786
07 декабря 2019 в 11:04
Ырыынакка «ытырар» сыана
Кыһын буолан, атыыга эмис эт, балык элбэх. Анаан-минээн «Крестьянскай» ырыынакка сырыттым. Кыһыары күһүн убаһа ойоҕоһо киилэтэ 900 солк. буоллаҕына, билигин 700-800 солк. буолбут. Ол тоҕото өйдөнөр. Халлаан тымныйаатын кытта өрөспүүбүлүкэбит үрдүнэн элбэх убаһа сүүһэ тыаһаатаҕа. Ол иһин ырыынакка элбэх эт атыыга тахсан, ортотунан, 100-200 солк. түспүт курдук. Ынах этэ эмиэ итиччэ курдук түспүт.
Сыана араастаһыыта
Ырыынакка сыана араастаһар. Иһирдьэ сылаас сиргэ атыыланар эт, балык сыаналара арыый да үрдүктэр. Ол тоҕотун атыылааччыттан ыйыппыппар, «Биһиги арыандаҕа турар буолан, атыылыыр бородууксуйабыт сыанатын 20-21 % эбэргэ күһэллэбит. Ыйдааҕы арыандабыт 28 тыһ. солк тэҥнэһэр», — диэн хоруйдаата. Таһырдьа таҕыстахха, сыана арыый да удамыр соҕус, ол курдук, 100-150 солк. чэпчэки. Ол аата атыылыыр миэстэлэрин арыандатын сыаната чэпчэки буоллаҕа. Аны туран, эт төһө эмиһиттэн, көтөҕүттэн, миэстэтиттэн көрөн сыана арахсар. Манныга эмиэ да сөп буоллаҕа. Холобур, убаһа эмиһэ суох ойоҕоһун 1 киилэтин сыаната 500 солк. буоллаҕына, толору хаһалааҕа 700-тэн 800 солк диэри халбаҥныыр. Онон атыылаһааччы бэйэтин хармаана халыҥыттан көрөн атыылаһарыгар тиийэр. Эмис эти сөбүлээбэттэргэ оруобуна барсан эрдэҕэ.
Балык сыаната
Эмис чыыр, бил, тууччах кырыы-кырыыларынан кыстанан тураллар. Үксүлэрин ыраах хоту улуустартан аҕалар буолан, тиэйэр ороскуоттарын толуйар инниттэн киилэтэ 600-тэн саҕалаан 780 солк. атыыланара эмиэ даҕаны сөп курдук. Ол гынан баран, ити сыана Саҥа дьыл иннинэ аҕай үрдүүр аатыгар барыан сөп.
Ырыынактан тэйиччи хаамтахха
Ырыынак тэлгэһэтиттэн тахсан, Комсомол болуоссатын диэки бардахха, эти, балыгы атыылааччылар туспа эрээттэрэ баар. Балар сыаналара удамыр соҕус. Холобур, Мэҥэ Хаҥалас убаһатын этэ 600 солк. атыыланар, иһирдьэ буоллаҕына, 700-800 солк. тэҥнэһэр. Ынах этэ 400 солк. атыылана турар. Атыылааччыттан тоҕо маннык сыаналаахтарын туһунан ыйыппыппар, «Биһиги арыандабыт кыра, ол иһин маннык сыаналаахпыт», — диэн бэрт судургутук хардарааччы буолла.
Онон ырыынак сыаната араас. Ким төһө халыҥ хармааннааҕыттан көрөн атыылаһар. Ким тугу ылара, атыылаһара бэйэтин тус бырааба буоллаҕа. Ол эрээри, сыана хайдах эрэ үрдүк дуу диэн бүччүм санааҕа кэллим. Ити санаабын дьон санаатынан, этиитинэн ытаһалаан биэрэргэ сананным.
Дьон санаата
Биэнсийэлээх буоламмын эти миэстэнэн ылбаппын
Валентина Стручкова, куорат олохтооҕо:
— Ырыынакка атыыланар эт, балык сыаната араас. Бу кэлин тыа улуустарыгар элбэх идэһэни өлөрөн, эт сыаната арыый да түстэ. Биэнсийэлээх буоларым быһыытынан эти миэстэнэн ылар кыаҕым суох. Киилэнэн атыылаһабын. Киилэнэн атыылыыр сыаналара үрдүк дии саныыбын. Холобур, киилэнэн атыылаһар буоллахха, убаһа ойоҕоһун биир киилэтэ 800-900 солк. Онтон холу (ойоҕостоох) 450 солк. биэрэллэр. Киилэтин 550-600 солк. атыылыыллара буоллар син даҕаны этэ.
Сыаналара үрдүк
Василий Николаев, биэнсийэлээх, куорат олохтооҕо:
— Ырыынак сыанатын «ытырар» диэтэхпинэ, арааһа, сыыспатым буолуо. Манна атыыланар бородуукта, ас-үөл сыаната атын маҕаһыыннардааҕар лаппа ыарахан. Дьиҥэр, ырыынак сыаната арыый да удамыр буолуохтаах дии саныыбын. Ону баара биһиэнэ төттөрүтүн курдук.
Дьиҥэр, ырыынак сыаната чэпчэки буолуохтааҕа эбитэ дуу?
Игорь Алексеев, куорат олохтооҕо, үлэһит:
— Улууска олорор аймахтарбар “дэликэтиэс” дэниллэр ыыһаммыт, тууһаммыт балык ылан ыытаары кэлэн турабын. Биллэн турар, сыаналара ыарахан соҕус. Бу сылдьан көрдөххө, эт сыаната бу күһүөрү кыһыҥҥы сыанатынааҕар арыый да түспүт курдук эбит. Мин биир бэйэм Бүрээтийэттэн аҕалар эттэрин атыыласпытым үһүс сылыгар барда. Ааспыт сылларга ынах этин миэстэнэн ылар буоллахпына, быйыл ынах аҥаарын киилэтин 300 солк. атыыластым. Туох даҕаны оһуобай эт, миинэ барар. Олохтоох эт сыаната тоҕо итинник аһара үрдүгүн сатаан санаабаппын. Дьиҥэр, судургу санаабар, чэпчэки буолуохтаах буолбатах дуо?
Тэрилтэлэргэ кэлэр сыллааҕы өҥө тарыыба бигэргэнэр
СӨ Сыана политикатыгар судаарыстыбаннай кэмитиэтэ кэлэр 2020 сылга хомунаалынай эйгэ бары көрүҥэр тарыыбы олохтоон саҕалаата. Тустаах кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Антонина Винокурова ааспыт нэдиэлэҕэ ыытыллыбыт мунньахха уопсастыбаннай сүбэ уонна коллегия чилиэттэригэр иһитиннэрбитинэн, кэлэр сыл тарыыбыгар өҥөнү оҥоруу көрдөрүүтэ элбээбит. Итини тэҥэ, өрөмүөҥҥэ уонна тутууга бэриллибит үп-харчы ситэ туһаныллыбатаҕа этилиннэ. Кэлэр сыллааҕы хомунаалынай өҥө тарыыба 2019 сылга олохтоммут тарыып кээмэйин кытта араа-бараа буолар туруктаах. Улаханнык үрдүө суоҕун туһунан иһитиннэрдилэр.
Хоту улуустарга 2020 сылга уоту кууһунан туһаныы тарыыба 2019 сыллааҕы олохтоммут кээмэйтэн кыра дьоҕус буолар туруктаах. Манна сүрүн оруолу арҕаа уонна киин улуустар ылбыттар. Ол эбэтэр бу улуустар уоту кууһунан туттууга көспүттэрин кытта сибээстээх.
Биллэрин курдук, нэһилиэнньэҕэ анаан Сыана политикатыгар судаарыстыбаннай кэмитиэт анал чэпчэтиилээх тарыыбы олохтуур. Тарыып дьиҥ бэйэтин кээмэйин ханнык да улуус уонна ыал төлөөбөт. Улахан бырыһыанын өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтэ уйунар. Нэһилиэнньэ 2020 сыллаахха төлүөхтээх тарыыбын кээмэйэ эһиил бэс ыйыгар чопчуланыаҕа.
Күн бүгүн Сыана политикатыгар судаарыстыбаннай кэмитиэт өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 500 кэриҥэ тэрилтэҕэ 13 тыһ. араас тарыыпка барыта 96 млрд. солк. туһаныллыахтааҕын бигэргэттэ.
Александр ТАРАСОВ