280
19 апреля 2019 в 21:46
Суһал дьаһал ылылларыгар көрдөһөбүн
Бу көрдөһүү сурукпун кимиэхэ аадырыстыырбын билбэппин. Ол гынан баран мин курдук ыалдьар дьон кыһалҕатыттан туора турбаттарыгар көрдөһүөм этэ. Онон бу эһиги хаһыаккыт нөҥүө тустаах тэрилтэлэр, кыахтаах дьон харахтарыгар тиийдэр диэн суруйан эрэбин.
Аллайыаха улууһугар сүрэх, тымыр ыарыытыттан сыл аайы дьон олохтон туорааһына элбээн иһэр. Улуус балыыһатыгар сүрэх, тымыр УЗИ-та суох. Чуолаан бэйэм түбэлтэм туһунан кэпсээтэххэ, кулун тутар 27 күнүн түүнэ чугаһаабытыгар хааным баттааһына (давление) 210-тан таҕыста. Аны туран улуус иһинэн, Чокуурдаахха сибээс суох. Тас аантан чугас дьукаахтарбын көрдөһөн, «суһал көмө сулууспатын» ыҥыртардым. Өр кэтэһэн эрэйдэнним – тыыным хаайтаран, илиим-атаҕым титирээн. Кэлэн, балыыһаҕа илдьэн уктулар. Быраас диэн суох. «Скорайдар» сосудтарга бэриллэр укуолларыттан хааным баттааһына түһэн, утуйдум. Сарсыарда терапевт кэлэн көрдө: «Дабылыанньаҥ нуорма. Дьиэҕэр бар, эмкин ис», – диэтэ. Аргыый таҥнан, аара суолга тыын ылаары уон биэстэ тохтоон сынньана-сынньана, аҕылаан-мэҕилээн дьиэбин нэһиилэ буллум. Уон хонук устата туох да көмөтө-амата суох, эмп эрэ иһэ сырыттым. Түүнүн аайы хааным баттааһына 210-тан тахсар, «скорай» кэлэн укуол туруоран барар.
Муус устар 9 күнүгэр күнүс 2 чаас саҕана алта мүнүүтэ иһигэр дабылыанньам 150-тан 210-ҥа тиийдэ. Ыксаан, «скорайы» ыҥыран эрэйдэнним. Сибээс суоҕа улаханнык атахтаата. Мин дьолбор, «суһал көмө сулууспатын» сиэстэрэтэ Маргарита Базарова уһуннук эрэйдэнэ сытарбын билэр буолан, көрөн-истэн баран: “Ыарыһах атаҕар куһаҕаннык турар, стационарга илдьэбин”, – диэн терапевка төлөпүөннээтэ. Муус устар 9 күнүттэн биэс систиэмэ, тымырга биэс укуол ыллым. Итинэн эмтээһин кууруһа бүттэ. Оттон турукпар улахан уларыйыы суох, дабылыанньам түүнүн аайы үрдүүр.
Бу мин курдук кыһалҕалаах дьон олус элбэх. Маныаха тэҥнээх түбэлтэ буолбатын туһугар Аллайыахаҕа миэстэтигэр сүрэх, тымыр ыарыытын УЗИ-нан көрөн, чинчийэн, сөптөөх эмтээһин баар буолуохтаах. Төһөлөөх элбэх ыарыһах кыһалҕаттан куоракка көрдөрүнэ барара буолуой? Куоракка көтөн тиийэн көрдөрөр, хаанын баттааһына үрдүк уонна сүрэҕэ мөлтөх киһиэхэ олус ыарахан. Аҥардас айаҥҥа уонна эмтэнэргэ, олорорго, аһыырга кырата 100 тыһыынча наада. Ону 20 тыһыынча биэнсийэлээх киһи уйуммат. Онон биһиги оройуоҥҥа сүрэх уонна тымыр ыарыылаахтарга УЗИ аппараата, анал быраас баар буолара тыын суолталаах. Суһал дьаһал ылыллара буоллар диэн көрдөһөбүн.
Наталья Голикова,
Аллайыаха улууһун
Чокуурдаах бөһүөлэгин олохтооҕо, улуус
бэрэстэбиитэллээх уорганын дьокутаата
