868
26 октября 2018 в 17:22
«Улуу Кудаҥса» Грецияҕа улахан биһирэбили ылла
Олоҥхо тыйаатыра Ойуунускай 125 сылыгар анаан «Улуу Кудаҥса» испэктээкили Грецияҕа баран көрдөрдө. Онон уон биирис сезонун Улуу грек дойдутуттан саҕалаата.
Маны ааһан, Кавала куорат мэрията биһиги Олоҥхобут тыйаатырын «Космополис» диэн аан дойдутааҕы бэстибээлгэ ыҥырда. Бу бэстибээл X үйэттэн бу куоракка өрүү ыытыллан кэлбит. Манна аан дойдуттан этническэй хайысхалаан араас омук бэйэтин култууратын, ырыатын-тойугун билиһиннэрэ тоҕуоруһар.
“Улуу Кудаҥса” испэктээкил киэҥ биһирэбили ылбыта мээнэҕэ буолбатах диэн тыйаатыр салалтата этэр. Саха сиригэр бу испэктээкил премьерата «Россия — мин историям» мусуойга буолла. Саала иһигэр киһи лыык курдук мустан, дьон олорор да сири булбакка, тастан олоппос киллэринэн көрбүттэрэ.
“Тыйаатырбыт хас биирдии артыыһа саха норуотун улуу айымньытын — олоҥхону киэҥ эйгэҕэ таһаарарга кыһаллар. Улуу убайбыт П.А. Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” айымньытын дириҥ философиятын, саха норуотун сиэрин-туомун бүтүн киһи аймахха тиэрдэр сорук турар», — диэн дириэктэр Виталий Власов эттэ.
Толорооччу дириэктэр Мария Турантаева испэктээкил Грецияҕа ситиһиитин туһунан маннык кэпсээтэ: «Грецияҕа бастаан атын испэктээкили туруораары сылдьыбыппыт. Ону биһиги тыйаатырбыт чугас доҕоро, олоҥхону үйэтитэргэ күүстээхтик үлэлэһэр киһибит, Ил Түмэн бастакы вице-спикерэ, Олоҥхо национальнай тэрийэр кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков сүбэтинэн, итиэннэ Ойуунускай 125 сылын көрсө «Улуу Кудаҥса» айымньытын туруордубут. Александр Николаевич биһиги Былатыаммыт грек омук улуу Гомерыгар холоонноох, онон бу курдук сүдү айымньы киэҥ эйгэҕэ көстүөхтээх диэн эппитэ. Бу сөптөөх быһаарыныы эбит. «Улуу Кудаҥсаны» грек омук олус үчүгэйдик, чугастык ылынна”.
Бэлиэтээһин
Бу испэктээкил туһунан Андрей Борисов маннык этэн турардаах: “Греция уонна биһиги култуурабыт майгыннаһар өрүттээхтэр. Бэл, оһуорбут-мандарбыт кытары атылыы диэн көрөбүт. Бу “Улуу Кудаҥса” испэктээкпитин көрөн баран, тылбааһа да суох өйдөөтүбүт диэн сөхтөрбүттэрэ. Аны туран, Былатыан Ойуунускайбыт грек омук сүгүрүйэр улуу бөлүһүөгэ Былатыаны (Платон) кытта ааттыын дьүөрэлии буолан биэрдэ».