715

29 марта 2019 в 10:46

Бүгүҥҥү олохпут бөлүһүөпүйэтиттэн

Виктор Михайлов: « Саха хаһан даҕаны: «Мин кэннибиттэн уу мотуога да кэллин», — диэбэтэҕэ.

 

Бүгүҥҥүнү бөлүһүөктээһин. Оннук кыаллыан сөп дуо? Кыаллар буоллаҕына, ол бөлүһүөпүйэ үөрэҕин төрүт өйдөбүлүн утарбат дуо? Бөлүһүөпүйэ үөрэҕин кылаассыкалыы өйдөбүлүнэн, «төрдө» — түҥ былыргыны, былыт саппытын түөһэн, оттон «төбөтө» — кэнэҕэскини, кэлиэхтээҕи көрүүлэнэн билии, тойоннооһун буолуохтаах этэ.

 

Бөлүһүөпүйэ эмиэ уларыйар

 

Бөлүһүөк В.Д.Михайловы кытта кэпсэтиибит олохпут бүгүҥҥү, билиҥҥи боппуруостарыгар сыһыаннаах. Бөлүһүөк бүгүҥҥүнү, быстаҕы тумнуохтаах, чычааска чалбааттаныа суохтаах, ол оннугар аньыылаах-харалаах буор сиртэн тэйэн, хайа эрэ үрдүктэн, үөһэттэн чарапчыланан көрөн олорон, өлбөт-сүппэт толкуйдарын дьаарыстыахтаах диэн ханна да, киминэн да бигэргэммэтэх гынан баран, боростуой дьон оннук өйдөбүлэ баарынан баара. Чэ, олох уста, уларыйа турарын курдук, бөлүһүөктэр даҕаны, олохтон хаалбат мөккүөннээх дьон буолуохтаахтар. Ол быһыытынан, Виктор Данилович тылын-өһүн ааҕааччыларга саас-сааһынан тиэрдэргэ холонуум.

— Урукку сыһыанынан, бөлүһүөпүйэни, оонньуу-күлүү кэриэтэ, «халлаан үөрэҕэ» диэһин баара. Саха төрүт өйдөбүлүнэн, бөлүһүөктээһин бүгүҥҥүнү буолбакка, кэнэҕэски өттүгэр туох буолуохтааҕын төрдүттэн түөһэн, киэҥник эҥсэн билии-көрүү уонна ону ылыннарыылаах ылбаҕай тылынан дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдиини ирдиирэ. Саха санаатынан, бөлүһүөктээһин көннөрү билии эрэ буолбакка, киһи анаарар, билгэлиир, ичээн дьоҕурун түмэ сылдьар буолан, билии-көрүү диэн киэҥ өйдөбүлгэ киллэрэрэ. Онон, саха бөлүһүөктүүр буоллаҕына, булгуччу урут хайдах этэй, туохха олоҕурар этэй диэнтэн саҕалаан баран, онтон кэнэҕэскитэ хайдах буолуой диэн түмүктүүрэ.

Билигин бөлүһүөпүйэ өйдөбүлэ уларыйар, ону постмодернизм дииллэр. Маныаха уруккута да, кэнэҕэскитэ да  оруолу ылбат. Постмодернизмҥа бөлүһүөпүйэ күннээҕини ырытыахтаах, бүгүн буола турарынан муҥурданыахтаах дэнэр. Маннык сыһыан икки өрүттээх: бөлүһүөпүйэ «халлааны хастыыра, хой баһын туойара» тохтоон, күннээҕи тирээн турар боппуруостарынан уонна кыһалҕаларынан дьарыктанан, сиргэ, дьоҥҥо-сэргэҕэ чугаһыыр. Атын өттүнэн, бөлүһүөпүйэ бэйэ бодотун — ис дьиҥин, төрүт аналын уонна өйдөбүлүн сүтэрэн кэбиһэр. Бэлитиичэскэй экэниэмикэҕэ, социологияҕа, культурологияҕа,..чугасаһан суураллан хаалыах курдук туруктанар.

Былыргылар «туохха барытыгар оломун булуохха, ортотунан сылдьыахха» дииллэрэ. Маны бөлүһүөпүйэ өйдөбүлүгэр сыһыары туттахха, күннээҕигэ чугаһатыахха, ол эрэн уруккуну-хойуккуну кытта ситимнээн биэрэри умнумуохха диэн буолан тахсар.

 

Киһи барҕа баайа диэн тугуй?

 

Биһиги уопсастыбабыт ырыынак экэниэмикэтигэр көспүтэ балачча кэм буолла. Бу гынан баран, туохха барытыгар дубук-дабык туттуу, дьаалатынан уһуннарыы баара олох көстө сылдьар. Ол — төрүөттээх. Судаарыстыбаннай бас билии баһылаан олорбут систиэмэтиттэн олох атын төрүккэ көспүт эбит буоллахпытына, ырыынакка чааһынай бас билии инники күөҥҥэ тахсыахтаах этэ. Бас билии икки көрүҥнээх: биирдиилээн киһи уонна кыттыгас бас билии. Ваучер көрүҥэр олоҕуран, судаарыстыбаннайтан чааһынайга көһүүгэ, кыттыгас бас билии көрүҥэ туоратыллан хаалбыта. Судаарыстыбаннай корпорациялар бастаан утаа көдьүүстээхтик үлэлээбиттэрэ – баар чахчы. Ону ырытан, анаалыстаан көрүү суох. Оттон биирдиилээн киһиэхэ бэриллибит ваучер бүттүүн норуоту түөкүннээһин көрүҥүн ылыммыта – олохпут хомолтолоох чахчыта. Судаарыстыбаны хорон сиир, «судаарыстыбаннай» дэнэр корпорациялар, илгэлээх ардах кэннинээҕи тэллэй курдук элбэхтэр.

Дойдубут улахана, көлөттүгэһэ наар бытаарыыга тиэрдэр. Дойдубут киэҥ иэнигэр ханна эрэ саҥа саҕалааһын көдьүүстээхтик олоххо киирэр. Араас төрүөтүнэн, элбэх сиргэ туох да хамсааһын тахсыбат. Судаарыстыба, сүнньүнэн, сөптөөх сокуоннарынан олоҕу-дьаһаҕы сүрүннүүр.  Ол иһигэр Төрүт сокуонунан бигэргэммит чааһынай бас билии тулхадыйбатын туһунан эмиэ. Сорохтор бас билиини  аҥаардас хамсаабат баайы-дуолу кытта сибээстээн өйдүүллэр. Кыбартыырам, сайылык дьиэм, малым-салым диэбит курдук. Ол эрэн, кэлиҥҥи кэмҥэ «бас билиим, баайым-дуолум» диэн тылларга ханыылыы атын өйдөбүллэр  киирдилэр. Ол курдук, «мин доруобуйам — бэйэм барҕа баайым», «мин билиим-көрүүм, дьоҕурум, сатабылым – мин бас билиим» диэн өйдөбүллэргэ үөрэнэн эрэбит.

Үөрэххэ, билиигэ-көрүүгэ тардыһыы улаатар. Бэл, биэнсийэ эрэпиэрмэтин олоххо киллэриигэ, биэнсийэ  иннинээҕи саастаах дьону атын идэлэргэ үөрэттэрэн, кинилэр үлэлиир кыахтарын толору туһанар, эбиитин дьон олоххо интэриэһин күүһүрдэр туһунан этиллэр. Киһи үлэтэ, дьарыга суох буолла да, ол үөһэ уопсастыбаҕа туһалаах үлэнэн интэриэһиргээбэт буоллаҕына, кини кэхтии суолугар бастакы хардыытын оҥорор. «Мин кимиэхэ да наадата суох киһи буоллум» дэнэр самныылаах толкуй, өй-санаа олохсуйда даҕаны, киһи уһаабат.

 

Туолбат маҥалай

 

Бас билии туһалаах, ол аата төлөбүрдээх буолуохтаах. Дьиҥэр, «хамнас» диэн тыл «хамсан, хамнаа, тур-олор» диэн өйдөбүллэртэн төрүттээҕэ улахан мунааҕа суох. Арассыыйаҕа Бүөтүр I саҕаттан төрүтүнэн-ууһунан, чыынынан-хаанынан, аатынан-суолунан, анал туругунан төлөбүр олохтоммута. Ол үгэс бүгүҥҥү Арассыыйаҕа туруктаахтык тутуһуллар курдук. Ордук чааһынай бас билиилээх бөдөҥ предприятиелар үөскүөхтэриттэн. Ол курдук, сир аннын баайын хостуур компания үрдүкү салалтатын хамнаһа, киһи өйүгэр сатаан түһэрбэт буола үрдүк. Компания бэйэтин үлэһиттэрин хамнастарын араастаһыыта  биир оннук. Дьиҥэ, бары биир хочуолтан аһаан олороллор. Быһаарыыта олох судургу: үрдүкү дуоһунас уонна аахсыйаны  бас билии барытын быһаарар.

Итиннэ холоотоххо, бюджет тэрилтэтин үбэ-аһа биллэр дьыала буоллаҕа. Ол үрдүнэн, тэрилтэ салайааччытын уонна салайар эргимтэтин хамнастара,  көннөрү үлэһиттэринээҕэр 6-7 төгүл үрдүк. Киһи маҥалайа хаһан да туолбат, ол үрдүнэн сиэрдээх уопсастыбаҕа аһара барыы бохсуллуохтаах этэ. Оттон ол биһиэхэ кыаллыбат. Оччотугар биһиги хайдах уопсастыбаҕа олорор буолан тахсабытый?  Социальнай сиэрдээх дойдуларга хамнас арыттаһыыта сокуонунан сүрүннэнэр. Хас биирдии киһи бас билиитэ, кини үлэлээн бэйэтин уонна дьиэ кэргэнин иитэригэр тирэх буолуохтаах.

Карл Маркс түөрүйэтинэн, ырыынак сайдарыгар икки төрүөт баар буолуохтаах: бас билии уонна үлэ көрүҥүн тыырсыы. Бу мантан хайата эрэ суох буоллаҕына, ырыынак үлэлээбэт. Уопсай бас билии үлэһити көҕүлээбэт. Оччоҕуна най барыы, киһи күлүгэр сылдьыы тахсар. Кэлиҥҥи сэбиэскэй систиэмэҕэ, ким эрэ суотугар олоҕу оҥосто сатааһын хобдох холобура элбээбитэ. Маҥнай төрөппүт моонньугар иитиллэн, онтон тэрилтэ суотугар, тиһэҕэр уопсастыба уонна судаарыстыба суоттарыгар. Ыстаалын кэминээҕи экэниэмикэҕэ күһэйии күүстээх этэ. Күһэйии ханнык эрэ кэрчик кэмҥэ көдьүүстээх буолуон сөп, ол гынан баран уһун үйэлэнэр кыаҕа суох. Билигин күүстээх күһэйиинэн да, кытаанах сокуону да туттан, бэттэх аҕалар кыаллыбат дьыала буолла.

 

Бас билии көрүҥүн элбэтии

 

Уопсастыба оҥорон таһаарар эйгэтэ уларыйбыта уонна инникитин өссө күүскэ уларыйаары турар туруга булгуччу учуоттаныахтаах. Наука төрүтүгэр үрдүк технология күүскэ сайдар, далааһыннаах оҥорон таһаарыылаах производстволарга автоматизация, роботизация киирэр. Ол түмүгэр, дьон билигин матырыйаалынай бородууксуйаны оҥорон таһаарыыттан  өҥөнү оҥорууга көһүүтэ бара турар. Ол эбэтэр оҥорон таһаарыы эйгэтиттэн оҥорон таһаарбат эйгэҕэ көһүүтэ. Урут матырыйаалынай оҥорон таһаарыыга үлэһит илии 60-70%-на, оттон өҥөнү оҥорууга 30-40%-на хабыллара. Билигин балаһыанньаларын үкчү итинник  атастастылар.

Өҥөнү оҥоруу сүрдээх киэҥ эйгэ. Олох төһөнөн тупсар, дьон олоҕун уйгута үрдүүр да, соччонон өҥөнү оҥоруу эйгэтэ кэҥээн, улаатан биэрэн иһэр. Киһи айылгыта биир. Олоҕуҥ төһөнөн тупсар да, соччонон көрдөбүлүҥ улаатан иһэр. Сүүрбэччэ сыллааҕыта диэри биһиэхэ соччо-бачча биллибэт өҥөнү оҥоруу араас көрүҥнэрэ бүгүн олохпутугар бигэтик киирдилэр. Көччүтэр, көрүлэтэр, доруобуйаны бөҕөргөтөр, дьүһүнү тупсарар, бөгүүрэни оҥорор, ырыарар мэдиссиинэ эпэрээссийэлэрэ, физкультура, фитнес дьарыктара, доруобай ас, ыраастыыр, киэргэтэр, дизайн, о.д.а. өҥөлөрүнэн туһаныы олохпутугар киэҥник өтөн киирдэ. Инникитин өҥөлөр сорох көрүҥнэригэр наадыйыы намтыан, өссө сүтүөн сөп эрээри, ол оннугар атын наадыйыы үөскүү туруоҕа.

Маныаха өҥөнөн туһанааччы интэриэһэ сокуонунан сүрүннэнэр, анал быраабылаларынан мэктиэлэнэр. Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин соторутааҕыта «дьоҕус биисинэскэ мэһэйдэспэт, бары кыалларынан өйүүр туһунан» өссө төгүл хатылаан бэлиэтээтэ. Ону баттаһа туһанааччы интэриэһин көрөр сокуоннар таҕыстылар.

Ыал бэйэтин бас билэр кыбартыыратыгар хостел диэн дьону түһэрэр дьоҕус көстүүнэйи аһан үлэлэтэр. Биһиги Дьокуускайбытыгар өҥө маннык көрүҥүнэн дьарыктаныы олоҕурбута балачча кэм буолла. Киин куораттарга улахан далааһыны ылбыта ыраатта. Улуустартан, өссө тастан Дьокуускайга кэлбит дьоҥҥо бэрт табыгастаах, сөп сыаналаах өҥө буолар. Мэтээл кэтэх өттүлээх буоларыныы, маннык хостелларга кубулуйбут кыбартыыралар биир подьезка олорор ыаллара улахан айдааны тардар түбэлтэлэрэ, Судаарыстыбаннай Дуума болҕомтотун тарта. Дуума бу дьыаланы бэрээдэктииргэ туһуламмыт сокуону ылбытын, Бэдэрээссийэ Сэбиэтэ икки интэриэһи тэҥинэн көрөргө ыҥыран, тохтотто.

 

Өҥөнөн туһанааччы – тутаах киһи

 

Эргиэн-урбаан, атыы-тутуу күүскэ сайдар. Бу гынан баран, санитария ирдэбиллэрин тутуспат буолуу маассабайдык көстөр. Куорат көрүҥүн дьүдэтэр араас киоскалар, ларектар. Санэпидстанция ирдэбиллэригэр эппиэттээбэт бородуукта арааһа атыыланар. Хаһааҥҥыта үүннэриллибит, хаһан аҕалыллыбыта, хайдах хараллан атыыланара биллибэт фрукта бөҕөтө. Саахал, өлүү, оһол төрүөтэ — таксыы өҥөтө. Барытын ситэн этэр кыаллыбат суол. Тугу гыныахха?

Ырыынак бэйэтэ сүрүннүө, бэрээдэктиэ дии сырыттахпытына, адьас куһаҕан түмүккэ тиийиэхпит. Оттон дьыалаҕа судаарыстыба күүскэ ороостоҕуна, бу олус наадалаах дьоҕус биисинэһи букатын даҕаны хаанньардан кэбиһиэн сөп. Өҥөнөн туһанааччы, атыылаһааччы, орто оломун булан, бэйэтэ сүрүннэһэрэ хайаан да наада этэ. Хонтуруоллаһан, кэһиини аһаҕастык ыйан, этэн уонна, кылаабынайа, сирбитин атыыласпакка буолан. Атыылаһааччы киэр хайыһарыттан, тумна хаамарыттан, табаара барбат буоларыттан ордук самнарыылаах охсуу өҥөнү оҥорооччуга суох.

Хас биирдии туспа култуура (омук) бэйэтин уратытын сүтэрбэт мөккүөрдээх.  Ол билигин барыстаах өрүттээх буолан иһэр. Чуолаан туризм сайдарыгар үчүгэй олугу ууран биэрэр. Ураты дьүһүннээх, олохтоох-дьаһахтаах, култууралаах, таҥастаах-саптаах, астаах-үөллээх, кэрэ айылҕалаах дойдулаах омук, атыттары булгуччу интэриэһиргэтэр. Биһиэхэ барыта баар. Инфра-устуруктуурата эрэ кыаллыбакка турар. Сайдыылаах туристааһын бэйэтин кытта өҥөнү оҥоруу бүтүн индустриятын тэрийэр. Туристааһын көрүҥэ элбэх: экологическай, бултааһын, балыктааһын, гастрономическай уо.д.а.

Туристааһыны сайыннарыыны сэргэ хонтуруоллуур, харыстыыр, көмүскэнэр мэхэньиисимнэр булгуччу үлэлиэхтээхтэр. Биһиги хотугу уйан айылҕабыт элбэх киһи тэпсэриттэн эмсэҕэлиир кыахтаах. Онон маннык өҥөлөрү оҥорорго, харчы туһун эрэ санаабакка, кэнэҕэски көлүөнэҕэр тугу хаалларарыҥ туһугар эппиэтинэстээх буолуоххун наада.

Сахаҕа уһуну-киэҥи санааһын диэн күүстээх өйдөбүл баар. Билиҥҥинэн эрэ буолбакка, ааспыты ытыктаан, кэнэҕэскигэ дьулуһан олоҕу олоруу. «Мин үйэбэр тиийдэ да сөп», – диэн саха хаһан да эппэтэҕэ. Кини хаһан да күннээҕитинэн олорбот этэ. Наар ыччатын инникитин саныыра, ол онон сирдэтэн олоҕун оҥосторо.

Прокопий ИВАНОВ

 

Поделиться