368

26 октября 2018 в 17:32

Ыччаты түмэр хамсааһын баар буолуохтаах дуо?

Хомсомуол 100 сыллаах үбү­лүөйүн көрсө, хомсомуол­га тэҥнээх ыччаты түмэр саҥа хамсааһын, идеология баар буолуохтаах дуо диэн ыйытык ыыттыбыт. Онуоха араас эйгэҕэ үлэлиир дьон маннык хоруйдаатылар.  

 

Ыйытык

 

 

Хомсомуолга хайдах ылаллар этэй?

 

Хомсомуол­га 14 сааскыттан ылаллара. Пионерга ылыы курдук кууһунан барбата, этэргэ дылы, хас биирдии киһини сирэй кэпсэтэн, бары өттүттэн тургутан көрөллөрө. Сайабылыанньа биэрэргэ биир хомуньуус эбэтэр 10 ыйтан итэҕэһэ суох стажтаах икки хомсомуол эрэкэмэндээссийэтэ ирдэнэрэ. Сайабылыанньа кэннэ оскуола хомсомуолун түмсүүтүгэр көрөргө биитэр көрбөккө диэн уураахтыыллара. Сөбө суох хандьыдаат диэтэхтэринэ, көрүмүөхтэрин эмиэ сөбө.
Сайабылыанньаҕын ылбыт түгэннэригэр хомсомуол кэмитиэтин уонна райком бэрэстэбиитэлин кытта кэпсэтии (собеседование) күнүн болдьууллара. Манна бэлэмнэнии санааҕар унньуктаах уһун, улахан долгутуулаах буолара.  Собеседование күн уҥуох-иҥиэх халыр-босхо баран, тип-титирэс буола долгуйбут ыччаттар кэлэллэрэ. Бэлэмнэнии диэн ЫБСЛКС (ВЛКСМ) устаабын, хомсомуол уонна баартыйа баһылыктарын ааттарын-суолларын, суолталаах дааталары нойосуус үөрэтии уонна, саамай кылаабынайа, “тоҕо хомсомуол буолуоххун баҕараҕын?” диэн ыйытыыга хоруйу толкуйдааһын буолара. Кэмитиэт чилиэннэрэ хаһан баҕарар “оҕуруктаах” ыйытыыны биэрэн “самнарыахтарын” сөптөөҕө. Хандьыдаат собеседованиены этэҥҥэ аастаҕына, хомсомуол билиэтин туттараллара. Усунуос (взнос) оскуола оҕотугар уонна устудьуоҥҥа ыйга 2 харчы, үлэлиир дьоҥҥо хамнас биир бырыһыанын ылара.
1989 сылга диэри ЫБСЛКС чилиэнэ буоллаххына эрэ үрдүк үөрэххэ, үчүгэй училищеҕа, техникумҥа киирэр кыахтааҕыҥ.

 

 

Вячеслав Макаров, Ил Түмэн 6-с ыҥырыылаах дьокутаата: «Биллэн турар, наада. Бу Керчь куоракка буолбут теракт бүтүн Арассыыйаны эрэ буолбакка, аан дойду ыччатын долгутта. Дойду Бырабыыталыстыбата пионерия, хомсомуол үтүө холобурун билигин кэлэн өйдөөтө. Ыччаты дойду чиэстээх гражданина буолар гына иитиигэ идеология оруола итиннэ сытар. Маны аан дойду барыта билинэр. Биһиэхэ бу суох буолуоҕуттан, Арассыыйа үрдүнэн ыччат түктэри сиэрэ-майгыта элбээтэ. Хомсомуол ыччаты түмэр, сүрүннүүр суолталаах. Биир ньыгыл салайар күүс буолан, эдэр дьону иитиигэ, таһаарыылаах үлэҕэ сирдиир, ыччат бэлиитикэтин тэрийэр оруоллаах”.

 

 

Зинаида Дедюкина, учуутал: «Мин санаабар, оччотооҕу курдук, ыччаты түмэр кыаллыбат. Хомсомуол киһи үтүө хаачыстыбаларыгар олоҕурбута. Билиҥҥи киһи индивидуалист. Ол аата бастаан бэйэм туһа диэн олорор. Чугас дьоммор, кэлэктиипкэ, дойдубар диэн утуйар уутун умнан үлэлиир-хамсыыр киһи тарбахха баттанар. Урут үлэтэ суох сылдьар киһини “тунеядец” диэн ааттыыр, хаһыаттыыр, сууттуур эбит буоллахтарына, билигин оннук миэрэни ыл эрэ — киһи быраабын күөмчүлээһиҥҥэ тэҥниэхтэрэ. Ыччат түмсүүлэрэ билигин хара баһаам курдуктар. Патриотизмы сөргүтэ сатыыллар. Ол да буоллар киэҥ далааһыннааҕа көстүбэт. Арай, анаан-минээн үөһэттэн чопчу ыйаахтаах, сорудахтаах түмтэххэ эрэ хамсааһын тахсыа этэ».

 

 

Лидия Манчурина, ХИФУ преподавателэ: «Хайаан да наада. Тоҕо диэтэххэ, бастатан туран, оҕону, ыччаты түмсүүлээх оҥорор, кэлэктиипкэ иитэр, уопсай туһа диэ­ни өйдүүр буоларга үөрэтэр. Билигин оҕо, ыччат олус бэйэмсэх буолла. Иккиһинэн, иерархия баар диэни өйдүүр буолаллар. Урут киһи октябренок, пионер, хомсомуол, хомуньуус кэрдиистэрин ааһара. Бу курдук үрдээн, үүнэн иһэллэрэ. Итинник түмсүү аҕа саастаах дьону ытыктыырга, бэйэ бодотун тардынарга иитэр. Үсүһүнэн, маннык тэриллии ыччакка үлэ миэстэтин таһаарар. Төрдүһүнэн, бу былаас хонтуруоллуур тэрилэ буолар. Ол эмиэ наада. Итиэннэ ситэ илик оҕо аймах, ыччат араас субкултуура хампаанньатыгар сыстыаҕын кэриэтэ туох эрэ туһалаахха үлэлииллэрэ ордук. Маны табан, туһалаах буоларын курдук сатаан тэрийиэххэ эрэ наада. Биһиги үнүстүүккэ “ыччаты кытта үлэ” диэн үөрэх хайысхата баар. Анал идэлээх дьон маннык тэрилтэни салайарга иитиллэн, үөрэнэн тахсаллар”.

 

 

Людмила Шишигина, баспытаатал: «Биһиги саҕана хомсомуолга киирии сүрдээх чиэс-бочуот этэ. Ахтан-санаан аастахха, хомсомуол үрдүк аатын сүгүөхтээх күммэр ыалдьан хаалбытым. Эмтэн, барыма диэбиттэрин үрдүнэн барбытым. Онон температуралаах, күөмэйим аһыйа-аһыйа андаҕар тылбын эппиттээҕим. Билиҥҥи кэмҥэ эргиччи, тулалыыр эйгэттэн саҕалаан, айылҕа киртийиитэ, сиэр-майгы айгырааһына олус элбээтэ. Күннээҕи олоххо көстөр мөлтөх дьайыылаах сүүрээннэр: табахтааһын, арыгылааһын, проституция, наркомания, аһара уойуу – бу барыта олох сатарааһынын бэлиэтэ  ыччаты ытыктыы ытыйда. Ол иһин сырдыкка, ырааска угуйар эдэр дьону, ыччаты түмэр идеология хайаан да наада. Бу манна аныгылыы саҥа сүүрээн ирдэнэр. Аныгы үйэ хомсомуоллара! Бу дьону сомоҕолуур сүдү күүс буолуо этэ”.

 

 

 

Александр Шарин, тылбаасчыт: “Идеология хайаан да баар буолуохтаах. Таах хаама сылдьар ыччат элбэх. Олор энергияларын сөпкө туһаайар хамсааһын наада. Саатар бэйэ бодотун тардына сылдьалларыгар туһалаах буолуо этэ. Кэлиҥҥи кэмнэ майгы-сигили айгыраата. Бу ыччакка эрэ баар көстүү буолбатах, саастаах да дьон ыккардыгар төттөрү кэмэлдьи, сиэр-майгы сатарыйыыта үгүс”.

 

Поделиться