928
13 октября 2017 в 10:36
Кредит хабалатыттан тахсарга көмөлөһүөхтэрин сөп
Сорох маҕаһыыннарга киирэр аан аттыгар “Иэс биэрэбит” диэн харчыта суох киһини тардар суруктаах киоскаларга кэтиллэ түһэҕин. Оттон кыра да сууманы ылбыт киһи ардыгар харчыга кыпчыттаран, иэһин кэмигэр төлөөбөт, онон бырыһыана үрдээн, саллайан, кэнникинэн олох да иэһи төннөрөр кыаҕа суох буолар.
Итинник иэстээх дьоҥҥо Госдума депутаттара көмөлөһөр санаалаахтар. Ол курдук, Госдумаҕа киирбит сокуон барылын быһыытынан, 2016 сыл кулун тутар 29 күнүгэр диэри кыра иэс ылбыт уонна кэмигэр төлөөбөтөх дьон иэс хабалатыттан тахсаллара кыаллыан сөп. Докумуон “Парламент хаһыатыгар” балаҕан ыйыгар киирбит.
Бу сокуон ылылыннаҕына, баантан буолбакка, кыра финансовай тэрилтэттэн (МФО) иэс ылбыт дьон, бырыһыаннара аһара улааппыт да түгэнигэр, иэстэрин 3 төгүл улаатыннарыллыбыт сууматыттан аһарбат харчыны төлүүр кыахтаныахтара. Маныаха иэстэрин бырыһыана ылбыт суумаларын 2 төгүл улаатыннарыллыбыт кээмэйиттэн үрдүк буолуо суохтаах.
Оттон билигин үлэлиир сокуонунан, ааҕыллыбыт бырыһыаннары учуоттаан, бэриллибит суума үс гыммыт кээмэйин иэс бэйэтэ аһарыа суохтаах. Холобур, киһи 10 тыһ. солк. кредити ыллаҕына, ханнык да түгэҥҥэ кини төннөрүөхтээх иэһэ 30 тыһ. солк. аһарыа суохтаах. Иэһин төннөрүүнү уһаппытын иһин бырыһыаннара төннөрүллүбэтэх иэһин сууматыгар эрэ ааҕыллар итиэннэ ити суума иэстэн 2 төгүл улааттаҕына, бырыһыаннары ааҕыы тохтуур. Ол эрээри бүгүҥҥү күҥҥэ ити быраабылалар 2016 сыл кулун тутар 29 күнүттэн саҕалаан түһэрсиллибит дуогабардарга эрэ үлэлииллэр.
Сокуон барылын көҕүлээччи Андрей Барышев ыйыллыбыт кэмҥэ диэри (2016 с. кулун тутар 29 к. диэри) кыра финансовай тэрилтэттэн кредит ылбыт дьоҥҥо эмиэ сокуон дьайыытын тарҕатарга этии киллэрдэ. Маныаха ити эргэ дуогабардарга бырыһыан ставката «сыллааҕыта ортотунан 600-800 бырыһыаҥҥа тэҥ, онон гражданнар маннык кредиттэри төннөрөр кыахтара суох», диэн докумуоҥҥа суруллубут. Үп-харчы эйгэтигэр мөлтөх билиилээх дьону, ордук саамай наадалаахха эрэ кыра иэс ылар нэһилиэнньэ көмүскэлэ суох араҥатын бу сокуон “кредит хабалатыттан” босхолуур аналлаах.
«Статистика этэринэн, итинник 11 мөлүйүөҥҥэ чугаһыыр иэс микрофинансовай тэрилтэлэр тустарынан сокуон ылыллыбытын кэннэ, 2010-2016 сс. бэриллибит”, — диэн Барышев “Парламент хаһыатыгар” иһитиннэрдэ.
Кини кэпсииринэн, бу кэмҥэ бырыһыаннарын суумата улаатан, иэс бэйэтин сууматын 8-10 төгүл аһарбыт. Онтон сылтаан дьон аһара улахан сууманы төлүүргэ, сорохтор олорор дьиэлэрин кытта атыылыырга күһэллэллэр.
«Сокуон дьайыытын кэҥэтэммит, биһиги иэскэ киирбит мөлүйүөнүнэн дьон балаһыанньатын тупсарыахпыт», — диэн ааҕар депутат.
Хаартыскалар Интернет ситимиттэн туһанылыннылар.