666
17 мая 2019 в 16:14
Истиҥ-иһирэх эйгэ уйата
Ыам ыйын 15 күнүгэр Аан дойдутааҕы дьиэ кэргэн күнүн бэлиэтииллэр. Бу күнү Дьиэ кэргэн күнүнэн НХТ Генеральнай ассамблеята 1993 сыллаахха биллэрбит. Дьиэ кэргэн тула баар кыһалҕаҕа болҕомто тардаары бу күн тэриллибитин туһунан докумуоҥҥа этиллэр. Ол эбэтэр, кэргэнниилэр арахсааһыннарын көрдөрүүтэ уонна соҕотох төрөппүт элбиир, дьиэ кэргэн ытык өйдөбүлүн суолтата намтыыр … Ол да буоллар дьиэ кэргэн киһи аймах тулхадыйбат төрдө буолан бүтүө суоҕа.
Дьиэ кэргэн уопсастыба биир саамай сүрүн инстута диибит. Судаарыстыба дьиэ кэргэни өйүүр миэрэлэрэ сокуоҥҥа олоҕуран үлэлииллэр. Холобур, Ил Түмэн уочараттаах пленарнай мунньаҕар “Саха өрөспүүбүлүкэтигэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн статуһун туһунан” сокуон барылын иккис уонна бүтэһик ааҕыыга ылыналлара былааннанар. Сокуон барылын Ил Түмэн дьиэ кэргэн уонна оҕо аймах дьыалаларыгар кэмитиэтэ бэлэмнээбит. Бу үлэҕэ Ил Түмэн спикерэ Петр Гоголев, вице-спикер Антонина Григорьева, депутаттар Владимир Чичигинаров, Феодосия Габышева, Михаил Гуляев кыттыспыттар.
Депутат санаата
Алена Атласова:
— Биһиги кэмитиэппит тоҕо бастакынан “Саха өрөспүүбүлүкэтигэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн статуһун туһунан” сокуон барылын бэлэмнээн, олоххо киллэрэргэ дьулуста? Тоҕо диэтэххэ, элбэх оҕолоох ыал статуһун чуолкайдык, бүтэһиктээхтик уонна хаттаан эргилибэттии бигэргэтэн бараммыт биирдэ ыал олоҕун чэпчэтэр атын миэрэлэргэ туһаайан үлэлиирбит табыгастаах. Онон бу бэлэмнээбит сокуон барылбыт инники үлэбитигэр бигэ төрүөт буолуоҕа.
“Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн статуһун туһунан” өрөспүүбүлүкэ сокуонун барыла Саха сиригэр олорор элбэх оҕолоох ыалга тугунан көмөлөһүөн сөбүй? Биллэн турар, уруккуттан баччаҕа диэри элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ туһуламмыт чэпчэтиилэр бааллар. Ол чэпчэтиилэр туһунан матырыйаалбытыгар кэпсиэхпит. Онтон бу сокуон барыла биир кыһалҕалаах боппуруоһу быһаарда. Ол туһунан сокуон барылын бэлэмнээбит Ил Түмэн дьиэ кэргэн уонна оҕо аймах кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алена Атласова быһаарыыта бу курдук: “Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр элбэх оҕолоох ыаллары өйөөһүн миэрэтэ 2008 сыл ахсынньы 17 күнүгэр тахсыбыт “СӨ оҕо аймах, ийэ, аҕа, дьиэ кэргэн көмүскэлин туһунан” СӨ сокуонугар олоҕуран оҥоһуллар. Бу сокуоҥҥа элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн ахсааныгар үс уонна онтон элбэх оҕолоох ыал киирэр. Оттон ыал оҕото 18 сааһын туоллаҕына, дьиэ кэргэн иитимньитэ буолан бүтэр, чэпчэтиитэ сотуллар. Холобур, үс оҕолоох ыал улахан оҕото 18 сааһын туоллаҕына, бу ыал элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн статуһун сүтэрэр. Мин 5-с ыҥырыылаах Ил Түмэн депутатынан үлэлиир кэммэр ыал онтон сылтаан чэпчэтиилэриттэн маппытын туһунан холобурдары элбэҕи истэрим. Онно төрөппүттэр оҕо иитимньи буолар сааһын үрдэтэр тоҕоостооҕун туһунан элбэхтэ этинэллэрэ. Ол өйдөнөр. Тоҕо диэтэххэ, оҕо оскуоланы бүтэрээт тута бэйэтин хааччынара уустук, син биир төрөппүттэрин көрүүтүгэр сылдьар. Үөрэххэ киирэн, салгыы идэни баһылыыр кэмигэр төрөппүт көмөтө булгуччу наада. Онон биһиги кэмитиэппит элбэх оҕолоох ыал улахан оҕото оскуоланы бүтэрэн баран үөрэх кыһатыгар күнүскү өттүгэр үөрэнэр эбэтэр аарымыйаҕа сулууспалыыр буоллаҕына, 23 сааһыгар диэри дьиэ кэргэн иитимньи оҕолорун ахсааннарыгар киллэрэр туһунан сокуон барылын бэлэмнээбитэ. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев Ил Түмэн кулун тутар ыйдааҕы пленарнай мунньаҕар бастакы ааҕыыга ылыллыбыт сокуон барылын концепциятын өйөөбүтэ итиэннэ өрөспүүбүлүкэ бюджетыгар ороскуоттары ааҕыыга уонна ороскуот эбэһээтэлистибэлэрин үбүлээһин источниктарын быһаарыыга регион бырабыыталыстыбатын кытта кыттыһан үлэлииргэ этии оҥорбута”.
2018 сыллаах чахчыларынан өрөспүүбүлүкэбитигэр 26 174 элбэх оҕолоох ыал баара биллэр, онтон үстэн элбэх оҕолоохторо — 23151 ыал, биэстэн элбэх оҕолоохторо – 3023 дьиэ кэргэн
Ол курдук СӨ Бырабыыталыстыбатын ситэриилээх былааһын бэрэстэбиитэллэриттэн, депутаттартан турар оробуочай бөлөх тэриллэн, сокуон олоххо киирэригэр өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан төһө эбии үп ирдэнэрин аахпыттар-суоттаабыттар уонна үп ханнык источниктан кэлэрин саба быраҕан быһаарбыттар. Ол курдук, сокуон барыла олоххо киирдэҕинэ, ол эбэтэр үөрэх кыһатыгар үөрэнэр эбэтэр аарымыйаҕа сулууспалыыр 23 саастарын туола илик оҕолоохтор элбэх оҕолоох ыаллар статустарын сүтэрбэккэлэр, сорох түгэҥҥэ төннөрдөхтөрүнэ, кинилэр чэпчэтиилэригэр өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан эбии 85 мөл. солк. курдук ирдэниэҕэ. Ол туһунан ыам ыйын 15 күнүгэр буолбут оробуочай бөлөх мунньаҕар иһитиннэрдилэр. Бу үп атын ороскуоттары аччатан туран бюджеттан кэмигэр булуллуоҕун сөбүн СӨ үпкэ министиэристибэ бэрэстэбиитэлэ иһитиннэрдэ. Ону кытта сокуон барылын бэс ыйын 18 күнүгэр буолар Ил Түмэн уочараттаах пленарнай мунньаҕар ылыннахтарына, олоххо от ыйын 20 күнүттэн киириэн сөбүн туһунан сабаҕалаатылар. Сокуон үлэлээтэҕинэ, усутудьуон эбэтэр аарымыйаҕа сулууспалыыр оҕолордоох ыал статустарын сүтэрбэккэ чэпчэтиилэринэн туһаныахтара. Холобур, сөмөлүөт билиэтигэр субсидия, оҕолорун алта сааһыгар диэри босхо эмп, оскуолаларга босхо аһылык, биэстэн элбэх оҕолоохтор коммунальнай төлөбүрдэригэр субсидия, дьиэ ылалларыгар биир кэмнээх көмө, 10 оҕолоохторго массыына ылалларыгар биир кэмнээх көмө, босхо учаастак уо.д.а.
Сокуон барыла олоххо киирэрин өрөспүүбүлүкэ элбэх оҕолоох ыаллара кэтэһэллэрэ саарбаҕа суох уонна инникитин дьиэ кэргэни өйүүргэ тосхолломмут үлэлэр ыыталларыгар эрэнэллэрэ саарбахтаммат.