553

26 ноября 2019 в 11:45

2020 сылга үлэ бырагыраамата ылылынна

Сэтинньи 15 к. буолан ааспыт Ил Түмэн Сэбиэтигэр парламент 2020 сылга үлэтин барыллааһын былаана көрүлүннэ.

 

СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) 2020 сылга үлэтин барыллааһын былаанын барылын парламент бэрэссэдээтэлэ Петр Гоголев билиһиннэрдэ. Кини барыллааһын бырагыраама парламент сис кэмитиэттэрин үлэлэрин былааныгар олоҕуран оҥоһуллубутун бэлиэтээтэ.

«Кэмитиэттэр 45 сокуон барылын туһунан этиилэри оҥордулар, онтон 31 – Саха сирин народнай депутаттарын сокуону көҕүлээһиннэрэ, 4 –өрөспүүбүлүкэ баһылыгын көҕүлээһинэ, 10 – бырабыыталыстыба барыла», — диэтэ спикер.

Чуолаан, доруобуйа харыстабылыгар, социальнай көмүскэлгэ, үлэҕэ уонна дьарыктаах буолууга сис кэмитиэт социальнай аһылык туһунан сокуон барылын киллэрэргэ былаанныыр, наукаҕа, үөрэххэ, култуураҕа, сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэргэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэт – өрөспүүбүлүкэ норуоттарын култуураҕа материальнайа суох нэһилиэстибэтин объектарын туһунан сокуон барылын, Хоту сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын боппуруостарыгар уонна Арктика дьыалаларыгар кэмитиэт – аҕыйах ахсааннаах норуоттар фольклордарын туһунан сокуон барылын уо.д.а.

Итини таһынан, 2020 сылга 76 тэрээһини ыытарга былаанныыллар: Ил Түмэн 6 пленарнай мунньаҕа, 2 аһаҕас истии, 8 парламент истиитэ, 34 бырабыыталыстыба чааһа, 26 төгүрүк остуол, 1 муниципальнай чаас, Ил Түмэн иһинэн муниципальнай тэриллиилэр бэрэстэбиитэллээх уорганнарын Сэбиэтин мунньаҕа, муниципальнай тэриллиилэр бэрэстэбиитэллээх уорганнарын депутаттарын II Съеһин ыытыы.

Ол курдук, тохсунньуга “Хаачыстыбалаах олорор дьиэнэн хааччыйыы уонна дьиэ-уот коммунальнай өҥөлөрүн хаачыстыбатын үрдэтии” өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраама чэрчитинэн үтүө суобаһа суох олорор дьиэни тутааччылартан хоромньулаах хаалбыт гражданнарга судаарыстыба өйөбүлүн оҥоруу хаамыытын туһунан парламент истиилэрэ былааннаммыттар. 2019 сыл түмүгүнэн “Элбэх квартиралаах дьиэлэргэ уопсай баай-дуол хапытаалынай өрөмүөнэ” хос бырагырааманы олоххо киллэрии хаамыыта уонна 2020 сылга былааннар бырабыыталыстыба чааһыгар көрүллүөхтэрэ.

Ити икки тэрээһини Ил Түмэн тутууга, ДьУоКХ уонна энергетикаҕа сис кэмитиэтэ ыытыаҕа. Эмиэ бу кэмитиэт өрөспүүбүлүкэ генеральнай былааныгар сирдээҕи-уоттааҕы былааннааһын туһунан төгүрүк остуолу ыытыаҕа. Оттон предпринимательствоҕа, туризмҥа уонна инфраструктура сайдыытыгар сис кэмитиэт төгүрүк остуолугар Саха сиригэр ис уонна тастан киирии туризмҥа кэскиллээх былааннары дьүүллэһиэхтэрэ.

Ил Түмэн үлэтин барыллааһын бырагырааматын барылыгар Саха сиригэр федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи стратегическай докумуоннар олоххо киириилэрин парламент өттүттэн хонтуруоллуур тэрээһиннэр туспа көрдөрүллэллэр. Ол курдук, Саха сирин парламентарийдара «Спорт – олох нуормата», “Демография” национальнай бырайыак «Дьахталлар дьарыктаах буолууларыгар көмө – 3-гэр диэри саастаах оҕолорго оскуола иннинээҕи үөрэх усулуобуйаларын үөскэтии», “Культура” национальнай бырайыак «Культура эйгэтэ» федеральнай бырайыактарын, «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах массыына суоллара” национальнай бырайыагы уо.д.а. көрөргө былаанныыллар.

Ону сэргэ Ил Түмэн Регламеныгар сөп түбэһиннэрэн парламент сис кэмитиэттэрин көһө сылдьар мунньахтара уонна да атын тэрээһиннэр былааннаналлар.

Петр Гоголев парламент үлэтин барыллааһын бырагыраамата Судаарыстыбаннай Мунньах ахсынньытааҕы пленарнай мунньаҕар көрүллүөҕүн уонна ылыллыаҕын бэлиэтээтэ. Кини итини сэргэ 2019 с. тохсунньу 1 күнүттэн балаҕан ыйын 30 к. диэри Ил Түмэн аадырыһыгар федеральнай сокуон 572 барыла, регионнар парламеннарын көҕүлээһинэ, ыҥырыылара киирбитин эттэ. «Олортон биһиги 80-тан тахса докумуону өйөөтүбүт, үгүс өттө пленарнай уонна сессия икки ардыларынааҕы  кэмҥэ киирбитэ, онон көрүллүбэтэҕэ», — диэн бэлиэтээтэ Ил Түмэн спикера. Манан сибээстээн Петр Гоголев Судаарыстыбаннай Мунньах Сэбиэтин үлэтин 2020 сылга кэҥэтэр наадалааҕын эттэ.

Бу мунньахха парламент үлэтин барыллааһын бырагырааматын барылын 12-с пленарнай мунньах бэбиэскэтигэр киллэрэр уонна Ил Түмэн ону бигэргэтэригэр этии оҥорор туһунан быһаарыы ылылынна.

 

 

Поделиться