906
08 сентября 2016 в 17:42
Биэнсийэлээхтэргэ – 5 тыһ. солк.
РФ бырабыытылыстыбата биэнсийэни сылга иккитэ, тиийинэн олоруу кээмэйин сырыһыннара үрдэтэр этэ.
2016 сыл кириисис ааҥнаабыт уустук сыла буолбутунан, олунньуга үлэлээбэт кырдьаҕастар биэнсийэлэрин 4%, муус устарга судаарыстыба хааччыйар биэнсийэтин 4% үрдэтиллибитэ. Ол кэнниттэн индексация ыытыллыбатаҕа.
Бу итэҕэһи туоратар сыалтан биэнсийэлээхтэргэ барыларыгар биир кэмнээх төлөбүр оҥорор буоллулар. Төлөбүр кээмэйэ барыларыгар биир – 5 тыһ. солк. Бу уураах туһунан РФ Биэнсийэ фондатын Саха сиринээҕи салаатын управляющайа Георгий Степанов кэпсииригэр көрдөстүбүт.
Биэнсийэлээхтэр тугу да сүтэрбэттэр
— Быыбар иннигэр биэнсийэлээхтэр санааларын алы гынаары бу төлөбүрү оӨороору гыналлар диэн кэпсэтии баар. Ол эрээри, инфляцияны сырыһыннара үрдэтэр оннугар биир кэмнээх төлөбүр оӨоруу ночооту аҕалбат. Итиэннэ бу уураах 2016 сылга эрэ үлэлиэҕэ. 2017 сылтан индексациялааһын урукку бэрээдэгинэн ыытыллыаҕа. Ол курдук, 2017 сылтан страховой биэнсийэни 2016 сыллаах инфляцияны батыһыннара үрдүүрэ, оттон судаарыстыба хааччыйар биэнсийэтин биэнсийэлээх тиийинэн олорор кээмэйин таһымыгар тиэрдиллэр сыалтан үрдүүрэ сабаҕаланар.
2016 сылга үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ эрэ үрдэтии ыытыллыбыт эбит буоллаҕына, бу төлөбүрү бары биэнсийэлээхтэр ылыахтара. Төлөбүрү биэнсийэлээхтэр бары 2017 сыл тохсунньутааҕы биэнсийэлэрин кытары ылыахтара. Мин санаабар, 5 тыһ. кээмэйдээх биир кэмнээх төлөбүр үп-ас кырыымчык кэмигэр балачча үчүгэй көмөнөн буолуоҕа. Холобур, дьиэ кэргэн икки биэнсийэлээҕэр тута 10 тыһ. солк. кэлэрэ куһаҕана суох.
Россия үрдүнэн 43 мөл. киһи бу төлөбүрү ылара сабаҕаланар, маныаха 200 млрд. тахса солк. үп наада.

