802
14 декабря 2018 в 09:46
“Артыыстарбыт биэс тылы билиэхтээхтэр”
«Кустук” диэн Николай Лугинов айымньытын элбэх киһи билэр. Бу айымньы Саха тыйаатырыгар турбутун көрбүккүт буолуо. Оттон «Кустук» дьүкээгирдии саҥарбытын истэ иликкит.
Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар тыйаатырдара “Кустугу” хотугулуу тыыннаан көрдөрөр санаалаах. Бу испэктээкил уонна тыйаатыр үлэтин туһунан тыйаатыр уус-уран салайааччыта Любовь Никитина сэһэргиир.
Бэйэ күүһүнэн
Любовь Никитина: «Олус талааннаах, ис-истэриттэн тыйаатырдарын туһугар ыалдьар ыччат үлэлиириттэн олус үөрэбин. Төһө да олус элбэҕэ суох буолларбыт, туох баар үлэбитин-хамнаспытын үөрэ-көтө, күргүөмүнэн оҥоробут. Холобур, бу тыйаатырга диэн анал дьиэлэнэммит, ону тыйаатыр сыанатыгар кубулутарга барытыгар бэйэбит оҕолорбут үлэлээтилэр. Ол курдук, дьон олорор кириэһилэтин таҥарга, үөһэ тахсар үрдэллэри (помост) оҥорорго уолаттар бэйэлэрэ хаптаһыны саайан, сыана сабыытын кыргыттар иистэнэн, саалабытын кырааскалаан, санаабытыгар олус тупсаҕай гына тэриннибит».
Тыйаатыр дьиэтэ ирдэбил быһыытынан 4 миэтэрэ үрдүктээх, уот-күөс турар анал миэстэлээх, декорация түһэр сирдээх буолуохтаах эбит. Оттон бу чөкө тыйаатыр төһө да баараҕай уораҕайа суох буоллар, хоп курдук оҥоһуулаах, кыараҕас да буоллар туспа сыаналаах, дьон олороругар табыгастаах гына үөһэ тахсан иһэр кириэһилэ эрээттэрдээх буолан биэрдэ.
_______________________________
Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар тыйаатырдара 2014 с. ахсынньы 6 күнүгэр арыллыбыта. Бастаан анал дьиэтэ суох буолан, атын тыйаатырдарга сылга икки испэктээкили көрдөрөр бырааптааҕа. Билигин Чернышевскай уулуссатын, 14 туспа кыра аактабай сааланы тыйаатыр сыанатыгар кубулутан, үлэлии-хамсыы олорор. Тыйаатыр саалата 74 миэстэлээх, 15 артыыстаах. Үксэ ыччат. Тэриллиэҕиттэн 7 испэктээкили туруорбут.
________________________________
Дьүкээгир тылын билэр дьону булар уустуктардаах
Любовь Алексеевна: “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр аҕыйах ахсааннаах биэс омук олорор. Испэктээкиллэрбитин сороҕор эбээн, сороҕор дьүкээгир тылынан, биитэр нууччалыы, сахалыы да туруорабыт. Ирдэбил быһыытынан итиэннэ тылы харыстааһын бэлиитикэтинэн сирдэтэн, аҕыйах ахсааннаах хотугу норуот тылын тута сылдьарын ситиһиэхтээхпит. Ол эрээри дьүкээгир тылынан бүтүн испэктээкили оҥорор буоллахха, бүтүн Саха сирин да үрдүнэн тылы билэр дьону булар уустуктардаах. Онон биһиги артыыстарбыт төрүт тылларыттан ураты эбии түөрт тылы билэр эбээһинэстээхтэр”.
Талааннаах ыччаты өйүөх тустаахпыт
Любовь Алексеевна этэринэн, кэлиҥҥи кэмҥэ режиссер, сценограф идэтэ кырыымчык буолар чинчилээх. «Билигин биһиэхэ анал режиссербут суох. Уопсайынан, өрөспүүбүлүкэҕэ талааннаах режиссердарбыт былдьаһыкка сылдьаллар. Эгэ, сценограф диэн тарбахха баттанар дьон. Онон испэктээкиллэрбитин бэйэбит бооччойон туруорарбыт баар суол. Үчүгэй талааннаах ыччаты үөрэххэ ыыттарар кыах баара буоллар. Итиэннэ сокуон ирдэбилинэн артыыстарбыт дипломнаах, анал үөрэхтээх буолуохтаахтар. Ол сөп эрээри, сорох бастыҥ артыыстарым анал үөрэҕэ суох ыччаттар. Ол да буоллар тутталлара-хапталлара, тыллара-өстөрө тупсаҕайа – айылҕаттан, ис-истэриттэн илдьэ кэлбит талааннара буоллаҕа дии! Айар куттаах киһини ыгар-түүрэр, хааччахха угар сатаммат. Айар киһи атын эйгэлээх. Ону өйдүүр куолу».
Кэпсэттэ Ирина Ханды.