937

02 декабря 2018 в 21:19

Николай Сафонов — Дьырылы: «Күһэйэр күттүөнэ суох. Умсугутар оруола улахан»

Эпическэй айымньы норуот аайы суох. Үгүс нация үйэлэр кирбиилэригэр айымньытын буолуохтааҕар, култууратын кытта сүтэрбитэ баар суол. Биһиги олоҥхобутун күн бүгүҥҥэ дылы хайдах баарынан чөл илдьэ кэлбиппит сөҕүмэр. Ону ааһан, аан дойду таһымыгар сыа-сым курдук бүөбэйдээн, дьаныһан таһаарбыппытынан киэн туттуох тустаахпыт.

Сэтинньи 25 күнэ — Олоҥхо күнэ!

 

 

 

ЮНЕСКО олоҥхону киһи аймах чулуу айымньытынан биллэрбитэ, биир өттүттэн, саха норуотун үрдүкү таһымҥа таһаарар улахан бэлиэ түгэн, иккис өттүттэн, — бу улахан үлэ түмүгэ. Өрөспүүбүлүкэ салалтатын, уопсастыбаннас күүстээх үлэтин түмүгэ.

Манан уоскуйан хаалбакка, аны олоҥхобутун салгыы сайыннарар, уһун тыынныыр туһугар ылсарбыт наада. Кэм-кэрдии, хомойуох иһин, тэтимэ түргэнэ сүр. Удьуор олоҥхоһуттарбыт, уу сахалыы тыыннаах дьоммут кэмниэ-кэнэҕэс баранан, сүтэн-оһон иһээхтииллэр. Ыччакка нэһилиэстибэ тиэрдэр туһуттан маннык дьоммутун, кырдьаҕаһы хааһахха хаалыы сылдьан сүбэлэт диэбиккэ дылы, өрө тутан, харыстаан илдьэ сылдьарбыт ирдэнэр.

Бүгүн биһиги хаһыаппыт ыалдьыта удьуор олоҥхоһут Николай Сафонов — Дьырылы буолар. Олоҥхону толоруу уратытын, ырыа киһиэхэ дьайыытын, ыччаты олоҥхоҕо сыһыарыы тула санаатын истиҥ.

 

Олоҥхону  толоруу кис­тэлэҥнээх  дуо?

 

— Олоҥхону тыыннаах диэн этэллэр. Ол кырдьык. Олоҥхону тыыннаах киһи толорор. Биир олоҥхо уонтан тахса матыыптаах. Ону толорор киһи хас да уобараска киирэр. Абааһы кыыһа айыы кыыһыттан уратылаах буолуон наада дии (күлэр). Ол иһин куоласкын уларытан ыллыыры сатыыр, табар улахан оруоллаах. Олус үчүгэйдик туойар эр дьон дьахтар уобараһыгар кэллилэр да эстэн хаалаллар, эр киһилии доллоһута олороллор.

Олоҥхону суруйар уустук, толоруута өссө хас да бүк ыарахан.

Маны ааһан, истээччиттэн улахан тутулуктаах. Олоҥхону өйдөөн, чахчы сэргээн истэр биир да киһиэхэ киһи ис-иһиттэн иэйэн таһаарар. Оттон саала толору киһи симиллэн олорор эрээри, аахайбат, ымыр да гыммат буоллахтарына, киһи ханныан, сүргэтэ түһүөн сөп. Мин киһиргэспиттэн ыллыыбын (күлэр). Үчүгэй, сэҥээрэр истээччигэ төһө да хал буолбут тылларыҥ өрө күүркэйэн, өһүллэн тахсаллар, туох баар кыаҕыҥ толору туһаныллар.

 

Сатаан  үөгүлүүр киһи  ырыа­һыт буолар

 

— Музыкальнай үнүстү­рүмүөҥҥэ оонньуур уустуга суох. Күн талбытын тыаһатыахха сөп. Оттон киһи күөмэйэ атын-атын. Аҥардас силгэ муҥутаан хамсыырыттан киһи куолаһа тутулуктанар. Бу силгэҥ истигэн буолуон наада.

Тойук диэн тыыммыт сал­гыҥ­ҥын таһаараргар күө­мэ­йиҥ көбүөхтээн көмүс дорҕооннору таһаарара буолар. Манна сатаан тыыныы оруола улахан. Өрөһөнөн тыынан, эҕирийбит салгыҥҥын кэмнээн таһаарыы. Сатаан үөгүлүүр киһи ырыаһыт буолар диэччилэр.

Аны туран ыллыы-туойа олорор киһи уһуннук өрө тыынар кыаҕа суох. Эҕирис эрэ гына охсуохтааххын. Кылгастык, уоран, һык гына тыыныы.

Уһун тыыннаах ырыаһыттар  бааллар. Бу спортсмен дьон. Эҕирис гынан ылбыт салгын кэмэ суох бара турар. Бу сатаан туттаргыттан тутулуктаах.

Тардыылар диэн бааллар. Бу тылы киэргэтии. Судургу, түһүмэхтээн тардыы диэн баар. Кылыһах эбэн ыллааһын. Барыта кэмнээх-домноох. Аһары уһатар, кэҥэтэр эмиэ наадата суох. Киһи кулгааҕа таптыы, хайгыы истиэхтээх.

 

Ыспыраапка

Николай Иванович Сафонов Сунтаар улууһун Дьаарханыгар төрөөбүтэ. 1954 сыллаахха Дьокуускайдааҕы пединститут физико-математическай факультетын бүтэрэн, учуутал идэтин баһылаабыта. Салгыы, эт-хаан өттүнэн сайдыылаах буолан, айылҕа биэрбит дьоҕурун сайыннараары, билиитин-көрүүтүн кэҥэтээри, улуу Москуба куоракка Киин спортивнай институту ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитэ.
Д.П. Коркины кытта тэҥҥэ үлэ­лээн, доҕордоһон, тустуу сайдыытыгар олук уурсубута. Саха АССР үтүөлээх тренерэ, Сэбиэскэй Сойуус спордун маастара буолар. Оттон тойугу, оһуокайы, олоҥхону ис-иһиттэн баҕаран туран дьарык оҥостон, күн бүгүҥҥээҥҥэ диэри дьоҥҥо-сэргэҕэ, ыччакка саха култууратын тиэрдэ, тэнитэ сылдьар. “Дьон-сэргэ ох тыла”, “Түөн тыллар” диэн айымньылар, “Көмүс дьүрүһүн” тойугу үөрэтиэн баҕалаахтарга аналлаах кинигэ, “Чаҕылытта Бэргэн” олоҥхо ааптардара. Норуот уус-уран айымньытын, саха тылын сүөгэйин-сүмэтин, көмүс кылыһахтаах куолаһын ис хааныгар, ис эйгэтигэр түмэн илдьэ сылдьар тарбахха баттанар дьоммутуттан биирдэстэрэ.

 

Ырыаһыт  киһи – уһун  үйэлээх

 

—Ырыа – тыыныы гимнастиката. Ол иһин ырыа куттаах дьон уһун үйэлээх буолар. Аны туран ырыа эйгэтигэр киирбит киһи үөрэ-көтө сылдьар. Бу эмиэ киһини кынаттыыр, олоххо дьүккүөрүн күүһүрдэр.

Саха ырыата, тойуга куп­путуттан-сүрбүтүттэн суураллан иһэр курдук. Хас биирдии ыал сарсыардаттан сахалыы эйгэҕэ уһуктуохтаах. Дьэ, манна араадьыйа, күөх экран оруола улахан. Хара сарсыардаттан бу нөҥүө үчүгэй ырыа, алгыс, чыычаах ырыата, ынах маҥырааһына, от-мас суугуна, айылҕа тыына иһиллэр буоллаҕына, биһиги дьиҥ сахалыы тыыны, куту салгыы илдьэ сылдьар кыахтаахпыт. Мин санаабар, манныгы тэрийэргэ улахан ороскуот наадата суох.

 

Аныгы олоҥхо баар  буолуохтаах

 

— Билигин урукку үгэһинэн соҕотох олорон эрэн былыргы олоҥхону онолуйа олорор уустук. Былыргы олоҥхо аҥардас сирин-дойдутун ойуулааһыныгар биир чаас кэриҥэ барар. Ону туох айылаах киһи истэн олоруой? Аныгы кэм түргэн тэтимнээх. Ол иһин тугу барытын тэттик, өйдөнүмтүө уонна сөҕүмэр информация нөҥүө ылынар.

Мин 45 мүнүүтэлээх олоҥ­хону суруйан толоробун. Маны урукку каноннары кэһэр, туспа барар диэн кириитикэлээччилэр бааллар. Ол гынан баран аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир дьон өйдөөн-дьүүллээн истэригэр сөп түбэһэр үчүгэй аныгы олоҥхо эмиэ баар буолуохтаах дии саныыбын. Тыла-өһө баай, быраабылаттан туораабатах айымньы ордук ыччаты тардыыга туһалаах буолуо этэ. Итиэннэ толоруута хайаан да үчүгэй, сөҕүмэр буолуохтаах. Маннык улуу айымньыны ортотук толорор бырааппыт суох.

 

Үөрэххэ   уһуйуу   — умсугутууттан саҕаланыахтаах

 

— Олоҥхо көрүүлэрэ, араас куонкурустар бөҕө буолаллар дии. Онно өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан оҕо аймах тоҕуоруһар, сүпсүлгэн бөҕө буолар. Бу үлүгэргэ сорох-сорохтору өр баҕайы күүттэрэн, үтүрүйсэн-анньыһан, ийэ-хара көлөһүннэрин тоҕон олоҥхолотобут. Күһэйэр күттүөнэ суох. Оҕону, ыччаты күһэйэн үөрэтэбит. Бу оскуола систиэмэтигэр эмиэ көстөр.

Умсугутар оруола улахан. Биһигини, 13-тээх бэдиктэри, оччолорго ким да туойуҥ диэбэтэҕэ. Сергей Зверев куолаһын истэн, ону сэргээн, олоҥхоҕо умсугуйбуппут. Үтүктэн көрөн, сыыйа-баайа сыстан, ырыа алыптаах эйгэтигэр киирбиппит. Биһиги көлүөнэҕэ ол иһин ырыаһыттар олус элбэхтэр. Хор, оннук курдук үчүгэйдик ыллыыр, толорор дьон ыччакка кыымы саҕаллар!

 

Ыччакка кэс  тыл

 

—Саха ураты дьоҕурдаах омук. Ханнык да көрүҥҥэ ылыс­таҕына, барытыгар таһаа­рыы­лаах. Тоһуттар томороон тымныыга киһи хайдах тыыннаах буоларын толкуйдуур. Ким үөрэтиитин истэн, ким суруйбут кинигэтин ааҕан үтүктүөҥүй? Тыыннаах буолуоххун баҕарар буоллаххына, толкуйдаа, ай, тут. Ол иһин саха омук айар дьоҕуруттан арахсыа суохтаах. Баай тылбытын умнубатахпытына, кыайабыт.

88 сааспар үктэнним. Ол уста тухары айан ыыппыт айыыларым “аймах-билэ дьоҥҥор туойа сырыт” дииллэр. Киһи сааһырдаҕын ахсын куолаһа өссө чөллөрүйэн иһэргэ дылы. Олоҥхону тарҕатар, ыччакка тиэрдэр ытык иэспин толоро туруом.

Киһи уруй-айхал тылларыттан үөрбэт, киһи оҥорбута-туппута туһалыырыттан үөрэр.

Киһини учуутал дуу, ийэ дуу киһи оҥорбот. Киһи бэйэтин бэйэтэ ииттинэр буоллаҕына, киһи аатын сүгэр. Онон оҕону куһаҕаны, үчүгэйи араарар буолла да, бэйэтин бэйэтэ сөбүлүүрүнэн ииттинэр гына салайыахха наада.

Күн сиригэр көмүстэриэм, киһи буолан кэлбиттэриэм, киһи буолар ааты-суолу киртиппэккэ сылдьар куолу!

Поделиться