632
06 сентября 2019 в 15:51
Инники соруктары туруорунан
Бу ый 19-20 күннэригэр Дьокуускайга Саха Өрөспүүбүлүкэтин терапевтарын III сийиэстэрэ ыытыллыаҕа
Терапевт идэлээх эмчиттэр I сийиэстэрэ 2013 балаҕан ыйын 12 күнүгэр, оттон II сийиэстэрэ 2016 сыл балаҕан ыйын 22-23 күннэригэр ыытыллыбыттара. Онон, өрөспүүбүлүкэ терапевтарын бөдөҥ холбоһуга, балаҕан ыйын хайы-үйэ үгэскэ кубулуйбут бэйэтин бэлиэ ыйынан ааҕынар толору бырааптаах.
Араас идэлээх эмчиттэр халыҥ аармыйаларын кэккэтигэр терапевтар, туох да мөккүөрэ суох, биир саамай элбэх ахсааннаах уонна, туох да дарбатыыта суох, өрүүтүн үлэ инники үөһүгэр сылдьар бойобуой сулууспа буолар. Итинник этэргэ, сыччах соҕотох төрүөтү аҕалыахха сөп: тыа сирин учаастактааҕы балыыһаларын, амбулаторияларын үлэлэрэ-хамнастара, ол аата олохтоох нэһилиэнньэ доруобуйатын туруга терапевт-быраастар санныларыгар сүгүллэн турар. Өссө чуолкайдыыр буоллахха, бүтүн терапевтическай сулууспа халыҥ кэккэтэ: быраастар, биэлсэрдэр, сиэстэрэлэр, санитарнай уонна атын көмө үлэһиттэр үтүө суобастаах үлэлэриттэн барыта тутулуктанар.
2013 сылга ыытыллыбыт Терапевтар өрөспүүбүлүкэтээҕи I сийиэстэрин көрсө тахсыбыт «Саха сирин терапевтическай сулууспата: история ыстараныыссалара — чахчыларга уонна сабыытыйаларга» дөкүмүөннэргэ олоҕурбут дьоһуннаах кинигэттэн быһыта-ойута тардан аҕаллахха, Саха уобалаһыгар XIX үйэ саҕаланыар диэри доруобуйа харыстабылын судаарыстыбаннай систиэмэтэ суоҕа. Биирдиилээн быраастар биирдэ эмэтэ «анал сорудаҕынан» эрэ кэлэн барар бэрээдэктэрэ баара. 1764 сыллаахха Сенат ыйааҕар сөп түбэһиннэрэн, мэдиссиинискэй кэллиэгийэ быһаарыытынан, 2 дуоктар уонна 4 лиэкэр көмөлөһөөччүтэ Сибииргэ уоспаны уонна ымынахтаах ыарыылары утары охсһууга хомондьуруопкаламмыттар. Кинилэртэн Г.И.Клевецкэй Дьокуускайга тиийэн кэлбит уонна 40-ча сыл кэриҥэ кэмҥэ Саха уобалаһын соҕотох эмчитин дуоһунаһыгар сылдьыбыт. Кини сүнньүнэн уоспаны утары быһыыны ыытыынан, куор уонна ууһатар уорганнарынан бэриллэр сыстыганнаах ыарыылары эмтээһинэн дьарыктанара.
1897 уонна 1889 сылларга Саха уобалаһын мэдиссиинэҕэ иниспиэктэрэ В.А.Вонгородскай тэрийиитинэн, Дьокуускайга уобалас эмчиттэрин бастакы түмсүүлэрэ ыытыллыбыттар. 1908 сыллаахха ыытыллыбыт уобалас быраастарын сийиэстэригэр, Хотугу дойдуга мэдиссиинэ сулууспатын салгыы сайыннарыыга туһуламмыт резолюцияны ылынан туран, Быраастар уопсастыбаларын тэрийэр туһунан быһаарыы ылыллыбыт. Бу уопсастыба оччолорго сэллик, харах одурууна (торохуома), араҥ, бөрөлөй (сииппилис) уо.д.а. сыстыганнаах ыарыылар Саха уобалаһыгар киэҥник тарҕаныыларын биричиинэлэрин чинчийэр сыалы туруоруммута.
Саха уобалаһын мэдиссиинэҕэ иниспиэктэрэ В.А.Вонгородскай, 1893 сыллаахха Кыһыл Кириэс уопсастыба Саха сиринээҕи амбулаторията аһыллыытын, Саха уобалаһын быраастарын уопсастыбата уонна сийиэстэрэ тэриллэн ыытыллыыларын төрдүгэр турбут сүдү өҥөлөөх киһи буолар. 1906 сыллаахха В.А. Вонгородскай быһаччы көҕүлээһининэн уонна кыттыытынан, Дьокуускайдааҕы биэлсэр оскуолата аһыллыбыта. В.А.Вонгордскай бу оскуола дириэктэрэ этэ.
История чахчылара кэрэһэлииллэринэн уонна архыыптар толорута суох сибидиэнньэлэринэн, XVII-XIX үйэлэргэ Саха уобалаһыгар 1651-1652, 1681, 1691-1694, 1758, 1872, 1884-1885 уонна 1889-1890 сылларга 14 уоспа уодаһыннаах дьаҥа туруталыы сылдьыбыт. Бу бэлиэтэммиттэртэн уоспа тиһэх дьаҥар, Саха уобалаһын сыллата тахсар түмэн көрүүтүн дааннайынан 4123 киһи, ол эбэтэр ыалдьыбыт дьонтон 36,0%-на өлбүт.
Саха уобалаһын бастакы кылаабынай эмчитинэн дуоктар Ф.Ф.Реслейн буолар. Кини 40-ча сыл Сибииргэ уонна Хамчааккаҕа бырааһынан үтүө суобастаахтык сулууспалаабыта. Дуоктар Реслейн талан ылбыт идэҕэ чиэстээхтик сулууспалааһын биир бастыҥ холобурунан буолуон сөп.
Прокопий ИВАНОВ
Подробнее читайте в свежем номере газеты по указанной ссылке.
Уважаемые читатели!
- Покупая электронную версию Издания, вы осознаете, что покупаете ее исключительно для личного (семейного) пользования. Перепродажа или любая другая передача купленного вами номера газеты третьим лицам запрещается и может преследоваться по закону.
- Обязанности продавца, в качестве которого выступает Издание, считаются выполненными с момента отправки Покупателю ссылка на скачивание купленного и оплаченного им номера газеты.
- Стоимость газеты в розницу 30 руб.
ВАЖНО! Иногда, по независящим от Издания причинам, спам-фильтры Покупателя перебрасывают письмо с заказанной вами ссылкой в папку «Спам». Поэтому если вы не получили от нас автоматически сгенерированного письма со ссылкой, для начала проверьте папку «Спам». Если его нет и там — обращайтесь в нашу редакцию.