660
31 мая 2019 в 13:41
Биир кэлим эксээмэннэр саҕаланнылар
Үөрэх
Биир кэлим эксээмэннэр болдьоммут кэмнэригэр ыытыллаллар. Ыам ыйын 29 күнүгэр дойду үрдүнэн булгуччулаах – математикаҕа эксээмэн буолла. Эксээмэн биир кэлим эксээмэн уонна доруобуйаларыгар хааччахтаах выпускниктарга оскуоланы бүтэрэр эксээмэн (ГВЭ) быһыытынан ыытыллаллар.
Ол курдук, оскуоланы бүтэрэр эксээмэни математикаҕа 251 выпускник, биир кэлим эксээмэни базовай таһымҥа 4633 оҕо, сүрүн предмет быһыытынан 3347 оҕо туттарбыттар. Сүрүн предмет быһыытынан туттаран аттестат ыларга кыччаабыта 27 баал наада. Оттон базовай таһымҥа биэс баалынан сыаналыыллар. Математикаҕа эксээмэн түмүгэ бэс ыйын 12 күнүгэр биллэр.
Санатар буолахха, ыам ыйын 27 күнүгэр биир кэлим эксээмэни географияҕа уонна литератураҕа туттарбыттар. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн географияҕа эксээмэни 259 выпускник, оттон литератураҕа эксээмэни 761 оҕо туттарбыт. Саамай аччыгый бааллар: географияҕа – 37 баал, литератураҕа – 32 баал. Түмүктэрэ бэс ыйын 11 күнүгэр биллэр.
СӨ үөрэххэ уонна наукаҕа министиэристибэ пресс-сулууспатын
матырыйаалларыттан