728

02 ноября 2018 в 14:10

Элбэх оҕолоох ыал аатын сүкпүттэргэ

  Дойду демографическай бала­һыанньатын  туп­­са­рарга туһуламмыт судаарыстыбаннай быра­гы­­­раамалар бааллар. Холобур, ийэ хапытаала, элбэх оҕолоохторго босхо учаастак биэрэр туһунан судаарыстыбаннай бырагыраамалар үлэлииллэр. 2018 сылга РФ Бырабыыта­лыстыбата элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ өссө биир судаарыстыбаннай өйөбүл бырагырааматын киллэрдэ. Ол – икки уонна онтон элбэх оҕолоох ыал дьиэ ыларыгар 6%-наах ипотеканан кредити көрүү.  

 

 

Чэпчэтиилээх  кэм  8  сылга  уһатыллыан сөп

 

2018 сылтан Сбербаан уонна да атын бааннар саҥа сокуонунан элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ дьиэ ылалларыгар 6%-наах кредит биэ­рэллэр. Бу сокуон сүрүн соругунан элбэх оҕолоох ыал олорор усулуобуйаларын тупсарыы буолар. Маныахха кэккэ быраабылалар үлэлииллэр. Ол ханныктарый?

-Ипотеканан сылга 6%-наах кредит – бу РФ Бырабыыталыстыбата биэрэр субсидиятынан буолар. Бу субсидия 2018 сыл тохсунньутуттан 2-с, 3-с уонна онтон элбэх оҕоломмуттарга көрүллэр.

-Кредит суумата уратыла­һар. Ол курдук, Москва, Санкт-Петербург курдук бөдөҥ куораттарга бэриллэр кредит муҥутуур суумата 8 мөл. солк. тэҥнэһэр, оттон регионнарга – 6 мөл. солк.

-Судаарыстыбаннай бырагырааманан тутулла турар дьиэни эрэ ылар кыахтаахтар. Дьон олоро сылдьыбыт дьиэтин уонна тутулла турар дьиэҕэ ылбыт киһиттэн хаттаан атыылаһар кыаллыбат.

-Атыылаһар дьиэҥ сыана­тыт­тан 20%-ныгар тэҥнээх суума бэйэҕэр баар буолуохтаах.

-Сбербааҥҥа элбэх оҕо­лоох ыаллар ипотеканан кредит ылалларыгар саҥа сокуонунан киһи олоҕун булгуччулаах страхов­калааһыны киллэрэллэр. Бу страховканы сылын аайы оҥоруу ирдэниллэр.

-6%-наах ставка кредит ылыл­лыбыт кэмин устата дьайбат. Чэпчэтиилээх кэмҥэ эрэ 6% ставка көрүллэр. Чэпчэтиилээх кэм диэн ханнык кэми ааттыылларый? 2018 сылга 2-с оҕоломмуттарга 3 сыл устата чэпчэтиилээх кэм үлэлиир, онтон салгыы 3-с уонна онтон элбэх оҕолоннохторуна – эбии 5 сыл үлэлиир.

-Өскөтүн 3 сыллаах чэпчэ­тии­лээх кэмнэригэр ыал үһүс оҕолонноҕуна, чэпчэтиилээх кэмэ 5 сылынан уһаан биэрэр.

-Чэпчэтиилээх бырыһыан­наах (6%) кэм түмүктэннэҕинэ, кредит бырыһыана урукку киэбин ылар. Ол эбэтэр орто көрдөрүүгэ тэҥ буолар.

 

“Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн” статус кимиэхэ бэриллэрий?

 

Кэргэнниилэр сокуонунан холбоспут, эбэтэр соҕотох ийэ, соҕотох аҕа диэн статустаах буолуохтаахтар. Дьиэ кэргэҥҥэ үс уонна онтон элбэх оҕолоро сокуоннай саастарын ситэ илик буолуохтаахтар. Регион аайы элбэх оҕолоох дьиэ кэргэни билинэр быраабылалар уратылаһаллар.

 

Оҕолоох ыалларга 6%-наах ипотеканан кредит биэрэр туһунан сокуон 2018 сылтан үлэтин саҕалаата. Бу судаарыстыбаннай бырагыраама билиҥҥи быраабыланан 5 сылынан түмүктэнэр.

 

Атын бааннарга элбэх оҕолоох ыалларга ипотека усулуобуйата

 

Баан % Болдьоҕо
Элбэх оҕолоохторго ДельтаКредит баан ипотеката 6%-тан саҕалаан 36-300 ый
Элбэх оҕолоохторго МТС баанын ипотеката 8,7%-тан саҕалаан 36-300 ый
Элбэх оҕолоохторго Россельхоз­баан ипотеката 6%-тан саҕалаан 12-360 ый
Элбэх оҕолоохторго Связь-Баан ипотеката 9%-тан саҕалаан 36-360 ый
Элбэх оҕолоохторго Тинькофф­Баан ипотеката 6%-тан саҕалаан 12-300 ый

Сбербаан элбэх оҕолоохторго биэрэр ипотеката (Дьокуускайга)

 

Аата Суумата Болдьоҕо %
Бэлэм дьиэни атыылаһыы 3 мөл. солкуобайтан 12 ыйтан 360 ыйга диэри 9,2-10,8%
Тутулла турар дьиэни атыылаһыы 3 мөл. солкуобайтан 12 ыйтан 360 ыйга диэри 9,5-11,3%
Куорат таһынааҕы дьиэ 299 999 солк. 12 ыйтан 360 ыйга диэри 10,1 -11,4
Ипотека уонна ийэ хапытаала 3 мөл. солкуобайтан 12 ыйтан 360 ыйга диэри 7,1%
Оҕолоох ыалларга судаарыстыба өйөбүлэ 3 мөл. солкуобайтан 8 мөл. солкуобайга диэ­ри 12 ыйтан 360 ыйга диэри 6%
Тутулла турар дьиэ­­ни атыыла­һыы (субсидия бырагырааматынан) 3 мөл. солкуобайтан 12 ыйтан 144 ыйга диэри 7,5-9,3%

 

 

Элбэх  оҕолоохтор өссө  хайдах дьиэлэниэхтэрин сөбүй?

 

Өскөтүн элбэх оҕолоохтор үөһэ этиллибит судаарыстыбаннай бырагыраама усулуобуйатыгар сөп түбэспэтэхтэринэ, ол эбэтэр 2018 сылга оҕо төрөппөтөх, дохуоттара эппиэттээбэт буоллахтарына, атын судаарыстыбаннай өйөбүл дьаһалларын усулуобуйаларын үөрэтэн, онно кыттыһыахтарын сөп. Сбербаан нөҥүө кэккэ судаарыстыбаннай бырагыраамалар үлэлииллэр. Кэргэнниилэртэн биирдэстэрэ 35 сааһын туола илик буол­лаҕына “Эдэр дьиэ кэргэн” бырагырааманан дьиэлэниэн сөп.  Маны таһынан “Тоҕоостоох дьиэ” (“Доступное жилье”) бырагыраама үлэлиир, манна сааһынан хааччахтаныллыбат. Бу икки судаарыстыбаннай бырагырааманан оҕолоох ыал олорор усулуобуйатын хайдах баҕарар  саҥардыахха сөп – саҥа дьиэни, дьон олоро сылдьыбыт дьиэтин атыылаһан, дьиэ туттан. Бу икки бырагырааманан ылыллар кредиттэр бырыһыаннара кыччыгый буолар.

 

 

2018  сылга  дьиэ ыларга  бырыһыана суох  кредит

 

Нэһилиэнньэ сорох кате­го­рия­тыгар дьиэ ыларга быры­һыана суох кредити биэрии диэн эмиэ биир судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн социальнай көмө үлэлиир. Ону кимнээх ылыахтарын сөбүй?

-“Элбэх оҕолоох ыал” статустаахтар;

-Ипотеканан ылыл­лыбыт иэһи ыйын аайы сабар дохуоттаахтар;

-Атыылаһыахтаах  дьиэтэ бастакы атыылаһар уонна со­ҕотох бас билэр хамсаабат баайынан буоллаҕына;

-Өскөтүн олорор усулуобуйата сөбө суох буоллаҕына, атыылаһар дьиэтэ бастакы бас билэр дьиэтинэн буолуо суоҕун эмиэ сөп.

Бу судаарыстыбаннай бы­ра­­гы­рааманан туһанар ту­һут­­тан олохтоох дьаһалтаҕа сайа­­былыанньа суруйуллар. Өскөтүн администрация ыал бу бырагыраамаҕа кыттыһыан сөбүн туоһулаатаҕына, бааҥҥа сайаапка биэриэххэ сөп.

 

Туһалаах сүбэлэр

 

Баан 6%-наах ипотекатынан биир оҕолоох уонна салгыы ыччаттанар былааннаах ыал туһаныан сөп. Маныаха бу судаарыстыбаннай бырагыраама 5 сыллааҕын умнумаҥ. Ол эбэтэр 2020 сылга түмүктэнэр.  Онтон 2018 сылга элбэх оҕолоох ыал статуһун хайыы-үйэ ылан олорор буоллаххына, бырыһыана суох ипотеканан кредиккэ холонон көрүөххүн сөп. Ипотеканы ыларга ийэ хапытаалын үбүн бастакы усунуос быһыытынан туһаныаххын сөп.

 

Mainfin.ru үп эргиирин ырытар ресурса матырыйаала туһанылынна.

Поделиться