907
27 ноября 2015 в 15:26
Атыттарга тэҥэ суох ыарахан үлэлээх эмчиттэр
Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа үлэһиттэрин хамнастарын үрдэтии туһунан боппуруоһу парламентарийдар дьүүллэстилэр
Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа — суһал медицина көмөтүн киинин үлэһиттэрэ хайдах курдук ноҕоруускалаахтык, түүннэрин-күннэрин аахсыбакка, дьон доруобуйатын туһугар охсуһалларын, үлэлииллэрин-хамсыылларын туһунан үгүстэр билэр буолуохтааххыт.
Ааспыт нэдиэлэҕэ Ил Түмэҥҥэ парламент доруобуйа харыстабылыгар, социальнай көмүскэлгэ, үлэҕэ уонна дьарыктаах буолууга сис кэмитиэтин мунньаҕар парламентарийдар бу балыыһа үлэһиттэрин хамнастарын үрдэтии боппуруоһун дьүүллэстилэр.
Идэлэригэр бэриниилээх эрэ дьон
Суруйуум ситэри буоллун диэммин, өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһаҕа ый кэриҥэ кэргэнин ыарыылаабыт Мария Алехина- Ущницкаяны көрсөммүн кэпсэтэ сырыттым.
— Кэргэним Александр ааспыт сыл балаҕан ыйын 7 күнүгэр улахан тымыра быстан, инсуллаан бу балыыһаҕа ый кэриҥэ сыппыппыт. Онон кинилэр үлэлэрэ уустугун иһиттэн билэбин. Александр бастаан реанимацияҕа сыппыта. Ити отделение үлэтэ киһи тылынан кыайан эппэт ыараханын бары билэр буолуохтааххыт. Реанимацияттан нейро-сосудистай отделениеҕа тахсыбыппыт. Манна сааһыттан тутулуга суох, бары ыарахан ыарыһахтар сыталлар.
Киһи барыта көрөр-истэр, ыарыылыыр дьонноох буолбатах. Оннук ыарыһахтары үлэһиттэр бэйэлэрэ көрөллөр-харайаллар. Аҥаардас сытар киһи бырастыынатын уларытыы улахан сыраны-сылбаны эрэйэр. Ыарыһахтары араас процедураларга илдьэллэригэр үлэһиттэр көтөҕүү-сүгүү бөҕө буолаахтыыллар.
Быраастар кыһамньыларын туһунан этэ да барыллыбат. Маннык уустук үлэҕэ отделение сэбиэдиссэйэ Земфира Макаровна Кузьмина курдук идэлэригэр бэриниилээх дьон эрэ үлэлээн-хамсаан эрдэхтэрэ. Түгэнинэн туһанан бу отделение үлэһиттэригэр, бука барыларыгар истиҥ махталбын тиэрдэбин.
Балыыһа үлэтэ барыта уустук. Ол эрээри өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа — суһал медицина көмөтүн киинин ыытар үлэтэ-хамнаһа ураты ыарахан. Онон үгүс киһи үрүҥ тыынын өллөйдүүр ити балыыһа үлэһиттэрин хамнаһын үрдэтэр саамай сөптөөх, – диэн Мария Ивановна эппитэ.
Өрөспүүбүлүкэ бары муннугуттан
Бары билэрбит курдук, ити балыыһаҕа өрөспүүбүлүкэ бары муннугуттан ыарахан ыарыһахтар күннэри-түүннэри киирэ тураллар.
Мунньахха кылаабынай быраас Борис Андреев эппитинэн, сорох ардыгар түүнүн тоҕус эпэрээссийэ тэҥинэн барар эбит.
Бу балыыһаҕа үлэлиир бары өттүнэн уустук. Ол курдук, арыгылаан, наркотигы туттан баран, оһолго-дэҥҥэ түбэспиттэр манна киирэннэр эмтэнэллэр. Дьиэтэ-уота, үлэтэ суох сылдьар дьоммут эмиэ онно-манна түбэһэллэрэ ханна барыай? Онон кинилэр эмиэ ити суһал медицина көмөтүн киинин тумнубаттар.
Кырдьык, эмчит барытын үлэтэ уустук. Ол эрээри поликлиниканы, былаан быһыытынан эпэрээссийэни оҥорор медицинскэй тэрилтэлэри кытта өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһаны хайдах даҕаны тэҥнээбэккин. Ураты ыарахан үлэлээхтэрин бары бэркэ диэн билэбит.
Мунньахха тустаах кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Александр Корякин Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа уонна Медицина национальнай киинэ доруобуйабыт харыстабылын флагманынан буолалларын бэлиэтээтэ. Кини манна үрдүк квалификациялаах эмчиттэр үлэлиэхтээхтэрин туһунан эттэ.
Хамнастарын хайдах үрдэтиэххэ сөбүй?
Доруобуйа харыстабылын министрэ Александр Горохов: «2007 сылтан саҕалаан, сүрүннээн амбулатория үлэһиттэрин хамнастарын үрдэтии ыытыллар. Федеральнай былаас уорганнара бу салаа үлэһиттэригэр эбии төлөбүр олохтообуттара. Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа стационарга медицинскэй көмөнү оҥорор буолан, итинник эбии төлөбүр көрүллүбэт. Ол иһин хамнастара намыһах», — диэн эттэ.
Кини Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа үлэһиттэрин хамнастарын коэффициенын үрдэтии суһал көмөнү медицинскэй тэрилтэлэргэ оҥороругар тирэҕириэҕин туһунан бэлиэтээтэ. Үлэ төлөбүрүн саҥа барыла бары нуорманы учуоттаан оҥоһуллубутун туһунан министр эттэ. Тустаах министерствонан олохтоммут критерийдэринэн суһал медицинскэй көмөнү оҥорор үһүс таһымнаах тэрилтэлэр үлэһиттэрин хамнастарыгар көрүллэр коэффициены үрдэтэр туһунан кэпсэтии буолбут.
Үһүс таһымнаах суһал медицинскэй көмөнү оҥорор тэрилтэлэргэ Өрөспүүбүлүкэтээҕи 1 №-дээх балыыһа – Медицина национальнай киинэ, Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа – суһал медицина көмөтүн киинэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай, сэллиги эмтиир уонна онкологическай балыыһалар киирсэллэр. Бу тэрилтэлэр ортолоругар саамай ноҕуруускалаах үлэни толороллорунан, биллэн турар, Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа буолар.
Депутат Василий Местников ити үрдэтии тыа сирин балыыһаларын үлэһиттэрин хамнастарыгар охсууну оҥоруо суохтааҕын туһунан ыйда.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа – суһал медицина көмөтүн киинин кылаабынай бырааһа Борис Андреев: «Соторутааҕыта олоххо киирбит «Российскай Федерация гражданнарын доруобуйаларын харыстабылын төрүттэрин туһунан» федеральнай сокуон аан бастаан «суһал медицинскэй көмө» диэн өйдөбүлү быһаарбыта. Ол эрээри итини, маннык тэрилтэлэргэ үлэлиир үлэһиттэр хамнастарын сүрүннүүр нуорма акталара суохтар», — диэн эттэ.
Ити балыыһаҕа барыта 1413 киһи үлэлиир. Үлэһиттэр 95% төгүрүк суукка устата суһал медицинскэй көмөнү хааччыйаллар. Статистика көрдөрөрүнэн, 2014 сыллааҕы туругунан бу медицинскэй тэрилтэ быраастара өрөспүүбүлүкэ быраастарын орто хамнастарыттан 10 431,25 солк. намыһах үлэ төлөбүрүн ыла сылдьыбыттар. Оттон орто медицинскэй персонал орто көрдөрүүттэн 868,74 солк. намыһах хамнаһы аахсыбыт. Ураты ыарахан үлэлээхтэрэ уонна атын медицина тэрилтэлэрин үлэһиттэриттэн хамнастара намыһаҕа кими баҕарар дьиктиргэтиэн сөптөөх. Этэргэ дылы, сиэрэ суох быһыы-майгы буолан тахсар.
Кылаабынай быраас Борис Андреев ураты күүрүүлээх, күүстээх үлэ, төгүрүк суукка үлэлээһин режимин иһин коэффициены үрдэтии көрүллүөхтээҕин туһунан бэлиэтээтэ.
Кини үөрэҕин саҥа бүтэрбит ыччат итинник тэтимнээх үлэни тулуйбатын, атын сиргэ көһөрүн туһунан эттэ.
Борис Витальевич: «Биһиги коллективпыт бу боппуруос парламент доруобуйа харыстабылыгар, социальнай көмүскэлгэ, үлэҕэ уонна дьарыктаах буолууга сис кэмитиэтигэр көрүллэн, быһаарылларыгар эрэлин биллэрэр. Оттон эмчиттэр үрдүк хаачыстыбалаах суһал медицинскэй көмөнү оҥорорго бэлэмнэр», – диэн эттэ.
Депутаттар өйүүллэр
Депутат Семен Березин: «Урукку өттүгэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһаҕа үлэлиир чиэс-бочуот этэ. Уустук эпэрээссийэлэр манна оҥоһуллаллара. Үрдүк квалификациялаах, профессионал эмчиттэри бары улуустартан хомуйбуттара. Кинилэр улахан хамнаска үлэлииллэрэ. Оттон күн бүгүн намыһах үлэ төлөбүрүттэн сылтаан хамаанда ыһыллыан сөптөөх. Хаттаан хомуйар уустуктардаах буолуоҕа. Билигин үлэлиир усулуобуйалара үчүгэй. Аныгы технологияларынан, медицинскэй оборудованиеларынан толору хааччыллыылаахтар. Оробуочай бөлөх үлэлиир. Ол эрээри бу боппуруос түргэнник быһаарыллыан наада», — диэн эттэ.
Өрөспүүбүлүкэ Общественнай палаататын социальнай боппуруостарга хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Иван Егоров: «Бу күһүн Ил Түмэн депутаттара кыттыылаах доруобуйа харыстабылын министерствотын иһинэн үлэлиир Общественнай сүбэ мунньаҕар бу боппуруоһу дьүүллэспиппит уонна тустаах балыыһа коллективын көрдөһүүтүн өйүүргэ диэн быһаарыыны ылыммыппыт», — диэтэ.
Депутат Евгения Михайлова: «Коэффициены үрдэтиини буолбакка, тариф үрдээһинин ситиһиэхтээхпит», – диэн эттэ.
Тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылбыт норуот депутаттара бука бары бу балыыһа үлэһиттэрин хамнаһын үрдэтэри өйөөтүлэр. Мунньах түмүгүнэн сүбэлээһин ылылынна.
Үгүс киһи үрүҥ тыынын өллөйдүүр, ураты уустук үлэлээх балыыһа үлэһиттэрин хамнаһын үрдэтии боппуруоһа сотору кэминэн быһаарыллара буоллар диэн баҕалаахпын.
Людмила НОГОВИЦЫНА.