687

26 июля 2019 в 12:40

«Оруоһун саагыбара» — «бастакы хараҥаччы»

XIX үйэ иккис аҥаарыгар, XX үйэ саҥатыгар саха омугун интэлигиэнсийэтин сүрдээх чараас араҥата баара. Арассыыйа импиэрийэтин көмүллэр иинин хасыһан биэрбит 1917 сыл олунньутааҕы, онтон отой даҕаны көмүллэр тиһэх ырыатын ыллаппыт сэтинньитээҕи өрөбөлүүссүйэлэр саҕаланыыларыгар, саха эдэр саҥа көлүөнэ интэлигиэнсийэтэ инники күөҥҥэ тахсыбыта. Өрөбөлүүссүйэ сүрүн идьиэйэтэ эргэни эһэр, саҥаны туругурдар сыаллааҕынан, дьону булгуччу утарыта харсар икки лааҕырга хайытыахтаах. Саха сирин ылар буоллахха, олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэни саха оччотооҕу үөрэхтээхтэрэ улахан үөрүүнэн уонна биир оннук сырдык кэскилгэ эрэлинэн ылыммыттара. Оттон Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ, саха интэлигиэнсийэтин, кырдьаҕаһыттан-эдэриттэн тутулуга суох, икки аҥы хайыппыта. Хайы-үйэ бассабыыктар идьиэйэлэригэр уһуллубут, ону эттиин-хаанныын ылыммыт, охсуһуу суолугар турунарга хорсун быһаарыныылаах, талааннаах, уоттаах-төлөннөөх ыччат дьон барыкаада үрдүгэр тахсыбыта. Саха норуота үөрэхтээх дьонун көмүскэ холуура Саха, былыргыттан үөрэҕи өрө тутар, үрдүктүк сыаналыыр, үөрэхтээх дьонун ытыктыыр омук буолар. Саха билиэн-көрүөн баҕата сүрдээх күүстээх буолан, атын киһини кытта кэпсэтэрин, кинини истэрин, ол-бу сонуну туоһулаһарын туохтааҕар да ордорор. Оччотооҕу түҥ бүтэй хараҥа олоххо үөскээбит саха оҕото, үөрэҕи ылынар дьоҕурун, билиигэ-көрүүгэ аһаҕас эттээҕин чорбоччу тутан бэлиэтээн суруйуу аҕыйаҕа суох. Саха үөрэҕи ураты сыаналыыр буолан, бэйэтин үөрэхтээх дьонугар биир оннук ураты сыһыаннаах этэ. Бутуурдаах-буккуурдаах арааһынай сылларга, кытаанах кэмнэргэ саха дьоно «хайа, ол үөрэхтээхтэрбит туох дииллэр үһүнүй» диэн булгуччу ыйытар, түөргүлэһэр буолара. Бэл, билигин даҕаны дьон өйүн-санаатын таарыйар сытыы боппуруос эбэтэр кыһалҕа күөрэйдэҕинэ, «үөрэхтээхтэрбит норуоттарыгар анаан тылларын иһитиннэрбэттэр, кинилэри туох да таарыйбат курдук» диэн хомнуур санааларын быктаран аһарааччылар суох буолбатахтар. Улуу нуучча хара норуота бэйэтин интэлигиэнсийэтигэр сыһыана мэлдьитин тоҥуй курдук этэ. Кинилэр икки ардыларыгар, боростуой норуот өттүттэн итэҕэйбэт буолуу, ордуҕургааһын, тымныы сыһыан өрүүтүн баара. Нуучча урукку бастыҥ интэлигиэнсийэтэ бэйэтин гуманизмынан, норуотун сырдатар, кини кыһалҕатын чэпчэтэр, киниэхэ сулууспалыыр дьулуурунан ханна да хатыламматах эриэккэстээх көстүү этэ. Ол үрдүнэн, норуотуттан боччумнаах өйөбүлү ылбатаҕа. Өрөбөлүүссүйэ иннинэ үөрэхтэммит сахалар, кинилэр баайдарыттан-дьадаҥыларыттан тутулуга суох, ол нуучча чулуу интэлигиэнсийэтин үтүөкэннээх холобурун билэн-көрөн эрэ буолбакка, ол тыыҥҥа уһуллан үөрэммит дьон буолар. Сэбиэскэй былаас Саха сиригэр олохтоноругар, бассабыык баартыйа суһаллык дьакыйар уоргана – ЧК - сүнньүнэн саха баай төрүттээх-уустаах үөрэхтээх дьонун аҥаар кырыытыттан тутан-хаайан, эбиитин өлөртөөн киирэн барбыт хабыр бэлиитикэтэ (кыһыл дьууктааһын), Кырасдааныскай сэрии турарыгар элбэхтэн биир төрүөтүнэн буолбута. «Саҥа былаас саха үөрэхтээҕин, бастыҥ дьонун кырган эрэр үһү» диэн кэпсиир куһаҕан сонун-нуомас Саха сирин былаһын тухары тарҕаммыта баар суол. Бастаанньа уота өрө күүдэпчилэнэн туруутугар, саха норуота бэйэтин үөрэхтээҕин көмүскэһэр, харыһыйар күн санаата эмиэ баарыгар, биһиги саарбахтыа суох кэриҥнээхпит. «Кыайбыт — дьоло, кыайтарбыт — соро» диэбиккэ дылы, биһиги историябытыгар, ордук уус-уран литэрэтиирэбитигэр, бэлитиичэскэй коньюнктураҕа сөп түбэһиннэрэн, биир барыстаах өрүтү булгуччу халлааҥҥа тиийэ хайҕаан, сырдык эрэ кыраасканан ойуулаан, онтон атынын сиэрэ суох самнаран суруйуу, ойуулааһын, кытаанах үгэскэ кубулуйбут кыдьыга биһиэхэ баарынан баар. Өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи, сэбиэскэй былаас бастакы сылларынааҕы саха национальнай интэлигиэнсийэтин олоҕун уонна охсуһуутун суола толору сурулунна дииргэ, бука, эрдэ буолуо. Ааспыт үйэ 1980-с сылларын бүтүүлэриттэн история уонна архыып дөкүмүөннэригэр, биирдиилээн дьон ахтыыларыгар, о.д.а. источниктарга олоҕуран суруллубут наука хабааннаах үлэлэр, кинигэлэр, ыстатыйалар тахсыталыы тураллара, бу хойукку атын көлүөнэлэр, ол дьэбир кэм быһаҕас дьылҕалаабыт дьонун иннилэригэр толоруохтаах иэстэрэ буолар. Ол улахан уларыйыылаах уонна охсуһуулаах кэмнэргэ «Оруоһун саагыбара» диэн аатынан Саха сиригэр Сэбиэскэй былаас атаҕар туруутун историятыгар киирбит бэлитиичэскэй дьыаланы, ааҕааччыларга өссө төгүл хатылаан билиһиннэрдэххэ, ордук-хоһу буолуо суоҕа оҥоробун. Саҥа суруйуу буолбатах, араас кэмнэргэ араас литэрэтиирэҕэ уонна историяҕа суруллубут, элбэхтэ ахтыллыбыт «дьыала» буолар. Манна сыһыаран эттэххэ, Саха сиригэр барбыт Кырасдааныскай сэрии уонна Сэбиэскэй былаас атаҕар туруутун тиэмэлэригэр бөдөҥ үлэлэрдээх саха историк учуонайдара Афанасий Иннокентьевич Новгородов, Гавриил Георгиевич Макаров, Прокопий Устинович Петров, Василий Назарович Чемезов, Егор Егорович Алексеев, Розалия Васильевна Шелехова, Георгий Прокопьевич Башарин, Василий Игнатьевич Федоров уо.д.а. үлэлэрэ киэҥник биллэллэр. Туохха буруйдаабыттарай? Бүгүҥҥү сэһэргэһээччим, Гуманитарнай чинчийии уонна Хотугу төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттар проблемаларын үнүстүүтүн Саха сирин историятыгар уонна этносоциологиятыгар отделын наукаҕа сүрүннүүр үлэһитэ, история наукатын хандьыдаата Егор Антонов. Бары үчүгэйдик билэбит: саҥа кэмҥэ, саҥалыы көрүүнэн салайтаран, «Саха сирин историята» фундаментальнай научнай үлэ суруллан, бэчээккэ бэлэмнэнэ сылдьарын. Егор Петрович «Саха сирин история­та» кинигэ үhүc туомугар Кырасдааныскай сэриини уонна 20-с сыллардааҕы национальнай судаарыс­тыбаннай тутууну хабар кэми сырдатыыга үлэлээтэ. Онон кини бу кэпсээниттэн, урут умнубуппутун өйдөөн кэлиэхпит уонна, саамай сүрүнэ, саҥалыы көрүүнэн, саҥалыы сыһыанынан суруйууга болҕомтобутун ууруохпут. — 1920 сыл атырдьах ыйыгар Дьокуускайга «Оруоһун саагыбара» арыллыбытын туһунан сурах-садьык бастаан куораты, онтон чугастааҕы улуустары толорон кэбиһэр. Саха уопсастыбаннай дьиэйэтэлэ Арамаан Уйбаанабыс Оруоһун (1892 – 1922), Таатта Игидэйин баайа Ньукулай Оруоhун сиэнэ. Улууhугар суруксуттаабыт. А.И. Софронов-Алампа «таатталарга барыбытыгар баhылык киhи» диэбиттээх. 1912 с. сахалар си­йиэстэригэр учуутал сэминээри­йэтин аhарга этии киллэрбитэ. Икки сылынан сэминээрийэ аhыллыбыта. Саагыбары чэкиистэр арыйбыт аатыраллар, арыйбыт дьон буолалларынан итинник «ааты» иҥэрэллэр. Саагыбар салайааччыларынан Р.И.Оросин, В.В.Никифоров-Күлүмнүүр, кэлин Чурапчыга тэриллибит Уобаластааҕы быстах Саха сиринээҕи норуот управлениетын бэрэссэдээтэлэ буолбут Г.С.Ефимов, Таатта биир үөрэхтээҕэ А.В.Давыдов ааттаммыттар. Саагыбардаһыыга күтүрэммит дьон бары национальнай интэлигиэнсийэ бэрэстэбиитэллэрэ. Бу гынан баран, кинилэр чуолкай испииһэктэрэ архыыптарга суох. Чуолкайдамматах дааннайынан, 50-ча киһи кыттыспыт курдук. Бу туох сыаллаах тэриллибит саагыбарый? Ону чопчулуур инниттэн, эрдэтээҥҥи быһыыны-майгыны кытта билсэр наада. Апполинарий Рыдзинскай хамандыырдаах кыһыл этэрээт Уркуускайтан Бодойбонон Өлүөхүмэҕэ, онтон салгыы борохуотунан Дьокуускайга устан кэлэн, от ыйын 1 күнүгэр куораты сэриилээн ылар. Сэбиэскэй былаас олохтонор. Бу иннинэ Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн тэриллибит Уобаластааҕы сэбиэти (олохтоох үрдүкү былааһы) В.Н.Соловьев, Земство быраабатын В.В.Никифоров-Күлүмнүүр салайаллара. Уопсастыбаннай куттал суох буолуутун кэмитиэтэ уонна уобаластааҕы милииссийэ тэриллибиттэрэ. Уобаластааҕы сэбиэт чилиэннэринэн земствоттан В.В.Попов, П.В.Осипов, П.А.Бондалетов, федералистартан А.Д.Широких, национальнай кэмитиэттэн Р.И.Оросин уо.д.а. бааллара. Араас баартыйалар, уопсастыбаннай тэрилтэлэр, национальнай общиналар бэрэстэбиитэллэриттэн турар уопсайа 15 чилиэннээҕэ. От ыйыгар олохтоммут кыһыл былааһа 1,5 ый эрэ кэмҥэ тулуктаһар, салайааччылара уонна ордук көхтөөх чилиэннэрэ хаайыллаллар. Уобаластааҕы сэбиэт былааһа төттөрү олохсуйар. 1919 сыл ахсынньы 14–15 хонугун түүнүгэр өрө туруу буолан, Сэбиэскэй былаас Саха сиригэр дьэ дьиҥнээхтик уонна букатыннаахтык туругурар. Ыраахтааҕылаах Арассыы­йаҕа сахалар көс олохтоох туора урдустарынан ааҕыллар буоланнар, үрдүкү бэрэстэбии­тэллээх систиэмэҕэ быыбардыыр да, быы­барданар да, бырааптара суоҕа. Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ кэннитэн, сахалар бэлиитикэҕэ киирсэр кыахтаахтарын, бэлэмнээхтэрин толору көрдөрбүттэрэ. Бэлитиичэскэй баартыйалар тэриллитэлээн, өй-санаа, билии-көрүү өттүнэн кыахтаах дьон тахсыталаан кэлбиттэрэ. Кэлин саха норуотун уһулуччулаах учуонайа буолбут Г.В.Ксенофонтов, саха алпаабытын, буукубаарын төрүттээбит С.А.Новгородов, Арҕаа Хаҥалас улууһуттан төрүттээх, киэҥник биллэр интэлигиэн А.Д.Широких тэрийээччилэрдээх «Федералистар сойуустара» 1198 чилиэннээҕэ. Култуурунай сайдыыны уонна сайыннарыыны инники тутар Кадеттар баартыйаларыгар В.Н.Леонтьев (кэлин юстиция норкуомун солбуйааччы, литэрэтиирэ кириитигэ, «Саха омук» култуурунай-сырдатар холбоhyк салайааччыта), Г.А.Попов (кэлин историк, преподаватель) бааллара. Сибиирдээҕи эрэпкиэм (Сибревком) Омскайга кииннэнэн үлэлиирэ. Манна саха национальнай интэлигиэнсийэтиттэн улахан сэрэхэдийии тыына баара. Член Сиббюро В.И. Хотимский и председатель Сибревкома И.Н. Смирнов, учитывая оторванность области, культурную отсталость населения, считали, что организация автономной Якутской республики не вызовет революционного брожения среди якутов и приведет к ее захвату Японией или США. Их оппоненты член Сиббюро В.Н. Яковлева и зам. председателя Сибревкома С.Е. Чуцкаев находили, что отказ в автономии, нарушит политику советской власти в национальном вопросе и возбудит среди якутов националистическое или даже шовинистическое движение. Сиббюро ввиду того, что голоса разделились, представило в ЦК РКП(б) оба предложения. При этом Яковлева и Чуцкаев высказали свое особое мнение, где отметили отсутствие доказательств облегчения завоевания японским капиталом Якутии после предоставления ей автономии. Отказ якутам в автономном статусе они расценили отступлением от советской национальной политики. Более того, в запрете на государственность усматривалось продолжение дореволюционной политики национального угнетения якутского народа, что чревато было зарождением националистического движения с целью полного выхода Якутии из состава РСФСР. Хотимский и Смирнов также высказали свое особое мнение, где указывалось соседство экономически отсталой Якутской области с колониями японского империализма, стремящегося к захватам территорий в Сибири. Ими отмечалась активность туземной буржуазной интеллигенции, панмонгольских и шовинистических элементов при полном отсутствии пролетариата и слабости коммунистической туземной организации РКП(б). В этих условиях автономия вручала туземным панмонгольски настроенным элементам политическую власть над якутами, усиливала сепаратизм от РСФСР и способствовала созданию японского плацдарма в Ленском крае. (Новосибирскайдааҕы судаарыстыбаннай архыып) Сибиирдээҕи эрэпкиэм Саха сирин Уркуускай күбүөрүнэтин оройуона оҥорор туһунан бастаан этии көтөҕөр. Онтон ити эрэпкиэм 1920 сыл муус устар 20 күнүнээҕи быһаарыытынан, Саха сирэ оройуон ыстаатыстанар. Сэбиэскэй Саха сирин салалтата итинник быһаарыыны утарар, национальнай интэлигиэнсийэ киниэхэ кыттыһар. 28 мая 1920 г. совещание представителей трудовых профессиональных организаций констатировало лишение Якутией самостоятельности, высказало протест против присоединения Ленского края к Иркутской губернии и настаивало на восстановлении статуса Якутской области (ГАИО. Ф.р.42. Оп.1. Д.30. Л.1). Председатель ревкома Х. Гладунов писал в своей телеграмме от 4 июня 1920 г. привел следующие аргументы: перенос управления из Якутска в Иркутск означал переход на юг «лучших сил области», возникновением длительного ожидания распоряжений по финансовым, административным, продовольственным и прочим вопросам, опозданием с выделением средств, когда на их получение с целью борьбы с эпидемиями на согласования тратились недели. Кроме того, происходили задержки командированных лиц, возникли препятствия в составлении якутских учебных программ, сложились трудности в реформировании судопроизводства, основанного на обычном праве, транспортная связь прерывалась весной и осенью, пути сообщения находились в неудовлетворительном состоянии. Канцелярская волокита представляла собой прямую угрозу навигации с целью обеспечения северного региона промышленными и продовольственными товарами. Якутский район лишился возможности своевременно высылать своего представителя в Иркутск для разрешения насущных хозяйственных, правовых и иных вопросов (ГАИО. Ф.р.42. Оп.1. Д.45. Л.1, 2). Ол будулҕаннаах 1920-с сылларга бу түбэлтэни олохтоох былаас уонна национальнай интэлигиэнсийэ биир санааҕа кэлиилэрин соҕотох көстүүтүнэн ааҕыахха сөп. Урутаан эттэххэ, Саха сирин хаттаан күбүөрүнэ оҥорор туһунан Сибиирдээҕи эрэпкиэм уурааҕа 1920 сыл атырдьах ыйын 21 күнүгэр тахсар. Сибиирдээҕи эрэпкиэм да, киин былаас да Саха сирин салалтатын буруйдууртан тоҕо эрэ туттуммуттар. Ол оннугар «Оруоһун саагыбара» дэнэр дьыала күөрэйэн тахсар. Омук бэйэтин билинэр өйө-санаата уһуктуута «Оруоһун саагыбара» — Сэбиэскэй былаас, кини охсор илиитэ, тэбэр атаҕа чыкаа, саха национальнай интэлигиэнсийэтин утары ыыппыт аан бастакы эрэпириэссийэлээх холонуута этэ. Була сатаан буруйдааһын, саарбах дакаастабыллар – барыта бааллар. «Воинский устав» нууччалыыттан сахалыы тылбаастаммытын буланнар, байыаннай саагыбар тэриллибитин курдук буруйдааһын оҥоһуллар. Муҥутаатаҕына, алын кы­лаас үөрэхтээх эбэтэр төрүкү да үөрэҕэ суох чэкиис мургуттара оччолорго Саха сиригэр суохтара эбитэ буолуо диэн бигэргэтэргэ уустук дьыала. Олунньутааҕы өрөбө­лүүссүйэ сабыдыалынан, сахаҕа национальнай бэйэни билинии өйө-санаата уһуктубута. Ол хамсааһыны национальнай интэлигиэнсийэ бастыҥ бэрэстэбиитэллэрэ иилээн-саҕалаан салайбыттара. Ол түмүгэр «Саха аймах» култуурунай-сырдатар уопсастыба тэриллибитэ. Уопсастыба буоластарга (улуустарга) филиаллардаммыта. Сахалыы уус-уран литэрэтиирэ, сурук-бичик, үөрэҕирии, тыйаатыр ускуустубата, бэл наука хайысхалаах чинчийиилэр олохтонон уонна сайыннарыллан барбыттара. «Саха аймах» уопсастыбаны бэйэтин уонна сайыннарар үлэтин сөбүлээбэт, ону ааһан араас суолга күтүрээччи аҕыйаҕа суоҕа. «Саха аймах» — саха интэлигиэнсийэтэ кубулҕат сирэйин саптынар уонна националистыы өйүн-санаатын кистэнэр сабыыта буолар» диэн буруйдууллара. «Саха сирэ – сахаларга!» луоһуну туттууга күтүрүүллэрэ. «Оруоһун саагыбарынан» сылтанан, «Саха аймах» уопсастыба сабыллар. Ыпсыыта кыттыбатах «дьыала» Саха сирэ уонна сахалар Дьоппуоҥҥа хабааттыылаахтарын туһунан буруйдааһын Сэбиэскэй былаас бастакы кэмнэриттэн саҕаламмыта. Дальнай Восток өрөспүүбүлүкэтэ 1922 сылга диэри бэйэтин баһын бэйэтэ бас билинэр өрөспүүбүлүкэ этэ. Саха сирэ, баҕарбатаҕын да иһин, ол кыраныысса аттынааҕы эрэгийиэн курдук балаһыанньаланан хаалбыта. Араас төрүөтүнэн, силиэс­тийэҕэ бэйэ-бэйэни уксан, түсүһэн биэрии ханна баҕарар, хаһан баҕарар баар буолар. «Холбос» үлэһитэ П. Д. Яковлев Кузьма Осипович Гавриловы, Гавриил Васильевич Ксенофонтовы, Захар Андреевич Яковлевы Оруоһун саагыбарын кыттыылаахтара диэбит көрдөрүүтэ баар. Эмиэ кини көрдөрүүтүнэн, «Буойунус­кай устаабы» Арамаан Оруоһун 1919 сыллаахха саха дуруһуунньуктарыгар анаан тылбаастаабыт аатырбыта. Дьиҥнээҕинэн, Земствоҕа а­наан эрдэ оҥоһуллубут тылбаас этэ. Биир аата-суола кистэммит ааптар саагыбарга кыттыылаах 50 киһи испииһэгин биэрбит. Ол испииһэккэ уруккута Мэҥэ улууһун кулубата Д.И.Слепцов, Чурапчы кулубата М.С.Шеломов, Чурапчы тойотторо С.С.Иннокентьев, В.Г.Попов уо.д.а. бааллар. Саха күбүөрүнэтин эрэпкиэмин бэрэссэдээтэлэ М.К.Аммосов Сибиирдээҕи эрэпкиэмтэн «хаайыллыбыт дьону ханна ыытабытый эбэтэр манна хаалларабыт дуу» диэн ыйытар. Итиннэ эбэн, «дьону хаайбыттан сылтаан, олохтоох былаас уонна национальнай интэлигиэнсийэ икки ардыларынааҕы сыһыан уустугуруо. Ол түмүгэр, миэстэтигэр бассабыык былааһа мөлтүүргэ барыа» диэн сэрэтэн этэр. Ити кэмҥэ Сибиирдээҕи бюро бэрэссэдээтэлэ – Е.М.Ярославскай. Оруоһуну сирэй билэр киһитэ. Аммосовтаах тэлэгэрээбинэн Ярославскай маннык эппиэтин туппуттар: « Национальнай интэлигиэнсийэни кытта сыһыаны сытыырхаппат инниттэн, саагыбарсыктар дьыалаларын сымнатыҥ, култуурунай-сырдатар уопсастыбаны чөлүгэр түһэриҥ». (Ярославскай бу эппиэтин мин 2016 сыллаахха Новосибирскайдааҕы судаарыстыбаннай архыып 1 ф. 2 опиһын, 84 дь. 4 л. булан сурунан ылбытым. – Е.А.). Түрмэттэн – Сынньанар дьиэҕэ Оруоһуннаах Күлүмнүүр Омскайга Сибиирдээҕи эрэпкиэм быһаарыытыгар анаан ыытыллаллар. Омскайга кэлэн, босхолонон, Сибиирдээҕи эрэпкиэм үлэһиттэрин Сынньанар дьиэлэригэр киирэллэр. Иккиэннэрин Сибиир норуодунастарын (Сибнац) отделын Саха сиринээҕи хос отделын үстүрүүктэрдэринэн үлэҕэ ылаллар. Сибиирдээҕи эрэпкиэм «өстөөххө маннык уйаҕас сыһыанын» утаран, баартыйата суохтар Чурапчытааҕы II кэмпириэнсийэлэрин кыттыылаахтара: «Өстөөхтөр Оруоһуну уонна Микииппэрэби Сибнацка буолбакка, үйэлэргэ хара дуоскаҕа хатаан туран, бэрт түргэнник лааҕырга утаартыырга» этэн тэлэгэрээмэ охсоллор. Р.И. Оросин дойдутугар төннөөрү сылдьан Томскай куо­ракка ис тиибинэн ыалдьан өлбүтэ. Ол туhyнан «Автономная Якутия» хаhыакка маннык биллэрии тахсыбыта (19.08.1922): «Сибирс­кие газеты принесли известие о смерти в Томске от осложнений сыпного тифа бывшего работника народного образования и кооперации Р.И. Оросина». Түмүккэ. «Оруоһун саагыбара», Сэбиэскэй былаас Саха сиригэр саханы утары (манна национальнай интэлигиэнсийэнэн сирэйдээн диэн быһааран эбэн этиэххэ сөп. – Е.А.) ыыппыт бу бастакы бэлитиичэскэй эрэпириэссийэтэ этэ. Мантан салгыы, 1921 сылга «Олунньутааҕы саагыбар» арыллан, улахан сиэртибэлээх, тутуу-хабыы кытаанаҕа ыытыллыбыта. Саха уопсастыбатын олоҕор алдьархайынан ааҥнаабыт, нэһилиэнньэтин араас араҥатын, ол иһигэр үрдүкү салалтатын, национальнай интэлигиэнсийэтин, хара норуотун хаппыт «Конфедералистар дьыалалара»…Кэмиттэн кэмигэр, уочараттаах бэлитиичэскэй эрэпириэссийэлэр салҕанан бара турбуттара. «Оруоһун саагыбара», чыкаалар бастакы холонон көрүүлэрэ буолан эбитэ дуу, эбэтэр киһи иилэн ылбат гына халы-мааргытык бөрөөн оҥорбут дьыалалара буолан эбитэ дуу, хаана-бааһа суох түмүктэммит «саагыбар» буолар диэххэ наада. Саагыбары салайбыт, кыттыспыт да дьон Дьокуускайга да, Сибревкомҥа да тиийэн сууттамматахтара итинник түмүгү оҥорорго төрүөтү биэрэр. Бу гынан баран, чэкиистэр «аҕалаатар аҕалара» Ф.Э.Дзержинскэй эппитинии, кинилэр обургулар «итии сүрэхтээх, тымныы төбөлөөх уонна ыраас илиилээх» дьон буолалларынан, тугу да умнубат, сыыска хаалларбат үгэстэринэн, «Оруоһун саагыбарыттан» саҕалаан, хас эмэ уонунан уһун сылларга «саха национализмын» кытта утумнаахтык уонна сорунуулаахтык охсуспут албаннаах суоллаахтар. Оччолорго Губревком бэрэссэдээтэлэ М.К.Аммосов Сибревкомҥа суругуттан киһи туох түмүгү оҥоруон сөбүй? Тус бэйэ тириитин туһугар куттанар сибики төрдүттэн биллибэт. Атын былааһынан «буруйдаахтары» чокуттаран, онон «бэйэ илиитин суунан кэбиһэргэ» холонуу баар диэн, ама, хайдах буолбут киһи айахтатыай. Аммосовтаах, Ойуунускайдаах (кинилэр соратниктарын бииргэ киллэрэн туран), саха норуотун (кыһыл былааһы утарбыты кытта) туох кыалларынан арчылыы сатаабыттара. Кинилэри киэргэтэ сатаан итинник түмүгү оҥоһуллубат. Аммосовтаах өрөбөлүүссүйэ уонна Кырасдааныскай сэрии уопсастыбаны икки аҥы хайытыахтааҕын өйдөөбөт бэйэлээх буолуохтара дуо. Төһө уонна туох кыалларынан, норуоттарын харыстыы сатаабыт хорсун быһыылара уонна ол инниттэн кэмин иннинэ быстыбыт ыар дьылҕалара итинник бигэргэтэргэ толору быраабы биэрэр. «Оруоһун саагыбара» уота-күөһэ сириэдийбэккэ умуллубутугар, оттон салайааччыларын Сибревкомҥа «ытыс үрдүгэр» түһэрэн ылыыларыгар, биллиилээх бассабыык, оччолорго Сиббюро бэрэссэдээтэлэ Е.М.Ярославскай үтүөтэ-өҥөтө уһулуччу улахана, ханнык да саарбахтааһыҥҥа турбат. Доҕор үтүөтэ алдьархайга биллэр диэн итинниги этэн эрдэхтэрэ.

Поделиться