоҕа сэкирэтээринэн быстах кэмҥэ үлэҕэ киирбитэ. Онно кыһамньылааҕын, үлэтигэр эппиэтинэстээҕин бэлиэтии көрбүттэрэ уонна бастайааннай үлэҕэ ылбыттара. Ити үлэтигэр уон сыл устата үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Өссө киэһэтин араадьыйаҕа биэриилэри ыытара. Доруобай да киһи икки үлэҕэ үлэлиирэ-хамсыыра уустуктардаах буолааччы. Алена олоххо дьаныара бу холобуртан эмиэ ырылыччы көстөн кэлэр дии саныыбын.
Кыысчаан ити курдук, үлэлии-хамсыы сылдьан спордунан дьарыктаныан баҕата кини төбөтүттэн арахсыбатаҕа. Оччолорго инбэлииттэр спортарыгар болҕомто улаханнык ууруллубата уонна тыа сиригэр дьарыктанарга усулуобуйа да суоҕа.
2013 сыллаахха Бүлүү улууһун хаһыатыгар үлэҕэ киирбитэ. Итиннэ үлэлии сырыттаҕына, Сунтаартан «өрөспүүбүлүкэтээҕи инбэлииттэр спартакиадаларыгар волейболга кытын» диэн төлөпүөннээбиттэрэ. Алена үлэтиттэн көҥүллэтэн, дойдутун чиэһин көмүскүү Дьокуускайдаабыта. Сунтаардар өрөспүүбүлүкэтээҕи спартакиадаҕа бастакы кыттыылара этэ. Ол эрээри кыайыы кынаттаммыттара. Алена бу күрэхтэһиигэ кыттан, олус сүргэтэ көтөҕүллүбүтэ. Итиннэ кини киһи бөҕөтүн кытта билсибитэ, элбэх доҕоттордоммута. Киин сиргэ олохсуйа кэлэр ыра санааламмыта.
Иччилээх түүл
2015 сыллаахха Алена эмиэ инбэлииттэр өрөспүүбүлүкэтээҕи спартакиадаларыгар кыттыыны ылбыта. Бу күрэхтэһиини көрө Дьокуускайга Россия олорон эрэн волейболга сүүмэрдэммит хамаандатын сүрүн тренерэ Александр Овсянников кэлбитэ. Кини Аленаны бэлиэтии көрбүтэ уонна сборга ыҥырбыта.
Улахан спортка Алена Дмитриева ити курдук сүрэхтэммитэ. Атырдьах ыйыгар Тула уобалаһыгар Алексин куоракка икки нэдиэлэ устата сбордаммыта. Манна кинини тренер кэтээн көрбүтэ. Мөлтөөн-ахсаан биэрдэҕинэ, сүүмэрдиир хамаандаттан туоратыллыахтааҕа. Эт-хаан өттүнэн сайдыылаах, кыһамньылаах, эппиэтинэстээх кыысчааҥҥа салгыы волейболунан дьарыктанарыгар көҥүл биэрбиттэрэ, иккис сборга ыҥырбыттара.
Алена волейболунан утумнаахтык дьарыктанаары, Дьокуускайга инбэлииттэри үөрэтэр техникумҥа атыыһыт идэтигэр үөрэнэ киирбитэ. Үөрэнэ-үөрэнэ «Самородокка» эрчиллибитэ.
Кини саҥардыы волейболунан дьарыктанан эрэр буолан, Европа күрэхтэһиитигэр кыттыа суохтааҕа. Сүүмэрдиир хамаанда биир чилиэнэ эчэйэн, итиннэ кыайан кыттыбат буолбута. Аленаттан кыраныысса таһыгар тахсар пааспардааҕын дуу, суоҕун дуу туһунан сураспыттара. Улахан күрэхтэһиигэ кыттар быата-туһаҕа тардан, пааспара суумкатыгар баар буолан биэрбитэ.
— Ити иннинэ дьикти түүлү көрбүтүм. Ол курдук, испииһэккэ дьон ааттара сурулла сылдьар. Мин аатым уон иккис нүөмэринэн сылдьара. Өҥнөөх түүл этэ. Нууччалыы саҥарар эр киһи куолаһа: «Вы попали в этот список», — диэбитэ төбөбөр хам хатанан хаалбыта. Ити түүлбүн аахайбакка сылдьыбытым. Онтон түүлүм кэнниттэн аҕыйах хонон баран, кыыспыт эчэйэн хаалбыта. Европаҕа бараары дьарыктана сырыттахпытына, тренербит Александр Николаевич күрэхтэһиигэ кэтэр маайкаларбытын түҥэппитэ. Маайкам кэннигэр баар нүөмэри көрбүтүм, били түүлбэр көрбүт 12-с нүөмэрим сылдьара. Соһуйбутум, сөхпүтүм эрэ. Словенияҕа буолбут Европа күрэхтэһиитигэр иккис миэстэни ылары ситиспиппит. Үөрүүм, киэн туттуум муҥура суоҕа. Эҕэрдэлээбиттэрэ, мээчик бэлэхтээбиттэрэ, — диэн бастакы улахан күрэхтэһиигэ ситиһиитин туһунан Алена кэпсээбитэ.
Онон саха кыысчаана дойду сүүмэрдиир хамаандатыгар кандидатынан саҥа киирээт, Европа улахан күрэхтэһиитигэр кыттары ситиспитэ.
Бу күрэхтэһии кыыс булгуруйбат майгылааҕын, ураты оҥукуллааҕын көрдөрбүтэ.
Кылгастык
Аныгы олох сиэринэн, Москваҕа олорор, Россия олорон эрэ волейболга сүүмэрдэммит хамаандатын сүрүн тренерэ Александр Овсянниковы кытта төлөпүөнүнэн сибээстэһэ сырыттыбыт. Кини хамаанда чилиэнин Алена Дмитриева туһунан кылгастык бу курдук кэпсээтэ:
— Аленаны аан бастаан 2015 сыллаахха Саха сиригэр кэлэ сылдьаммын, күрэхтэһиигэ бэлиэтии көрбүтүм. Ол кэнниттэн дойду сүүмэрдэммит хамаандатыгар кандидатынан ыҥырбыппыт. Олус бэрээдэктээх уонна дьулуурдаах спортсмен. Билигин кини быйылгы сылга буолуохтаах аан дойду чемпионатыгар бэлэмнэнэ сылдьар.
Паралимпиадаҕа кыттыахтааҕа
Алена волейболунан салгыы дьаныардаахтык дьарыктаммыта. Тренердэрэ: «Үс сыл иһигэр олох үчүгэй буолууһуккун», — диэн сыаналаабыттара.
2016 сыллаахха Бразилия киин куоратыгар Паралимпиада ыытыллар сыла үүммүтэ. Дойду сүүмэрдиир хамаандата онно күүстээхтик дьарыктаммыта, бэлэмнэммитэ. Хамаандаҕа саҥа киирбит үс кыыс баара. Олортон биирдэстэрэ, биһиги кыыспыт Алена этэ. Кинилэртэн ким ити чыпчаал спортивнай күрэхтэһиигэ барара биллибэтэ. Тест эҥин толотторбуттара. Бары өттүнэн сөп түбэһэн, Паралимпиадаҕа Алена барар чиэстэммитэ. Хомойуох иһин, үөһэ этэн аһарбытым курдук, норуоттар икки ардыларынааҕы паралимпийскай кэмитиэт дойду хамаандатын бүүс-бүтүннүүтүн оонньууларга кыттарын бобон кэбиспитэ. Москва аннынааҕы уоскутар күрэхтэһиигэ Аленалаах волейболга оонньоон маастар-кылаас көрдөрбүттэрэ.
Кини үс сыл субуруччу тохсунньуга Финляндияҕа ыытыллар норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга кыттыыны ылла. Быйыл бу күрэхтэһиигэ чемпион үрдүк аатын сүгэн, кыһыл көмүс мэтээли иилинэн, кыайыы көтөллөнөн, Сахатын сиригэр эргиллэн кэлбитэ.
Олоҕум үтүө өттүгэр уларыйда
Суруйуум геройуттан хас да ыйытыыларбар хоруйдууругар көрдөспүтүм.
— Алена Георгиевна, иллэҥ кэмҥэр тугунан дьарыктанаргын сөбүлүүгүн?
— Ордук кинигэ ааҕарбын сөбүлүүбүн. Элбэхтик сөмөлүөтүнэн көтөбүн. Сөмөлүөккэ, гостиницаҕа олорон, мэлдьи кинигэ ааҕааччыбын.
— Кэлин дойдуга доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоҥҥо сыһыан, болҕомто уларыйбытын бэлиэтии көрөҕүн дуо?
— Кырдьык, дойдуга доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоҥҥо сыһыан урукку кэми кытта тэҥнээтэххэ, тосту уларыйда. Судаарыстыба өттүттэн болҕомто ууруллара күүһүрдэ. Итини тэҥэ дьон-сэргэ инбэлииттэргэ сыһыана эмиэ үтүө өттүгэр уларыйда. Судаарыстыбаннай политика күүһэ итиннэ сыттаҕа дии.
Биллэрин курдук, инбэлииттэр спортарыгар күүстээх болҕомто ууруллар буолла. Дьокуускайга адаптивнай физическэй култуураҕа уонна спортка өрөспүүбүлүкэтээҕи киин аһыллыбыта олус үчүгэй. Ити киин аһыллыаҕыттан өрөспүүбүлүкэ инбэлииттэр спортарыгар көрдөрүүлэрэ быдан тубуста дии саныыбын. Кииммитигэр доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон сылдьалларыгар толору усулуобуйа, лифт баара буоллар өссө үчүгэй буолуох этэ. Өрөспүүбүлүкэ салалтата манна болҕомтотун уурара буоллар диэн баҕалаахпын.
— Алена Георгиевна, билигин тугунан дьарыктанаҕын, тугу үлэлиигин?
— Билигин ХИФУ физкультура уонна спорт институтугар магистратураҕа үөрэнэ сылдьабын.
— Улахан спордунан дьарыктаныаххыттан олоҕуҥ төһө уларыйда?
— Спордунан дьарыктаныахпыттан ылата олоҕум үтүө эрэ өттүгэр уларыйда. Бастаан 2013 сыллаахха Дьокуускайга спартакиадаҕа икки көрүҥҥэ кыттыыны ылбытым. Волейболга уонна хары баттаһыытыгар. Иккиэннэригэр бастакы миэстэни ылбытым. Ити түгэн олоххо тардыһыыбын өссө күүһүрдүбүтэ.
Спортка бэйэбин ситэ була илик кэммэр пауэрлифтинынан, гиря анньыытынан, тенниһинэн эмиэ дьарыктана сылдьыбытым.
— Алена Георгиевна, инники туох былааннардааххыный?
— Тохсунньуга Финляндияҕа буолбут күрэхтэһиигэ уон сыл устата дьарыктаммыт кыргыттары кытта тэҥҥэ күрэхтэстим. Голландия хамаандатын кытта илин-кэлин түсүһүүлээх күрэхтэһиигэ кыайбыппыт. Бу күрэхтэһииттэн быйыл саас аан дойдуга саамай күүстээх оонньооччулардаах Америкаҕа барар дьылҕам быһаарыллыахтааҕа. Тренерим Александр Овсянников оонньуубун көрөн баран, АХШ-ка илдьэ барарын туһунан биллэрбитэ.
Ити иннинэ ардыгар, дойду сүүмэрдиир хамаандатыгар таах сибиэ сылдьабын дуу диэх курдук санаалар кииртэлииллэрэ. Финляндия кэнниттэн бэйэбэр эрэлим күүһүрдэ.
— «Движение вверх» диэн уус-уран киинэни көрдүҥ дуо?
— Тула уобалаһыгар сбордана барыам иннинэ ити киинэни көрбүтүм. Олус диэн сөбүлээбитим. Спортсменнарга ордук туһалаах, иитэр суолталаах, куккун-сүргүн бөҕөргөтөр киинэ эбит. Ити кэнниттэн киһи төрөөбүт дойдутун туһугар тугу да кэрэйбэккэ, күрэхтэһиэххин баҕараҕын.
— Алена Георгиевна, билиҥҥи ыччат туһунан туох санаалааххын?
— Кэлиҥҥи кэмҥэ ыччат чөл олоххо тардыһыыта күүһүрдэ. Ол курдук, спортивнай саалалар мэлдьи толору буолаллар. Сөптөөх аһынан аһылыктаналлар. Киһи көрө үөрэр.
— Соҕуруу куораттартан ордук ханнык национальнай бүлүүдэҕин ахтан кэлэҕиний?
— Финляндияттан ордук убаһам этин уонна собону ахтан кэллим.
— Ырыаны истэргин төһө сөбүлүүгүнүй?
— Араадьыйаҕа үлэлээбит буоламмын, ырыата суох олох табыллыбаппын (күлэр). Саха эстрадатыттан Екатерина уонна Алексей Егоровтар, нуучча эстрадатыттан «Руки вверх» бөлөх ырыаларын сөбүлээн истэбин.
— Алена Георгиевна, кэпсээниҥ иһин махтанабын, ситиһиилэри баҕарабын.