730
22 февраля 2019 в 12:16
Көдьүүһэ суох артыыстар ханна бараллар?
РФ култуураҕа министиэристибэтэ идэлээх сойуустары кытыннаран айар кэлэктииптэргэ сыаналыыр хамыыһыйалары тэрийэр санаалаах
Театрдар, музыкальнай уонна үҥкүү кэлэктииптэрэ, кэнсиэрдиир тэрилтэлэр уонна циркэлэр айар үлэһиттэргэ наадыйыыларын бу айар дьон төһө ирдэнэллэрин сыаналааһын анал систематын көмөтүнэн быһаарар туһунан, артыыстарга бэрт ыарыылаах буолуох боппуруос күөрэйдэ. Ол курдук, сыаналыыр хамыыһыйа артыыһы соччо наадата суоҕунан билиннэҕинэ, кинини кытта түһэрсиллибит үлэ дуогабара көтүрүллүөн сөп. Култуура министиэристибэтэ “Парламент хаһыатыгар” иһитиннэрбитинэн, туһааннаах сокуон барылын биэдэмистибэ ыам ыйыгар Бырабыыталыстыбаҕа киллэрэр былааннаах. Госдумаҕа бу көҕүлээһини мөккүөрү тардыан сөптөөҕүнэн аахтылар.
Куонкурус суох, хаачыстыба сыаналанар
Айар үлэһиттэр төһө наадалаахтарын сыаналааһын идеята бу эргимтэҕэ дьүүллэһиллэр буолбута ыраатта, ол эрээри уопсастыбаҕа киэҥник ырытыы баччааҥҥа диэри суоҕа диэн култуура министиэристибэтигэр быһаардылар. Оттон айар үлэ бэйэтэ уратылардаах, маныаха сыһыаннаах сокуон нуормаларын олоххо туһаныы көрдөрбүтүнэн, кинилэр үлэлэрин тупсарыы уонна системалааһын ирдэнэр.
Бу эндирдээх тема аан бастаан алта сыллааҕыта министиэристибэҕэ көтөҕүллүбүтэ. Ол саҕана, 2013 сылга оҥоһуллубут сокуон барылын быһыытынан, 5 сылга биирдэ дуоһунаска солбуйуу куонкуруһугар айар үлэһиттэр идэлэригэр сөптөөхтөрүн дакаастыыр эбээһинэстэрин киллэрэргэ этии баара. Айар үлэһит куонкурус түмүгүнэн дуоһунаска талыллыбатаҕына эбэтэр куонкуруска кыттар баҕатын биллэрбэтэҕинэ, кинини кытта үлэ дуогабара тохтотуллуон сөбө. Маныаха сонуну тарҕатар үлэһиттэргэ айар куонкуруһу булгуччулаахтык ааһыыны көрбөт Үлэ кодексын редакциятын туһанарга этиллибитэ.
Саҥа көҕүлээһиҥҥэ куонкурус сабаҕаламмат. “Театр, музыкальнай уонна үҥкүү кэлэктииптэрин, кэнсиэрдиир тэрилтэ уонна циркэ репертуардарыгар (бырагыраамаларыгар) айар үлэһиттэргэ наадыйыыны сыаналааһын туһунан Балаһыанньаны уонна маннык сыанабыл ыытыллар айар үлэһиттэр дуоһунастарын кэрискэтин, Россиятааҕы социальнай-үлэ сыһыаннаһыыларын сүрүннээһиҥҥэ үс өрүттээх хамыыһыйа санаатын учуоттаан Култуура министиэристибэтэ бигэргэтэр.
“Наадата суохтары” ким уонна хайдах сыыйыаҕай?
Артыыс төһө наадалааҕын биирдиилээн буолбакка, кыттыһан сыаналыыллара сабаҕаланар. Этиллибит быраабылаларга сөп түбэһиннэрэн, үлэ биэрээччи итиниэхэ анал сыаналыыр хамыыһыйаны тэрийэр. Ол хамыыһыйа састаабын түөрт гыммыттан биирэ алын сүһүөх идэлээх сойуус тэрилтэтин бэрэстэбиитэллэриттэн туруоҕа. Сыанабыл түмүктэринэн хамыыһыйа айар үлэһиккэ наадыйыы баарын эбэтэр суоҕун туһунан түмүктээһини биэриэҕэ. Артыыс ирдэммэт түгэнигэр кинини кытта үлэ дуогабара көтүрүллүөн сөп, оччоҕо сокуон быһыытынан үс ыйдааҕы акылаатын кээмэйинэн харчынан толуйуу төлөнүөхтээх. Айар үлэһит аахсыллар төрүөтэ суох “хамыыһыйаҕа” кэлбэтэх эбэтэр ону ааһартан аккаастанар буоллаҕына, кинини кытта үлэ дуогабара эмиэ тохтотуллуон сөп.
Маныаха тэрилтэлэр салайааччылара, хат дьахталлар, 3-гэр диэри саастаах оҕолоох дьахталлар, ону сэргэ инбэлиит оҕону иитэр култуура үлэһиттэрэ итиэннэ бочуоттаах ааты ылбыттар сыаналааһынтан босхолоноллорун туһунан үөһэ ахтыллар докумуоҥҥа этиллэр.
Аһара барыыны таһаарбат туһугар
Госдума култуураҕа кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Шолохов санаатынан, маннык нуорманы киллэрэргэ этиилээх Култуура министиэристибэтэ “миэстэтигэр аһара барыыны таһаарбаттарын туһугар” бары сэрэхтээх буолуон сөп түгэннэри учуоттуохтаах.
“Бу идея, биир өттүттэн, биһиги бүтэһиктээхтик хааллардыбыт диир кэмнэрбитин санатар. Атын өттүттэн ыллахха, айар үлэ эппиэтинэстээх буолуохтаах. Холобур, мин тугу эрэ көрөбүн, ол эрэ саамай кырдьык диир эппиэтинэһэ суох быһыы. Онон мин манна туох эрэ туһалаах өрүт баарын көрөбүн. Ол эрээри маннык сыанабыл чааһыгар Култуура министиэристибэтин сорох быһаарыылара түбэһиэх буолаллара дьиксиннэрэр”, — диэн бэлиэтээтэ парламентарий.
Шолохов ааҕарынан, быһаарыы үрдүттэн көрөн оҥоһуллуо суохтаах, ол түмүгэр бобуу-хаайыы дьаһала үөскүөн сөп.
Госдума депутата Светлана Савченко култуура министиэристибэтин көҕүлээһинин мөккүөрэ суоҕунан ааҕартан туттунар, ол курдук айар үлэһит ханнык ирдэбиллэринэн сыаналанара дьэҥкэтэ суох. “Бу дьаһалы өҥөҕө наадыйыы баарыттан-суоҕуттан көрүү өйдөнөр. Ол аата бюджет харчыта мээнэҕэ ыскайданыа суохтаах. Оттон биһиги киһи талаанын, дьоҕурун сыаналааһын туһунан этэр эбит буоллахпытына, маннык дьаһал, мин санаабар, мөккүөрү тардыан сөп”, — диэн быһаарда кини. Савченко этэринэн, тас быһыытынан-майгытынан көрөн актер төһө наадалааҕын быһаарыы тустаах сыанабылынан салайтарар буолан, дьиҥнээҕэр киһи саарбахтыыр.