714
13 апреля 2018 в 12:50
Юрий Николаев: “Ураты болҕомто ороскуот чааһыгар уурулунна”
Ил Түмэн бюджекка, үпкэ, нолуок уонна сыана политикатыгар, бас билии уонна приватизация боппуруостарыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Юрий Николаев Мииринэй куоракка парламент уонна бырабыыталыстыба үлэтин түмүктэрин таһаарда. Ити туһунан парламент пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
«Көһө сылдьар тэрээһиннэр былаас муниципальнай уорганнарын таарыйар боппуруостары көдьүүстээхтик быһаарарга көмөлөөхтөр», — диэн бэлиэтээтэ Юрий Николаев.
«Мииринэйгэ сис кэмитиэт мунньаҕар өрөспүүбүлүкэ түмүллүбүт бюджета, субсидиялары, дотациялары биэрии боппуруостара уонна олохтоох бюджекка ону көдьүүстээхтик туһаныы суоллара көрүлүннүлэр. Ону сэргэ муниципальнай тэриллиилэр бюджеттарын толорууга резервэни булуу боппуруоһа дьүүллэһилиннэ, ол курдук, быйыл судаарыстыбаннай бюджекка оптимизация кэккэ дьаһаллара былааннаналлар. Ити түгэннэри барытын оройуоннар баһылыктара билиэхтээхтэр уонна ону дьүүллэһиигэ көхтөөхтүк кыттыахтаахтар.
Биһиги Мииринэй оройуона сир баайын саҥа туһанааччылары кытта ситиһиилээх үлэтин уопутун көрдүбүт, ол атыттарга холобурунан буолар. Чуолаан, тэрилтэлэри, кинилэри кытта дуогабарынан үлэлэһэр тэрилтэлэри оройуон сиригэр-уотугар регистрациялааһын туһунан этэбит. Бүгүн “Сир аннын туһунан” Федеральнай сокуонунан сир баайын туһанааччы бэйэтин туһунан муниципалитекка биллэрбэтэ көҥүллэнэр, ол эрээри олохтоох дьаһалта исписэлиистэрин актыыбынай үлэтин түмүгэр Мииринэй оройуонун сиригэр-уотугар үлэлиир хас биирдии тэрилтэ учуокка сылдьар.
Итини таһынан муниципалитеттар дохуоттаах базаларын үрдэтии, сир учаастактарын регистрациялааһын боппуруостара дьүүллэһилиннилэр, нолуок сокуоннарыгар уларытыыларга быһаарар үлэни ыытыы наадата бэлиэтэннэ.
Биһиги өрөспүүбүлүкэ бюджетын дохуоттаах чааһыгар иһитиннэриини сүнньүнэн тиэртибит, маныаха ураты болҕомтону ороскуоттаах чааска уурдубут.
Саха сирин соҕуруу уонна арҕаа оройуоннарыгар бырамыысыланнас тэрилтэлэригэр анаан олохтоох каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ парламенын уонна бырабыыталыстыбатын улахан үлэтин бэлиэтиир тоҕоостоох. Тус сыаллаах үөрэххэ ылыы чэрчитинэн бэлэмнэммит каадырдар бүгүҥҥү күҥҥэ үлэтэ суох хаалыа суох тустаахтар, ити суолталаах.
Көһө сылдьар мунньах кэмигэр иһиллибит бары этиилэр сис кэмитиэт түмүк быһаарыыларыгар киллэриллиэхтэрэ”, — диэн бэлиэтээтэ норуот депутата.