618
01 ноября 2019 в 10:32
Цифровизация — кэм ирдэбилэ
Цифровизация диэн тылы истээт да, өлөрүнэн кэмнэнэр дьон үгүс. Көмпүүтэр үйэтэ кэллэ, киһи киһини кытта айах атан кэпсэппэт кэмэ үөдүйдэ диэччи элбэх. Биир өттүттэн, цифровизация, информатизация, оптимизация… Киһи тыла да өҕүллүө суох, салла истэр тыллара.
Иккис өттүттэн, цифровизация — үйэтитии буолар. Норуот үйэлэргэ муспут муудараһын, тылынан уус-уран баайын харыстыыр оруоллаах.
Үсүһүнэн, култуура эйгэтин информатизациялааһын, цифровизациялааһын — бу эйгэлэри сөхсүтүү, сэргэхситии диэн судургутук өйдүөххэ сөп. Дьону-сэргэни бары өттүттэн сайдыылаах, сэргэх оҥорорго туһуланар.
Ил Түмэн үөрэххэ, наукаҕа, култуураҕа, көрдөрөр-иһитиннэрэр средстволарга уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтэ Хаҥалас улууһун Покровскай куоратыгар «СӨ култуура тэрилтэлэрин цифровизациялааһын туһунан» төгүрүк остуолу ыытта.
Мунньахха норуот дьокутааттара Феодосия Габышева, Наталья Румянцева, Аркадий Семенов, Саха сирин мусуойдарын, библиотекаларын үлэһиттэрэ, СӨ култуура уонна инновация, цифровой сайдыы уонна инфокоммуникационнай технология министиэристибэлэрэ, улуустартан бэрэстэбиитэллэр кыттыыны ыллылар.
Бириэмэ тугу да харыһыйбат
Тэрээһин саҕаланыытыгар 2018 сыллаахха балаҕан ыйын 3 күнүгэр Бразилияҕа буолбут улахан баһаар холобур быһыытынан кэпсэннэ. Суостаах баһаар икки үйэ турбут Национальнай мусуойу күппүлүү ыыппыта Бразилия эрэ норуотун буолбакка, бүтүн аан дойду култууратыгар иэдээн буолара саарбахтаммат. Былыргы үйэтээҕи артефактар, киһи аймах баай историятын кэрэһилиир матырыйааллар күл буолбуттара хараастабыллаах. Бу быһылаан былаас аанньа ахтыбаттыы сыһыаныттан, мусуой дьиэтэ эргэрэн, экспонаттар дуоннаах үбүлээһини, өйөбүлү ылбакка, дьалаҕай быһыыттан таҕыста диэн аан дойду сонуннарыгар элбэхтэ этиллибитэ. Билигин мусуойу сөргүтэ сатаан, аан дойду үрдүнэн экспонаттар хаартыскаларын көрдүүллэр. Муҥ саатар хаартыска нөҥүө күдэҥҥэ көппүт историяны тилиннэрэргэ дьулуһаллар.
«Время и прилив никогда не ждут» диэн Вальтер Скотт бэргэн этиитэ баар. Бириэмэ кими да, тугу да харыстаабат. Онон мусуойдарбыт экспонаттара, библиотекаларбыт кинигэлэрэ кэм-кэрдии аастаҕын ахсын сүтэр-оһор, симэлийэр кутталлаахтар. Ону билиҥҥэттэн харыстыыр сорук турар. Ону сөпкө өйдөөн, өрөспүүбүлүкэ салалтата, Ил Түмэн күүстээх үлэни ыыталлар.
Бу төгүрүк остуолга мустубут дьон цифровизация үлэтэ хайдах тэтимнээхтик баран иһэрин, туох кыһалҕалар баалларын дьүүллэстилэр. Маны таһынан салгыы хайдах хайысханан үлэлээтэххэ, өрөспүүбүлүкэбит баай историятын үйэтитэр кыахтаахпытый диэн боппуруос мунньах кыттыылаахтарын долгутта.
Ил Түмэн үөрэххэ, наукаҕа, култуураҕа, көрдөрөр-иһитиннэрэр средстволарга уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Феодосия Габышева мунньаҕы арыйарыгар маннык эттэ: “Бу тиэмэни көтөҕөрбүт оруннаах. Ааспыт пленарнай мунньахха Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр олохтоох боппуруостары тыа сирин нэһилиэктэригэр сыһыарыыга сыһыаннаах сокуон бастакы ыстатыйатыгар уларытыылары киллэрии туһунан сокуон барылын дьүүллэспиппит. Онон нэһилиэнньэни библиотека өҥөтүнэн хааччыйыы, комплектование уонна библиотека пуондатын харыстааһын нэһилиэктэн оройуон дьаһалыгар көспүтэ. Маны сэргэ поселение бас билиитигэр киирсэр култуура нэһилиэстибэтин эбийиэктэрин (култуура уонна искусство пааматынньыктарын) харыстааһын, туһаныы, сырдатыы, поселение сиригэр-уотугар баар муниципальнай суолталаах култуура нэһилиэстибэтин эбийиэктэрин (култуура уонна искусство пааматынньыктарын) харабыллааһын эмиэ оройуон боломуочуйатыгар көстө. Аны туран, кэлэр сыллардааҕы бүддьүөтү көрүөхпүт. Онон баай историябытын харыстыыр, үйэтитэр туһугар билиҥҥэттэн сөптөөх үлэни ыытарбыт наада. Билигин чопчу соруктары туруоран, быһаарыылары ылынан, салгыы хайдах үлэлиирбитин торумнаһар кэммит кэллэ”.
Санатар буоллахха
Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2014 с. таһаарбыт ыйааҕынан, култуура эйгэтигэр судаарыстыбаннай бэлиитикэ төрүттэрэ олохтоммуттара. Манна этиллэр биир сүрүн соругунан цифровой коммуникационнай технологиялары туттуу буолар. Маны сэргэ Арассыыйа Бырабыыталыстыбата ылыммыт “Цифровой экономика” национальнай бырагырааматынан дьон-сэргэ олоҕун уйгута тупсарыгар улахан үлэ ыытыллар. Ол иһигэр култуура эйгэтин бары салаатын ситимнээн, аныгы олох тэтимин кытта тэҥҥэ хардыылыыр, сайдыылаах, дьон-сэргэ хото сылдьар, үөрэнэр, билиитин хаҥатар улахан ситими төрүттүүр сорук турар.
Мусуойдар үлэлэрэ күүһүрэр
Өрөспүүбүлүкэҕэ уопсайа 80-тан тахса мусуой баар. Билиҥҥи туругунан улахан мусуойдар бары биир ситиминэн үлэлии олороллор. Оннооҕор ыраах сытар улуустар, нэһилиэктэр сыыйа-баайа цифровизация эйгэтигэр киирэн иһэллэр.
Хаҥалас улууһун култууратын управлениетын начаалынньыга Сахаайа Громова этэринэн, бэл, ыраах сытар улуустар бары 100 % КАМИС диэн ситимҥэ холбоммуттар. «Сыл аайы үлэбитин дьоҥҥо-сэргэҕэ интэриэһинэй гына оҥорорго кыһаллабыт. Биһиги кэтээн көрүүбүтүнэн, виртуальнай мусуой киэҥ биһирэбили ылла. Сыллата бу өҥөнү туһанар дьон ахсаана элбээн иһэр. Киһи илэ бэйэтинэн кэлбэккэ, өрөспүүбүлүкэ да, тас дойду бары муннугуттан мусуой территориятын, экспонаттарын төлөпүөн нөҥүө көрө олоруон сөп. Маны таһынан, маннык ситим үтүөтэ үгүс. Ол курдук, ыччат төрөөбүт дойдутун историятын билэригэр, итиэннэ туризм сайдарыгар суолтата улахан», — диэн Сахаайа Громова Хаҥалас мусуойдарын үлэтин сырдатта.
Библиотека саҥалыы хайысханан үлэлиир
Саха сирин үрдүнэн 500-тэн тахса библиотека үлэлиир. Билигин библиотекарь аҥардас кинигэ, сурунаал түҥэппэт. Үлэтэ быдан киэҥ, сэргэх буолан турар. Библиотекалар үлэлэрин туһунан А.С. Пушкин аатынан Национальнай библиотека дириэктэрин солбуйааччы Василий Борисов кэпсээтэ. Кини этэринэн, библиотека үлэтэ араас хайысханан саҥардыллан, дьон-сэргэ, ордук ыччат сылдьарыгар табыгастаах систиэмэнэн үлэлииргэ кыһаллар. «Ол эрээри ордук сыаннаһы илдьэ сылдьар кинигэлэри, бэчээти оцифровкалыырга, итиэннэ ааҕааччы сэргээбит матырыйаалын тута кумааҕыга түһэрэн ыларыгар библиотека аппараата мөлтөһүөр».
Аныгы SMART библиотека туһунан Дьокуускай куорат библиотекаларын ситимин үлэһитэ Виктория Колесованы кэпсииригэр көрдөстүм. «Библиотека үлэтигэр аныгы RFID-технологиялар туттуллаллар. Ол аата кинигэҕэ чипирование оҥорон, дьон-сэргэ литератураны туттарыгар табыгастаах систиэмэ оҥоһулунна. Ааҕааччы библиотека үлэһитэ да суох бэйэтэ сөбүлүүр кинигэтин талар, уларсар, төннөрөр кыахтаах. Сотору кэминэн дьон биир эрэ ааҕааччы билиэтинэн Дьокуускай куорат кииннэммит библиотекаларыгар сылдьар кыахтаныа. Маны таһынан, биһиги библиотекабыт араас тэрээһиннэри, үөрэхтээһин куурустарын, маастар-кылаастары ыытар. Эдэртэн эмэнигэр тиийэ төһө баҕарар сылдьыан, дьарыктаныан сөп. Аныгы библиотека сүрүн сыала – тохтоло суох үөрэхтээһини сайыннарыы буолар. Омук тылын үөрэтиэххэ, театральнай туруорууга кыттыахха, араас киинэлэри көрүөххэ сөп уо.д.а. интэриэһинэй дьарыктары ыытабыт. Бу барыта босхо. Уопсайынан, инникитин аныгы библиотека атын култуура тэрилтэлэрин кытта ыкса үлэлэһиэхтээх, киһини сайыннарарга туһуламмыт эйгэ буолуохтаах», — диэн кэпсээтэ.
Мантан инньэ «архыыбы хаһар» табыгастаах буолуо
Национальнай архыып эмиэ сайдан иһэр. Тэрилтэ дириэктэрин солбуйааччы Наталия Степанова иһитиннэрбитинэн, описьтары оцифровкалааһын үлэтэ архыыпка күүскэ барбыт. “Ол аата электроннай ыйынньыктарга көрдүүр систиэмэни тупсарыы буолар. Ханна, туох информация чопчу баара «поисковикка» киллэрдиҥ да, ырылыччы көстөн кэлэр. Маны ситиһэргэ улахан үлэ ыытылынна. Сылга 70 тыһ. тутаах өйдөбүллэри киллэрэр былааннаахпыт. Дьон-сэргэ да сылдьара биллэ элбээтэ. Маны сэргэ таҥара дьиэтин метрическэй кинигэлэрин, сэриигэ ыҥырыллыбыт дьон испииһэгин оцифровкалыыбыт, фотокаталог уо.д.а. оҥоробут”, — диэтэ.
Ити курдук, култуура бары эйгэтигэр цифровизация сыыйа-баайа кимэн киирэн иһэр. Сүрүн кыһалҕа сөптөөх күүстээх аппаратура, технология кэлэригэр үп-харчы кырыымчыгар сытар. Маны сэргэ анал идэлээх каадырдары үөрэттэрии, үлэ миэстэтинэн хааччыйыы боппуруостара сытыытык тураллар.
Түмүккэ Ил Түмэн дьокутааттара үлэ хаамыытын тэтимирдэргэ уонна чуолаан култуура салааларынан сөптөөх үлэни ыытарга сүрүннүүр сокуон наадатын бэлиэтээтилэр. Материальнай-техническэй базаны тупсарыыга ылсар, итиэннэ бу өттүгэр ыытыллар үлэни үбүлээһиҥҥэ өйөбүл наадатын тоһоҕолоон эттилэр. Манна аҥардас өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр эрэммэккэ, үбү-харчыны, атын да сүүрээннэри көрдөөн булан, үүтү-хайаҕаһы тобуларга көмөлөһүөхпүт диэн эрэннэрдилэр.
Бэрэссэдээтэл Феодосия Габышева төгүрүк остуол кыттыылаахтарыгар махтанна. “Маннык төбүрүөннээн олорон барыгытын кытта ирэ-хоро кэпсэтэн, баар кыһалҕалары миэстэтигэр истэн, үлэбитин салгыы ыытарбытыгар дьэҥкэ хартыына көһүннэ. Бары этиилэри сурукка тистибит, эрэкэмэндээссийэлэри ылынныбыт. Салгыы сүбэбитин холбоон, култуура бары эйгэтин, кими да атарахсыппакка, түмэр, итиэннэ култуура курдук ураты эйгэ олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыырын ситиһэр сорук турар”, — диэн түмүктээтэ.
Ирина Ханды
Дьокуускай — Хаҥалас
Уважаемые читатели!
- Покупая электронную версию Издания, вы осознаете, что покупаете ее исключительно для личного (семейного) пользования. Перепродажа или любая другая передача купленного вами номера газеты третьим лицам запрещается и может преследоваться по закону.
- Обязанности продавца, в качестве которого выступает Издание, считаются выполненными с момента отправки Покупателю ссылка на скачивание купленного и оплаченного им номера газеты.
- Стоимость газеты в розницу 30 руб.
ВАЖНО! Иногда, по независящим от Издания причинам, спам-фильтры Покупателя перебрасывают письмо с заказанной вами ссылкой в папку «Спам». Поэтому если вы не получили от нас автоматически сгенерированного письма со ссылкой, для начала проверьте папку «Спам». Если его нет и там — обращайтесь в нашу редакцию.