1534

29 января 2018 в 10:50

«Саха театра сылтан сыл»

«Саха театра сылтан сыл» диэн театр историятын түөрт сылын сырдатар кинигэ сүрэхтэниитигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирин солбуйааччы Николай Макаров, «сцена кэтэҕэр улааппыт», билигин бэйэлэрэ өрөспүүбүлүкэбит култуурата сайдарыгар кылааттарын киллэрэ сылдьар ытыктанар дьон, театр артыыстара, кинигэҕэ үлэлэспит ааптардар, театр доҕотторо муһуннулар.

Платон Ойуунускай аатынан Саха академическай театрын 2014-2017 сыллардаах айар үлэтин сырдатар Саха национальнай театра төрүттэммитэ 110 сылыгар анаммыт «Саха театра сылтан сыл» кинигэ С.А.Новгородов аатынан «Бичик» кинигэ кыһатыгар 1000 ахсаанынан бэчээттэннэ.

Театр историята – норуот историята

«Саха театрын историятын туһунан кинигэлэр 2008 сылга диэри кыра-кыралаан тахсаллара. Олох былыргы чахчылар, информация, хаартыска архыыпка, биирдиилээн ыалга «саһан сыппыттара». Ону хайдах эмэ гынан хомуйан, түмэн, сааһылаан кинигэ оҥорон таһаардарбыт диэн баҕа санаалаах этибит», – диэн Россия үтүөлээх, Саха Өрөспүүбүлүкэтин народнай артыыһа Ефим Степанов кинигэ сүрэхтэниитин аста. «2008 сыллаахха Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков театрга бастакы этээскэ баар «түннүгэ, үөлэһэ суох» театр былыргы мала-сала, хаартыскалара, докумуоннара хараллан сытар музейыгар миэхэ киирэ сылдьыбыта. Кини онно Саха театрын историятын туһунан кинигэни суруйуохха баара диэн тыл көтөхпүтэ. Ыанньыйа сылдьыбыт бүччүм баҕа санаабытын этиттэрбит дьон иһиттибит-истибэтибит диэт, үлэни саҕалаабытынан барбыппыт. Александр Николаевич салалталаах авторскай бөлөх икки сыл устата дьаныардаахтык үлэлээн 2010 сыл бүтүүтүгэр үс кинигэлээх «Саха театрын Антологията» диэн ааттаах таһаарыы күн сирин көрбүтэ», – диэн Ефим Николаевич бэлиэтээтэ.
Театр дириэктэрэ Россия үтүөлээх, Саха Өрөспүүбүлүкэтин народнай артыыһа Анатолий Николаев бэлиэтээбитинэн, бу ежегодник антологияҕа тэҥнээх баай, дириҥ ис хоһоонноох. Кини театр историята сырдатылларыгар ис сүрэҕиттэн кыһаллар, санаатын ууран үлэлэһэр Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлигэр Александр Жирковка, «Саха театра сылтан сыл» кинигэҕэ үлэлэспит дьоҥҥо коллектив аатыттан махтанна.
«Саха театра сылтан сыл» кинигэ бырайыагын ааптара Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков: «Саха театра дириҥ силистээх-мутуктаах, бэйэтэ ураты эйгэлээх. Сахаларга литературнай тыл олохсуйуута, театральнай искусство үөскээһинэ нуучча омук культуратын кытта быстыспат ситимнээх. Революция иннинэ саха норуота үөрэҕэ суоҕа. 1917 сыллаахха Россияҕа былаас уларыйбытын түмүгэр аҕыйах ахсааннаах омук сайдыбыта. Саха театра хайдах үөскээбит силиһин-мутугун үөрэтэн антология таһаарарга быһаарыы ылыммыппыт. Хасыһан истэхпит аайы театрбыт историята дириҥээн испитэ. Театры төрүттээччилэр хара маҥнайгыттан саҕалыылларыгар инники өттүгэр театральнай искусство хайдах сайдыахтааҕын, сүрүн хайысхаларын торумнаан быһааран оҥорбуттара ырылхайдык көстөн тахсыбыта. 1906 сыллаахха аан бастаан олоҥхону туруорбуттара. Оччолорго репертуар суоҕуттан диэн буолбатах, үөрэхтэнэ илик саха норуотугар ойуулаан-дьүһүннээн, хамсанан-имсэнэн, ыллаан-туойан көрдөрөргө олоҥхо табыгастаах этэ. Онтон 1907 сыллаахха туруоруллубут «Кулан кугас аттаах Кулантай бухатыыр» олоҥхону В.В.Никифоров-Күлүмнүүр афишаҕа опера-спектакль диэн суруйбут. Олоҥхо опера жанрыгар барыан сөптөөҕүн Күлүмнүүрдээх көрдөрбүттэрэ. Ити курдук, бастакы туруоруулар норуоппут эпическэй айымньыларынан буолбуттара. Кэлин олохтоох суруйааччылар бэйэлэрин драмаларын туруорбуттара. 1906 сыл күһүнүгэр Күлүмнүүр суруйбут «Манчаары түөкүн» диэн сахалыы маҥнайгы драматын оонньообуттара. Аны салгыы 1909 сыллаахха В.В.Никифоров Н.В.Гоголь «Женитьба» айымньытын  тылбаастаан «Кэргэн кэпсэтии» пьесата турбута. Бу сахалыы тылбаастаммыт бастакы драматическай айымньы этэ. Саха театра төрүттэниэҕиттэн күн бүгүҥҥэ диэри тутуһан кэлбит үс сүрүн айар хайысхатынан: 1) эпическэй драма; 2) олохтоох автордар айымньылара; 3) нуучча уонна атын омук классиктарын айымньылара буолаллар. Итиннэ олугу 1906-1920 сыллардаахха В.В.Никифоров-Күлүмнүүр саха интеллигеннэринээн уурбуттара. Бу үс хайысханы аан дойду бары театрдара тутуһаллар», – диэн бэлиэтээтэ.
 Александр Николаевич саҥа тахсыбыт кинигэ сыл аайы бэчээттэммэтин эттэ. Барытын хомуйан суруйар элбэх үлэни эрэйэрин, кинигэ ис хоһооно үчүгэйдик толкуйданан үлэ ыытыллыахтааҕын бэлиэтээтэ. «Сэттэ сыл иһигэр театр историятын сырдатар үс кинигэ таҕыста. Быйылгы үһүс кинигэбит үбүлүөйүнэй буолан, тас көстүүтэ тупсарыллан уларыйда. Баай, дириҥ ис хоһоонноох буолбутуттан бары да астынныбыт. Биһиги Сахабыт театра Россия театрдарыттан саамай үөрэтиллибит, суруллубут историялаах театрдар ахсааннарыгар киирдэ», – диэн үөрүүтүн үллэһиннэ уонна Саха сирэ Россияны кытта холбоспута 385 сылыгар анаммыт үбүлүөйдээх бэлиэни театр дириэктэрэ Анатолий Николаевка туттарда.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуу­раҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирин солбуйааччы Николай Макаров бэлиэ күнүнэн мустубут дьону эҕэрдэлээтэ уонна баай ис хоһоонноох кинигэ тахсыбытын тоһоҕолоото. Бу кинигэни таҥан оҥорбут дьоҥҥо министерство аатыттан махталын биллэрдэ.
1968 сыллаахха театрга үлэлии кэлбит Саха народнай артыыһа Зоя Багынанова: «Бу сыллар усталарыгар төһөлөөх элбэх айар талааннар үлэлээбиттэрэ буолуой? Кинилэр биир-биир мин харахпар элэҥнээн ааһаллар. Алтыспыт дьонум, доҕотторум, биир идэлээхтэрим оҕолорун бу саалаҕа көрөн олус үөрдүм. Дьылҕам биэрбит «үрүҥ көмүс ыллыгынан» тиийэн кэлэн, кинигэ сүрэхтэниитин үрдүк үөрүүтүн үллэстэ турарбыттан дьоллоннум. Кэргэним Федот Потапов төрөөбүтэ 85 сылыгар анаан суруналыыс Наталья Михалева – Сайа киинэ оҥорбута. Ол киинэни сурукка тис диэн библиотекарбыт Лена Тимофеева үүйэ-хаайа тутан суруйтаран кинигэҕэ киллэртэрбитигэр махталым муҥура суох», – диэн туран, кэлбит дьоҥҥо анаан Иван Гоголев-Кындыл «Ийэ алгыһа» айымньытыттан ааҕан сүрэхтэнии киэһэтигэр сылаас тыыны киллэрдэ.
С.А.Новгородов аатынан «Бичик» кинигэ кыһатын дириэктэрэ Август Егоров мустубут дьону саҥа кинигэ тахсыбытынан эҕэрдэлээтэ уонна өр сыл устата театр историятын мунньар, хомуйар, түмэр, сырдатар ытыктабыллаах Ефим Николаевич Степановка махталын эттэ. «Сэттэ сыл анараа өттүгэр үс кинигэлээх «Саха театрын Антологията» бэчээттэнэн Саха сирин култууратыгар сэргэхситиини киллэрбитэ. Антология сүрэхтэниитигэр бөлүһүөк Ксенофонт Дмитриевич Уткин: «Театр историята бу – норуот историята», – диэн эппитин санаан кэллим. Чахчы да театр норуоппут духуобунай, культурнай сайдыытын аан дойду таһымыгар толору көрдөрөр. Антологиялыын холбоон алта улахан кинигэлээх Саха театра өссө да сайда, чэчирии турдун», — диэн түмүктээтэ.

Театр суола – сэттэ түһүмэххэ

Саҥа кинигэ сэттэ түһүмэхтээх. Бастакы түһүмэҕи «Театр суола» диэн ааттаабыттар. Манна В.В.Никифоров-Күлүмнүүр национальнай театры тэрийбитин туһунан архыып матырыйаалларыгар олоҕурбут Александр Жирков суруйуута киирбит. 1905 сыллаахха атырдьах ыйыгар Дьокуускай куоракка саха интеллигенциятын лидерэ, бөдөҥ общественнай-политическай деятель В.В.Никифоров-Күлүмнүүр көҕүлээһининэн, «Саха норуотун ортотугар сырдыгы-үөрэҕи тарҕатар общество» тэриллибит. Бу түмсүү биир соругунан сахалар кулууптарын арыйыы уонна ол иһинэн сахалыы театральнай туруоруулары тэрийии буолбут. 1906 сыл тохсунньу 3 күнүгэр П.А.Охлопков-Наара Суох «Бэрт киһи Бэриэт Бэргэн» олоҥхотунан аан бастакы сахалыы спектаклы туруорбуттар. Ити курдук ааҕааччы олус интэриэһинэй история чахчыларын эрэ туһунан билсибэккэ, өссө хаартыскалары көрүөн сөп. Бу ыстатыйаҕа 1906 сыллаахха «Бэрт киһи Бэриэт Бэргэн» спектакль артыыстара сценаҕа тураллара, 1912 сыллаахха «Саха омук» театральнай бөлөҕө анаан-минээн оҥостон оччотооҕу кэмҥэ түспүт хаартыскалара дьон болҕомтотун тардыаҕа. Салгыы театр уус-уран салайааччыта, Россия народнай артыыһа Андрей Борисов «Я знаю, что я знал…» диэн бэйэтин айар үлэтин туһунан ырытыытын, спектаклларын хайдах туруорбутун, оччотооҕу туругун, анаарыытын киһи сэргиир гына сурукка тиспит. «Хаарыан хампа күөх кытылым», «Алампа, Алампа…», «Мной оставленные песни», «Король Лир», «Улуу Кудаҥса», «Кыыс Дэбилийэ» спектакллар биир-биир харахха көстөн кэлэллэр. Өссө бу түһүмэххэ Россия үтүөлээх, Саха Өрөспүүбүлүкэтин народнай артыыһа Ефим Степанов оҕо сылдьан аан бастаан 1967 сыллаахха Кириэс Халдьаайыга Саха театрын артыыстарын оонньууларын дуоһуйа көрбүтүн, салгыы ити сыл куоракка киирэн театрга экскурсиялаабыттарын, тыа оҕолоро театр муостатыгар тэлгэммит күөх дорожканы, истиэнэҕэ ыйаммыт бра-светильниктары, артыыстар мэтириэттэрин көрөн сөхпүттэрин, эһиилигэр бэйэтэ театрга үлэлии киирбитин ахтыбыт.
Бастакы түһүмэх биир истиҥ суруйуутунан театр оҕолорун ахтыылара буолар. Манна ааҕааччы артыыс төрөппүттэрдээх, «театрга улааппыт» оҕолору кытары билсиэҕэ. Артыыс Петр Решетников кыыһа Аиза Решетникова, Александра Иванова, Лаврентий Мекюрдянов кыргыттара Майя, Аида Мекюрдяновалар, Анна Кузьмина, Михаил Гоголев улахан кыыстара Лидия Гоголева-Васильева, Федот Потапов улахан кыыһа Надежда Потапова-Павлова, Симон Федотов кыыһа Сардаана Федотова сцена кэтэҕэр ааспыт чаҕылхай оҕо саастарын, XX үйэ артыыстарын тустарынан үтүө өйдөбүллэрин уонна Татьяна Легантьева оҕолоро Анюта, Эрхан Макаровтар, Иннокетий Луковцев уола Уйусхаан Луковцев төрөппүттэринэн киэн тутталларын туһунан 51-61 страницаларга ааҕыаххыт.

Үтүө ааттар

Кинигэ иккис түһүмэҕэ «Ааттар» диэн. Манна Саха театрыгар ураты уобарастары айан-тутан ааспыт, саха көрөөччүлэрин өйдөрүгэр-санааларыгар иҥпит театр чаҕылхай сулустара Пантелеймон Васильев, Устин Нохсоров, Христофор Максимов, Матрена, Марк Слепцовтар, Андриан Слепцов, Петр Решетников, Прасковья Петрова, Афанасий Петров, Георгий Игнатьев, Дарья Слепцова, Александр Габышев, Илья Находкин, Федот Потапов, Гаврил Колесов, Владимир Иванов төрөөбүттэрэ үбүлүөйдээх сылларыгар анаммыт ыстатыйалар таҥыллан киирбиттэр. Быыһы сэгэтэн оччотооҕу көрөөччү уруккутун саныаҕа, эдэр ааҕааччы чаҕылхай сулуһу хараҕар оҥорон көрүөҕэ.
Төрдүс түһүмэх билигин үлэлии сылдьар, биһиэхэ, көрөөччүлэргэ, кэрэни бэлэхтиир, ардыгар үөрдэр, ардыгар ытатар артыыстарбыт бэлиэ кэмнэригэр анаммыт «Үбүлүөйдээх мэтириэттэр» диэн ааттаах. Түһүмэх Саха народнай артыыһа Мария Варламова «Махтанабын дьылҕабар» хоһоонунан саҕаланар. Тапталлаах артыыстарбыт Степан Емельянов, Тимофей Сметанин, Зоя Багынанова, Прасковья Адамова, Герасим Васильев, Анатолий Николаев, Степанида Борисова, Наталья Степанова, Михаил Апросимов, Маргарита Борисова, театр үлэһиттэрэ Варвара Саввина, Лена Гоголева тустарынан өрөспүүбүлүкэ суруналыыстара, култуура деятеллэрэ суруйуулара кинигэ ис хоһоонун өссө байыппыт. Суруллубут строкалартан хайдах эрэ ытыс тыаһа кутуллан кэлэргэ дылы!

Үгэстэри салҕаан

Кинигэ страницалара ааҕааччыны салгыы Саха театрын 2014-2017 сыллардаах айар үлэтигэр төнүннэриэхтэрэ. Бу сылларга бэчээттэнэн тахсыбыт кинигэлэр, сценаҕа турбут спектакллар афишалара, хаартыскалара, кимнээх үлэлэспиттэрэ, оруолларга ханнык артыыстар оонньообуттара, бэчээккэ тахсыбыт ыстатыйалар таҥыллан киирбиттэр.
Театр сүгүрүйээччилэрэ «Үгэстэри салҕаан» түһүмэххэ, ааспыт кэмҥэ туруоруллубут спектакллар хаартыскаларын утары страницатыгар, атын көлүөнэ артыыстар ити спектаклы оонньуу сылдьар хаартыскалара кинигэ лииһин киэргэппиттэр. Манна ааспыт үйэ уонна аныгы кэм холбоспут тыына, ситимэ көстөр. Холобура, 1946 сыллаахха туруоруллубут үгүс киһи кутун туппут Тимофей Сметанин «Лоокуут уонна Ньургуһун» спектаклыгар СССР народнай артыыһа Дмитрий Ходулов Лоокууту, САССР үтүөлээх артыыһа Ирина Максимова Ньургуһуну оонньуу сылдьар хаартыскаларын аттыгар, 2001 сыллаахха театр сценатыгар Лоокууттаах Ньургуһуну Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыстара Ирина Никифорова, Айаал Аммосов оонньуу сылдьар хаартыскалара киирбит. Артыыстар сценаҕа уобарастарын толору биэрбит көстүүлэрэ, сцена декорацията, көстүүмнэр үйэтитиллибит хаартыскалара ааҕааччы сэҥээриитин ылыахтара.
Кинигэҕэ Платон Ойуунускай аатынан Саха академическай театрын коллективын, театр историятыгар үйэ тухары суруллан хаалар 2016 сыллаах «Евразиятааҕы гастроллары» сырдатар хаартыскалар, 2014-2017 сыллардаах театр айар үлэтин хрониката, бу кэмнэргэ тахсыбыт сүрүн докумуоннар, суруллубут кинигэлэр, ыстатыйалар, ахтыылар библиографиялара түмүллүбүттэр.
240 страницалаах биир тыынынан утаппыттыы ааҕыллар «Саха театра сылтан сыл» кинигэ бэйэтин ааҕааччытыгар үрдүк үөрүүнү бэлэхтиэҕэ, театрга тапталы иҥэриэҕэ.

Поделиться