824

19 февраля 2018 в 15:26

Уус Алдаҥҥа культура эйгэтигэр сыл түмүгүн таһаардылар

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдэтээлэ Александр Жирков олунньу 16 күнүгэр Уус Алдан улууһун культуратын эйгэтигэр 2017 сыл түмүктэрин таһаарар, инники соруктары туруорар, бастыҥ үлэһиттэри чиэстиир тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылла.

 
Улуус баһылыга Алексей Федотов, культура управлениетын салайааччыта Иннокентий Аммосов, культура үлэһиттэрин улуустааҕы идэлээх сойуустарын бэрэссэдээтэлэ Галина Аммосова  улуус бары нэһилиэктэриттэн бэлиэ түгэҥҥэ мустубут культура үлэһиттэрин, ветераннары эҕэрдэлээтилэр, сыл бастыҥнарыгар  номинациялары туттардылар.
 
Ил Түмэн спикерэ Александр Жирков культура эйгэтин үлэһиттэригэр бу курдук туһаайан эттэ:
“Хаһан баҕарар омук уратыта туох-ханнык иннинэ кини тылыгар-өһүгэр, культуратыгар көстөр. Онон норуот быһыытынан киэн туттуубутунан биһиги олоҥхобут, хомуспут, оһуохайбыт, туос оҥоһуктарбыт, таҥаспыт-саппыт, киэргэллэрбит буоланнар, атын омуктар болҕомтолорун тардаллар. Бу төрүт үгэстэрбитин иитиэхтээн илдьэ уонна ол сүппэтин туһугар араҥаччылыы, тарҕата, сайыннара сылдьар дьонунан культура үлэһиттэрэ буолаҕыт. Эһиги үлэҕитин сатаан өйдүүр, өйүүр салалталаах буоллаххытына, ол эһиги табыллыыгыт буолар. Ити өттүгэр улуускут салалтата, нэһилиэктэр баһылыктара, тэрилтэлэр салайааччылара культура эйгэтин, культура үлэһиттэрин өйүүр соруктаах сөпкө дьаһанан үлэлии сылдьаллар. Онон өбүгэлэртэн илдьэ кэлбит үтүө үгэстэрбитин, ураты культурабытын харыстааһыҥҥа айымньылаах үлэҕитигэр ситиһиини баҕарабын».
Инники соруктар тустарынан этэригэр спикер 2022 сылга өрөспүүбүлүкэ 100 сылын туолуутугар улууска Саха сирин норуоттарын VIII спортивнай оонньуулара ыытыллар буолбуттарынан, культура эйгэтин үлэһиттэригэр улахан эппиэтинэс сүктэриллибитин, номнуо билиҥҥиттэн үлэни былааннаан саҕалыыры, бу улахан түһүлгэ үрдүк таһымнаахтык барарыгар бары күүһү уурарга баҕа санаатын эттэ.
Сыл бастыҥнарын чиэстээһиҥҥэ Александр Жирков Саха сирэ Россия састаабыгар киирбитэ 385 сылынан үбүлүөйдээх бэлиэни Н.С.Пестряков аатынан Уус Күөлүн модельнай библиотекатын сүрүн библиотекара Марфа Пестряковаҕа, «Мүрү саһарҕата» хаһыат 1991-2018 сс. кылаабынай редактора Аркадий Алексеевка туттарда. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлин Махтал суругунан П.П.Оготоев аатынан Кэптэни сынньалаҥ киинин методиһа Вера Сыроватскаяны, Балаҕаннаах кулуубун-филиал сэбиэдиссэйэ Евдокия Оконешникованы, Өнөр «Тускул» культура киинин директора, улуус киэн туттар ырыаһыта Ион Лукачевскайы наҕараадалаата.
Олоҥхо Национальнай комитетын Махтал суругун «Мүрү саһарҕата» хаһыат эппиэттиир секретара Иннокентий Сыроватскайга туттарарыгар Александр Жирков Иннокентий Ильич Дүпсүн оскуолатыгар үөрэнэригэр 1959 сыллаахха оскуолаҕа тэриллибит хомусчуттар ансаамбылларыгар кыттыбытын, устудьуоннуур кэмнэригэр «Сэргэлээх уоттара» ансаамбылга сылдьыбытын, 1969 сыллаахха Туваҕа гастроллаабытын, ол онно хомусчуттар солистарын быһыытынан кинини Тува сүрүн хаһыата «Шын» хаартыскалаан таһаарбытын аҕынна. Итиэннэ үөрэҕин бүтэрэн дойдутугар учууталлыы сылдьан, Дүпсүҥҥэ саха тылын, литературатын учуутала Иннокентий Сивцевтиин оҕолорго национальнай инструменнар оркестрдарын тэрийбиттэрин, сахалыы инструменнары бу икки учуутал   оҥорон, 1971 сыллаахха уус-уран самодеятельность көрүүтүгэр кыайыылаах тахсыбыттарын санатта. Иннокентий Ильич курдук энтузиастар баар буоланнар, бэйэлэрин дьулуурдарынан, дьоҕурдарынан төрүт культураны сөргүппүттэрин, тарҕаппыттарын бастыҥ холобур быһыытынан аҕалла. Инньэ диэн туран, культура эйгэтин бары үлэһиттэригэр инникилэрэ  ситиһиилээх, эркээйилээх буоларыгар баҕарда.   
Поделиться