892
14 октября 2016 в 11:10
Великобританияҕа биэнсийэ орто кээмэйэ – 125 тыһыынча
АХШ-гар, Кытайга, Францияҕа уо.д.а. тас дойдуларга биэнсийэ кээмэйэ төһөнүй, биэнсийэ пуондаларыгар төһөнү ыыталларый? Ии дойдулар олохтоохторо хас саастарыгар бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсалларын, биэнсийэ систиэмэтин уратыларын тэҥнээн көрүөҕүҥ.
АХШ
Биэнсийэҕэ тахсар саас: 65
Биэнсийэ орто кээмэйэ: ыйга 1 500 доллар
Биэнсийэни хайдах ылыахха сөбүй?
— уон сыл устата хамнас 15 % социальнай биэнсийэҕэ анаан ыытыллар;
— корпоративнай биэнсийэни ылар туһугар биэс-алта сыл устата компанияҕа үлэлиэхтээххин (ыытыллар үп-харчы муҥутуур үрдүк кээмэйэ — сылга 18 000 доллар)
— биэнсийэҥ суотугар бэйэҥ көрөн төһө баҕарар сууманы ууруна сылдьаҕын
Биэнсийэ систиэмэтин уратылара:
2015 сыллаахха пенсионнай актыыптар уопсай кээмэйдэрэ 24 триллион долларга тэҥнэспит. Харчы финансовай инструменнарга, ол иһигэр акцияларга угуллар. Манан чааһынай пуондалар уонна социальнай харысхал управлениета дьарыктаналлар (бу тэрилтэ социальнай биэнсийэҕэ анаан 2,8 триллион доллары салайар). Социальнай харысхал управлениетыгар дойду үрдүнэн 65 тыһ. киһи үлэлиир, ол дьону үлэлэтии биэнсийэ социальнай актыыптарын сыллааҕы кээмэйдэрин 0,39 %-гар тэҥ.
Израиль
Биэнсийэҕэ тахсар саас: 60–62 (кырдьаҕаһынан босуобуйаны ылар быраабы биэрэр)
Биэнсийэ орто кээмэйэ: ыйга 1 500 доллар, ол эбэтэр 94 тыһ. кэриҥэ (биэнсийэ пуондатыгар 30 сыл устата харчы укпутун кэннэ)
— ыйга 370 доллар кээмэйдээх кырдьаҕаһынан босуобуйаны ылар туһугар хамнас 6,95-18,5 % национальнай страхование биэдэмистибэтигэр бэриллэр;
— кырата уон сыл устата биэнсийэ пуондаларыгар харчы төлүүгүн (оччоҕуна ыйга 700 доллартан үөһээ кээмэйдээх биэнсийэни ыларга суоттанаҕын).
Биэнсийэ систиэмэтин уратыта
2016 сыл бастакы аҥаарын дааннайдарынан, дойду пенсионнай актыыптарын уопсай кээмэйэ 170 миллиард доллар буолбут. Израильга пенсич пуондатын хас да көрүҥэ үлэлиир. Урукку пуондалар коммерческайа суох кооператив быһыытынан үлэлииллэр эбит. Харчы уурааччы ахсаана элбээбитигэр 90-с сылларга дефицит буолбут. Ити дефицит саҥа үйэ саҕаланыытыгар 25 миллиард доллар тэҥнэспит. Судаарыстыба пуондалары чэбдигирдиинэн дьарыктаммыт, оттон харчы уурааччылар биэнсийэҕэ тахсар саастарын 64-67 диэри үрдэппиттэр. 2000 сылларга саҥа пуондалар тэриллибиттэр, онно үлэһиттэр да компаниялар да харчы ууруохтарын сөп буолбут. Итинник пуондаларга усунуос орто кээмэйэ — хамнас 11 %. Итини таһынан, Израильга пуондаларга харчы укпатах репатрианнар кэлэллэр эбит. Кинилэргэ саастара туоллаҕына босуобуйаны үп министиэристибэтэ төлүүр.
Великобритания
Биэнсийэҕэ тахсар саас: 60–65
Биэнсийэ орто кээмэйэ: ыйга 1 590 фунт (2 000 доллар кэриҥэ), ол эбэтэр 125 тыһ. солк. тахса.
Биэнсийэни хайдах ылалларый?
- судаарыстыба биэнсийэтин ылар иһин уонтан кырата суох сыл социальнай страхование пуондатыгар харчы угуохтааххын;
— судаарыстыбаннайа суох пуондаларга биэнсийэ счетун арыйан харчы мунньаҕын.
Пенсия систиэмэтин уратылара:
Быйыл пенсияны ааҕыы быраабылалары уларыйбыттар. Муус устар 6 күнүгэр диэри биэнсийэҕэ тахсыбыт дьон судаарыстыбаттан нэдиэлэҕэ улааппыта 119,3 фунт кээмэйдээх базовай биэнсийэни, ону таһынан өскөтүн State Earnings Relatd Pension Scheme систиэмэнэн харчы ууруммут буоллахтарына нэдиэлэҕэ саамай муҥутаан 160 фунт кээмэйдээх эбии биэнсийэни ылар кыахтаахтара. Оттон биэнсийэҕэ быйыл тахсыбыттар судаарыстыбаттан эрэ ылар буолбуттар, нэдиэлэҕэ улааппыта 155, 65 фунт. Судаарыстыбаннай биэнсийэ орто кээмэйэ нэдиэлэҕэ 130 фунт. Ол эрээри биэнсийэлээхтэр бэйэлэрэ мунньунуулаах буолан итинтэн элбэҕи ылаллар. 2013–2014 сс. биэнсийэ орто кээмэйэ үлэлиир киһи дохуотун аһарбыт эбит.
Франция
Биэнсийэҕэ тахсар саас: 60–62
Биэнсийэ орто кээмэйэ: ыйга 1 000 евро, ол эбэтэр 70 тыһ. солк. кэриҥэ
— базовай биэнсийэни ылар туһугар ый аайы хамнас 16,35% биэнсийэ пуондатыгар ыытыллар;
— биэнсийэ кээмэйин үрдэтэр эбии бааллары ылар туһугар Arrco уонна Agirc кассаларга страховой усунуос төлөнүллэр.
Пенсия систиэмэтин уратылара:
Биэнсийэни французтар бары ылар бырааптаахтар, ол эрээри 40-тан сыл үлэлиирэ ордук. Өскөтүн ыстааһа тиийбэт түгэнигэр «солидарность» биэнсийэтин төлүүллэр. Үгэс курдук биэнсийэ кээмэйэ пуондаҕа төлөбүртэн уонна эбии угуулар суоттарыгар ылбыт баалларгыттан ааҕыллар. Маныаха биэнсийэ систиэмэтэ үллэрэр майгылаах: биэнсийэлээхтэргэ харчы үлэлиир гражданнар угууларыттан төлөнөр.
Кытай
Биэнсийэҕэ тахсар саас: 50–60
Биэнсийэ орто кээмэйэ: 1 000 юань (150 доллар кэриҥэ)
Как получить
Судаарыстыбаннай сулууспаҕа эбэтэр бырамыысыланнас эйгэтигэр кырата 15 сыл үлэлиэхтээххин, хамнаһыҥ 11 % ыытаҕын.
Пенсия систиэмэтин уратылара:
Бастаан судаарыстыбаннай сулууспаҕа үлэлээбит эрэ дьон биэнсийэ ылар бырааптаахтара, онтон систиэмэни хара үлэһиттэргэ эмиэ кэҥэтэн биэрбиттэр. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор дьон улахан аҥаардара биэнсийэ ылар. Биэнсийэ кээмэйэ хамнастан уонна олорор сиргиттэн тутулуктаах: куорат олохтоохторо тыа дьонуттан үрдүгү ылаллар.
Россия
Биэнсийэҕэ тахсар саас: 55–60
Биэнсийэ орто кээмэйэ: 12 406 солкуобай (200 доллар кэриҥэ)
Как получить
— Хамнас 22 % биэнсийэ пуондатыгар ыытыллар (сылга 711 тыһ. солк. үөһэ дохуоттаахтарга – 10%);
— бэйэ баҕатынан биэнсийэни мунньунуу.
Пенсия систиэмэтин уратылара:
Биэнсийэ төлөбүрүнэн Россиятааҕы биэнсийэ пуондата дьарыктанар. Манна барыта 130 тыһ. киһи үлэлиир. 2015 сылга пуонда бюджета 7,126 триллион солк. тэҥнэспит (113 миллиард доллар), итинтэн аҥаара – гражданнар угуулара, аҥаара — федеральнай бюджеттан киирии. Биэнсийэ пуондатын бюджетын дефицита триллион солк. аҥаарыгар чугаһыыр этэ. 2014 сылга диэри гражданнар угуулара солидарнай уонна мунньуллар чаастарга арахсара. Ол иһигэр, ити харчыларын гражданнар судаарыстыбаннайа суох пуондаларга ыытар кыахтаахтара. Билигин судаарыстыбаннайа суох биэнсийэ пуондаларыгар Россия 31 мөлүйүөн олохтооҕо счеттаах, уопсайа 2 триллион солк. суумаҕа. Кэнники сылларга үп тиийбэтиттэн харчы бүтүннүүтэ солидарнай чааска, билиҥҥи биэнсийэлээхтэргэ биэнсийэ төлүүргэ ыытыллар.
Түмүк оннугар
Көстөрүн курдук, ити дойдуларга биэнсийэни мунньунуу ньымалара араастар. Статистика көрдөрөрүнэн, Арассыыйаҕа биэнсийэлээхтэр 39% үлэлээх. 2015 сыллаахха РФ Биэнсийэ пуондата 25 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээбитэ. Тэрилтэ 2015 сыллаах аһаҕас отчуотугар этиллэринэн, Россия биэнсийэ пуондатыттан төлөбүр ылааччылар ахсааннара 2014 сыллаахха – 41 462, 1 тыһ. киһи, 2015 сыллааха – 42 734,9 тыһ. киһи. РФ Биэнсийэ пуондатын Саха сиринээҕи салаатын дааннайдарынан, 2015 сылга уопсайа 268250 биэнсийэлээх баар, ол иһигэр кырдьаҕаһынан – 214497 киһи.
