1068

25 января 2019 в 12:06

Бастакы көмөнү бары сатыырбыт буоллар…

Бу сэһэргэһэ олорор геройбун оруобуна уон сыл анараа өттүгэр хаһыаппар суруйан турардаахпын. Оччолорго кини үрдүк үөрэҕи бүтэрэн, саҥардыы үлэтин саҕалаан эрэрэ. Үтүө үлэһит буоларын бэлиэтии көрөн, сэрэйэн, этэргэ дылы, абаансанан суруйбутум.

Сыыстарбатахпын бүгүҥҥү күн ырылыччы көрдөрөр. Кини — анестезиолог-реаниматолог быраас, медицинскэй наука кандидата Наталья Иванова. Бэйэтин баҕатын күүһүнэн, хантан да өйөбүлэ суох өрөспүүбүлүкэбитигэр аан бастаан «Бастакы көмө оскуолатын» арыйан үлэлэтэ сылдьарын үгүстэр биһирии көрөллөр.

— Наталья Георгиевна, киһи олоҕун кыл түгэнэ быһаарыан сөп. Онон «Бастакы көмө оскуолатын» суолтатын, оруолун үгүстэр өйдүүллэр. Ити оскуоланы тэрийэр туһунан санаа эйиэхэ хайдах кэлбитэй?

— Икки сыл анараа өттүгэр миэхэ дьоммор-сэргэбэр тугунан көмөлөһүөхпүн сөбүй диэн санаа киирбитэ. Ити толкуй төбөбүттэн олох арахсыбатаҕа. Арай сатыырым диэн дьону эмтээһин эрэ курдук. Анестезиолог-реаниматолог буоларым быһыытынан, бастакы көмөнү оҥорору үгүстэр сатаабаттарын билэрим. Онон бу боппуруоска ылсарга санаммытым.

Бастакы көмөнү оҥоруу биһиги курдук сирдээх-уоттаах дойдуга ордук наадатын бэлиэтиибин. Киһи олоҕун быһаарар суолталаах боппуруос буоллаҕа. Сорох кырыы учаастактарбытыгар медицинскэй тэрилтэ, эмчит диэн суох. Маннык нэһилиэнньэлээх пууннарга ордук бастакы көмө тыын боппуруоһунан буолар.

Оттон ыксаллаах быһыы-майгы сулууспатын үлэһиттэрэ, учууталлар, иитээччилэр хайаан да бастакы көмөнү оҥорору сатыыр буолуохтаахтар.

Коллегаларбын, быраастары түмпүтүм. Санаабытын атастаспыппыт. Бастакы көмөнү оҥорууга билиибин-көрүүбүн кэҥэппитим, дириҥэппитим.

Өлүү биричиинэлэрэ — биир. Инсульт буоллун, эчэйии буоллун, киһи өйүн сүтэрэр, тыынын бопторор, сүрэҕэ тохтуур. Дьон ыксаан хаалан, наһаа элбэх эми иһэллэр. Оннук буолуо суохтаах. Уруккуттан иһэ сылдьар эрэ эмкин иһиэхтээххин. Долгуйуо, сүүрэкэлиэ суохтааххын. Бэйэни харыстаныы биһиэхэ олох суох. Оннук иитии-үөрэтии да мэлигир. Итинник түгэҥҥэ киһи уолуйбакка, сүрэх-тыҥа реанимациялыыр судургу ньымаларын, бастакы көмөнү сатыыр буолуохтаах. Бастакы көмөнү бары сатыырбыт буоллар, күн сириттэн күрэммит элбэх киһи биһиги ортобутугар баар буолуо этэ дии саныыбын.

— Нэһилиэнньэ ортотугар дьарыктары ыытаргар эйиэхэ ким көмө-ама буолбутай?

— Нэһилиэнньэҕэ тахсарбар куйаар ситимэ улахан көмө буолбута. Бастаан фейсбукка «Бастакы көмө оскуолатын» аһар туһунан санаабын суруйбутум. Дьон сэргээбитэ, биһирээбитэ. Онтон эрэх-турах сананаммын үлэбин саҕалаан киирэн барбытым. Устудьуоннарга, тэрилтэлэринэн, оскуолаларынан, уһуйааннарынан сылдьаммын дьарыктары ыыппытым.

Мин бу үлэбинэн тустаах боппуруоска дьон интэриэһин, болҕомтотун тартым дии саныыбын. Икки сыл устата быһа холоон 3 тыһыынча истээччини хаптым.

 

— Наталья Георгиевна, оттон улуустарынан сылдьаҕын дуо?

— Улуус ыҥырдаҕына, барабын. Ол курдук, Томпо улууһугар иккитэ бара сылдьыбытым. Медицинскэй үлэһиттэргэ, фельдшерскай-акушерскай пууннар үлэһиттэригэр реанимацияны, бастакы көмөнү хайдах оҥорорго бэсиэдэлэри, дьарыктары ыыппытым.

Дойдубар Аммаҕа, Мэҥэ-Хаҥаласка сылдьыбытым. Икки оскуола үлэһиттэрин уонна үөрэнээччилэрин үөрэппитим. Хаҥаласка хас даҕаны дьарыгы оҥорбутум.

 

— Биһиги боростуой дьон өйдүүрбүтүнэн, эмчит идэлээх буолла эрэ, бастакы көмөнү сатаан оҥоруохтаах диэн. Эн этэргинэн, оннук буолбатыгар тахсан кэлэр дии.

— Оннук. Хас биирдии эмчит бэйэтин хайысхатынан үлэлиир. Холобурга аҕаллахха, тус бэйэм оҕоҕо бастакы көмөнү бэлэмнэнии кэнниттэн эрэ оҥоруохпун сөп. Эмчиттэр хас күн ахсын итинэн дьарыктаммат буоланнар, үөрүйэхтэрин сүтэрэн да кэбиһиэхтэрин сөп.

 

— Наталья Георгиевна, тустаах боппуруоһунан Госдума ыыппыт «төгүрүк остуолугар» кыттан турардааххын, ити тэрээһин туһунан кылгастык кэпсии түс эрэ.

— Бу күһүн алтынньыга Государственнай Думаҕа «Бастакы көмө: быраап өттүнэн сүрүннээһини ситэрии» диэн тиэмэҕэ «төгүрүк остуол» ыытыллыбытыгар кыттыыны ылбытым. Онно: «Ордук биһиги курдук суола-ииһэ суох, мөлтөх, нэһилиэнньэлээх пууннарбыт ыраах-ыраах сытар сирдэригэр бэйэ-бэйэҕэ бастакы көмөнү оҥорсуу баар буолуохтаах», — диэн эппитим. Ордук Хоту сир уонна Арктика улуустарыгар ити боппуруос болҕомтоҕо ылыллара наадатын бэлиэтээбитим.

 

— Бастакы көмөнү оҥоруу боппуруоһунан дьарыктары ыытыыны таһынан өссө туох үлэни ыыттыҥ?

— Ыстатыйалары суруйбутум, видеороликтары бэлэмнээн таһаарбыппыт. Бастакы көмөнү оҥорууга түһүмэхтэринэн, хаартыскаларынан көмө босуобуйа оҥорбутум. «Бичик» кинигэ кыһатын кытары сиэпкэ укта сылдьар ыйынньык таһааран эрэбит.

Итилэри таһынан «Саха» көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа «Эмчит» биэриитигэр тустаах боппуруоһунан рубрика аһан үлэлэппитим. Хомойуох иһин, быйылгы сылтан ити биэриибитин тохтотон кэбистилэр.

 

Ыспыраапка

Хас сылын ахсын Россияҕа ортотунан 235 тыһыынча киһи соһумардык күн сириттэн күрэнэр. Хас онуһа үлэлиир-хамсыыр кыахтаах дьон. Кэмигэр бастакы көмө оҥоһуллубута буоллар, билигин сорохторо биһиги кэккэбитигэр баар буолуохтара этэ. Оттон анал чинчийии көрдөрөрүнэн, Саха сирин олохтооҕун 60% бастакы көмөнү кыайан оҥорбото бэлиэтэнэр.

 

— Наталья Георгиевна, ыытар үлэҕин төһө өйүүллэрий?

— Доруобуйа харыстабылын урукку миниистирэ Михаил Охлопков ыытар үлэбин өйөөбүтэ. Москваттан инструктордар кыттыылаах эмчиттэргэ уонна нэһилиэнньэҕэ улахан конференция тэрийэр былааннаах этибит. Ол кэнниттэн уларыйыы буолан хаалбыта.  Билигин саҥа салалтаны кыта көрсө иликпин. Көрсөн кэпсэтэр былаан баар.

Ыытар үлэбэр биирдиилээн дьон күүс-көмө буолар. Үбүнэн-харчынан спонсордаан, үөһэ этэн аһарбытым курдук, өҥнөөх хаартыскаларынан көмө босуобуйа таһаартардым. Бастакы көмө ньымаларын көрдөрөрбөр манекен ылан биэрбиттэрэ. Үлэбин өйүүр дьоҥҥо махталым муҥура суох. Улууска ыҥыран таһааран, дьарыктары ыыттараллара да улахан көмө. Тоҕо диэтэргин, бэйэм харчыбынан барар кыаҕым суох.

 

— Наталья Георгиевна, кэпсэтиибит сүрүн тиэмэтиттэн тэйэн, кэлиҥҥи кэмҥэ улахан кыһалҕанан буолбут эмчит уонна ыарыһах сыһыаннарын таарыйыах.

— Биллэрин курдук, кэлиҥҥи кэмҥэ эмчит уонна ыарыһах икки ардыларыгар сыһыан «тымныйда». Хомойуох иһин, быраастар бэйэбит бырааппытын билбэппит. Көмүскэлбит суох. Ол иһин буолуо, пациеннар мөҕөн-этэн, үөҕэн, сорох ардыгар кырбаан да тахсар түбэлтэлэрэ бааллар. Эмчиттэр ортолоругар быраабы, сокуоннары билии-көрүү үлэтэ ыытыллара наадалаах дии саныыбын. Оттон ыарыһахтар бэйэлэрин бырааптарын наһаа үчүгэйдик билэллэр.

Тустаах боппуруоһу киэҥ кэпсэтиигэ, атын таһымҥа таһааран, кыһалҕаны быһаарыахха наадалаах. Этэргэ дылы, быһаарыллыбат боппуруос диэн суох.

 

— Итиннэ барытыгар ыарыһахтар эрэ буруйдара суоҕа биллэр, эмчиттэр өттүлэриттэн эмиэ элбэхтэ куруубай, култуурата суох сыһыаны көрсүөххэ сөп.

— Маннык көстүүнү суох диэбэппин, хомойуох иһин, баар. Кадр тиийбэт. Быраастар хас да сиринэн сүүрэ сылдьан үлэлээннэр дэлби сылайаллар, дьиэлэригэр көстүбэттэр. Итинтэн да ыарыһаҕы кытта сыһыан сыппыан сөптөөх.

Эмчит уонна ыарыһах икки ардыларыгар эрэ сыһыан мөлтөх буолбатах. Уопсайынан дьон сиэрэ-майгыта мөлтөөбүтэ кистэл буолбатах. Ол биһиги үлэбитигэр тахсан кэлэр.

 

— Үлэҥ таһынан туох эмэ дьарыктааххын дуо?

— Иэйии киирдэҕинэ, хоһоон суруйабын, сахалыы уонна нууччалыы. Кэлин хаартысканы түһэриинэн үлүһүйдүм. Оҕо эрдэхпиттэн уруһуйдуохпун баҕарарым. Ол ыра санаам кыаллыбакка, тулалыыр эйгэ кэрэ түгэннэрин хаартыскаҕа түһэрэбин. Сахам сирин устун айанныырбын сөбүлүүбүн.

 

— Наталья Георгиевна, кэпсээниҥ иһин махтанабын.

Кэпсэттэ Людмила НОГОВИЦЫНА

Поделиться