1038

11 декабря 2017 в 13:06

Саха сирин мусуойдарын үлэлэрэ тупсар

2016 сыл сэтинньи 21 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр музейдары сайыннарыы тула мусуой үлэһиттэрэ кыттыылаах парламент мунньаҕа ыытыллыбыта. Кэпсэтии түмүгүнэн салгыы туох, хайдах үлэ ыытыллыахтааҕын чопчулааһын буолбута. Ил Түмэн мусуой үлэтин тупсарарга ылыммыт уурааҕынан сыл устата үлэ хайдах барбытын туһунан Бырабыыталыстыба чааһа буолан ааста. Тэрээһини Ил Түмэн наукаҕа, үөрэххэ, культураҕа, сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэргэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин салайааччыта Антонина Григорьева иилээн-саҕалаан ыытта.

Култуура министиэристибэтэ дакылааттаабытынан, өрөспүүбүлүкэ мусуойдарын ситимигэр 59 мусуой 27 филиалын кытта киирэ сылдьар. Сүрүн фондаҕа 429 407 мусуой тээбиринэ баар. 31 виртуальнай мусуой арыллыбыт. 2017 сыллаахха 1 693 быыстапка ыытыллыбыт, 598 374 киһи мусуойга сылдьыбыт. Бу нуорманы 137%, ол эбэтэр таһынан толоруу буолар. Маны сэргэ быйыл «Россия – мин историям» мусуой комплекса үлэҕэ киирэн, дьон-сэргэ болҕомтотун хото тарпыт, манна уопсайа 35 тыһыынча киһи сылдьыбыт.
«Сүрүн кыһалҕанан мусуой экспонаттарын рестав­рациялааһын буолар. Билиҥҥи туругунан 7 368 экспонат араас көрүҥнээх чөлүгэр түһэриини ирдиир”, — диэн култуура миниистирин солбуйааччы Николай Макаров иһитиннэрдэ.


Бу боппуруоска Емельян Ярославскай аатынан Хоту сир норуоттарын историятын уонна култууратын судаарыстыбаннай мусуойун научнай-методическай отделын салайааччыта Людмила Подпругина бүтүн өрөспүүбүлүкэ мусуойдарын хабар реставрациялыыр мастырыскыай арыйан үлэлэтэр кэм кэллэ диэн этии киллэрдэ.
Николай Афанасьевич манна: «Мастырыскыай уонна экспонаттары харайар фонданы тэрийии бырайыага биһиэхэ баар. Бу өттүгэр үлэ бара турар», — диэн хоруйдаата.
Өрөспүүбүлүкэҕэ 9 реставратор баара биллэр. Мунньах кыттыылаахтара экспонаттар көрүҥнэриттэн көрөн, реставрациялыыр киһи ахсаанын элбэппэккэ, чопчу туох матырыйаалынан үлэлииллэригэр, идэтийиилэригэр болҕомто уурар тоҕоостооҕун бэлиэтээтилэр.
Маны таһынан култуура миниистирин солбуйааччы Николай Макаров үбүлээһиҥҥэ туох үлэ барбытын сиһилии билиһиннэрдэ. Ол курдук, Култуура министиэристибэтэ экспонаттары харыстыыр уонна сөптөөх усулуобуйаҕа тутар сыалтан 10 мөлүйүөнү Емельян Ярославскай аатынан Хоту сир норуоттарын историятын уонна култууратын судаарыстыбаннай мусуойугар анаабыт. Ол харчынан кылаабынай куорпуска автоматизированнай баһаары умулларар систиэмэ турбут, уоттан харыстыырга аналлаах араас үлэ барбыт.
СӨ судаарыстыбаннай бырагырааматынан өрөмүөн үлэтигэр 5 мөлүйүөн Емельян Ярославскай аатынан Хоту сир норуоттарын историятын уонна култууратын судаарыстыбаннай мусуойугар, 200 тыһыынча солкуобай СӨ Национальнай художественнай мусуойугар, 300 тыһыынча «Таатта» Ытык-Күөллээҕи литературнай-художественнай заповедник мусуойга, 800 тыһыынча П.А. Ойуунускай аатынан литературнай мусуойга анаммыт.
КАМИС систиэмэ үлэтин киллэрэргэ 2017 сыллаахха 1300,0 тыһыынча солкуобай көрүллүбүт. Быйыл бу систиэмэҕэ Анаабыр, Мэҥэ-Хаҥалас, Уус-Ньара, Уус-Маайа, Чурапчы, Амма уонна Нам мусуойдара киирбиттэр. Мусуой үлэһиттэригэр саҥа бырагырааманы сырдатар, билиһиннэрэр сыаллаах анал семинар 2017 сыл кулун тутар 15-19 күннэригэр барбыт.


«Итиэннэ мусуойдарга аныгы технология араас көрүҥүн киллэрии хото барар. Ол курдук, мультимедийнай экспозиция Ярославскай мусуойугар үлэлиэхтээх. Бырайыакка анаан 2 мөлүйүөн суумаҕа 4К (UHD) форматтаах 4 сенсорнай экран, виртуальнай көрдөрүү 3 шлемын, 2 планшет, 1 светодиоднай проектор, 1 компьютер, телевизор уо.д.а. медиатекаҕа туттуллар тээбириннэри атыыластыбыт. Медиатека фондатыгар мусуойга баар экспонаттар, коллекциялар тустарынан информацияны илдьэ сылдьыаҕа. Бу дьон-сэргэ мусуойга баар предметтэри тута буларыгар, наадыйарын түргэнник көрөрүгэр табыгастаах”, — диэн Николай Макаров эттэ.
Мультимедийнай экспозиция быһа холоон 2018 сылга кыһыҥҥы сынньалаҥ кэмигэр аһыллара бэлиэтэнэр. Билигин археологическай хаһыылар 3D моделлара, видеокиинэ, саха норуотун историятын көрдөрөр экспонаттарга тыастаан-уустаан биэрии, кыылы-сүөлү тыыннааҕымсытан, хамсатан көрдөрөр гына үлэлэр, инфографика, экспонаттары сканердааһын, көрбөт дьоҥҥо аналлаах туспа «Арт-музей Якутии» диэн мобильнай сыһыарыы уо.д.а. аныгы технологияны мусуойга киллэрэр үлэлэр бара тураллар диэн мусуой үлэһиттэрэ бигэргэттилэр.

 

 

Ил Дархан Ыйааҕынан үс музей өрөспүүбүлүкэ ураты харыстанар объектарыгар киирбиттэрэ: Емельян Ярославскай аатынан Хотугу норуоттар историяларын уонна култуураларын холбоһуктаах судаарыстыбаннай мусуойа, Национальнай художественнай мусуой уонна Суоттутааҕы «Доҕордоһуу» история, архитектура судаарыстыбаннай заповедник-мусуойа. Чөркөөхтөөҕү история мусуойа Бүтүн Россиятааҕы историяны, култуураны харыстыыр объектар ахсааннарыгар сылдьар.

 

Норуот депутата Дмитрий Семенов атын дойдуттан кэлэр экспедициялар биһиги сирбититтэн-уоппутуттан булбут матырыйааллара, сыаналаах булумньулара ким илиитигэр киирэр диэн чопчу ыйытыыны биэрдэ.
«Эҥсиэли, Эркээни хочолоругар ыытыллар хаһыыларга Ярославскай мусуойун уонна Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет үлэһиттэрэ быһаччы кыттыылаахтар. Онон сыаналаах көстүүлэр, маллар манна үлэлэспит мусуойдар фондаларыгар хаалаллар. Итиэннэ, уопсайынан даҕаны, тас дойдуга таһаарар бырааптара суох. Оттон чуолаан кинилэр устубут киинэлэрин биһиги эмиэ ааптар бырааба суох көрдөрөрбүт сатаммат», — диэн Николай Макаров хоруйдаата.

 

«Саха норуоттарын духуобунай, култуурунай сайдыытыгар усулуобуйаны тэрийии” диэн судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн 2012 сыллаахтан КАМИС (Комплексная автоматизированная музейная информационная система) бырагырааманы Саха Өрөспүүбүлүкэтин мусуойдарыгар киллэрэн саҕалаабыттара.

Хомус мусуойун дириэктэрэ Николай Шишигин үбүлээһин боппуруоһугар тохтоон ааста. «Биир кыра экспонат ирдэбил быһыытынан 1 кв. миэтэрэ иэннээх сиргэ көрдөрүүгэ туруохтаах. Оттон биһиэнэ лиис кумааҕы саҕа сиргэ батаахтыыр. Өрөспүүбүлүкэ историята баай, ону көрдөрөр предметтэргэ дуоннаах болҕомто уурарга итини эмиэ учуоттуох баара. Итиэннэ мусуой баара-суоҕа биир сыаналаах экспонаты ыларыгар кырата 300 тыһыынча наада. Үп-харчы тиийбэтэ итини олус туорайдыыр», — диэн эттэ.


Интернет мөлтөҕө, бытаана — өрөспүүбүлүкэ мусуойдарын сайдыытын харгыстыыр биир сүрүн кыһалҕа буоларын мустубут дьон бэлиэтээтэ. Манна бэрэссэдээтэл Антонина Григорьева: «Саха сирин бүттүүнүн Интернет ситимигэр киллэрии бырагыраамата үлэлии турар. Онон Интернет хаачыстыбата сыыйа-баайа тупсуо», — диэн эрэннэрдэ.
Түмүккэ Антонина Афанасьевна тустаах министиэристибэ, мусуой дириэктэрдэрэ, үлэһиттэрэ сыллааҕы соруктарын толорбуттарыгар махталын тириэртэ. “Салгыы да маннык биир киһи курдук норуоппут историятын үйэтитиигэ санаабытын, күүспүтүн түмэн бииргэ үлэлиэҕиҥ”, — диэн ыҥырда.

ИринаХАНДЫ.

Поделиться