1001
08 мая 2019 в 12:32
“Мин үрдүбэр күн хаһан да киирбэт”: тэҥҥэ үллэстэр үөрүүбүт
“Мин үрдүбэр күн хаһан да киирбэт” диэн эдэр талааннаах режиссер Любовь Борисова киинэтэ Москватааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ фестивалыгар биир дьоһун бириискэ тиксибитин туһунан сонун барыбытын да олус үөрдүбүтэ. Киинэ улахан экраҥҥа бүгүҥҥүттэн тахсыахтаах. Оттон бастакы көрдөрүүнү суруналыыстарга муус устар 30 күнүгэр оҥордулар.
Киинэни устубут хамаанда – продюсер Сардаана Саввина, “Сахафильм” дириэктэрэ Дмитрий Шадрин, режиссер-сценарист Любовь Борисова, оператор, худуоһунньук туруорааччылар Семен Аманатов, Семен Кириллин, звукорежиссер Иннокентий Сивцев, композитор Моисей Кобяков буолан Саха сирин киинэ устуутун салаатыгар өссө биир улахан ситиһиини аҕаллылар. Оттон артыыстар Степан Петров, Иван Константинов туһунан туспа этэр наадалаах.
Суруналыыстары кытта көрсүһүүгэ режиссер Любовь Борисова уонна “Сахафильм” хампаанньа дириэктэрэ Дмитрий Шадрин кылгастык санааларын эттилэр. Киинэ “Көрөөччү биһирэбилэ” (“Приз зрительских симпатий”) наҕараадаҕа тиксибитэ киэн туттууну саҕар. Тоҕо диэтэххэ, толкуйдаан көрдөххө, бу наҕараада дьон истиҥ тапталынан иҥэриллэр наҕарааданан буолар. Ол курдук, куоластааһын түмүгүнэн киинэ 4,88 баалы ылбыт, саамай үрдүк баалынан 5 буолар эбит. Суруналыыстарга наҕараада бэлиэтин – күлүүһү көрдөрөрүгэр режиссер Любовь Борисова: “Көрөөччү биһирэбилэ” наҕарааданы көрөөччү сүрэҕэр күлүүс диэн өйдүөххэ сөп. Ол иһин наҕараада символа күлүүс буолар”, — диэн быһааран биэрдэ.
Киинэни көрдөрүөх иннинэ киинэни оҥорооччу хамаанда санаатын үллэһиннэ. “1200 миэстэлээх саала улахан аҥаара толору этэ. Былырыын “Тойон кыыл” киинэни көрөн, сахалыы киинэ тыынын билэннэр кэлбит буолуохтаахтар диэн сабаҕалыыбын. Онно оонньообут Степан Петрову тута билбиттэрэ уонна сүгүн да хаамтарбакка, хаартыскаҕа түспүттэрэ”, — диэн Любовь мичээрдээн кэпсиир.
Санатар буоллахха, киинэ Николай Лугинов “Таас Тумус” айымньытыгар олоҕуран уһуллубут. Суруналыыстар режиссертан: “Киинэ чопчу “Таас Тумус” ис хоһоонунан оҥоһулунна дуо?”, — диэн ыйытыыларыгар, кини: “Суох, айымньыттан кыратык тэйбиппит, бэйэбит көрүүлэрбитин киллэрэн биэрбиппит”, — диэн эттэ.
“Киинэни нууччалыы тылбаастаан улахан экраҥҥа таһаарар былааннааххыт дуо?”, — диэн ыйытыыга, Дмитрий Щадрин: “Дьиҥинэн, оннук санаалар киирэллэр этэ. Ол гынан баран, киинэҕэ геройдар саҥаларын хаттаан устан таһаарыы олус уустук бырассыаһынан буоларын билэбит. Оттон бу Степан Дмитриевич оҥорбут уобараһын нууччалыы саҥаран дириҥник тиэрдэр уустук дии саныыбын”, — диэтэ.
Киинэ улахан аҥаара Булуҥҥа Лаптевтар муораларын кытылыгар уһуллубут. “Хайдах эрэ барыта кэмигэр, чэпчэкитик сатанан испитэ. Холобур, Дьокуускайга буолар көстүүнү икки нэдиэлэнэн уһулан бүппүппүт. Оттон Булуҥҥа Найба сэлиэнньэтин таһыгар саһылы иитэр фермаҕа буолар көстүүлэри икки ыйтан ордук устубуппут. Халлаан туран биэрбитэ, Найба олохтоохторо ыалдьытымсахтара сүрдээх, барытыгар көмөлөһөн абыраабыттара”, — диэн Любовь Борисова махтана ахтар.
Мин быыс булан көрөөччү ис сүрэҕиттэн сөбүлээбит артыыһын, киинэҕэ Байбал диэн айыы киһитин олоҕун үөрүүтүн-көтүүтүн, хомолтотун бэйэтин кэмигэр билбит, бүүс-бүтүннүү соҕотохсуйууга куустаран, ааспыт кэминэн олорор оҕонньору оонньуур Степан Дмитриевич Петрову кытары кэпсэттим. Кини мин эҕэрдэбин уонна кини киинэҕэ оонньуутуттан хайдах курдук астыммыппын туттуна иһиттэ. Мүчүк гынан баран: “Мин бэйэбин артыыс диэн улаханнык ааттаабаппын ээ. Икки киинэҕэ оонньообут дьоллоохпун”, — диэтэ. Ол кэннэ кини киинэни устуу эйгэтигэр хайдах кэлбитин туһунан кэпсэттибит.
— Мин аҕыс кылаас үөрэхтээхпин, үйэм тухары суоппардаабытым. Билигин Хаҥалас II Дьөппөнүгэр олоробун. Бэйэм Бүлүү Хаҥыл диэн нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Аарымыйаттан кэлэн баран Степан Аржаков аатынан сопхуоска “ааҕар балаҕан” диэҥҥэ политобозреватель быһыытынан үлэлээбитим. Онтон 70-с сс. суоппар куурсугар үөрэнэн, онтон ыла ол идэбинэн үлэлээбитим. Хаҥылтан Хаҥаласка эдьиийим ыал буолбутугар көһөн кэлбиппит. 1974 сылтан Хаҥалас олохтооҕунан буолабын. Киинэҕэ уһуллууга мин бастаан Михаил Ефимович Николаев үбүлүөйүгэр анаммыт Сэмэн Аманатов дипломнай үлэтигэр кыттыбытым. Нөмүгүгэ кыраайы үөрэтээччи Ноговицын Прокопий Романович миигин булан, Сэмэн Аманатовтыын түөрт чаас устан баран, аҕыйах сөкүүндэҕэ диэри быһаннар көрдөрбүттэр этэ. Ол да буоллар киинэ олус үчүгэй этэ. Онтон эмиэ умнан эрдэхпинэ, аны ханнык эрэ студент дипломнай үлэтигэр хаартысканан киинэҕэ кытыннарда. Дьиҥэр, бэйэм Дьөппөммөр олохтоох самодеятельноска киирэн араас пьесаларга, испэктээххэ оонньуурум. Норуодунай тыйаатырдаахпыт, оччолорго киһи бары оонньуур. Мин кыра оруолларга кыттарым. Онно сылдьан, биирдэ дуобаттыы олордохпуна, эмиэ Прокопий Романович Ноговицын кэлэн эргитэ сылдьан хаартыскаҕа түһэрдэ уонна Интернетинэн тута ыытан кэбистэ. Онтон сотору буолан баран Эдуард Алексеевич Новиков, Сэмэн Аманатов тигинээн кэллилэр. Киинэҕэ уһулабыт диэн буолла. Ол курдук куоракка киирэммин “Тойон кыыл” киинэҕэ уһуллубутум. Уулаах Аан дэриэбинэттэн 30-тан тахса км үөһэ Үрүҥ Бас диэн сир баар, онно былыр бурдук үүннэрээччилэр дьиэлэригэр олорон үлэлээн тигинээн бардыбыт. Дьэ, ити курдук мин бастаан киинэҕэ холонуум буолбута. Онтон “Мин үрдүбэр күн хаһан да киирбэт” киинэни миэстэбитин уларыппакка, Найба диэн кэрэ айылҕалаах сэлиэнньэ таһыгар уһуллубуппут олус үчүгэй этэ. Киһи олус сылайбат, — диэн Степан Дмитриевич кэпсиир.
Степан Петров Москваҕа бу улахан фестивальга оонньообут киинэлэрин билиһиннэрэр хамаанданы кытта баран кэллэ. Былырыын “Тойон кыыл” киинэ Москватааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ фестивалын улахан бирииһин — Гран-прины ылбытын санатабын. Степан Дмитриевич Москваҕа биллиилээх киинэ артыыстарын, киинэ кириитиктэрин кытары алтыспытын бу курдук ахтар:
— “Тойон кыыл” киинэни билиһиннэриигэ хойутаан тиийбитим. Ол иһин бу диэн олус соһуйбуппун өйдөөбөппүн. Дьиҥэ, мин тыа киһитин сиэринэн дьиэбэр үлэм-хамнаһым олус элбэх этэ, үп-ас да кырыымчыга. Ол иһин Москваҕа барыахпын олус баҕарбатаҕым. Ону дойдум дьоно кэнсиэр тэрийэннэр, миигин тэрийэн-бэрийэн ыыппыттара. II Дьөппөнүм дьонугар махталбын тиэрдэбин. Онтон “Мин үрдүбэр күн киирбэт” киинэни улахан саалаҕа көрдөрбүттэрин кэннэ, арай доҕоор, киһи бөҕөтө кэлэн эҕэрдэлиир, хаартыскаҕа түһэллэр. Казахстаҥҥа олорор Соҕуруу Корея режиссера Ким Ки Дук чопчу миэхэ хааман кэлэн кууһан баран турда. Дьэ, ити курдук, хаһан да түбэспэтэх чиэспэр тиксэн олус өмүттэн турдаҕым дии.
Степан Дмитриевич бу курдук ис киирбэхтик мичээрдии-мичээрдии кэпсээнин түмүктээтэ. Оттон биһиги Арассыыйа биир улахан киинэ фестивалын кэскиллээх бириэмийэтин ылбыт эдэр режиссер Любовь Борисова киинэтин көрө саалаҕа киирбиппит. Күндү ааҕааччыларбыт, киинэни улахан экраҥҥа көрдөрүү саҕаланна. Эһиги дьүүлгүтүгэр таҕыста.
Сардаана КУЗЬМИНА