691
26 июля 2019 в 12:37
Хас биирдии кырасданьыын иэһэ буолар
Кэлэр сылга дойдуга уочараттаах нэһилиэнньэ биэрэпиһэ ыытыллаары турар. Чопчулаан этэр буоллахха, нэһилиэнньэ Бүтүн Арассыыйатааҕы биэрэпиһэ 2020 сыл алтынньы ыйын былаһын тухары барыаҕа. Нэһилиэнньэ биэрэпиһин ыытыы – уһулуччу дьоһун суолталаах судаарыстыбаннай дьыала.
История чахчыларыттан биллэринэн, Арассыыйа импиэрийэтин нэһилиэнньэтин бүттүүнүн биэрэпиһинэн хабыы аан бастакытын 1897 сыллаахха ыытыллыбыт. Оттон сэбиэскэй кэмҥэ 1926, 1939, 1959, 1970, 1979 уонна 1989 сылларга барбыт. Аныгы Арассыыйаҕа нэһилиэнньэ биэрэпиһэ 2002 уонна 2010 с с. ыытыллыбыта. ХНТ Статистическай хамыыһыйатын сүбэтигэр сөп түбэһиннэрэн, нэһилиэнньэ биэрэпиһэ 10 сылга бииртэн итэҕэһэ суох ыытыллар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Судаарыстыбаннай ыстатыыстыка бэдэрээлинэй сулууспатын территориятааҕы уорганын салайааччыта Ирина Гаевая этэринэн, бүгүн Сахастат дааннайдарын баазатыгар өссө XIX үйэтээҕи информация хараллан сытар. Ол курдук, «Арассыыйа импиэрийэтин статистическай табылыыссалара» 1858 сыллаахха бэчээттэммит таһаарыыга Саха уобалаһын 1856 сыллааҕы сибидиэнньэлэрэ киирбиттэр. Онно уобалас нэһилиэнньэтин, олохтоохтору сыбаанньаларынан, дьарыктарынан, тылларынан, эр киһитинэн-дьахтарынан, саастарынан араартаан, нэһилиэнньэ хамсааһынын, төрөөһүнүн уонна өлүүтүн, өлүү биричиинэлэрин, ордук тарҕаммыт ыарыылар, дьиэлэрин-уоттарын, олохторун майгытын тустарынан сибидиэнньэлэр киирэн сылдьаллар.
— Аныгы быһыыга-майгыга хас биирдии уопсастыба бэйэтин инникитин былаанныыр эрэ буоллаҕына, — диир Ирина Кулунтариевна, – кэскилин тэринэр уонна оҥостор кыахтаах. Оттон ол инниттэн дойдуга төһө киһи олороро, дьахтарын-эр киһитин, оҕотун, биэнсийэлээҕин, инбэлиитин ахсаана, омугун састааба, үөрэҕин таһыма, хайдах усулуобуйаҕа олороллоро, туох дьарыктаахтара үчүгэйдик биллэр буолуохтаах. Нэһилиэнньэ туһунан дааннайдары ылыы сүрүн ньымаларынан биэрэпиһи ыытыы, төрөөһүн, өлүү-сүтүү, эр-ойох буолуу, арахсыы курдук демографическай көрдөрүүлэр, дьон-сэргэ көһүүтүн ааһан иһэр учуоттарын ыытыы, нэһилиэнньэни тиһигин быспат уонна биир кэмнээх чинчийиилэринэн хабыы буолаллар.
Ол эрээри тутаах уонна ордук киэҥ информациялаах источнигынан син биир нэһилиэнньэ бүттүүн биэрэпиһин ыытыы ааҕыллар. Биэрэпис бырагыраамата, ол эбэтэр биэрэпис лииһигэр киирэн сылдьар чопчу боппуруостар хомуурдара, дойдуга баар социальнай-экэнэмиичэскэй уонна демографическай быһыыга-майгыга сөп түбэһиннэрэн олохтоноллор уонна урут ыытыллыбыт биэрэпистэр тэрээһин-методологическай балаһыанньаларын кытта утумнаах буолуута хааччыллыахтаах.
2002 сыллаахха аныгы Арассыыйа историятыгар ыытыллыбыт бастакы биэрэпис түмүгүнэн, Саха сирэ мөлүйүөн киһи нэһилиэнньэлээх өрөспүүбүлүкэ анал туругун сүтэрбитэ дьэҥкэ буолбута. Саха сирин нэһилиэнньэтэ аҕыйааһынын сүрүн биричиинэтэ, чуолаан ааспыт 90-с сылларга өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр күүскэ көһөн барыыны кытта сибээстээх. 2002 сыллааҕы биэрэпиһинэн, өрөспүүбүлүкэ олохтооҕун ахсаана 949,3 тыһ. киһиэхэ тэҥнэспитэ. 1989 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ 1 094,1 тыһ. киһилээҕэ.
Өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр көһүү, хайа хостуур предприятиелар түмүллүбүт бырамыысыланнай уонна хотугу улуустар олохтоохторун суоттарыгар барбыта. Таска күүстээх көһүү түмүгэр, нэһилиэнньэ эр киһитин уонна дьахтарын устуруктууралара уларыйбыта. Ол курдук, 1989 сыллаахха эр киһи 50,4%-ҥа, дьахтар – 49,6%-ҥа тэҥнэһэрэ. 2002 сылга эр киһи – 48,9%-ҥа, дьахтар -51,1%-ҥа тэҥнэспитэ.
Бу күн сиригэр туох барыта бэйэ-бэйэтин кытта сибээстээх, ситимнээх. Ити этиллибит уонна атын социальнай төрүөттэринэн, оҕо төрөөһүнэ аҕыйаабытын үөһэ, аҕыйах оҕолонуу быһыыта-майгыта үөскээбитэ. Дьиэ кэргэҥҥэ 1 оҕолонуу: 1989 сылга–44,3%, 2002 сылга–52,3%, дьиэ кэргэҥҥэ 2 оҕолонуу: 1989 сылга – 38,9%, 2002 сылга – 31,9%.
Нэһилиэнньэ демографическай кырдьыытын процеһа күүһүрбүтэ: өрөспүүбүлүкэ олохтооҕун орто сааһа, иннинээҕи биэрэпиһи кытта тэҥнээтэххэ, 2,4 сылынан улаатан, 31 сылга тэҥнэспитэ. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэнниттэн ыытыллыбыт нэһилиэнньэ биэрэпистэрин историяларыгар аан бастаан дьахтар ахсаана эр киһи ахсаанын куоһарбыта: 1000 эр киһиэхэ 1045 дьахтар баар буолбута.
Атын дьоһун суолталаах боппуруоһунан дьиэ кэргэн проблемата буолар. Дьиэ кэргэн үнүстүүтэ кэлиҥҥи 13 сылга сүрдээх улахан уларыйыылары көрүстэ. Бу этиллэр сылларга 276 тыһ. эрдии-ойохтуу пааралартан, арахсыы суотугар 246 тыһ. паараҕа диэри аҕыйаата. Эрэгистирээссийэтэ суох холбоһон олоруу уонна аҥаардас ийэлэр ахсааннара элбии турарынан, сокуонунан аҕата суох оҕо ахсаана элбиир: 1989 сыллаахха бу көрдөрүү 17%-ҥа тэҥнэһэр эбит буоллаҕына, 2002 сылга – 33,8%.
2010 сыллааҕы биэрэпис өрөспүүбүлүкэ бастайааннай нэһилиэнньэтэ улааппытын көрдөрбүтэ. 2002 сылы кытта тэҥнээтэххэ, 9,2 тыһ. киһинэн элбээн эбэтэр 1% улаатан биэрбитэ. 2002 сылга ыытыллыбыт нэһилиэнньэ биэрэпиһин кэнниттэн, Саха сирэ Дальнай Востоктааҕы бэдэрээлинэй уокурукка нэһилиэнньэтин ахсаанын оннунан хаалларбыт соҕотох эрэгийиэн буолар. Маннык балаһыанньаны 2002-2010 сс.
өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр көһөн барыы мастааба кыччаабытынан быһаарыахха сөп. Ол эбэтэр, барыан баҕалаах баран бүппүт диэххэ сөп.
2010 сыллааҕы биэрэпис дааннайдара өрөспүүбүлүкэ бэйэтин иһигэр көһүү күүһүрбүтүн көрдөрбүттэрэ. Ол курдук, чуолаан тыа хаһаайыстыбата дьарыктаах хотугу улуустар олохтоохторо куораттарга, куораттыы тииптээх бөһүөлэктэргэ уонна киинтэн чугас олохтоох улуустарга көһүтэлиир буолбуттара – баар көстүү. Көһөргө быһаарыныылаахтарга саамай ымсыылаах-баҕалаах миэстэнэн Дьокуускай уонна куорат аттынааҕы бөһүөлэктэр буолаллар. Итинник хамсааһын түмүгэр, Дьокуускай уонна аттынааҕы бөһүөлэктэрин нэһилиэнньэтэ, 2002 сыллааҕы биэрэпис түмүгүн кытта тэҥнээтэххэ, 20% улаатта.
Өссө маннык түгэннэр бааллар. 2010 сыллааҕы биэрэпис түмүгүнэн, уһун үйэлээхтэрбит ахсаана аҕыйаан тахсыбыта. Өскөтө 2002 сыллааҕы биэрэпиһинэн, 100 сааһын туолбут 32 киһи, ол иһигэр 11 эр киһи уонна 21 дьахтар баар буоллахтарына, 2010 сыллааҕы биэрэпиһинэн 15 кырдьаҕас эмээхсин 100 саастаах үбүлүөйүн бэлиэтээбит буолан тахсыбыта.
Дьахтар ахсаана эр киһитээҕэр элбэҕэ, Арассыыйаҕа олоҕурбут көстүү быһыытынан ылыныллар. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр эмиэ биир итинник балаһыанньа үөскүөх курдук. Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун орто саастара 31 сылтан 33 сылга диэри улаатта. Оттон дьиэ хаһаайыстыбалар орто кээмэйдэрэ 3,1 киһиттэн 2,9 киһиэхэ диэри аҕыйаата.
Биэрэпис дааннайдарын сүрүн сыаннастара дойду нэһилиэнньэтин туһунан дэҥҥэ көстөр сибидиэнньэлэри биэрэллэригэр сытар. Оннук сибидиэнньэлэр социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыы сүрүн параметрдарын ылыныыга уонна олоххо киллэриигэ көдьүүстээх тирэҕинэн буолаллар. Холобур, демография бэлиитикэтигэр ылыллар дьаһаллар түмүктэрин сыаналааһыҥҥа кыаҕы биэрэллэр. Эрэгистирээссийэтэ суох эр-ойох буолуу элбээһинин мастаабын, эр-ойох буолар сааһы уларытыыны, дьиэ хаһаайыстыбаларын олохторун хаачыстыбатын сыаналааһыҥҥа, нэһилиэнньэ идэлээх буолуутун састаабын туһунан информацияны ылыыга, саҥа бөдөҥ бырайыактары былааннааһыҥҥа исписэлиистэргэ наадыйыыны хайдах толорунары, атын эрэгийиэннэртэн ыҥырары эбэтэр үөрэх кыһаларыгар сакаас оҥорору быһаарыыга, о.д.а. хайысхаларга кыайан сыаналаммат көмөнөн буолаллар.
Үлэ ресурсатын миграциятыгар сыһыаннаах боппуруостарга, биэрэпис дааннайдара уонна сибидиэнньэлэрэ бүтүн дойду да, биирдиилээн эрэгийиэн да чэрчилэринэн сыаналыыр кыаҕы биэрэллэр. Кырыым уонна Севастополь РФ састаабыгар киирэллэригэр, биир бастакы дьаһалынан бу субьектарга нэһилиэнньэ биэрэпиһин ыытарга этиллибитэ. Итинник дьаһалы олоххо киллэрии бу субьектар социальнай уонна экэнэмиичэскэй сайдар суолларын тобулууга бастакы уочараттаах сорук быһыытынан турбута.
2020 сыл алтынньытыгар ыытыллар нэһилиэнньэ Бүтүн Арассыыйатааҕы биэрэпиһэ, урукку биэрэпистэри ыытыыттан чыҥха атыннаах буолуоҕа. Биэрэпиһи ыытыыга, нэһилиэнньэ туһунан сибидиэнньэни хомуйууга сайдыылаах информациялаах технологиялар, Интэриниэт киэҥник туһаныллыахтара.
2020 сыллааҕы нэһилиэнньэ Бүтүн Арассыыйатааҕы биэрэпиһин ыытыыга сүрүн саҥа ньымаларынан буолуохтара:
Бастатан, кыраасданнар бэйэлэригэр табыгастаах бириэмэҕэ, биэрэпис лиистэрин бэйэлэригэр толорор кыаҕы биэрэр судаарыстыбаннай өҥө Биир кэлим порталын интэриниэт-биэрэпиһэ.
Иккиһинэн, кыраасданнар маассабайдык сылдьар сирдэригэр баар стационарнай учаастактарга биэрэпиһи ыытыыга күүһү ууруу.
Маны таһынан, биэрэпис былааҥкаларын толорууга, дааннайдар араас административнай баазаларын информациялара муҥутуурдук туһаныллыахтара. Биэрэпиһи ыытааччылар планшеттарынан уонна электроннай каарталарынан сэбилэниэхтэрэ.
Саҥаны киллэрии төһө да барбытын үрдүнэн, бу 2020 сыллааҕы биэрэпис, саарбаҕа суох, тиһэҕин үгэс буолан кэлбит киэбинэн ыытыллара буолуо. Аны 10 сылынан биэрэпис атын саҥа быраабылалара үлэлиэхтэрэ. Сыыппара технология биэрэпиһи ыытар киһини букатыннаахтык солбуйуоҕа.
Оттон биэрэпискэ кыттыыны ылыы, дойду хас биирдии кырасданьыынын иэһэ буолар анала хаһан да уларыйыа, тугунан да солбуллуо суоҕа.
Прокопий ИВАНОВ