776
15 января 2018 в 15:22
Таайыҥ эрэ, бу кимий?
Киһи олоҕун суола, дьылҕата оҕо саастан төрүттээх дииллэр. Кини туох эйгэҕэ улааппыта, тулалыыр дьоно, төрөппүттэрэ кэнэҕэс туох-ханнык идэлээх, сололоох, хайдах быһыылаах-майгылаах киһи буола улаатарыгар быһаарар оруоллаахтар.
Ил Түмэн депутаттара эмиэ оҕо саастарыгар төрөөбүт түөлбэлэригэр ийэ-аҕа тапталыгар бигэнэн, тулалыыр эйгэлэрин кэрэхсээн, үтүөҕэ, сырдыкка тардыһан улааттахтара. Оттон кинилэр оҕо эрдэҕинээҕи мөссүөннэрин көрөн олорон, кэнэҕэс өрөспүүбүлүкэ үрдүкү бэрэстэбиитэллээх уорганыгар — Ил Түмэҥҥэ депутат буолуохтарын бэйэлэрэ да таайан көрбөтөхтөрө буолуо дии саныыбыт.
Куонкурус кыайыылааҕа быһаарыллыбатаҕынан Эһиги болҕомтоҕутугар хас да норуот депутатын оҕо эрдэҕинээҕи хаартыскатын иккиһин таһаарабыт. Бу кырачаан оҕолор хаартыскаларыттан кимнээхтэрин нүөмэрдэринэн уонна ааттарынан таайыҥ. (Д.В. Саввин, М.С. Филиппова, Е.И. Михайлова, А.Н. Атласова, А.И. Еремеев, И.Ю. Григорьев, И.И. Шамаев, А.В. Сусоев, С.С. Иванов, Е.Х. Голомарева). Кыайыылааҕы бириис күүтэр.
Таайыы түмүгүн 2018 сыл олунньу ый 15 күнүгэр диэри хаһыат редакциятыгар маннык төлөпүөнүнэн биллэриҥ: 89245961349.

