608

17 ноября 2017 в 16:28

Хамнас тардыллыа суоҕа диэн эрэннэрэллэр

СИА иһитиннэрбитинэн, Саха сирин былаастара быйылгы сыллаах социальнай эбэһээтэлистибэлэрин барытын толоруохтара, ол иһигэр хамнаһы төлөөһүҥҥэ. Итини Үп министиэристибэтэ мэктиэлиир.

«2017 сыллааҕы судаарыстыба бюджета судургута суох усулуобуйаларга толоруллар. Билигин бөрүкүтэ суох чахчылар баалларын үрдүнэн, бары социальнай төлөбүрдэр кэмигэр оҥоһуллаллар. Эбэһээтэлистибэлэри уонна олоххо тыын суолталаах дьаһаллары үбүлээһин толору кээмэйинэн хааччыллар. Бу – бюджет үлэһиттэрин хамнаһа, нэһилиэнньэ социальнай көмүскэлэ, ол иһигэр көмө уонна толуйуу харчыны төлөөһүн», — диэн биэдэмистибэҕэ кэпсээтилэр.
Үп министиэристибэтигэр чопчулаабыттарынан, хамнас төлөбүрүн хааччыйыы өрөспүүбүлүкэ бюджетыгар ороскуот биир саамай эппиэтинэстээх ыстатыйата буолар. «Бюджет үлэһиттэригэр хамнаһы тардыы суох буолуо. Сыл бүтүөр диэри бюджет эйгэтин бары үлэһиттэрэ, алтынньытааҕы үрдэтиини учуоттаан, хамнастарын ылыахтара, ол 58 тыһыынча кэриҥэ үлэһити таарыйыаҕа», – диэтилэр министиэристибэҕэ.
Алтынньы 1 күнүттэн бюджет эйгэтин сорох үлэһиттэригэр хамнаһы үрдэтиигэ Саха сирин 2017 сыллааҕы үбүн докумуонугар эбии 2,9 миллиард солкуобай угулунна. Быйыл ити сыалга 68,78 млрд солк. ыытыллар эбит буоллаҕына, 2018 сылга 74,75 млрд солк. угуллуоҕа.
«Бүгүҥҥү күҥҥэ алтынньы ыйдааҕы хамнаска уонна социальнай төлөбүрдэргэ эбэһээтэлистибэлэри барытын үп министиэристибэтэ толордо, үбүлээһин бюджет харчытын сүрүн дьаһайааччыларга тиэрдилиннэ. Биһиги бэйэбит өттүбүтүттэн хамнаһы төлөөһүҥҥэ эбэһээтэлистибэлэри толорууга уонна алын сүһүөх тэрилтэлэри хонтуруоллааһыҥҥа министиэристибэлэри уонна биэдэмистибэлэри кытта үлэни ыытабыт», — диэн Минфиҥҥэ бэлиэтээтилэр.
Бу иннинэ сорох интернет-ресурсалар нөҥүө ахсынньытааҕы хамнаһы дьон тохсунньуга эрэ ылыахтара диэн иһитиннэрии тарҕаммыта.

Поделиться