625
24 июня 2019 в 19:16
Сталинграды көмүскэспит Саха сирин буойуннарыгар
Сталинград кыргыһыытыгар кыттыбыт Саха сирин буойуннарын туһунан кинигэни таһаарыыга Ил Түмэн биир күннээх хамнаһын көһөрдө.
Кинигэни Саха сирин Национальнай архыыба бэлэмнээтэ. Архыып үлэһиттэрэ итини сэргэ Кашира, Ржев куораттар анныларынааҕы кыргыһыыларга, Японияны утары сэриигэ кыттыбыт буойуннар уонна фашистскай Германияҕа өлүү лааҕырдарыгар сору-муҥу көрбүт Саха сирин дьонун туһунан өссө түөрт кинигэ матырыйаалын муспуттар.
“Саха сирин буойуннара Сталинград кыргыһыытыгар. 1942 с. от ыйын 17 к. – 1943 с. олунньу 2 к.” кинигэни таһаарыыга өрөспүүбүлүкэ парламена көмө оҥордо. Ол курдук, парламент салайааччылара уонна сис кэмитиэттэр бэрэссэдээтэллэрэ, аппараат үлэһиттэрэ биир күннээх хамнастарын мунньан биэрдилэр.
Кинигэ ааптара — Национальнай архыып кылаабынай археограба Александр Калашников. Манна военачальниктар Георгий Жуков, Константин Рокоссовскай, Василий Чуйков, Михаил Шумилов ахтыылара, РФ Оборонаҕа министиэристибэтин Киин архыыбын фондаларыттан докумуоннар, бэтэрээннэр ахтыылара, Сталинграды көмүскэспиттэр тустарынан ыстатыйалар киирбиттэр. Өйдөбүнньүк кинигэҕэ киллэриллибэтэх, Сталинград иһин, Мамаев Кургаҥҥа дьоруойдуу охтубуттар, “Сталинграды көмүскээһин иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыттар испииһэктэрэ баар.
“Национальнай архыып бэлэмнээбит өссө 4 кинигэтэ бэчээккэ бэлэмнэр. Ил Дархан биллэрбит Сомоҕолоһуу сылыгар кинилэр көҕүлээһиннэрэ өйөнүөҕэр Ил Түмэҥҥэ эрэнэллэр, оччоҕуна Улуу Кыайыы 75 сылыгар 5 кинигэ күн сирин көрүөҕэ”, — диэн Ил Түмэн пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.