1057

07 мая 2015 в 16:30

Ытыктабыллаах Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэрэ! Күндү Саха сирин олохтоохторо!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕа (Ил Түмэн) эһигини Улуу Кыайыы 70 сылынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиир!

Номнуо сэттэ уон сыл тухары биһиги баараҕай Ийэ дойдубутугар, урукку Сэбиэскэй Сойуус норуоттарыгар, аан дойду үгүс мөлүйүөнүнэн дьонугар барытыгар сибэтиэй бырааһынньыгы – Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы Күнүн бэлиэтиибит. Күүтүүлээх Кыайыы сөҕүмэр толугунан, холобура суох бойобуой хорсун быһыынан уонна тыыл үлэһиттэрин бэйэни харыстаммат бэриниилээх үлэлэринэн ситиһиллибитэ. Биһиги эһэлэрбит, аҕаларбыт уонна ийэлэрбит Ийэ дойдуларын көҥүлэ уонна тутулуга суох буолуута, кинилэр оҕолорун, сиэннэрин кэскилэ бу кыайыыттан тутулуктааҕын өйдөөн, өстөөҕү утары харса-хабыра суох киирсибиттэрэ, тыылга хоодуоттук үлэлээбиттэрэ. Кинилэр Ийэ дойдуларыгар муҥура суох эрэнэллэрэ, өстөөх самнарыллыаҕа диэн итэҕэйэллэрэ.

Сэрии бастакы күннэриттэн ыла өрөспүүбүлүкэбит олохтоохторо үлэһит күүһү, киһи ресурсатын биир сомоҕо гына түмпүттэрэ. Фроҥҥа 62 тыһыынчаттан тахса киһи барбыта. Олор ортолоругар кэнэҕэски 25 Сэбиэскэй Сойуус уонна Российскай Федерация Дьоруойа, Албан Аат уордьанын үс истиэпэнин 5 толору кавалера бааллара. Сэрииттэн буойуннар үс гыммыттан биирдэрэ эрэ эргиллибитэ. Саха сирин 40 тыһыынчаҕа чугаһыыр уолаттара уонна кыргыттара Аҕа дойду Улуу сэриитин кыргыһыыларын толоонноругар охтубуттара.
Бойобуой ситиһиилэри норуот тыылга хорсун-хоодуот үлэтэ өйүүрэ. Өрөспүүбүлүкэ дойдуга уонна фроҥҥа түүлээҕи, кыһыл көмүһү, балыгы, туһалаах сир баайын хааччыйара.

Күндү бэтэрээннэр! Эһиги уонна эһигини кытта бииргэ сулууспалаабыт, сарын-сарынтан өйөнсөн үлэлээбит мөлүйүөнүнэн дьон Аҕа дойдубут туһугар киллэрбит кылааккыт иһин үгүс көлүөнэлэр муҥура суох махтана туруохтара. Сэрии ыарахантан ыарахан сылларыгар эһиги бэйэҕит ытык иэскитин чиэстээхтик толорбуккут, фроҥҥа өлөр өлүүнү көрсүбүккүт, күүһү-уоҕу харыстаабакка тыылга Кыайыыны уһансыбыккыт. Ол кэм ыар сүгэһэрин бэйэҕит санныгытыгар сүкпүккүт. Ытыктабыллаах бэтэрээннэр, эһиэхэ сиргэ тиийэ сүгүрүйэбит! Бүгүн эһиги, урукку курдук, инники кирбиигэ тураҕыт, үүнэр көлүөнэни Ийэ дойдуну таптыырга, көмүскүүргэ иитэҕит. Бу суолталаах күнү уонна ону кытта сибээстээҕи барытын билиҥҥи уонна кэлэр көлүөнэлэр ытыктыылларыгар, умнубаттарыгар олус баҕарабыт.

Күндү бэтэрээннэрбит! Эһиги олоххо көхтөөх, сэргэх сылдьан уһун үйэлэнэргитигэр, бөҕө доруобуйаны баҕарабыт! Эһигини чугас дьоҥҥут таптала, истиҥ сыһыана мэлдьи арыаллаатын!

Саха сирин бары олохтоохторугар чэгиэн туругу, үтүөнү, этэҥҥэ буолууну уонна эйэлээх халлааны баҕарабыт!

Бырааһынньыгынан! Кыайыы Күнүнэн!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕа (Ил Түмэн).

Поделиться