1321
22 июня 2018 в 13:44
Төрөөбүт дойдубар уһуктубут курдукпун…
Саха өрөспүүбүлүкэтигэр бэс ыйын 19 - 23 күннэригэр долган тылын уонна култууратын күннэрэ буола тураллар.
Ол иһинэн Ил Түмэҥҥэ долган худуоһунньуктара Евгений уонна Юлия Поротовтар быыстапкалара арылынна. Бу айар куттаах эдэр ыалы кытта сирэй көрсөн, ирэ-хоро кэпсэттим.
Кэргэнниилэр Саха сиригэр аан бастаан кэлбиттэр. Олус сэргэх, ис киирбэх буолан дьон биэрдилэр. Кэпсэтэн истэх аайы долган омук биһигиттэн улахан уратыта суоҕа, этэргэ дылы, биир куттаах омук буоларбыт тахсан кэллэ. Бэл, уу сахалыы кэпсэтэллэриттэн соһуйдум. Дойдуларыгар, култуураларыгар, талан ылбыт идэлэригэр бэриниилээхтэрэ сөхтөрдө.
Евгений Cындасско Таймыыр кыра бөһүөлэгиттэн төрүттээх. Красноярскайдааҕы художественнай үнүстүтүүккэ үөрэнэ сылдьан, сүрэҕин аҥарын Юляны көрсөр. Юлия Алтай Барнаулуттан төрүттээх, омуга нуучча. Иккиэн олус тапсан, ыал буолан, күн бүгүҥҥэ дылы өрүү бииргэ сылдьаллар, айымньыларын оннооҕор иккиэн тэҥҥэ айаллар-туталлар.
—Юлия, Евгений, айар үлэҕит долган омук эпоһыттан, култууратыттан тыыннаммыта өтө көстөр. Айар үлэҕит туһунан кэпсээҥ.
Юлия:
— Женя дьылҕата – кини төрөөбүт дойдута. Таймыыр айылҕата, култуурата, норуотун тыла-өһө, төрүт дьарыктара биһиги айымньыбытын өрүү сирдиир, үлэбитин дьылҕабытын курдаттыы ааһар. Долган эпоһын, остуоруйаларын, үгэстэрин кэргэним кыра эрдэҕиттэн истэн, кутугар-сүрүгэр аһардан илдьэ сылдьар. Мин ону хара маҥнайгыттан олус сэргии, ытыктыы көрбүтүм. Биһиги хартыыналарбыт идеятын куруук бииргэ толкуйдаан, илдьиритэн, норуот төрүт култууратын үөрэтэн, сыныйан баран олоххо киллэрэбит.
Евгений:
— Сүрүн тиэмэбит Хоту сир буолар. Бу маннык тыйыс сиргэ олорор норуот дьылҕата биһигини өрүү долгутар. Ону айымньыбытыгар табан киллэрэ, киэҥ эйгэҕэ көрдөрө сатыыбыт. Араас сиргэ сылдьан, быыстапка тэрийдибит. Эһиги өрөспүүбүлүкэҕитигэр сылдьан баран эмиэ ураты санаа, айымньыбытыгар саҥа сүүрээн киириэ диэн эрэнэбит.
— Айар куттаах дьон бииргэ үлэлиирэ дэҥҥэ көстөр.
Юлия:
— Оннук. Хайдах тыл-тылга киирсэн, тапсан үлэлиигит диэн дьон куруук сөҕөр. Мин санаабар, биһигини таҥара анаан-минээн билсиһиннэрбит. Тугу барытын сүбэбитин холбоон оҥоробут. Айар үлэбитигэр хас биирдиибит бэйэ-бэйэтигэр көмөлөһөр, туспа оруоллаах. Холобур, чэйдии, сэһэргэһэ олорон, Женя кэпсээннэрин харахпар бу баардыы көрөбүн, салгыы айымньыга хайдах бэриллиэхтээҕин иилэ хабан, тута ырытыһан, санаабытын үллэстэн барабыт. Бу күрэстэһии буолбатах. Оонньуу тэҥэ. Икки киһи санаатын сүрүннүүр суолталаах. Ол түмүгэр айымньыбыт эскиһэ тахсан кэлэр. Аны чуолаан уруһуйдуурга, мин художественнайы бүтэрбит буолан, панель өттүн табабын, оттон кэргэним графиканы сатыыр, олус түргэнник, сымсатык биэрэр. Бу икки сатабылга бэл улахан худуоһунньуктар кэлин үөрэнэр эбит буоллахтарына, биһиги бэйэ-бэйэбитин солбуйсар кыахтаахпыт. Сэһэргэһэн, остуоруйалаһан, сүбэлэһэн, хардарыта көмөлөсүһэн, айан-тутан, түргэнник сайдабыт.
Аймахтарбыт долганнар
Дулгааннар (долгааннар, долгааттар) — саха тылын түөлбэ тылынан (сака-дулгаан тыла) саҥарар сахаҕа уонна эбэҥкигэ уруулуу омуктар.
Чинчийээччилэр суруйалларынан дулгааннар Сибиир саамай эдэр омуга буолаллар, кинилэр XVIII—XIX үйэлэргэ билиҥҥи Таймыыр оройуонун сиригэр омук быһыытынан үөскээбиттэрэ. Манна Бүлүү сахалара, эбэҥки Дулгаан, Донгот, Эдьээн, Каранто уустарыттан, Илимпиэй туундаратын эбэҥкилэриттэн (Тамбэгир, Малгачагир, Иолигир, Тыптагир уонна Якчар уустартан) ойдубут дьон түөлбэлээн өр кэмҥэ бииргэ олорбуттара. Ону таһынан энецтэр (Сонуко, Сойта, Масуадай, Муггади уонна Бай уустарыттан ойдубут дьон) уонна дьураактар (Ябтонгэ уонна Аседа уустарын дьоно) омук сорҕото буолбуттара.
Хойукка диэри бэйэлэрин туспа ааттаах омук быһыытынан билиммэттэр этэ. Сороҕор бэйэлэрин тыа эбэтэр тыа киһи диэн ааттыыллар этэ диэн суруйаллар. Билиҥҥи ааттарынан, А. А. Попов 1934 с. суруйарынан, нууччалар Дулгаан аҕа ууһуттан төрүттээн ааттаабыттар. Кырдьаҕастара бэйэлэрин сахаларбыт (сакаларбыт) дэнэллэр. Красноярскай кыраай хоту өттүгэр Таймыырга уонна Саха сирин Анаабыр улууһугар бааллар.
1979 сыллааҕы биэрэпис көрдөрөрүнэн 5100 киһи баар эбит. 1989 сыллааҕы биэрэпискэ — 6945 киһи суруттарбыт. Төрүт дьарыктара сүнньүнэн булт, таба иитиитэ уонна балыктааһын.
— Саха сиригэр аан бастакы кэлиигит. Туох дии санаатыгыт?
Евгений:
— Мин түлүк уубар утуйан баран, эмискэ төрөөбүт дойдубар уһуктубут курдук санана сылдьабын. Барыта уруулуу, чугас. Төрөөбүт тылым долган тыла буолар, онтон нуучча тылын оскуолаҕа үөрэттэҕим дии. Кыра эрдэхпиттэн дьиэбит иһигэр төрөөбүт тылбытынан кэпсэтэбит. Манна биир-биэс тыла суох өйдөһөрбүттэн олус үөрдүм. Кыра-кыра атылыы соҕус түгэннэр бааллар эрээри, биир тыллаах эбиппит диэтэрбин сыыспатым буолуо.
Юлия:
— Аан бастаан сөмөлүөтүнэн көтөн иһэн долгуйбуппут. Өлүөнэ эбэ киэҥэ-куоҥа, айылҕаҕыт кэрэтэ сөхтөрдө. Дьокуускайга түһээт да, быыбаскаларга хараҕым хатанна, кэргэним сиэҕиттэн тардыалыыбын: “Көр, долганныы суруктаах дии”, – диибин. Женя ити сахалыы сурук-бичик диэн күлэн кэбиспитэ. Куоракка Опера уонна балет тыйаатырыгар сырыттыбыт. Саха балериналара синньигэстэрэ, имигэстэрэ сүрдээх, туруоруу да олус кыраһыабай. Тыйаатыр дьиэтэ бэйэтэ да национальнай колориттааҕын сөбүлээтибит. Мин нуучча буоларым быһыытынан долган уонна саха майгыннаһар өрүттэрин тута бэлиэтии көрдүм. 15 сыл устата долган историятын, култууратын кытта алтыһан, бу икки норуот биир төрүттээх эрээри, тус-туспа суолунан барбыттарын сэрэйэбин. Биһиги Красноярскайга олоробут, нуучча эйгэтигэр. Онно, биллэн турар, эһиги өрөспүүбүлүкэҕитигэр курдук национальнай уратыны илдьэ сылдьар олус уустук. Оттон эһиэхэ бу өттүгэр чыҥха атын хартыына. Дьиэ-уот тутуутуттан саҕалаан, дьон-сэргэ таҥаһыгар-сабыгар сахалыы элеменнэри илдьэ сылдьарын бэлиэтии көрдүбүт. Бу парламент дьиэтигэр оннооҕор омуккут уратыта дьэҥкэ көстөр. Бу олус хайҕаллаах. Манна төрүт тылы, култуураны харыстыырга бэлиитикэ, сокуон өттүттэн улахан көмүскэллээххит, итиэннэ саастаах эрэ дьон буолбакка, ыччат эмиэ интэриэстээх эбит. Биһиги эмиэ долганнарга итинник көстүү киириэн, долганнар долган буоллалларыттан кыбыстыбат буолуохтарын баҕарабыт. Билигин хас биирдии түгэни мүччү туппакка, кэргэним уулуссаҕа буоллун, кимниин баҕарар сахалыы кэпсэтэн быраактыкаланар.
Салгыы Евгенийы кытта сахалыы кэпсэттим. Долган омугу кытта кэпсэтэ олоробун диэҕи тылым барбат. Хоту улуустан сылдьар киһини кытта кэпсэтэр курдукпун. Интонацията, тылы туттара олох үүт-үкчү. Бу олорон тылларбытын майгыннатан, тэҥнээн көрдүбүт. Холобур, саныыбын – һаныыбын, сарсыарда – Һассиэрдэ, сарсын – Һассын. Арыый да кыраммаатыка өттүгэр атылыы быһыылаах эрэ дии санаатым.
Бу кэпсэтэрбитин Юлия олус болҕомтолоохтук олорон бэркэ сэргээн истэр, аймахтыы дьон курдуккут диэн үөрэр, сөҕөр.
Евгений:
— Ийэм үйэтин тухары долган фольклорун хомуйуунан дьарыктаммыта, дэриэбинэлэри кэрийэ сылдьан, диктофоҥҥа устан, сурунан, остуоруйалары, номохтору нууччалыы тылбаастаан, киэҥ эйгэҕэ таһааран сүдү кылааты киллэрбитэ саарбаҕа суох. Кини кэпсээннэрэ кынаттыыр, айар үлэбитигэр ол дорҕооно куруук иһиллэр, хартыыналарга, кинигэ ойуутун уруһуйдуурга, өрүү туттабыт, долган олоҥхотун, үһүйээннэрин, остуоруйаларын сюжетын киллэртиибит.
— Долганнар ыһыахтыыллар дуо? Төрүт тылын билэр киһи төһө элбэҕий?
— Чуолаан ыһыах диэн бырааһынньык суох. Балыксыт, табаһыт күнэ ыытыллааччы, араас фестиваль буолааччы. Красноярскайга табаһыттар аҕыйаан, көннөрү кыһыны атаарыыга тэҥнээх «День солнца” буолааччы. Долганнар ахсааннарынан тыһыынчаҕа тиийбэт киһи, онтон долган тылын билээччитэ олох аҕыйах. Аныгы көлүөнэ төрүт билбэтин тэҥэ. Сааскылаахтан чугас олорооччулар бэйэ-бэйэлэрин кытта хайдах эмэ гынан билсэллэр, олор кэпсэтэллэр.
Салгыы Юлиялаах Евгений айар үлэлэрин кытта билсиһиннэрдилэр. Хас биирдии хартыына ис хоһоонноох, туспа историялаах буолан биэрдэ. Үгүс өттүгэр долган эпоһыттан, остуоруйаларыттан ылыллыбыт тыыннаах уонна символичнай, олус дьэрэкээн, норуот уратытын көрдөрөр айымньылар.
Кэргэнниилэр иккиэн анал үөрэхтээх худуоһунньуктар буолалларын быһыытынан, идэтийбит искусствоны төрүт долган култууратыгар сыһыары тутан, олус табан уруһуйдууллар эбит.
Юлия:
— Биһиги хайдах кыалларынан долган култууратын киэҥ эйгэҕэ көрдөрө, билиһиннэрэ сатыыбыт. Тоҕо диэтэр маннык ураты норуот бүтүннүү нуучча эйгэтигэр кыбыллан да олордор, бэйэтин уратытын билиэхтээх, үөрэтиэхтээх дии саныыбын. Холобур, Норвегияҕа олорор саам норуота улаханнык кыһарыллан, култууратын сүтэрэр кутталга киирбиттээҕэ. 2004 сыллаахха биирдэ төрөөбүт тылларынан саҥаралларын көҥүллээбиттэрэ. Норуот уратытын сүтэрдэ да, симэлийэр. Ону өйдөөн, сөргүтэр үлэ ыытыллан, билигин саамнар култуураларын өрө туталлар, күүстээх үлэ бөҕө барар. Уонча сыл иһигэр төрөөбүт тылларынан кэпсэтэр буоллулар.
— Билиҥҥи туругунан, долганнар култуураларын сэргиир буолан эрэллэр дуо?
Евгений:
— Кэлиҥҥи кэмҥэ интэриэс биллэ улаатта. Манна интернет соцситим оруола улахан. Төрүт таҥастары, төрөөбүт тылы туттуу муодаҕа кубулуйан эрэр. Бэйэ оҥоһуу открыткалар, национальнай элеменнээх таҥас-сап интернет нөҥүө түргэнник тарҕанар.
Юлия:
— Кылаабынайа, саҕалыахха наада. Дьон сэргиир, хабан ылар. Биир баҕа санаабыт диэн долганныы аныгы таҥаһы-сабы оҥорон муодаҕа киллэрии буолар. Манна эмиэ сыта-тура толкуйдаан, халы-мааргы буолбатын гына табан оҥорор улахан сатабылы эрэйэр. Таҥас-сап, оһуор-дьарҕаа көннөрү киэргэл эрэ буолбатах. Ис-иһигэр киирдэххэ дириҥ сакральнай суолталаах. Холобур, долганнарга тыҥырах ойуу, ураһа ойуу, дьахтар оһуора уо.д.а. диэн харысхал суолталаах орнаменнар бааллар. Таҥас быстар (кырыллар) сирин куһаҕан тыын киирэр диэн ааттыыллар. Ону араҥыччылаан, сиэххэ, таҥас эҥэригэр маннык оһуору түһэрэллэр эбит.
Хас хартыынаны көрдөҕүм ахсын долган уонна саха култуурата биир буолара харахха быраҕыллар. Аҥардас эпостара, остуоруйалара сахалыы ааттаах, ис хоһооно үкчү буолан биэрдэ. Эрэйдээх буруйдаах эр, Таал эмээхсин, Алаа Моҕус уо.д.а. персонажтар куруук бааллар. Маны сэргэ туттар маллара-саллара, сир-дойду туһунан өйдөбүллэрэ, айыылара, иччилэрэ хоту сир сахаларын кытта биир өрүттээх.
Айымньыларгытын саха киһитэ атыҥыраабат, ис хоһоонун чугастык ылыныаҕа дии санаатым. Манна барыта биһиэнин курдук диэн эттим.
Юлия:
— Түүр омук символлары тыла суох өйдүүр, ылынар. Арааһа ити хааннарыгар баар. Оттон европеец хартыынанан толкуйдуур. Киниэхэ хайаан да ымпыктаан-чымпыктаан, сиһилии быһаардахха эрэ сатанар. Тас дойдуга сырыттахха, дьон эн таҥаскын-сапкын, култуураҕын уонна дойдугун киэн туттаргын тута бэлиэтии көрөр. Хаһан баҕарар ол улахан сэҥээриини, ытыктабылы ылар.
Евгений:
— Ол иһин хайаан да төрүттэргэр төннүү наада. Биһиги эмиэ эдэр сылдьан наадыйбат этибит. Кэлин киһи өйдүүр. Бэйэҥ омугуҥ историятын, култууратын билэр, ону сыаналыыр омук симэлийбэт. Сайдыылаах норуоттар ол иһин култуураларын өрө туталлар, көмүскүүллэр, сөргүтэллэр. Итиэннэ култуура сайдыахтаах. Биир сиргэ турдаҕына, историяҕа кубулуйар.
Поротовтар үлэлэрин хас да көрүҥҥэ наардыыллар. Итэҕэлгэ, долган норуотун уостан уоска бэриллибит үһүйээннэригэр, биллиилээх дьонугар сыһыаннаах, норуот күннээҕи олоҕун-дьаһаҕын көрдөрөр уо.д.а. хартыыналар, оҥоһуктар.
Хас биирдии айымньы олус кыһаллан, хас биирдии чааһа толкуйданан оҥоһуллубут. Поротовтар долган норуотун эйгэтин, итэҕэлин сыыска-буорга тэпсибэккэ, сыа-сым курдук тутан киэҥ эйгэҕэ таһаарбыттара, кэрэ эйгэтигэр киллэрбиттэрэ кэрэхсэбиллээх. Чахчы да олус сэргэх, кыраһыабай, киһи кутун-сүрүн тардар үлэлэр диэн астына көрдүм.