679
23 сентября 2019 в 14:18
«Ийэкээм» киинэ сүрэхтэниитэ
«Ийэкээм» 2018 сыллаахха режиссер дойдутугар Аммаҕа уһуллубута
Балаҕан ыйын 12 күнүгэр режиссер Дмитрий Давыдов «Ийэкээм» (нууччалыыта «Нет бога кроме меня») киинэтин сүрэхтэниитэ буолла.
Дмитрий Давыдовы «Костер на ветру» киинэ ааптарынан билэбит. Онон саҥа киинэ эмиэ дириҥ ис хоһоонноох, олох-дьаһах, биирдиилээн дьон дьылҕатын көрөдөрүө диэн сэрэйиллэр.
«Ийэкээм» 2018 сыллаахха режиссер дойдутугар Аммаҕа уһуллубут. Сценарийын Дмитрий Давыдов бэйэтэ суруйбут. Киинэҕэ кылаабынай оруоллары саха тыйаатырын биллэр артыыстара Петр Садовников уонна Зоя Багынанова оонньоотулар.
Санатар буоллахха, «Ийэкээм» («Нет бога кроме меня») киинэ араас бэстибээлгэ кыттыбыта. Выборг куоракка буолбут XXYII төгүлүн ыыттыллар «Окно в Европу» диэн Арассыыйа киинэтин бэстибээлигэр кылаабынай оруолу толорооччу Петр Садовников «Эр киһи бастыҥ оруола» анал бирииһин ылбыта.
Премьераҕа
Саха киинэтин сэргээччилэр «Лена” киинэ тыйаатырын тобус-толору киирэн, саҥа киинэ сүрэхтэниитин үөрэ-көтө, эгди буолан көрүстүлэр. Киинэни оҥорорго үлэлэспит дьон киинэ хайдах уһуллубутун кэпсээтилэр, артыыстары билиһиннэрдилэр. Продюсер Сардаана Саввина, Семен Шишигин, композитор уонна звукорежиссер Сергей Ярмонов, кылаабынай артыыстар Петр Садовников уонна Зоя Багынанова киинэ туһунан санааларын эттилэр.
Хомойуох иһин, режиссер бэйэтэ үлэтинэн кыпчыттаран киинэ сүрэхтэниитигэр кэлбэтэх. Дмитрий Давыдов Аммаҕа оскуолаҕа үлэлиир. Учуутал киһи балаҕан ыйыгар түбүгэ үс бүк элбиир буолан, быыс кыайан булбатаҕа өйдөнөр.
Семен Шишигин, продюсер: «Саха киинэтин сэргээччилэргэ улахан махталбын тиэрдэбин. Итиэннэ киинэ оҥоһуллуутугар улахан үлэни ыыппыт киһиэхэ — Сардаана Саввиноваҕа махтаныам этэ. Кини актердары таларга күүскэ үлэлэспитэ. Ол түмүгэр маннык бастыҥ артыыстар биһиги киинэбитин киэргэттилэр», — диэтэ.
Зоя Багынанова көрөөччүлэргэ туһаайан: «Биһиги бу сэмэй киинэбитигэр кэлбиккитигэр олус үөрэбин. Биллэн турар, киинэ эйгэтэ олох атын. Испэктээкил эбитэ буоллар эһиги хас биирдиигит айымньыбытын хайдах көрсүбүккүтүн, хайдах ылыммыккытын билиэм этэ. Оттон киинэҕэ, дьэ, куттанабын (күлэр). Тахсан бараайаҕыт, көрүҥ, бэйэҕит санааҕытын этиэххит буоллаҕа дии диэн эрэнэбин», — диэн бэрт долгуйан туран эттэ.
Саха киинэтин саҥа аартыктарга арыаллаан илдьээччи, продюсер Сардаана Саввина: «Бу эһиги инникитигэр турар дьон бу киинэ уһуллуутугар үлэлээбит улахан хамаанда буолар. Хас биирдии киһи киинэ индустриятыгар туспа миэстэни ылар. Кинилэрэ суох киинэ уһуллубат. Киинэ салаатыгар бачча элбэх киһи кэлбититтэн биһиги бары олус үөрэбит”, — диэн мустубут дьоҥҥо махтанна.
Киинэ сюжета
40-чэлээх кылаабынай герой (Петр Садовников) тыа сиригэр 70-лаах ийэтин кытта олорор. Ийэтэ (Зоя Багынанова) Альцгеймер ыарыынан ыалдьар, тулалыыр дьонун-сэргэтин, дьиэтин-уотун да умнан кэбиһэр түгэннэрдээх. Ийэтин көрөөрү-истээри кэргэниттэн, оҕолоруттан туспа олорор. Ийэтин ыарыыта бэргээн, тыаттан куоракка киирэргэ күһэллэр.
Режиссер Дмитрий Давыдов киинэтин туһунан
«Киинэ киһи өйдүүрүгэр ыарахан, ол гынан баран олохтоох, дириҥ ис хоһоонноох. Сэһэргээһин аргыый-налаан барар. Актердар Петр Садовникова уонна Зои Багынанова олус күүстээх артыыстар буолаллар, кинилэр талааннаах оонньууларын ыксаабакка олорон көрөргө кыах бэриллэр. Бу драма киһи дьылҕата бэйэтин илиитигэр буоларын көрдөрөр, киһи олоҕун суолун бэйэтэ талар диэн ис хоһоонноох. Устубут киинэлэрим («Костер на ветру» уонна кылгас метражтаах «Река» диэн лиэнтэ) дьиэ кэргэн иһинээҕи сыһыаны, киһи дьылҕатын, тыа сирин олоҕун-дьаһаҕын көрдөрөллөр. Аныгыскы киинэлэрим атын хайысхалаах буолуохтара», – диэн киинэ режиссера Дмитрий Давыдов айымньытын туһунан этэн турардаах.
Саха киинэтин ис хоһооно дириҥиир
Киинэ көстөн бүтээтин кытта саала ытыс тыаһынан оргуйа түстэ. Таһырдьа тахсан иһэн сэмээр дьон сирэйин кэтиибин. Үгүс киһи хараастыбыт сирэйдээх, толкуйга түспүттүү туттан таҕыста.
Киинэни көрөн баран бастаан утаа ийэни уонна кылаабынай геройу олус аһынаҕын. Ол эрээри бу киинэ туохха үөрэтэр диэн ыйытыы хайаан да киирэр. Киинэ син биир туох эрэ санааттан, тугу эрэ дьоҥҥо тиэрдэр баҕаттан үөскүүр. Киинэ түмүгэ аһаҕас хаалар. Кылаабынай герой ийэтин туһугар иэстэһэр санааны ылыммыта дуу?.. Ол санааттан олоҕо алдьаныан, очурдаах суолга үктэниэн сөбүн өйгөр ойуулаан көрөҕүн. Бу киһи дьиэ кэргэниттэн арахсан, ийэтин бүөбэйдиирэ сөптөөх дуо? Бэйэтин олоҕунан олорбокко, ыарыһах киһини көрөр-истэр бары уустуга, киһи уйулҕатын хамсааһына бу киинэҕэ олус тыҥааһыннаахтык тыктарыллан көрдөрүллэр. Ийэҕэ таптал, муҥура суох махтал, биитэр иитии содула дуу… Ким эрэ кылаабынай геройу өйүө, өйдүө, ким эрэ атыннык ылыныа. Хас биирдии киһи «Ийэкээм» киинэни көрдөҕүнэ, бэйэтин ийэтигэр сыһыанын кытта дьүөрэ тутан көрүө дии саныыбын.
Саха киинэтэ сайдар диибит. Саха киинэтэ киэҥ сиргэ таҕыста, дьон-сэргэ биһирэбилин ылыан ылар. Бу кураанах тыл буолбатах. Саха киинэтэ ыыра кэҥиирин ааһан, дириҥээн иһэрэ үөрдэр.
Көрөөччү санаата
Надежда Попова, налоговай үлэһитэ:
— “Ийэкээм” киинэ олус интэриэhинэй дии санаатым. Бастаан утаа детективка холуу көрбүтүм. Онтон сыыйа-баайа киирэн истэх аайы саҥаттан саҥа санаалар үөскүүллэр. Киинэ ийэ тапталын содулун көрдөрөр, дьылҕаҥ бэйэҥ илиигэр буоларын умнубакка, биирдэ бэриллибит олоҕу сыаналыырга үөрэтэр.
Киинэ уһуллуута олус хаачыстыбалаах, уус-ураннык кыраһыабай. Оператор үлэтин ордук чорботон бэлиэтиэм этэ. Олус үрдүк таһымнаахтык уһуллубут”.
Сардаана Десяткина, хомус түмэлин үлэһитэ:
— «Ийэкээм“ киинэ, мин санаабар, киһиэхэ тиэрдэр сүрүн идеята диэн киһи киһиэхэ харыстабыллаах сыһыана, биирдэ бэриллэр олоҕу сыаналыыра буолар. Киһи олоҕун харыстыахтааҕа, муударайдык сыһыаннаһыахтааҕа бу киинэттэн көстөр. Быстах санааҕа ылларбакка эбэтэр дьон тылыгар киирэн биэрбэккэ, сыаллаах, соруктаах олордоххуна, биирдэ эрэ олоххор табыллыы кэлэр. Сүрүн герой оннук сыала да, соруга да суох, олох устун устан иһэрэ көстөр»…
Надежда Прокопьева, Пушкин аатынан Национальнай библиотека үлэһитэ:
— «Билиҥҥи социальнай ыарахан олох көстөр, эдэр да дьон, кырдьаҕас да киһи кыһалҕалара. Олох-дьаһах усулуобуйата кыаллыбатыттан эдэр ыал олоҕо сатарыйда, арыый кыахтаахтара буоллар, ийэлэрин анал тэрилтэҕэ сөптөөх көрүүгэ-истиигэ сытыарыахтар этэ. Киинэҕэ Дмитрий Михайлов оонньуур геройа чааһынай клиникалаах эрээри, ылыммыт эбэһээтилистибэтин ситэ өйдөөбөт буолан, албын-көлдьүн сыһыаннаах, барыс эрэ ылар санаалаах. Ол содула киһи өлүүтүгэр тиэртэ.
Артыыстар оонньууларын биһирээтим. Чахчы баары-баарынан, аһары барыыта суох. Кылаабынай герой оруолун олус сөбүлээтим».
Ирина Ханды