910
23 августа 2019 в 11:37
Социальнай тэрилтэлэри бэрээдэктиир наадалаах
Биллэрин курдук, өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын Айсен Николаев быһаарыытынан, бу саас дьон-сэргэ ортотугар долгуйууну таһаарбыт бырабыыталыстыба 202 №-дээх уурааҕа тохтотуллан турар.
Ол гынан баран билигин үп-харчы өттүнэн уустук кэмҥэ олорорбутунан сибээстээн, улуустарга бюджет эйгэтин бэрээдэктээһиҥҥэ үлэ ыытыллыаҕын туһунан өрөспүүбүлүкэ баһылыга этэн турар. Билигин бу хайысханан улуустарга, муниципальнай тэриллиилэргэ бырабыыталыстыба уонна парламент бэрэстэбиитэллэриттэн тэриллибит оробуочай бөлөх кыттыылаах үлэ ыытылла турарын бэлиэтиибин. Тустаах оробуочай бөлөх чилиэнин, Ил Түмэн бюджекка, үпкэ, түһээн уонна сыана политикатыгар, бас билии уонна приватизация боппуруостарыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Юрий Николаевы кытта көрсөн кэпсэтэ сырыттыбыт.
— Билигин социальнай тэрилтэлэри бэрээдэктиир, уларыта тутар хайаан да наадалаах. Кэмэ кэллэ. Өссө бириэмэтин куоттаран эрэбит дии саныыбын. Итинник үлэни эрдэ саҕалыахха баара. Эрдэттэн кытаанах позицияны тутуһан, бу хайысханан үлэ саҕаланыахтааҕа. Эргэ объектары суох оҥорон, дьон ахсааныгар экономиялаан, үбү-харчыны кэмчилиэхтээх этибит. Тустаах министерстволар хонтуруоллаабатахтарын түмүгэр, өрөспүүбүлүкэбит дохуотун 70-ча бырыһыана аҥаардас хамнас төлөбүрүгэр ороскуоттанар. Аҥаардас үөрэхтээһин эйгэтигэр 80-ча млрд солк. үп тыырыллар.
Ордук үөрэх, доруобуйа харыстабылын, култуура эйгэлэригэр хамнас төлөбрүн объема аһара улаатта. Ол оннугар өрөмүөннэри ыытыыга, саҥа оборудованиелары атыылаһыыга, о.д.а. ороскуоттарга көрүллэр үп аччаан биэрэр.
Мин саныахпар, бырабыыталыстыба 202 №-дээх уурааҕын көтүттэриигэ өрөспүүбүлүкэ парламенын, депутаттар оруоллара улахан. Ити боппуруоһу мунньахтарга үгүстүк туруорсубуппыт. Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Петр Гоголев бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин Владимир Солодовы кытта тус көрсөн, кэпсэппитин, уопсай тылы булбутун түмүгэр, депутаттар оробуочай бөлөххө киирэннэр, тустаах боппуруоска үлэлэһэ сылдьаллар. Ити боппуруоһунан бырабыыталыстыба ыытар бастакы мунньахтарыгар депутаттары кытыннарбатахтарын бэлиэтиибин. Кэлин уопсай тыл булуллан, биир сүбэнэн үлэ баран эрэрэ үчүгэй, сөптөөх.
Мунньахтарга сылдьан көрдөххө-иһиттэххэ, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Владимир Солодов тутуһар позициятын сөбүлүүбүн. Улуус баһылыктарын кытта олох чуолкайдык, чопчу кэпсэтэр. Кини: «Экономиялаабыт үпкүт-харчыгыт, барыта бэйэҕитигэр хаалыаҕа. Хамнаска буолбакка, атын ыстатайаларга тыырыллыаҕа», — диэн этэр.
Биллэн турар, миэстэлэргэ оскуолалары холбооттооһун үлэлии сылдьар дьоҥҥо ыарыылаах буолуо эрээри, сүүс миэстэлээх оскуолаҕа икки-үс үөрэнээччи үөрэнэрэ ханнык да сиэргэ баппат. Аҥаардас оскуола дьиэтин тутууга төһөлөөх үп ороскуттанара буолуой? Олорго оҕо саадтарын киллэрэн биэрии, экономическай өттүнэн сөптөөх быһаарыныы. Ол түмүгэр оптимизациялааһын син-биир барар. Тыа сиригэр ити уустуктук барара олох чуолкай. Онон тэрилтэлэр салайааччылара, баһылыктар, депутаттар туруорсаллара саамай сөптөөх дии саныыбын.
Инникитин улуус, нэһилиэктэр баһылыктара саҥа үлэ миэстэлэрин таһаарыга улахан үлэни ыытыахтаахтар. Кистэл буолбатах, билигин бюджекка эрэ сигэнии баар.
Муниципальнай тэриллиилэргэ социальнай уреждениелары бэрээдэктээһиҥҥэ улуус баһылыгыттан улахан тутулуктаах дии саныыбын. Холобурга аҕаллахха, Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Владимир Поскачин хас биирдии оскуолаҕа, оҕо саадыгар бэйэтэ туспа санаалаах, этиилээх. Кинилэр экономика министерствотын кытта бииргэ үлэлээбиттэрин түмүгэр, этиилэрин 90-тан тахса бырыһыана өйөнүөҕэ диэн көрөбүн. Ити — улуус баһылыга, дьаһалта үлэһиттэрэ нэһилиэнньэни кытта биир сүбэнэн үлэлээбиттэрин түмүгэ.
Маннык хайысхалаах үлэ, социальнай тэрилтэлэри бэрээдэктээһин үлэтэ тыа сиригэр эрэ буолбакка, куораттарга эмиэ барыан наадалаах дии саныыбын. Сорох оскуолалар дириэктэрдэрэ сэттэлиигэ-аҕыстыыга тиийэ солбуйааччылаахтар. Ити эмиэ ханнык да сиэргэ баппат дии саныыбын. Ол оннугар техническэй үлэһиттэргэ харчы тиийбэтин туһунан этэллэр. Тустаах министерство оскуолалары туспа юридическай сирэйдэр диэн, кыайан дьаһайбатын туһунан быһаарар. Ити сыыһа. Манна министерстволар кытаанах позицияны тутуһуохтаахтар.
Бастаан депутаттар кыттыыта суох көмүскээбит улуустар этиилэрэ, иккистээн көрүллүөҕэ. Муниципальнай тэриллиилэргэ социальнай тэрилтэлэри бэрээдэктээһин үлэтэ сөп хайысханан баран эрэрин бэлиэтиибин. Ол курдук, ити хайысхаҕа улуус, парламент уонна бырабыыталыстыба биир сүбэнэн үлэлээн эрэрэ саамай сөптөөх.
Людмила НОГОВИЦЫНА