599

08 ноября 2019 в 10:26

Дойду уонна өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн үлэ ырыынагын балаһыанньата хайдаҕый?

 

Эмиэ үлэтэ суох буолуу туһунан боппуруоска төннүөххэ. Үлэ ырыынагар билигин туох буола турарый уонна күүтэрий?

Экспердэр билгэлииллэринэн, дойду үрдүнэн хас биирдии бэһис хампаанньаҕа үлэттэн ууратыы күүтүллэр. Бу ууратыыга медицина үлэһиттэрэ хабыллыбаттар диэн этиллэр, ол эрэн бу эйгэҕэ билигин даҕаны социальнай-экономическай кыһалҕалар үгүстэр. Ол иһигэр, аҕыйах күн­нээҕитэ, батсаап нөҥүө медицина үлэһиттэрэ 2020 сыл тохсунньу 1 күнүттэн уураталларын туһунан уведомление туттулар диэн сымыйа сурах тарҕаммыта биллибитэ.  Ити курдук, араас билгэлээһиннэр, сымыйа сурахтар тохтоло суох тарҕаналлара оруннаах дуо? Дойду уонна өрөспүүбүлүкэ  үрдүнэн балаһыанньа хайдаҕый? Итини ырытан көрүөххэ.

 

Дойдуга үлэ ырыынагын туһунан чинчийиилэр

 

HeadHunter дьарыктаах буолуу хампаанньатын сервиһэ 150 үлэ биэрээччигэ ыыппыт ыйытынньык-чинчийиитин түмүгүнэн кэлэр 2020 сылга  үлэ биэрээччи  9% үлэлиир дьонун аҕыйатарын, оттон 49%-на үлэлиир специалистарын элбэтэрин иһитиннэрбит. Билиҥҥи туругунан, дойдуга хас биирдии бэһис бөдөҥ хампаанньа үлэлиир дьонун аҕыйаппыта биллэр. Ону тэҥэ үлэһит хамнаһын алын кээмэйэ тэрилтэ 53% уларыйбатах, 43% — үрдээбит, оттон 1% — түспүт. Хамнас үрдүүрүн кэлэр сылга 55 үлэ биэрээччи эрэйэр, 21%-на бигэ эрэллээх, 8%-на хамнас түһэрин күүтэр. 101-тэн 500-кэ диэри үлэһиттээх  хампаанньалар 15%-гар үлэһиттэр үрдүк хамнаһы ылаары күүтэллэр, оттон үлэ биэрээччи хампаанньалар 47% хамнас алын кээмэйин үрдэтэри былаанныыр.

Ити курдук үлэ ырыынагын туһунан санаалар  уонна чинчийиилэр түмүктэрэ арахсаллар. Ким эрэ үлэ ырыынагар бигэ эрэллээхтик “барыта үчүгэй” диир, атыттар “мөлтөһүөр” диэн иһитиннэрэллэр. Ол эрээри, медицина уонна педагогика эйгэтигэр үлэһиккэ наадыйар үлэ биэрээччилэр ордук тыа сиригэр элбэхтэр диэн иһитиннэрэллэр.

Оперативнай кэтээн көрүү дааннайынан, дойду үрдүнэн  үлэтэ суох киһи ахсаана бу сыл алтынньы 1 күнүгэр 662,2 тыһ. киһи  буолара билиннэ, оттон бу күҥҥэ үлэтэ суох буолуу таһыма регистрацияламмытынан — 0,9%. РФ Үлэҕэ министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, бу көрдөрүү 2020 сылга уларыйбат. Биэдэмистибэ бэлиэтииринэн, үлэ ырыынага бигэ туруктаах уонна нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун кииннэригэр 1,7 мөл. үлэ миэстэтэ баара биллэр.

 

2019-2024 сс. бырамыысыланнас тэрилтэлэригэр орто анал уонна үрдүк үөрэхтээх үлэһиттэргэ наадыйыы

Погрузчик суоппара – 332 киһи
Экскаватор суоппара – 316 киһи
Электрослесарь – 522 киһи
Проходчик – 471 киһи
Горнорабочай – 230 киһи

 

Өрөспүүбүлүкэҕэ олохтоох каадырдары – бырамыысыланнаска

 

Билигин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун кииннэрэ дьон-сэргэ үлэлээх-хамнастаах буоларыгар бары кыһамньыларын уураллар. Дьарыктаах буолууну хааччыйыы, киһи олоҕун суолун булунарыгар, таба тайанарыгар тирэх буолуу  үлэлэрэ күүскэ ыытыллаллар. Ил Дархан Айсен Николаев СӨ социальнай-экономическай сайдыытын стратегическай хайысхаларын туһунан ыйааҕар үөрэхтээһиҥҥэ, доруобуйа харыстабылыгар, нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар, социальнай эйгэҕэ хас да пууну киллэрбитин улуустарынан күүстээх болҕомтоҕо  ылан тиһиктээх үлэни ыытарга кыһаллаллар. Билигин нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун кииннэрэ бырамыысыланнас хампаанньаларын кытары дуогабардаһан ыкса үлэлэһэллэр. Бырамыысыланнас хампаанньатыгар дьыалабыай кэпсэтии кэнниттэн, кинилэргэ туох идэлээх үлэһит наадатынан көрөн, баҕалаах дьону үөрэттэрэ ыыталлар.

«2018 сыл түмүгүнэн, өрөс­пүүбүлүкэтээҕи «Олохтоох каадыр­дары — бырамыысыланнаска» бастакы суолталаах бырайыак чэрчитинэн бырамыысыланнас хампаанньаларыгар барыта 3000 киһини үлэҕэ тардарга былааннаммытыттан Саха сирин бары муннуктарыттан 5726 киһини үлэҕэ ыллылар, ол иһигэр 30 сааһыгар диэри ыччата —2357, тыа сирин олохтоохторо — 1782. Билиҥҥи туругунан бырайыакка 23 хампаанньа кыттар», — диэн өрөспүүбүлүкэ экономикаҕа миниистирэ  Майя Данилова СӨ Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспатыгар иһитиннэрбитэ. Миниистир дааннайдарынан, 2019 сыл бастакы аҥаарын түмүгүнэн барыта 3 234 киһи үлэнэн, ол иһигэр 1 313 киһи – 30 сааһыгар диэри ыччат, 1 252 киһи – вахтовай  көрүҥүнэн уонна быстах үлэнэн хааччыллыбыт, ол иһигэр 895 киһи – тыа сирин олохтоохторо. Санатар буоллахха, от ыйын 22 күнүгэр СӨ Бырабыыталыстыбатын «2019-2024 сс. Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырамыысыланнай хампаанньаларыгар үлэнэн хааччыйыы туһунан»   819-р №-дээх дьаһала бигэргэммитэ. Дьаһалга киирбит былаан быһыытынан 2024 сылга диэри барыта  27 бырамыысыланнас хампаанньатыгар 24487 киһи вахта көрүҥүнэн үлэнэн хааччыллара уонна эбии үөрэхтээһиҥҥэ ыытыллара былааннанар.

Үлэлээх уонна дьарыктаах буолууга дьулуһарга тирэх баар

 

Түмүктээн эттэхпинэ, дойду үрдүнэн нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун кииннэрэ дьон-сэргэ үлэлээх-хамнастаах буоларыгар бары кыһамньыларын ууран, бу үлэ ситиһиилээх буоларыгар баҕарабыт. 2024 сылга диэри үлэтэ суохтар ахсааннарын лаппа аҕыйатарга туруоруллубут соругу толорор туһуттан, бары эйгэни хабан, элбэх тэрилтэни кытары ыкса тутуһан, ылыныллыбыт былааннары өссө кэҥэтэн, дириҥэтэн үлэлиэхтэрэ диэн эрэнэбит. Бэйэ үлэ миэстэтин тэриниитэ, кылгас болдьохтоох, уопсастыбаҕа туһалаах үлэнэн хааччыйыы, дьон атын сиргэ үлэ булан көһөллөрүгэр көмөлөһүү, психологическай көмө, социальнай адаптацияны ыытыы, идэтийиигэ адаптациялааһын судаарыстыбаннай өҥөлөрүн оҥоруу, сыл аайы үгэс быһыытынан үлэ дьаарбаҥкаларын тэрийии бу салааҕа сүрүн сорук буолара биллэр. Ол курдук, 2018 сылтан ыччаты бырамыысыланнай тэрилтэлэргэ үлэҕэ ыытыыга үлэ күүскэ саҕаламмыта. Үлэтэ суохтары вахта ньыматынан үлэлэтэ ыыталыыллар. Оттон оҕолору сайыҥҥы кэмҥэ быстах үлэнэн хааччыйаллар. Манна сыаллаан муниципальнай тэриллиилэргэ сыл ахсын  бюджеттан тус сыаллаах бырагырааманан үп көрөллөр. Онон, 2024 сылга диэри урукку ыытыллыбыт дьаһалларга тирэҕирэн ылыныллыбыт, былааннаммыт үлэлэр бары олоххо киирдэхтэринэ, үлэтэ суох киһи аҕыйаан эбэтэр үлэтин хайысхатын уларытан олоҕун, дьиэ кэргэнин бөҕө туруктаах оҥорорго дьулуһарыгар тирэх баар.

 

Василий ПРОКОПЬЕВ

 

Уважаемые читатели!

  1. Покупая электронную версию Издания, вы осознаете, что покупаете ее исключительно для личного (семейного) пользования. Перепродажа или любая другая передача купленного вами номера газеты третьим лицам запрещается и может преследоваться по закону.
  2. Обязанности продавца, в качестве которого выступает Издание, считаются выполненными с момента отправки Покупателю ссылка на скачивание купленного и оплаченного им номера газеты.
  3. Стоимость газеты в розницу 30 руб.

ВАЖНО! Иногда, по независящим от Издания причинам, спам-фильтры Покупателя перебрасывают письмо с заказанной вами ссылкой в папку «Спам». Поэтому если вы не получили от нас автоматически сгенерированного письма со ссылкой, для начала проверьте папку «Спам». Если его нет и там — обращайтесь в нашу редакцию.

Поделиться