931
27 июля 2018 в 11:18
Михаил Старостин «Хотугу киһитэ»
Оҕо барыта уруһуйдьут. Ааҕыан, суруйуон быдан иннинэ, өссө саҥа олорор буолуоҕуттан, кини хайы-үйэ «сиппит-хоппут» бэйэтэ туспа көрүүлээх худуоһунньук. Оҕо тулалыыр эйгэтин хайдах ылынарын уонна өйдүүрүн бэйэтэ эрэ билэр истиилин нөҥүө ойуулаабыта, хаһан да хатыламмат шедевр.
Үгүс саҥата-иҥэтэ суох, көрсүө, саҥардыы чороччу улаатан эрэр тыа уолчаана, элэс көрүүгэ бэйэтин саастыылаахтарыттан тугунан да уратыйбат. Арай сыал-сорук оҥостон, кэтээн көрөр киһи баара эбитэ буоллар, уолчаан илиитигэр харандааһы, уруучуканы тутар буолуоҕуттан, наар тугу эрэ уруһуйдаан букунайан тахсарын булгуччу бэлиэтии көрүө эбитэ буолуо. Уонна уолчаан сааһыгар сөбө суох болҕомтолоох сытыы харахтарын өйдөөн хаалыах этэ.
Кириэс Халдьаайы олохтооҕо Миша Старостин оччотооҕу уруһуйдарын кытта билигин билсэр кыах суох. Туох билиэй, айар суолун булуммута уонна тэлиммитэ ырааппыт бүгүҥҥү бөдөҥ маастар, баҕардар, хайа эрэ хаппарыгар оҕо эрдэҕинээҕи ойуулара кыбыллан сылдьар буолуохтарын эмиэ сөп.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин ускуустубатын үтүөлээх дьиэйэтэлэ, худуоһунньук Михаил Старостин үлэлэрин бэлэмэ суох киһи үрдүнэн көрөн кэбиһиэн сөп. Хотугу киһиэхэ, Аартыка зонатын олохтооҕор анаммыт бэрт элбэх үлэлэрдээх. Ол үрдүнэн, ол күдээринэ көрөн кэбиспит киһи, баҕар, элбэх сыллар ааспыттарын да кэннэ буоллун, худуоһунньук атын хартыыналарын да көрдөҕүнэ, тугу эрэ умнубутун өйдөөбүттүү булгуччу «этин тартарыаҕа». Ол курдук, омос көрүүгэ чааҕыра суох, судургу «хотугу бөгүүрэлэр» тоҕо эрэ көрөөччү өйүн-санаатын түгэх хаппарыгар «олохсуйан» хаалаллар эбит.
Уолчаан «эрдэтээҥҥи айымньыларыгар» киһи хараҕа хатанар туох эрэ баара илэ. Дьокуускайга олорор, үлэлиир убайа дойдутугар тиийэ сылдьан, Миша уруһуйдарын көрөн баран, художественнай учуулуссаҕа киирэригэр дьаыныардаахтык сүбэлиир. 8 кылааһы бүтэрбит уол балачча күүстээх күрэстэһиини ааһан, ымсыылаах үөрэҕэр киирэр. График Юрий Вотяков бөлөҕөр дьарыктанар.
Живописец, график Михаил Старостин «Белый танец» хартыыната холустаҕа кыраасканан үлэтэ буолар. «Үрүҥ үҥкүүгэ» даамалар хабалыардары ыҥыраллар. Ааҕааччы, эн, килэйбит-халайбыт киэҥ сааланы, фрактаах чонолдьуйбут хабалыардары, сапсынар куорсуннаах мааны даамалары өйгөр оҥорон көрүмэ. Иитэ-саҕата биллибэт Улуу Маҥан дуол, хаар түһэн үллүктүүр. Кухлянка таҥастаах дьахтардаах эр киһи куустуһан үҥкүүлүү сылдьаллар. Тула уу чуумпу, кубус-кураанах. Бу икки таптаһыылаахтартан ураты, туох да тыынар тыыннааҕа, хамсыыр харамайа диэн суох. Уопсайынан, олох букатыннаахтык тохтоон хаалбытын эбэтэр өссө эстибитин курдук балаһыанньа. Оччоҕо бу тугуй? Хаар-муус дойдуга олоҕу саҥалыы тилиннэрэргэ уонна салгыырга сананар дьахтардаах эр киһи дуо? Эбэтэр тиһэх дьахтар уонна эр киһи тиһэх бырастыылаһар үҥкүүлэрэ дуу? Дьахтар, эр киһи баалларын тухары – олох баар!
Учуулусса кэнниттэн Михаил Худфоҥҥа үлэлээн, аармыйаҕа сулууспалаан, дойдутун оскуолатыгар уруһуй кылааһыгар учууталлаан баран, Красноярскайдааҕы судаарыстыбаннай художественнай үнүстүүт бырамыысыланнай графикаҕа отделениетын үөрэнэн бүтэрэр. Саха сиринээҕи кинигэ издательствотыгар, онтон «Бичиккэ» художественнай эрэдээктэринэн өр сыллаах үлэтэ-хамнаһа саҕаланар. «Полярная звезда» сурунаалга эмиэ итинник дуоһунаска үлэлиир. 2000 сылтан Ускуустуба уонна култуура Аартыкатааҕы судаарыстыбаннай үнүстүүтүн преподавателэ, доцент.
Уйаара-кэйээрэ биллибэт киэҥ туундараҕа, түүнэ-күнүһэ кыайан араарыллыбат будумахха, граммофон тэрили кулҕааҕар даҕайан истэ иһэр Хотугу киһини көрбүккүөт? XIX үйэ иккис аҥаарыгар — XX үйэ саҥатыгар Азия хотугулуу-илиҥҥи аҕыйах ахсааннаах норуоттарыгар эскимостарга, чукчаларга, коряктарга, Халыма сүнньүнэн олорооччуларга эмэрикээн муораһыттара уонна атыыһыттара үгүстүк кэтэһиилээх «күндү» ыалдьыттарынан буолаллара. Арааһа, булчут чукча эбэтэр тоҥус, хас эмэ сылы быһа муспут муоһун, аһыытын эбэтэр түүлээҕин «дуораччы ыллыыр» граммофоҥҥа мэнэйдэһэн, үөрэн-көтөн дьиэлээн истэҕэ дуу…
Михаил Гаврильевич сааһын тухары хамнастаах үлэһит, айар үлэтинэн ол онтон чорботон, бириэмэ кырыйан дьарыктанар худуоһунньук буолар. Персональнай быыстапкалара араас сылларга Дьокуускайга, Мииринэйгэ, Новосибирскайга, Уркуускайга, Таймыырга, Москваҕа үстэ тура сылдьыбыттара. Канаадаҕа, Бельгияҕа туруоруллубуттара. Быйыл саас Владивостокка «Прикосновение к Северу» быыстапкатыгар хотугу тиэмэҕэ суруллубут 40 айымньыта биир ый устата көрдөрүүгэ туруорулунна.
— Бэйэм хоту олоро, үлэлии сылдьыбатах киһибин, — Михаил Гаврильевич аа-дьуо кэпсиир. Уопсайынан, сэһэргэһээччим киэҥ көҕүстээх, көрсүө майгылаах, ким баҕарар ытыктыы, убаастыы көрүөн сөптөөх төрүт саха киһитин санатар. — Москваҕа сылдьаммын, «Наука» издательство маҕаһыыныгар биллиилээх этнограф учуонай В.Г.Тан-Богораз «Материальная культура чукчей» аангылыйалыы тылынан Эмиэрикэҕэ тахсыбыт кинигэтин нууччалыы тылбааһыгар түбэспитим. Онтон ылата ол кинигэ остуолум үрдүгэр бастайааннай сытар ыйынньыгым, сирдэтинэр суолдьутум буолар. Чукча олоҕун-дьаһаҕын тэринэр дьиэтэ-уота, мала-сала, булка туттар сэбэ-сэбиргэлэ, иһитэ-хомуоһа, кэтэр таҥаһа-саба бүүс-бүтүннүүтэ сиһилии сурулланнар, хаартыскаҕа түһэриллэннэр, уруһуйдананнар кинигэҕэ ыгыччы киирэн сылдьаллар.
Аҥаардас биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр хотугу төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах биэс араас омук баар. Михаил Старостин хартыыналарын сүрүн персонаһа – Хотугу киһи – омугунан эбээн, эбэҥки, дьүкээгир, чукча, ким баҕарар буолуон сөп. «Тиэтэйбит» хартыынатын хотугулуу таҥастаах персонаһа булдуттан хойутаан, ураһатыгар тиийэ охсоору тиэтэл-саарал бөҕөнөн, үктэнэр сиригэр үктэнэн, үктэммэт сиригэр үктэммэккэ өрө мөхсөн иһэр. Кини кимий? Тоҥус? Дьүкээгир? Баҕар, чукча? Арай, төрүт хотугу киһи буолара мөккүөргэ турбат. Дьэ, маныаха хотугу норуоттар олохторун майгытын, матырыйаалынай култуураларын, өбүгэлэрин үгэстэрин билиэххэ наада. Холобура, «Балыксыт» хартыынаҕа – мөккүөрэ суох, саха киһитэ. Сүгэн турар туута, соботун илимэ, туос тымтайа, балыктыыр бас билэр күөлүн төбөтүн үрдүнэн ууруммута, ону сэргэстэһэ собо муҥутуура ойууламмыта – барыта саха балыксытын көрдөрөр. Михаил Старостин Хотугу киһитин бары өттүнэн мындырдаан, омугунан араарыахха сөп. Ол эрэн, маастар Хотугу киһини уопсай архетиип оҥорон, уопсай уобарас быһыытынан ойуулуон эмиэ сөп.
Худуоһунньук хотугу киһитэ хаһан да көлөлөммөт, турар бэйэтинэн буолар. Хартыыналарыгар хаһан да элбэх персонаж ойууламмат. Үксүгэр соҕотох, ардыгар дьахтардаах эр киһи баар буолар. Онон, хотугу норуоттар аҕыйах ахсааннаахтарын кэпсииргэ, туоһулуурга дылылар. Соҕотох киһи уонна уйаара-кэйээрэ суох киэҥ хаар дойду. Соҕотох киһи — эргиччи хаар-муус дойдуга.
«Дуолан сылыйыы билгэтэ» үлэҕэ кухлянкалаах икки киһи тыын быстарынан куотан эрэллэр. Үөһээ дьаабылыкалар, персиктэр ыйанан санньыһан тураллар. Аартыка күөҕүнэн чэлгийэр саадка кубулуйуо дуо? Хотугу киһи, ханна куоттуҥ, төрөөбүт төрүт эйгэҕиттэн тэйэҥҥин дьолгун булуоҥ дуо? Эппиэт суох.
— 90-с сылларга олохсуйан кэлбит хааччахтартан төлө көтүү, уопсай өрө көтөҕүллүү биһиэхэ баара, — диир Михаил Гаврильевич. – Абстракционизм, экспрессионизм истииллэрэ киирбиттэрэ. Аныгы ускуустуба элбэх сүүрээнэ модернизм баар буолбута. Билигин бүтүн аан дойду ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустубатыгар баһылыыр-көһүлүүр истиил диэн суох. Онон, постмодернизм эпохатыгар олоробут.
Урут дойдуга да, манна өрөспүүбүлүкэбитигэр да култуура министиэристибэлэрэ хартыыналары атыылаһан, мусуойдары хааччыйар буолаллара. Ол түмүгэр, худуоһунньук үлэтэ атыылаһыллара, бэйэтэ дохуоттанара, мусуойдарга туруоруллубут хартыыналар көрөөччүлэрдэнэллэрэ. Ол ситим быстыбыта ыраатта.
Аан дойду үрдүнэн худуоһунньук аймах 2 бырыһыана айар үлэтинэн бэйэтин ииттинэн олорор диэн буолар. Биһиэхэ аҥаардас айар үлэнэн дьарыгырар биирдиилээн худуоһунньуктар бааллар. Кинилэр олох аҕыйахтар. Прикладной иис-уус, күндү киэргэл, харчы биэтэстээх буоланнар, күүскэ сайдаллар. Графика кумааҕыга ойууламмыт ускуустуба буолар, атыыга барбат. Живопись (холуста), муос, ювелирнай оҥоһуктар үчүгэйдик атыыланаллар. Атыыга барар, үчүгэй харчыга турар ускуустуба көрүҥэ сайдар.
Марк Шагалы баай дьэбириэйдэр үлэтин харса суох атыылаһаннар, аан дойдутааҕы таһымҥа таһаарбыттара. Биһиги, сахалар, баай дьонноохпут дуо, кинилэр ханналарый? Харчы биэрэн, успуонсардаан буолбакка, саха худуоһунньуктарын бастыҥ үлэлэрин атыылаһан, өйүөхтэрин наада этэ.