915

11 декабря 2018 в 11:57

Сахалыы кылыһахтаах ырыаһыттар түмүстүлэр

Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр «Өбүгэ  үгэһин  утумнаан» диэн ураты дьоро күн талааннаахтара мустан Олоҥхо уонна Хомус күннэринэн саха ырыатын-тойугун, хомуһун – төрүт дорҕоонун сэҥээрээччилэргэ сахалыы тыыннаах кэнсиэри бэлэхтээтилэр.
Бастыҥ-мааны түһүлгэҕэ сахалыы  кылыһахтаах  ырыаһыттар, “Россия  бриллиант  куолаһа”  аат  хаһаайыттара:  Варя Аманатова, Саарын, виртуоз хомусчут Альбина Дегтярева салайааччылаах «Айархаан» этно-бөлөх, норуоттар  икки  ардыларынааҕы  этно-фестиваль  лауреата, “Эйэ”  бириэмийэ хаһаайына «Кыл Саха» төрүт дорҕоон бөлөҕө,  норуоттар  икки  ардыларынааҕы фольклорнай фестиваллар Гран-при хаһаайыннара, лауреаттара  «Олоҥхо» театр-студия, бу студия иһинэн үлэлиир «Дьээ-буо» этно-фолк бөлөх, Таатта улууһун «Дьолуо» фольклорнай бөлөҕө, дьон-сэргэ  сөбүлээн  истэр ырыаһыттара, хомусчуттара Нарияна Ренанта, Екатерина Новикова, Иннокентий Птицын, Любовь Каратаева, Дархан, Кэри Куо уо.д.а. бииртэн биир чаҕылхай нүөмэрдэрин истэ олоруох курдук, ырыалары, тойуктары уу сүүрүгүнүү ыллаан доллоһуттулар.
Былатыан Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотуттан быһа тардыыны Таатта улууһуттан фольклорнай бөлөх сал. Людмила Цой толорууларын көрөөччүлэр сэргээн иһиттилэр. Таатталар бары даҕаны сахалыы ырыаны-тойугу истэригэр иҥэринэ сылдьан дьоҥҥо-сэргэҕэ тириэрдэллэрэ кэрэхсэбиллээх суол. Ол ырыаларыттан, тойуктарыттан бу киэһэ толорооччуларбыт дуоһуйууну ыллылар. Саха ырыата, кылыһахтаах тойуга аар-саарга аатырыан аатырар эбит!

 

 

Олоҥхо хомуурунньуга – диискэҕэ

Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр Олоҥхо күннэрин чэрчитинэн Сергей Степанович Васильев – Борогонскай оҕолорго анаан суруйбут алта олоҥхото – «Эрчимэн Бэргэн», «Мөҥүрүүр Бөҕө», «Күн Эрили», «Батастаан Баатыр», «Айыы Дьураҕастай» , «Үөлэн Хардааччы» диискэ-киинэ буолан уһуллан, таҥыллан тахсыбыттарын сүрэхтэниитэ буолла. Манна Дьокуускай куорат 2 №-дээх орто оскуолатын, саха гимназиятын үөрэнээччилэрэ сырыттылар.
Олоҥхо киинэтигэр «Эллээйик» оҕо олоҥхотун устуудьуйатын уһуйуллааччылара кытыннылар (салайааччы – Наталья Иннокентьевна Мордовская). Киинэҕэ уһулла, таҥна Константин Тимофеев.

 

Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспата.

 

 

Поделиться