1139

26 октября 2018 в 17:19

Суруллубут суоруллубат, уһуллубут умнуллубат

Алтынньы 23 күнүгэр Аудиовизуальнай нэ­­­һи­­лиэстибэ күнүн чэр­чи­тинэн П.А. Ойуунус­кай аатынан судаарыстыбан­най литературнай мусуойга быһа холоон 80-с сыллар­дааҕы (чопчу даатата биллибэт) сэдэх киинэ пленкатын көрдөрдүлэр.

 

 

1989 сыллаах Чөркөөххө буолбут ыһыах дэҥҥэ көстөр каадырдара киэҥ эйгэҕэ таҕыстылар

 

 

Пленкаҕа Чөркөөххө буолбут ыһыах түгэннэрэ быстах-остох элэҥнэһэн ааһаллар. Оһуохайдыы сылдьар дьон, сыа­наҕа үҥкүүлүү сылдьар оҕолор, чороонноох ыччаттар… Бу дьон быыһыгар Саха норуотун оччотооҕу интеллигенцията хам-түм көстөн ааһар.

Бу киинэ пленкатын Тааттаттан олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатын үлэһитэ, киномеханик үөрэхтээх Дмитрий Аржаков ыыппыт эбит. Бу устуу улахан историческай суолталааҕын өйдөөн, литературнай мусуой уонна аудиовизуальнай нэһилиэстибэ национальнай киинэ расшифровкалыыр уонна харыстыыр үлэни ыыттылар.

Билиҥҥи курдук өҥнөөх, ойуута чуолкайдык көстөр цифровой техникаҕа устуу эбитэ буоллар, күнүн-ыйын киһи эндэппэккэ этиэх, ким-ким кыттыбытын таба көрүөх эбит. Ол да буоллар мустубут дьон: маннык киинэ пленкаларын сөргүтэр анал үөрэхтээх дьон, мусуой үлэһиттэрэ, суруйааччылар, учуонайдар, итиэннэ оччотооҕу Таатта улууһун салайааччыта Георгий Артемьев, филология билимин хандьыдаата Анатолий Нелунов, филология билимин дуоктара Егор Оконешников, суруйааччы, драматург, киносценарист Айсен Дойду кэлэн, ханнык кэмнээҕи киинэ буоларын, кимнээх уһуллубуттарын быһаарыыга кытыннылар.

Оччотооҕу кэм быыһын сэгэтэн, история таабырынын таайар, олус сэргэх кэпсэтии, ырытыһыы ааста. Дьон ортотугар бастаан утаа 1987 сыллаах ыһыах түгэннэрэ диэн санаа баһыйан испитэ. Эмиэ даҕаны Ойуунускайга аналлаах ыһыах буолуон сөп диэн этиилэр баал­лара. Араас санаалар киирэн, мунаахсыйыы барбытыгар,  педагогика билимин хандьыдаата, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Ойуунускай ааҕыыларын» тэрийээччи Екатерина Чехордуна 1989 сыллааҕы хаһыаты булан аҕалан дьон дьүүлүгэр таһаарда. Хаһыакка Таатта Чөркөөҕөр 1989 сыллаахха Ойуунускайга аналлаах ааҕыылар уонна Политсыылканы үөрэтиигэ научнай-практическай кэмпириэнсийэ буолан аастылар диэн ырылыччы сурулла сылдьар буолан биэрдэ. Ол иһинэн ыһыах ыһыллыбыт. Ити тэрээһини суруналыыс олус ымпыктаан-чымпыктаан, олус үчүгэйдик арылыччы кэпсиир. Ити курдук, Екатерина Петровна киинэ уһуллубут кэмин быһаарарга күүстээх дакаастабылы утары уунан, кэпсэтии кыттыылаахтарын соһутта. Суруллубут суоруллубат диэн, дьэ, маны этэн эрдэхтэрэ.

Ыһыахха баар дьону чуолкайдыырга Чөркөөхтөн төрүттээх Дьокуускай куоракка олорор дьон улаханнык көмөлөстүлэр. Түмүккэ мусуой оҥорбут “П.А. Ойуунускай төрөөбүт алааһын устун” саҥа бырайыагын аан бастаан көрдүлэр.

Тэрээһиҥҥэ СӨ норуоттарын аудиовизуальнай нэһи­лиэстибэтин национальнай киинэ уонна П.А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай литературнай мусуой инникитин бииргэ үлэлииргэ Сөбүлэһии түһэристилэр.

Маннык курдук историческай суолталаах докумуоннары ырытыһар, илдьиритиһэр тэрээһиннэри ыччаты кытыаран ыыппыт киһи олус да хоторуулаах буолуох эбит дии санаатым.

Кэм-кэрдии, сыл-хонук аастаҕын ахсын уруккубут умнуллар, сүтэр-оһор дьылҕалаах. История чахчыларын сыыска-буорга түһэрбэккэ, кэлэр кэнчээри ыччакка тиэрдэр сорук турар. Оччоҕо эрэ ааспыт олохпут тиһиктээх өйдөбүлүн илдьэ сылдьар, сөптөөхтүк быһаарар кыахтанабыт. Ол иһин баар чахчылары – олохпут кэрэһиттэрин сүтэрбэт-оһорбот, симэлиппэт туһуттан билиҥҥэттэн сааһылыыр, тиһэр күүстээх үлэ наада.

 

Бэлиэтээһин

Алтынньы 27 күнүгэр Аан дойдутааҕы аудио-визуальнай нэһилиэстибэ күнэ бэлиэтэнэр. 1980 сыллаахха ЮНЕСКО 21-с Генеральнай кэмпириэнсийэҕэ хамсыыр ойууну үйэтитэргэ диэн эрэкэмэндээссийэтин ылыммыта. Маннык күнү бэлиэтээһин уопсастыбаҕа история суолталаах докумуоннарын харыстыыр наадалааҕын өйдөтөр аналлаах.
Аудио-визуальнай нэһи­лиэстибэ аан дойду­тааҕы күнэ Саха сиригэр 2015 сыл­лаахтан бэлиэтэнэр. Са­ха Өрөспүүбүлүкэтин араас мусуойдарыгар, архыыптарыгар араас историческай сыаннастаах киинэлэр, докумуоннар харалла сыталлар. Маны ааһан биирдиилээн дьон тус архыыбыгар урукку-хойукку кэм туоһулара эмиэ баар буолуохтарын сөп. Саха сирин салалтата ону өйдөөн, маннык докумуоннары мунньар туһугар суолталаах сокуоннары ылым­мыта. Ил Түмэн наукаҕа, үөрэхтээһиҥҥэ, культураҕа, сонуннары киэҥник тарҕатар средстволарга, общественнай тэрилтэлэргэ сис кэмитиэтэ «Докумуон экземпляра булгуччулаах буолуутун туһунан» өрөспүүбүлүкэ сокуонун олоххо киллэрэргэ күүстээхтик үлэлээбитэ. «СӨ норуоттарын аудиовизуальнай нэһилиэстибэтин харайыыга былаас уонна уопсастыба эппиэтинэһэ» диэн тиэмэҕэ “төгүрүк остуолга” Саха сирин курдук олус киэҥ, баай историялаах өрөспүүбүлүкэ историческай дааннайдарын билиҥҥи кэмҥэ харыстыыр сорук сытыытык турарын кэпсэппиттэрэ.

 

 

 

Поделиться