618

04 мая 2019 в 17:19

Тааттаҕа суоппардар түмсүүлэрэ баар

Тааттаҕа суоппар эр дьон түмсүүлэрэ баарын сонурҕуу истэммин, бу Маай, Саас уонна Үлэ бырааһынньыгар үлэ дьонун туһунан сырдатыахпын баҕардым. Билигин эр дьоннор сомоҕолоһуулара уонна түмсүүлэрэ өрөспүүбүлүкэ үгүс улуустарыгар уһуктан эрэллэр. Сомоҕолоһуу сылыгар үлэ дьоно бэйэлэрэ түмсэннэр араас тэрээһиннэри, көҕүлээһиннэри ыыталлара, кыһалҕалаах дьонноругар көмө оҥороллоро, 5 мөл. суумаҕа тиийэр үбү хомуйан сквер туталлара үтүө холобур буолар. Түмсүү чилиэнэ Светлана Игнатьева манныгы кэпсээтэ:


— Биллэрин курдук, 90-с сылларга ыһыллыы-тоҕуллуу сылларыгар урукку улахан тэрилтэлэр эстэннэр, үгүс тыа дьоно суол арахсыытын төрдүгэр туран хаалбыта. Ордук олох-дьаһах олохсуйбут отуора хамсаабыта эр дьоннорго улахан охсуулаах буолбута. Биһиги, дьахталлар, араас түмсүүлэрдээх эбит буоллахпытына, эр дьоннорбут соҕотох туран хаалбыт курдук буолбуттара. Ол иһин кинилэри түмэр сыалтан 2016 сыллаахха бу түмсүүнү тэриммиппит. Биллэн турар, эр дьону түмэр ыарахан, үксүлэрэ уопсастыбаҕа улаханнык тахсыбакка олорон хаалбыт дьон. Кинилэр билигин уустук кэмҥэ биир сүбэнэн үлэлиир, олорор ордугун, кыайыылааҕын-хотуулааҕын өйдөөннөр сүрдээҕин түмүлүннүлэр. Манна биһиги дьиэ кэргэнинэн бары киирбиппит, оҕолорбутун кытта. Ол курдук, 2017 сыллаахха Ытык Күөл киинигэр суоппардарга анаммыт «Алгыстаах айан» диэн Н.Л.Кутугутов салалтатынан ыраах айан суоппардара түмсэн сквер тутарга санаммыттара. Манна аҥардас буорун кутуутугар 100-кэ тиийэ рейс оҥорбуттара. Бука бары саба түһэн оҕолуун-уруулуун турунан күннэри-түүннэри үлэлээбиттэрэ. Бу сквер тутуутугар дьоммут бука бары кыттыһан 5 мөлүйүөн солк. курдук сууманы хомуйан эр дьоммут бэйэлэрэ ити скверы эт илиилэринэн тутан таһааран дьонноругар-сэргэлэригэр бэлэх ууммуттара. Маннык үлэ дьонун үйэтитэр үтүө холобур Россия атын сирдэригэр баарын истэ иликпит. Бу сквербыт саҥата суох туран олус элбэҕи кэпсиир, улуус историятын хаҥатар уонна үүнэр көлүөнэни, ыччаты үлэҕэ, дойдуга бэриниилээх буоларга иитэр дии саныыбыт.
Бу түмсүүбүтүгэр сүбэлэһэн баран улуус суоппардарын туһунан сүрдээх элбэх информацияны хомуйан кинигэ таһаарбыппыт. Урукку былаан туруу сылларыгар улууска үлэлээн-хамнаан ааспыт кырдьаҕас суоппардар оройуон сайдыытыгар төһөлөөх көлөһүннэрин тохпуттара буолуой? Кинилэр тустарынан сүрдээх элбэх ахтыылар бу кинигэҕэ киирдилэр. Маны таһынан араас тэрээһиннэри, күрэхтэһиилэри ыытабыт, атырдьах ыйыгар 11 улуус суоппардара кыттыылаах 300-чэ дьону түмэммит улахан тэрээһини ыыппыппыт. Маны таһынан түмсүү чилиэннэрэ бэйэлэрин баҕа санааларынан харчынан кыттыһаннар кыһалҕалаах дьонноругар көмөлөһөллөр. Ол курдук, бу үс сыл устата 258 тыһ. солк. хомуйан уу харчынан көмө оҥордулар.

Поделиться