313

26 октября 2018 в 17:36

Булгуруйбат санаалаах дьону иитэр хомсомуол

ЫБСЛКС 100 сыллаах үбүлүөйүн көрсө санаабын этиэхпин баҕарабын. Киһи аймах баарын тухары айыллыбыт биир саамай бастыҥ хамсааһынынан хомсомуол буолар. Ол эрээри, ол бастыҥ хамсааһын идеята таҥнарыллыбыта.

100 сыл анараа өттүгэр өрөбө­лүүссүйэ сирдьитэ Владимир Ленин быһаччы ыйыытынан эдэр дьон уонна аҕам саастаах дьон көлүөнэлэрин биир санааҕа холбуур ыччат хомуньууһун сойууһа тэриллибитэ. Хомсомуол идеята чопчу биллэрэ – дойдуларыгар бэриниилээх, дойдуларын ис сүрэхтэриттэн таптыыр ыччаты иитэн таһаарыы этэ. Ол иһин оччотооҕу хомсомуоллар БАМ, АЯМ курдук сүүнэ бырайыактары туппуттара. Хомсомуол хамсааһына хас ыччат сүрэҕин төлөннөөбүтэ буолуой?! Оттон билигин хайдаҕый? Маныаха маарыҥныыр хамсааһыны тэрийэ сатыыллар. Холобур, пионерияны үтүктэн “Дьулуур” хамсааһынын тэрийбиттэрэ, күүһэ-уоҕа суох үлэлиир. Улуу Ленин саҕана тэриллибит хомсомуол курдук хамсааһын идеята таҥнарыллыбыта. Тоҕо диир буоллахха, 90-с сылларга сатыылаабыт уларыта тутууга оччотооҕу хомсомуоллар идеяларыттан олус кэбэҕэстик аккаастаммыттара. Ол аата үрдүкү баартыйа оскуолаларыгар туохха үөрэммиттэрэ буолла?
Билигин хомсомуол курдук хамсаа­һын наада дуо? Булгуччу наада. Идеяларын таҥнарбат дьону иитэн таһаарыахтаахпыт. Аныгы хомсомуоллаах киһи хайдах буолуохтааҕый? Биһиги урут булгуруйбат күүстээх санаалаах Зоя Космодемьянскаяттан, Олег Кошевойтан холобур ыларбытын курдук, ыччат киниттэн холобур ылыахтаах.
Мин Уус Алдан Тулунатыгар 7 кылааска сылдьан хомсомуоллар кэккэлэригэр киирбитим. Билигин муна-тэнэ сылдьар ыччат олус элбэх. Өскөтүн оччотооҕу хомсомуол курдук хамсааһын баара буоллар, инникигэ эрэллээх үлэлиир-хамныыр ыччат көлүөнэтэ үөскүө этэ. Тоҕо диэтэххэ, хомсомуол киһини сөптөөх суолга туруорара. Онон биһиги билиҥҥи сорукпут халбаҥнаабат бигэ санаалаах, идеятыгар бэриниилээх, дойдутун туһугар ис сүрэҕиттэн долгуйар эдэр дьону иитэн таһаарыахтаахпыт. Биһиги кэрэхсиэхпитин иһин, хомуньуус баартыйабытыгар кэлин ыччаттар кэлэр буоллулар.

Поделиться