630
24 мая 2019 в 17:19
Арыгы истиҥ — сэрэн!
Госдума РФ холуобунай кодексыгар уларытыы киллэрэргэ үлэлэһэр. Ол уларытыынан итирик туруктаах суол саахалыгар түбэспит тырааныспары ыытааччыга сыһыаннаан буруйдааһын миэрэтэ кытаатыаҕа.
2018 сылга итирик туруктаах массыыналарын ыыппыт дьон сиэртибэлэринэн 4,5 тыһ. киһи буолбут, оттон 22 тыһ. киһи улаханнык эчэйбиттэр. Итирик массыынаны ыыта сылдьан суолга саахалы оҥорбут киһини соруйан өлөрүүгэ тэҥнээтэххэ эрэ, арыгы иһэ-иһэ массыына уруулугар олорооччу ахсаана аҕыйыаҕа диэн Госдумаҕа этэллэр. Маны таһынан Холуобунай кодексыга уларытыыны киллэриини дьүүллэһэллэригэр парламентарийдар итирик сылдьан саахалга түбэспит киһи массыынатын былдьаан ыларга уонна кини буруйунан доруобуйатын сүтэрбит киһиэхэ компенсация төлүүрүн туһунан этии киллэрбиттэр.
Буруйдарын боруостуур миэрэ буолуохтаах
Аан дойдуга суол саахалыгар түбэһэн өлөөччүлэринэн элбэх көрдөрүүлээх дойдуларга Арассыыйа үһүс миэстэҕэ сылдьар. Статистика көрдөрөрүнэн, сылын аайы 100 тыһ. киһиэхэ 18 киһи суол саахалыгар түбэһэн өлөр. Оттон Финляндияҕа 100 тыһ. киһиэхэ 4,7 киһи түбэһэр, Германияҕа, Испанияҕа, Японияҕа – 4,1 киһи, Норвегияҕа, Швейцарияҕа –2,7 киһи. Авария улахан өттө итирик туруктаах массыына ыытааччыларыттан тахсар. Онтон 60%-ра дьон доруобуйатыгар ыар эчэйиини оҥорбуттарынан усулуобунайдык эрэ буруйдаммыттар. “Оннооҕор икки эбэтэр онтон элбэх киһини эчэтэн эбэтэр өлөрөн бараннар, усулуобунай бириигэбэргэ уураахтанан саалаттан тахсан барбыт холобурдар бааллар. Ол иһин түгэн тосхойдо да хаттаан итирик туруктаах массыыналарыгар олороллор”, — диэн Госдума куттала суох буолууга уонна корупцияны утары кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Василий Пискарев этэр.
Госдума Бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин көҕүлээһининэн сенатордар уонна депутаттар бөлөхтөрө итирик уонна наркотиктанан баран массыына ыыппыт дьоҥҥо сыһыаннаан буруйу кытаатыннарар туһунан сокуон барылын бэлэмнээбиттэр. Бу докумуон РФ холуобунай кодексын 264 ыстатыйатыгар (“Суол быраабылатын уонна тырааныспары ыытыыга кэһиилэр тустарынан”) көннөрүүлэри киллэрэрэ былааннанар. Өскөтүн ыытааччы итирик эбэтэр наркотиктана сылдьан суол саахалыгар түбэһэн дьону эчэттэҕинэ, 3 сылтан 7 сылга диэри көҥүлэ быһыллыан сөп буолар (билиҥҥи сокуонунан 4 сылга эрэ диэри көҥүлэ быһыллар). Өскөтүн киһини өлөрдөҕүнэ, 5 сылтан 12 сылга диэри холуонньуйаҕа ыытыллар (билигин – 2 сылтан 5 сылга эрэ диэри көҥүлэ быһыллар). Кини буруйунан икки эбэтэр онтон элбэх киһи өллөҕүнэ – 8 сылтан 15 сылга диэри хаайыллар ( билигин 4 сылтан 9 сылга диэри).
Санатар буоллахха
РФ Президенэ муус устар 24 күнүгэр массыынанан сылдьан суол саахалыгар түбэһэн баран куоппут киһи эппиэтинэһин кытаатыннарар туһунан сокуоҥҥа илии баттаабыт. Бу киһи итирик туруктаах массыына ыыппыкка тэҥнэнэр уонна буруйданар. Өскөтүн эчэйбит дьон баар буоллаҕына – 4 сылга диэри хаайыллар, киһи өлүүлээх буоллаҕына – 7 сылга диэри, икки киһи уонна онтон элбэх киһи өлбүт буоллаҕына – 9 сылга диэри хаайыллар. Урукку сокуонунан суол саахалыгар түбэһэн баран куоппут киһи массыына ыытар бырааба эрэ быһыллара эбэтэр 15 сууккаҕа хаайыллара.
Утараһааччылар бааллар
Суол саахалыгар икки уонна онтон элбэх киһи өллөҕүнэ соруйан өлөрүүгэ тэҥнээһин курдук көрөр туһунан этиллэр. Бу нуорманы утарааччылар бааллар. Кинилэр итирик киһи дьону соруйан буолбакка, алҕас өлөрөр диэн этэллэр. Госдумаҕа бу этиини кытта сөбүлэспэттэр. Итирик киһи массыынатын уруулугар бэйэтин уонна атын дьону эчэтиэн сөбүн билэ-билэ олорор. Бу дьоҥҥо сыһыаннаан кытаанах буруйдааһын нуорматын киллэрдэххэ, итирик туруктаах массыына ыытааччылар ахсааннарын аҕыйатыаҕа, оччотугар суол саахалыгар түбэһэн өлүү аҕыйыа этэ диэн сокуон барылын киллэрээччилэр этэллэр. “Итирик киһи массыынатын уруулугар буруйу оҥоруон сөбүн билэ-билэ олорор. Онон кини оҥорбут саахалыгар киһи өллөҕүнэ соруйан өлөрүүгэ тэҥниир сөптөөх дии саныыбын”, — диэн спикер Вячеслав Володин этэр.
Массыыналарыттан матыахтарын сөп
Бу сокуон барылын ыам ыйын 14 күнүгэр Госдума депутаттара бастакы ааҕыыга ылыммыттар. Ыам ыйын бүтэһигэр диэри иккис уонна үһүс ааҕыыга ылыналлара былааннанар. Өссө эбии көннөрүүлэри киллэриэхтэрин сөп. Госдума судаарыстыбаннай тутууга уонна сокуону оҥорууга кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Юрий Синельщиков докумуоҥҥа кэккэ итэҕэстэри ыйар бэлиэтээһиннэр киирбиттэрин туһунан этэр. РФ Бырабыыталыстыбата РФ сууттара билигин да буруйдааһыны толору үлэлэппэттэрин туһунан ыйар. “Буруйу оҥоруу улахан аҥара усулуобунай буруйдааһынынан түмүктэнэр. Бу хайысхаҕа суут үлэтэ уларыйбатаҕына, буруйдааһыны кытаатыннарыы улахан көдьүүһү аҕалыа суоҕа”, — диэн Госдума доруобуйаҕа харыстабыл кэмитиэтин чилиэнэ Алексей Куринный этэр. Оттон ЛДПР лидера Владимир Жириновскай итирик сылдьан саахалга түбэспит киһиттэн массыынатын былдьаан ылар нуорматын киллэрэр тоҕоостооҕун туһунан этии киллэрбит, киһи да өлүүтэ суох түгэнигэр. “Сиэрдээх Арассыыйа” фракция салайааччытын солбуйааччы Олег Нилов итирик массыына ыыта сылдьан саахалга түбэспит киһиттэн массыынатын былдьаан ыларга уонна 20 сыл массыына ыытар быраабын быһарга диэн этии киллэрбит. Вице-спикер Ирина Яровая бу боппуруоһу дьүүллэһиигэ түмүк этии оҥорбут: “Гражданнар олохторугар куттал суох буолуутугар туһаайыллыбыт докумуон олоххо киирэрэ биһиги дойдубутугар суолталаах түгэнинэн буолуоҕа. Бу сокуон барыла сүүһүнэн дьон олоҕун харыстыаҕа диэн эрэллээхпит”.
Сардаана КУЗЬМИНА