794
07 марта 2018 в 11:12
Уһук Илин уонна Арктика — Россия сайдыытын тирэҕэ
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков судаарыстыбабытыгар суолталаах докумуону иһитиннэрии сиэригэр-туомугар кытынна. Саха сирин парламенын спикерэ Россия Президенэ Федеральнай Мунньахха Анал этиитин түмүгүнэн санаатын эттэ.
— Россия Федерациятын Президенэ дойдубут эйэлээх былааннарын уонна бу Сир ийэбитин бары таһымҥа туруулаһыаҕын уонна көмүскүөҕүн туһунан аһаҕастык эттэ. Ити утары санаалаах бары өрүттэргэ инникитин биһигини кытта сыһыаннаһыыларга ону учуоттуулларыгар өйдөтөр сэрэтии быһыытынан иһилиннэ, — диэтэ Ил Түмэн спикерэ.
Кини салгыы дойду Президенэ судаарыстыба ис политикатын сүрүн тутуһар хайысхаларыттан биирдэстэринэн социальнай эбэһээтэлистибэлэри үрдэтиини, ол курдук, доруобуйа харыстабылыгар, үөрэххэ, култуураҕа чугастааҕы кэмҥэ толоруллуохтаах чопчу соруктары туруорбутун бэлиэтээтэ.
«Дойду Президенэ Россия болҕомтону Уһук Илиҥҥэ туһаайарын, онон Уһук Илиҥҥэ дьон тупсаҕайдык олороллоругар, регионнар нэһилиэнньэлэрэ улаатарыгар бары усулуобуйалар тэриллиэхтэрин өссө төгүл бэлиэтээтэ», — диэтэ Александр Жирков.
Эмтиир тэрилтэлэр ситимнэригэр оптимизацияны ыытыыга, саамай кылаабынайа, дьон, кинилэр интэриэстэрин уонна наадыйыыларын, тэҥ кыахтарын уонна сиэрдээх буолууну умнуо суохтаахпыт этэ диэн Россия Федерациятын баһылыгын этиитин истэр олус суолталаах буолбутун Ил Түмэн спикерэ быһаарда. Парламент Бэрэссэдээтэлэ Владимир Путин маннык тылларыгар болҕомтону тарта: «Доруобуйа харыстабылыгар да, атын ханнык да эйгэҕэ итинник буолара табыллыбат. Доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөҕэр киһи илиитин уунан тиийэр кыаҕын хааччыйыы, оттон наада буоллаҕына, чөлүгэр түһэрии ирдэнэр».
«Чуолаан бу боппуруоһу өрөспүүбүлүкэ парламена Федеральнай Мунньах, Россия Федерациятын Бырабыыталыстыбатын иннилэригэр туруорбута балайда ыраатта, билигин ити Россия Президенин Анал этиитигэр иһилиннэ», — диэтэ парламентарий.
Александр Жирков дойду Президенэ Хотугу Муустаах муора суолун сайдыытын чорботон эппитин бэлиэтээтэ. «Таһаҕаһы тиэйии кээмэйэ чугастааҕы сылларга хас эмэ төгүлүнэн улаатыахтаах. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит кыраныыссатын үс гыммыт биирэ муораҕа тиксэр, муора кытылынан ааһар, онон Хотугу Муустаах муора суолун сайдыыта өрөспүүбүлүкэҕэ улахан стратегическай суолталаах», — диэн түмүктээтэ Ил Түмэн спикерэ.