536
29 ноября 2019 в 10:20
Өрөгөй ырыатын толоруу туһунан санаа атастаһыыта
СӨ Ил Дархана сэтинньи 20 күнүгэр «Биһиги — Россия кэскилэбит!» бырайыак туһунан ыйаахха илии баттаабыта. СӨ министиэристибэлэрэ, уопсастыбаннас уонна муниципалитеттар кыттыыларынан социальнай эппиэтинэстээх гражданнары, патриоттары иитэргэ бу ыйаах туһуланар. Бу гражданнар дьиэ кэргэн, уопсастыба уонна дойду сайдыыларыгар үлэлииллэригэр хас биирдиилэрин интэриэһин күүһүрдүөхтээх. Ону таһынан, оҕолорго уонна ыччаттарга биир кэлим гражданскай уонна култуурунай систиэмэни оҥорууга сыалланар.
Ити курдук, бу күнтэн ыла, бигэргэммит ыйаах 3 пуунун 1 хос пуунун ирдэбилинэн Саха сирин бары оскуолаларыгар күн ахсын дойду өрөгөйүн ырыата иһиллиэхтээх.
Ирдэбилгэ – өрөгөй ырыаны толоруу
СӨ Үөрэххэ министиэристибэтэ бу ыйаах ис хоһоонугар дьон санаатын үөрэтэ барбакка, илии баттаммыт ыйаах толоруллуохтааҕын туһунан бирикээһи үөрэх управлениеларын уонна уопсай үөрэхтээһин тэрилтэлэрин салайааччыларыгар ыыталаабыта. Ол иһигэр, ирдэбил быһыытынан, ыытыллыбыт үлэлэр тустарынан олохтоох салайыныы тэрилтэлэрин, оскуолалар саайтарыгар уонна иһитиннэрэр-көрдөрөр хампаанньаларга нэдиэлэ ахсын отчуот-иһитиннэриилэр таһаарыллыахтаахтар. Тэрээһин түмүгэр, билигин дойду үрдүнэн араас иһитиннэрэр-көрдөрөр хампаанньаларга маннык ис хоһоонноох матырыйааллар толору буоллулар. Оскуола үөрэнээччилэрин кытта нэһилиэк баһылыктара уонна учууталлар дойду өрөгөй ырыатын караокены туһанан толороллор. Ол эрэн, Интернет ситимигэр кириитикэлиир, ардыгар абарар-сатарар, сөбүлээбэт дьон ахсаана элбии турар, манна эбии, ордук федеральнай иһитиннэрэр-көрдөрөр хампаанньаларга араас ырытыылар, форумнарга, социальнай ситимнэргэ санаа атастаһыылара тахсаллара элбэхтик бэлиэтэннэ. Бу туһунан Facebook страницатыгар Айсен Николаев быһаарар хоруйа тахсыбыта: «Оҕолор күн ахсын бэйэлэрэ өрөгөй ырыатын толоруохтаахтар диэн ханна да этиллибэт. Өрөгөй ырыаны толоруу күһэйэн ыытыллыахтаах диэн этиллибэт, оттон өскөтүн үөрэнээччи ыллаһар түгэнигэр – олус бэрт. Ыйаахха этиллибит тыллары атыннык быһаарар, ханарытан көрдөрөр сатаммат». Аны туран СӨ үөрэххэ уонна наукаҕа миниистирэ Владимир Егоров быһааран биэриитинэн, тустаах ыйаах үүнэр көлүөнэни иитиигэ аналлаах. Ыйаах үһүс пуунугар СӨ муниципальнай тэриллиилэрин олохтоох салайыныы уорганнарын кытта бииргэ (сөбүлэһиннэрэн) Саха Өрөспүүбүлүкэтин уопсай үөрэхтээһинин тэрилтэлэригэр дойду Судаарыстыбаннай өрөгөй ырыата күн ахсын толоруллар быраактыкатын олохтууру хааччыйарга диэн ыйыллар. “Бэҕэһээҥҥиттэн, Ил Дархан Ыйааҕынан бары оскуолаларга РФ Өрөгөй ырыатын күннэтэ толоруу саҕаланна. Быһааран эттэххэ, күннэтэ (истии эбэтэр бэйэ толоруута), үөрэх икки симиэнэлээҕин учуоттаан, бастакы уруок саҕаланыыта кылааска толороллоро сүбэлэнэр. Маны таһынан Өрөгөй ырыатын кылгатыллыбыт барыйаанын толоруохтарын сөп. Үөрэх тэрилтэтэ бэйэтин быһаарыытынан, үөрүүлээх линиэйкэҕэ, нэдиэлэ саҕаланыыта ырыаны толоруохтарын, өрөгөй ырыатын толору көрүҥүн эмиэ ыллыахтарын сөп”, — диэн Владимир Егоров быһаарбыта.
Парламеҥҥа бырайыагы өйөөтүлэр
Ил Түмэн наукаҕа, үөрэххэ, култуураҕа, сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэргэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Феодосия Габышева Саха сирин баһылыга Айсен Николаев “Биһиги – Россия кэскилэбит!” бырайыак туһунан” ыйааҕын толорор наадалааҕын бэлиэтээбитэ уонна Ил Дархан көҕүлээһинин өйүүрүн иһитиннэрбитэ. Кини сэтинньи 20 к. XI (уочараттаах) пленарнай мунньах кэмигэр Саха сирин баһылыгын ыйааҕынан өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай политикатын инники күөҥҥэ тутуллар суолталаах сыала – Россия Федерациятын гражданинын иитии быһаарылларын, ону таһынан, ыччат гражданскай уонна култуурунай өттүнэн идентичноһын үөскэтэр система бириинсиптэрэ ыйыллалларын тоһоҕолоон эппитэ. Кини ити докумуон элбэх суолталаах соруктары туруорарын быһаарбыта. Холобур, “Биһиги – Россия кэскилэбит!” бырайыагы оҥорууга уонна олоххо киллэриигэ, личноһы иитиигэ судаарыстыба, наука, уопсастыбаннай институттар уонна гражданнар бииргэ үлэлээһиннэрин тэрийии саҥа модела үөскүөхтээх. «Ыйаахха Судаарыстыбаннай Мунньахха (Ил Түмэҥҥэ) аадырыстаммыт маннык пуун баар: оҕолору уонна ыччаты духуобунай, сиэр-майгы өттүнэн иитии эйгэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуоннарын тупсарыыны бэйэтин үлэтигэр көрөрүгэр. Итиннэ биһиги дириҥник ылсан үлэлиэхтээхпит”, — диэбитэ Габышева. «Чахчы, олус суолталаах ыйаахха илии баттанна. Биһиги ону олоххо киллэриэхпитин наада. Кэнэҕэски көлүөнэлэри иитии чааһыгар бу докумуон суолталаах кэрдииһинэн буолуоҕар эрэнэбин”, — диэн спикер Петр Гоголев Феодосия Габышева этиитигэр сыһыаран түмүктээбитэ.
Ыллыыбыт дуу, истэбит дуу?
Билиҥҥитэ оскуолаларга өрөгөй ырыатын толоруу хаамыытын кэтээччитэ, хонтуруоллааччыта быһаччы ким буолара биллибэт. Ардыгар учууталлар билинэллэринэн, өрөгөй ырыатын толору ис хоһоонун бэйэлэрэ да билбэттэр. Оттон атыттар, кистээн этэллэринэн, «оскуола салайааччылара маннык саҥа сүүрээни, сымнатан эттэххэ, биһирээбэттэр». Сорохтор дойду өрөгөй ырыатын күн ахсын толорууну өйдөөбөттөр, атыттар өйөөбөттөр.
РФ Судаарыстыбаннай өрөгөй ырыатын толоруу быһыытын-майгытын нуорматыгар этиллэринэн: дойду судаарыстыбаннай өрөгөй ырыатын толоруу кэмигэр киһи чуумпутук турара биитэр ыллыыра – гражданин бэйэтэ талар көҥүлэ. Гражданин өрөгөй ырыатын ыллыыр баҕа санаата суох буоллаҕына, күһэйэн ыллатар табыллыбат. Маннык түбэлтэлэр кыра саастаах оҕолор уонна үөрэнээччилэр тэрилтэлэригэр ордук бэлиэтэнэллэр диэн ыйыллар. Маны тэҥэ, өрөгөй ырыатын толорор баҕа санаалаах гражданин ыллыыр быраабын бобор эмиэ сатаммат. Майгы-сигили сиэринэн, өрөгөй ырыатын ыллыыр баҕалаах гражданин дубук куолаһынан, атын дьонтон чорбойбокко, ону таһынан, бэйэтигэр болҕомто тардыбакка ыллыахтаах. Этиллибиккэ сыһыаран, маннык ис хоһоонноох өрөгөй ырыатын толорууга майгы-сигили ирдэбиллэрэ тас дойдуларга хайдахтарый? Холобур, Токиоҕа Үөрэх департамена 2003 с. алтынньы ыйыгар боччумнаах оскуола тэрээһиннэригэр өрөгөй ырыатын толоруу туһунан 300-тэн тахса оскуола салайааччыларыгар ирдэбил-дьаһал ыыталаабыта. Маны таһынан, учууталлар уонна үөрэнээччилэр өрөгөй ырыатын толоруу кэмигэр дойду былааҕын диэки хайыһан көрөллөрө ирдэнэрэ. 400-тэн тахса учуутал ыйыллыбыт дьаһалы суутунан утарбыта. Бу түмүгэр, суут 2006 с. булгуччулаах өрөгөй ырыатын толоруу эбээһинэһин көтүрбүтэ уонна хас биирдии ирдэһээччигэ 256 доллар толуйууну төлүүргэ уураахтаабыта. Оттон Индияҕа үөрэнээччилэргэ үөрэх күнэ национальнай өрөгөй ырыатын толорууттан, бирисээгэ биэрииттэн уонна мэлииппэ ааҕыыттан саҕаланар. Маны таһынан, дойду былааһа тэрилтэлэргэ үлэ чааһа саҕаланыан иннинэ өрөгөй ырыатын толорорго сүбэлиир. Манна тэҥнээх быраабыла Кытайга үлэлиир, ол курдук өрөгөй ырыата оскуолаларга уонна кыра саастаах оҕо тэрилтэлэригэр ылланара булгуччулаах.
Ырытыы кылгас түмүгэ: өрөгөй ырыатын толоруу биитэр ыллааһын, биллэн турар, баҕа өттүнэн ыытыллыахтаах. Маныаха учууталлар, үөрэнээччилэр уонна үрдүкү салалта икки ардыларыгар өйдөспөт түбэлтэлэр тахсыа суохтаахтар.
Киһи өйдөөбөт суола — фанатизм эбэтэр патриотизм?
Ирина Михайлова, атыыһыт, икки оҕо ийэтэ, Марха сэл.:
— Мин билэрбинэн, АХШ оскуолаларыгар, кыра саастаах оҕо тэрилтэлэригэр күн ахсын үөрүүлээх тэрээһиннэр штаттарынан дойду былааҕын көтөҕүүттэн саҕаланаллар. Ону тэҥэ, өрөгөй ырыатын ыллыыллара олохтоммута. Турцияҕа судаарыстыбаннай оскуолаларга дьарыктар национальнай өрөгөй ырыатын толоруунан уонна былааҕы көтөҕүүнэн ыытыллаллара көрүллэр. Ити курдук, Казахстаҥҥа, Литваҕа, Францияҕа эмиэ. Бу быраактыка саҥа буолбатах. Тус бэйэм, дьиҥ чахчытынан, утарабын.
Валерий Ильин, тутааччы, үс оҕо аҕата, Дьокуускай к.:
— Өрөгөй ырыатын толоруутугар бэйэм тугу да утарбаппын, ол курдук патриотизмы утары эмиэ. Ол эрэн, ыйытык үөскүүр – Өрөгөй ырыатын тоҕо күн ахсын толоруллуохтааҕый? Уонна бу тэрээһин хайдах быһыылаахтык ыытыллыахтааҕый? Холобур, сарсыарда 8.00 ч. оскуолаҕа үөрэх саҕаланыа уонна хас биирдии хостон нуктаан турар оҕолорбут өрөгөй ырыатын ыллыыллара иһиллиэҕэ. Биитэр, дьарык саҕаланыан 10 мүнүүтэ иннинэ оскуолаҕа кэлэллэрин эбээһинэстииллэр дуо? Итини күлүү-элэк курдук ылыныахха сөп. Манна, дьиҥэр, бастакы дьарык өрөгөй ырыатын толорууттан буолбакка, хас биирдии киһи дойдутун туһугар бэйэтэ киэн туттуутуттан саҕаланыахтаах
Надежда Тихонова, иитээччи, соҕотох ийэ, Дьокуускай к.:
— Сэбиэскэй кэм өрөгөй ырыатын толору билэбин, билиҥҥини – биир да хос ырыатын билбэппин, үөрэтэр санаам суох. Мин санаабар, өрөгөй ырыатын толоруу оннугар дойду сүрүн ырыатын билэргэ эксээмэн киллэрэллэрэ буоллар. Атын өттүнэн, баҕар, оҕолор өрөгөй ырыатын тыллара дойду үрдүнэн буола турар үлэлэри кытта сөп түбэспэттэрин бэлиэтээн, инникитин үчүгэй өттүгэр уларытарга турунуохтара. Инники кэскилбит буолбаат…
Прокопий Васильев, уопсастыбанньык-эколог, Үөһээ Бүлүү с.:
— Дьэ, билигин миигин, баҕар, тааһынан быраҕыҥ, кириитикэлээҥ, буруйдааҥ да — ол эрэн, дойду судаарыстыбаннай өрөгөй ырыатын хас күн ахсын толорууну оҕолорго эбээһинэстииллэрин ылыммаппын. Бэйэм дойду сүрүн ырыатын судаарыстыбаннай уонна муниципальнай таһымнаах бырааһынньыктарга анаммыт официальнай тэрээһиннэргэ, мунньахтарга ыллыыбын, ол эрэн, оҕолору ыллатары, эбиитин күн ахсын эбээһинэстииллэрин утарабын. Атыннык эттэххэ, бу дьаһалы фанатизм курдук саныыбын. Хас биирдии киһи билэр – өрөгөй ырыатын толоруу тус бэйэҥ дьыалаҥ. Оттон, «өрөгөй ырыатын толоруу – бу дойдуну таптааһын, патриот буолуу» диэн этинии — аныгы уопсастыба сыҥалааһына. Кыратык наһаалааһын дуу?
Надежда Петрова, пенсионер, Жатай с.:
— ССРС кэмин саҕана хас сарсыарда ахсын араадьыйаҕа биһиги дойдубут өрөгөй ырыатын тыаһаталлара, ол иһин тылларын үөрэтэргэ быдан судургу этэ. Хомойуох иһин, билигин Россия сүрүн ырыатын бары билбэттэр, маннык холобур олус элбэх. Мин билэрбинэн, сорох чунуобунньуктар ырыа тылларын толору билбэттэр, билэр-билбэт таһымыгар. Мин санаабар, хас күн ахсын ыллатар оннугар араадьыйанан иһитиннэрэллэрэ буоллар, онно сөбүлэһэбин.
Василий ПРОКОПЬЕВ