666
08 февраля 2019 в 11:11
Дьон ханна түмсэр, онно — ситиһии
Ааспыт 2018 сыл Уус Алдан улууһун 2-с Лөгөй нэһилиэгэр Түмсүү сылынан биллэриллибитэ. Баһылык Иннокентий Троев эппитин курдук, сыл устата олохтоохтор культураҕа, спорка, нэһилиэк тас көстүүтүн тупсарыыга, общественнай өйү-санааны түмэр тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытыннылар.
Тохсунньу 26 күнүгэр нэһилиэк салалтата дьонун-сэргэтин түмэн, Түмсүү сыла тосхойбут кыайыыларын, ситиһиилэрин үөрүүтүн үллэһиннэ, бастыҥнары чиэстээтэ.
“Эриэккэс дойдубут Тулуна”
Тулуна нэһилиэгэ итинник ааттаах өрөгөй ырыаланна. Ырыа тылын народнай суруйааччы, оҕо литературатыгар Амма Аччыгыйа аатынан Ил Дархан бириэмийэтин лауреата, СӨ Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Иван Мигалкин, матыыбын СӨ үөрэҕириитин туйгуна Дмитрий Бурнашев суруйбуттар. Нэһилиэк депутаттара өссө балаҕан ыйыгар биир санаанан куоластаан, сокуонунан бигэргэппиттэр. Олох ханнык да түгэнигэр эрчими эбэр, кыаҕы-күүһү биэрэр өрөгөй ырыатын аан бастаан 60-тан тахса киһилээх хор бу ыытыллыбыт тэрээһиҥҥэ толордо.
— Тулуна сирэ-уота, айылҕата, ытык-мааны кырдьаҕастара суруйааччы буолан тахсарбар сүрдээх улахан тирэҕи биэрбиттэрэ. Тулуна эмээхситтэриттэн саха тылын баайын иҥэриммитим, Тулуна кырдьаҕастарыттан олоҕу өйдүүргэ үөрэммитим, Тулуна айылҕатын нөҥүө аан дойду кэрэтин арыйбытым. Дойдубун Тулунабын өйбөр-санаабар куруук чугастык тутабын, — диэн суруйааччы Иван Мигалкин Тулуна дьонугар-сэргэтигэр дириҥ махталын биллэрдэ.
Бу күн Иван Васильевич Людмила Жирковаҕа, Сайдам Айар Кыыдаана Арылхан кыыһыгар, Мариса Васильеваҕа, Ульяна Бурнашеваҕа общественнай үлэҕэ көхтөөх кыттыыларын иһин СӨ Суруйааччыларын сойууһуттан Сергей Васильев аатынан наҕарааданы туттарда. Народнай суруйааччы Тулуна ыччаттара Саха сирин хайа да муннугар тиийдэллэр, «биһиги, Тулунаттан төрүттээхпит» диэн киэн тутта этэр, дойдуларын аатын үрдүктүк тутар дьон буолан тахсалларыгар баҕарда.
Өй, билии, үөрэх суолунан
Духуобунас академиятын академига, Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет сурук-бичик музейын директора Афанасий Васильевич Мигалкин биир дойдулаахтарыгар анаан бэйэтин ыллыктаах санаатын тиэртэ:
— Эһиил, докумуоҥҥа сурулларынан, Тулуна киһитэ, саханы түмпүт, саханы үрдүк таһымҥа таһаарбыт, судаарыстыбаннас быһыытын-майгытын биэрбит, Степной Думаны тэрийбит, үөрэхтээһин боппуруоһун тирэҕин уурбут Иван Емельянович Мигалкин 250 сааһын туолар. Кини саха харчы сыһыаныгар, эргиэҥҥэ киирэрин быһаарбыт сүдү суолталаах киһи. Биһиги дойдубут киһитэ Лөгөй Тойон аата ааттаныахтаах. 2021 сылга оскуолабыт 250 сылын бэлиэтиир. Итини барытын түмэн, төрдүн-төбөтүн булан, онно тирэҕирэн бэйэбитигэр сайдыы суолун булунар, тобулар, торумнуур кэммит кэллэ. Улаханнык хамсанан, кэскил туһугар түмсэрбит, хамсанарбыт наада. Өй, билии, үөрэх курдук олоҕу хамсатар үйэлээх өйдөбүллэргэ тирэҕирэн, сайдыы суолун тобулуоххайыҥ.
Ситиһии — түмсүүгэ
Тулунаҕа ыытыллар үтүө хамсааһыннары биир бастакынан өйүүр, көмөлөһөр биир дойдулаахтара, IV, V ыҥырыыларга Ил Түмэн депутата, “Восток-Евро” ХЭТ генеральнай дириэктэрэ Семен Семенович Иванов ааспыт сылга Тулунаҕа элбэх үлэ ыытыллыбытын бэлиэтээн эттэ: “Дьон-сэргэ биир өйгө-санааҕа түмсүбүтүн бэлиэтэ үлэ түмүктэригэр көстөр. Олохтоохтор баһылык тула түмсэн, сквер, оҕо площадката, сынньалаҥ паарката тутуллан олоххо киирэрин ситиспиккит улахан кыайыы. Нэһилиэк түмсүүлээх буоллаҕына үлэ күүскэ барарын дьыаланан дакаастаан көрдөрдүгүт”.
Бастыҥнары чиэстээһин
Бу күн Тулуна олохтоохторо оҕотуттан кырдьаҕаһыгар тиийэ мустан олорон, сыл бастыҥнарын чиэстээтилэр. Тыа сирин үлэһит дьоно Ил Түмэн, Уус Алдан улууһун дьаһалтатын, 2-с Лөгөй нэһилиэгин салалтатын Бочуотунай грамоталарын, Махтал суруктарын, ”2-с Лөгөй нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо” анал ааты үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттулар.
2-с Лөгөй нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччыта Альбина Дегтярева сыл устата түөлбэлэр икки ардыларыгар ыытыллыбыт спортивнай, культурнай, общественнай үлэ күрэхтэһиитин түмүгүн таһаарда. Петр Бурнашев салайааччылаах «Сэмэн Баһылайап» түөлбэ олохтоохторо бастакы миэстэни ыллылар. Иккискэ Людмила Стручкова салайар “Дьулуур” түөлбэ олохтоохторо, үһүскэ Светлана Сергеева салайааччылаах «Кэскил» түөлбэ олохтоохторо таҕыстылар.
Тыа сирин олоҕун уйгутун, сайдыытын тутан олорор бастыҥтан бастыҥ үлэлээх дьону, 2-с Лөгөй нэһилиэгин улуус, республика, Россия таһымыгар ааттатар бастыҥ спортсменнары, нэһилиэк дьаһалтата ыытар үлэтигэр быһаччы көмөнү оҥорор общественнай түмсүүлэри киэн тутта чиэстээтилэр.
Тулуна “далбардара”
Мария Иннокентьевна Дегтярева салайааччылаах “Далбар” түмсүү уон сыл устата айымньылаахтык үлэлээн кэллэ. Баһылык Иннокентий Троев бэлиэтээбитин курдук, “далбардар” түмсүүнү түстүүр сүрүн күүс буолаллар. Эбээлэр иистэнньэҥнэрэ, ырыаһыттара, үҥкүүһүттэрэ, олохтон иҥэриммит баай уопуттара, ааспыт олох историятын билэллэрэ-көрөллөрө – барыта киэҥ эйгэҕэ тахсан, общественнай өй-санаа, олоххо көхтөөх буолуу холобурун көрдөрөллөр. “Далбардар” айаннарын аартыга киэҥ – Финляндиянан, Швециянан, дойду тэбэр сүрэҕэр Москванан, Санкт-Петербург куоратынан сылдьан саха ырыатын-тойугун билиһиннэрэллэр, дойдуларын аатын ааттаталлар. Далбардар уон сыллаах үбүлүөйдэригэр “Дьолум сирэ Тулуна” диэн видеоклип устан, историяҕа хаалар үйэлээх бэлэҕи оҥордулар.
Тулуна “Далбарын” уон сыллаах үбүлүөйүнэн өрөспүүбүлүкэ общественнай түмсүүлэрин үлэлэрин сайдыытын өйүүр “Эйгэ” общественнай түмсүүттэн Валентина Васильева салайааччылаах делегация кэлэн эҕэрдэлээтэ.
Патриотизм сыла
Нэһилиэк баһылыга Иннокентий Троев ыччакка анаан: “Киһи ханна да сырыттар төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх буолуохтаах. Төрөөбүт дойдутун историятын билэр, дьонун-сэргэтин ытыктыыр, үтүө ааттарын үрдүктүк тутар киһи тирэхтээх буолар”, — диэн эттэ. Уонна дойдутун дьонугар-сэргэтигэр өрөспүүбүлүкэ, улуус таһымыгар ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар Тулуна ыччаттарын: Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка үлэлиир, Дьокуускай куорат Мунньаҕын депутата Софрон Новгородовы, “Сахатранснефтегаз” тэрилтэ специалиһын Аркадий Турантаевы, республика маассабай спордун киинигэр үлэлиир Антон Троевы, Уус Алдан улууһун предпринимателлэрин түмсүүтүн бэрэссэдээтэлин Гаврил Троевы, “Якутскэнерго” Саха сирин биир тутаах тэрилтэтигэр үлэлиир, Тулунаҕа ыччат кварталын тутууга уот линиятын тардыыга тус кылаатын киллэрэн үлэлэспит Айсен Дегтяреву билиһиннэрдэ.
Бу — “мин Тулунаттан төрүттээхпин, мантан силистэнэн үүнэн тахсыбыппыт” диэн дойдуларын туһугар ыалдьар, кини сайдарын туһугар кыһаллар ыччаттар. Кинилэр дойдуларыгар бэриниилээх буолуу холобурун көрдөрөллөр. Итинник этэн туран, үүммүт 2019 сылы 2-с Лөгөй нэһилиэгэр Патриотизм, ол эбэтэр бэриниилээх буолуу сылын биллэрэбит, — диэн баһылык Иннокентий Троев иһитиннэриитин олохтоохтор ытыс тыаһынан көрүстүлэр.
Сардаана МАТВЕЕВА