861
20 декабря 2019 в 13:21
Аһы-үөлү оҥорон таһаарар дьоммут өйөнүөхтээхтэр
Тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэригэр күүстээх болҕомто наада
Үлэлииргэ бары өттүнэн усулуобуйа, социальнай көмүскэл баар эрэ буоллаҕына, үлэ-хамнас таһаарыылаах, түмүктээх буолара саарбаҕа суох. Ахсынньы 17 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ «Агропромышленнай комплекс үлэһиттэригэр социальнай өйөбүл биир кэлим дьаһалларын тустарынан» диэн бэрт боччумнаах боппуруоска парламент истиитэ буолла.
Тэрээһини парламент аграрнай политикаҕа уонна тыа сиригэр сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин салайан ыытта. Парламент истиитигэр Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Петр Гоголев, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Денис Белозеров, вице-спикердэр Виктор Губарев, Антонина Григорьева, дьокутааттар, Российскай Федерация Пенсионнай фондатын өрөспүүбүлүкэтээҕи салаатын управляющайа Георгий Степанов, министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр бэрэстэбиитэллэрэ уонна тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ кыттыыны ыллылар.
Хайдах да кэм кэллин
Урут сэбиэскэй кэмҥэ «хотонтон Москва чугас» диэн киһи барыта күлэ-оонньуу этэр буолара. Ол эрээри ханнык баҕарар көргө-күлүүгэ кырдьык өлүүтэ баар буолар диэн мээнэҕэ эппэттэр. Күүстээх үлэҕэ сылдьар тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ, кырдьык, этэргэ дылы, хотунан-соҕуруунан, кыраныысса тас өттүнэн тэлэһийэллэрэ, сынньаналлара. Тыа хаһаайыстыбатыгар судаарыстыбаттан өйөбүл баарын саҕана, үлэ көрдөрүүтэ да, ол тэҥэ этэ. Биллэрин курдук, ааспыт ХХ үйэ 70-80-нус сылларыгар дойду тыатын хаһаайыстыбата балысханнык сайдыбытын, бары салааҕа чыпчаал көрдөрүүлэр баар буолбуттарын умнубаппыт.
Ырыынак сыһыаннаһыыларыгар киирэр ыһыллыы-тоҕуллуу 90-нус сылларыгар намыһах хамнастаах тыа хаһаайыстыбатын эйгэтин үлэһитэ, этэргэ дылы, тиэргэниттэн тэйбэт буолбута. Биллэрин курдук, сэбиэскэй тутулга улахан судаарыстыбаннай дотация уонна субсидия суотугар олорбут тыа хаһаайыстыбата ити кэмҥэ өтөрүнэн өрүттүбэттии таҥнары түспүтэ. Таба, сүөһү уонна сылгы иитиитэ төрүт омуктар өбүгэлэрин саҕаттан илдьэ кэлбит дьарыктара, олохторун укулаата буолан, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр балаһыанньа арыый атын этэ диир оруннаах курдук.
История туоһулуурунан, Россия ааспыт бары кэмнэргэ тыатын сирин муҥура суох ресурсатыгар тирэҕирэн, бары моһоллору туораан кэлбитэ. Аһы-үөлү оҥорон таһаарааччыларбытыгар хайдах да кэм кэллин, судаарыстыбаттан күүстээх социальнай өйөбүл баар буолуохтаах. Ол курдук, төһө да хачыгырас үптэн-харчылан, килиэбэ, этэ-үүтэ суох олорор кыахпыт суох.
Бастакы уочарат — социальнай өттүнэн көмүскэл
Тэрээһин саҕаланыытыгар тустаах сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин ааһан эрэр 2019 сыл тохсунньу 30 күнүгэр ыытыллыбыт Ил Түмэн уочараттаах пленарнай мунньаҕар «Агропромышленнай комплекс үлэһиттэрин санаторнай-курортнай эмтэниилэригэр судаарыстыбаттан өйөбүл миэрэлэрин туһунан» сокуон 1 уонна 3 ыстатыйаларыгар уларытыылары киллэрэр туһунан» сокуон барыла ылыллыбытын туһунан санатта. Кини туруоруллубут сыалы-соругу ситиһэргэ, бу эйгэ үлэтэ-хамнаһа таһаарыылаах, түмүктээх буоларыгар үлэһиттэргэ үлэлииллэригэр толору усулуобуйа тэриллиэхтээҕин бэлиэтээтэ.
Андрей Находкин: «Тыа хаһаайыстыбатыгар дьон хамнас, биэнсийэ намыһаҕыттан, санаторийынан, курордунан хааччыллыы намыһаҕыттан, айаннарын төлөбүрдэрин ылалларыгар ыарахаттары көрсөллөрүттэн сылтаан үлэлиэхтэрин баҕарбаттар», — диэн эттэ. Кини тыа хаһаайыстыбатын өрө таһаарарга, бастакы уочаратынан үлэһиттэр социальнай өттүнэн көмүскэллээх буолууларын боппуруоһун быһаарар наадалааҕын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Тустаах салаанан дьарыктанар тэрилтэлэр экономическай балаһыанньалара уустук буоланнар, итиннэ моһоллору көрсөллөрүн туһунан эттэ.
Андрей Михайлович өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата тыа сиригэр олох-дьаһах туруктаах буолуутугар ситимнээх үлэни ыытарын бэлиэтээтэ.
Парламент истиилэригэр тустаах боппуруоска иһитиннэриини бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Денис Белозеров оҥордо. Кини тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы туһунан судаарыстыбаннай бырагыраамаҕа бу эйгэ үлэһиттэригэр социальнай өйөбүл туһунан хас да хайысха баарын ыйда.
Ханнык да региоҥҥа суох
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы иһитиннэриитигэр үлэһиттэри санаторнай-курортнай сынньалаҥынан хааччыйыы туһунан балачча киэҥник сырдатта.
Биллэрин курдук, Ил Түмэн төрдүс ыҥырыытын депутаттара дойду субъектарыгар ханна да суох «Агропромышленнай комплекс үлэһиттэрин санаторнай-курортнай эмтэниилэригэр судаарыстыбаттан өйөбүл дьаһалларын туһунан» диэн сокуону ылыммыттара. Тустаах сокуону парламент аграрнай политикаҕа уонна тыа сиригэр сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Наумов көҕүлээбитэ. Бу сокуону Ил Түмэн ылыммыт докумуоннарыттан биир суолталаахтарынан, туһалаахтарынан ааттыам этэ.
Ити сокуон тоҕо оҥоһуллубутай, ылыллыбытай? Сэбиэскэй систиэмэ саҕана тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэригэр санаторнай-курортнай эмтэнии путевкалара профсоюз салаатынан чэпчэтиллэр буоллаҕына, ити кыаллыбат буолбута. Аны социальнай страховкалааһын фондата путевкалары анааһын быраабылатын уларыппыта. Буортулаах эрэ үлэҕэ үлэлиир идэлээх дьоҥҥо чэпчэтиилэр көрүллэр буолбуттара. Онон тустаах докумуон толкуйданан тахсыбыта.
Судаарыстыбаттан бу сыалга үп-харчы икки хайысханан тыырыллар. Ол курдук, путевка 80% уонна Арктика, хоту улуустар үлэһиттэригэр айаннарын төлөбүрдэрин 100% судаарыстыба уйунарын бэлиэтиибин. Тустаах сокуон бастаан ылылларыгар, ити сыыппаралар 80% уонна 50% тэҥнэһэллэрэ. Докумуон дойдуга үп-харчы кириисиһэ ытарчалыы ылбыт кэмигэр ылыллыбытын ыйабын.
2013 сыллааҕы бырабыыталыстыба уурааҕынан, чэпчэтиилээх путевка тыа хаһаайыстыбатыгар биэс сыл устата тохтоло суох үлэлээбит 16 араас идэлээх дьоҥҥо тиксэр буолбута. Тустаах салаа үлэһитэ икки сылга биирдэ чэпчэтиилээх путевканан туһанар бырааптаах. Денис Белозеров ити испииһэк кэҥээбитин, эбии табаһыттар биригэдьиирдэрэ, бостуук-табаһыт, таба иитиитин зооветспециалиһа, чуум үлэһитэ киллэриллэн биэрбитин туһунан эттэ.
Маныаха парламент истиитигэр кыттыыны ылбыт Российскай Федерация тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, «Тумул» кооператив салайааччыта Таисия Десяткина ити испииһэккэ тустаах салаанан дьарыктанар тэрилтэлэр салайааччыларын, бэтэринээрдэри, зоотехниктары, племенной үлэнэн дьарыктанар специалистары киллэрэр наадатын туһунан бэлиэтээбитэ.
Кырдьык, кистэл буолбатах, өрөспүүбүлүкэбитигэр тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар коллективнай хаһаайыстыбаларбыт элбэҕэ суохтар. Маннык чэпчэкитэ суох дьыалаҕа ылсыан баҕалаах дьоммут ахсааннаахтар. Итини таһынан бу салааҕа салайааччы хамнаһа үрдүгэ суох. Онон кинилэр чэпчэтиилээх путевканан туһаналлара хайаан да наадалаах дии саныыбын.
2016-2018 сылларга санаторийга барыта 365 тыа хаһаайыстыбатын салаатын үлэһитэ сынньаммыт, доруобуйатын туругун көннөрүммүт. Итиннэ өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан 17,7 мөл. солк. тыырыллыбыт. Чэпчэтиилээх путевкаларынан саамай элбэхтик туһаммыт улуустарынан Амма (42), Таатта (30) уонна Дьокуускай куорат (36) буолаллар. Оттон Абый, Аллайыаха, Үөһээ Халыма, Муома, Эбээн-Бытантай уонна Мирнэй улуустара итинник биир да путевканан туһамматахтар.
Идэлэринэн ылан көрөр эбит буоллахха, ордук хото ыанньыксыттар (100), табаһыттар (43) уонна сылгыһыттар (25) сынньаммыттар. Оттон кыыл иитээччилэр уонна сибиинньэ көрөөччүлэр чэпчэтиилээх путевкаҕа тиксибэтэхтэр.
2014-2018 сылларга өрөспүүбүлүкэ түөрт профилакторийыгар барыта 713 тыа хаһаайыстыбатын үлэһитэ эмтэммит-сынньаммыт. Сылга ортотунан чэпчэтиилээх путевканан 140 киһи туһаммыт. Манна биири бэлиэтиири наадалааҕынан ааҕабын. Тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ өрөспүүбүлүкэ профилакторийдарыгар эрэ эмтэнэр-сынньанар бырааптаахтар. 2000 сылтан эмтэнэр-сынньанар учреждениеларбыт приватизацияламмыттара. Профилакторийдарбыт материальнай-техническай базалара дэлби эргэрбиттэрэ. Онон «Агропромышленнай комплекс үлэһиттэрин санаторнай-курортнай эмтэниилэригэр судаарыстыбаттан өйөбүл дьаһалларын туһунан» сокуон олоххо киирэн, этэргэ дылы, икки куобаҕы тэҥинэн өлөрдүбүт. Ол курдук, тыабыт сирин дьоно эмтэнэллэр-сынньаналлар уонна өрөспүүбүлүкэбитигэр баар профилакторийдарбытыгар үп-харчы киирэн, базаларын өрө тардыннылар, кыра да буоллар өйөбүл оҥоһуллар.
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы путевкалары түҥэтии механизмыгар итэҕэстэр баалларын, маны көннөрөргө үлэ барара наадатын бэлиэтээтэ.
Ыччат тыа сиригэр тардыһарыгар
Биллэрин курдук, 2006 сылтан саҕалаан, тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир эдэр специалистарга 6 тыһ. солк. саҕалаан, 15 тыһ. солк. эбии харчы төлөнөр буолбута. Маны көҕүлээбит киһи аатын ахтары наадалааҕынан ааҕабын. Ол курдук, ити үтүө бачыымы көҕүлээбит киһинэн тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кадрга отделыгар үлэлээбит Агафья Птицына буолар.
Эдэр үлэһиттэргэ эбии төлөбүр тоҕо араастаһар диир буоллахха, манна специалист ханнык үөрэх кыһатын бүтэрбитэ, идэтэ уонна ханна ананан үлэлии барбыта учуоттаныллар. Ити кэмтэн ылата 13 сыл ааста. Ол эрээри, хомойуох иһин, эбии төлөбүр кээмэйэ уларыйбакка турар. Парламент истиитин кыттыылаахтара төлөбүр кээмэйэ улаатара наадатын туһунан эттилэр.
Денис Белозеров эбии төлөбүр кээмэйин 1,5 төгүл улаатыннарар туһунан өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын Ыйааҕа бэлэмнэммитин, сөбүлэһиннэриигэ сылдьарын туһунан иһитиннэрдэ. Тустаах докумуон үп уонна экономика министиэристибэлэрин сөбүлэҥнэрин ааспытын бэлиэтиибин.
2018 сылга барыта 475, 2019 сылга 363 үлэһит ый ахсын эбии төлөбүрүнэн туһаммыт. 2010-2018 сылларга эдэр специалистары кытта 1133 сөбүлэһии түһэриллибит. Ити сөбүлэҥ түһэрсибит ыччаттан билигин 40% (451) тыа сиригэр, тыа хаһаайыстыбатыгар салгыы үлэлии сылдьалларын бэлиэтиибин.
Ыччат, эдэр анал үөрэхтээх дьон тыа сиригэр олохсуйалларыгар, тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлииллэригэр, атахтарыгар туралларыгар, судаарыстыба өттүттэн олус үчүгэй өйөбүл дии саныыбын.
Олорор усулуобуйаларын тупсаралларыгар
Биллэн турар, киһи дьиэлээх-уоттаах буоллаҕына эрэ, бу сиргэ-уокка олохсуйар. Аныгы сайдыылаах кэмҥэ көннөрү дьиэ эрэ буолбакка, толору хааччыллыылаах буолара ирдэниллэр.
Тыа хаһаайыстыбатын салаатын үлэһиттэригэр өйөбүл өссө биир хайысхатынан олорор усулуобуйаларын тупсаралларыгар социальнай төлөбүр оҥоһуллара буолар. Тустаах категорияҕа эдэр специалистар эмиэ киирсэллэрин бэлиэтиибин.
Манна үбүлээһин хайдах быһыылаахтык оҥоһуллар эбитий? Үп 30% федеральнай, 40% өрөспүүбүлүкэ бюджеттарыттан көрүллэр эбит. Оттон олорор усулуобуйатын тупсарар киһи бэйэтэ ороскуот 30% уйунар. 2003-2018 сылларга бу сыалга-сорукка барыта 6,2 млрд солк. тыырыллыбыт. 2018 сылга ити суума 619 мөл. солк. тэҥнэһэр.
Уон алта сыл устата тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэригэр итиннэ 4765 квота бэриллибит, 349 кв. миэтэрэ олорор дьиэ тутуллубут.
Ааһан эрэр 2019 сылга тыа сиригэр олорор дьоҥҥо (ити иһигэр эдэр специалистарга) дьиэ тутталларыгар 509 мөл. солк. (федеральнай бюджеттан 468,5 мөл. солк., өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан 40,7 мөл. солк.) үп көрүллүбүт. Тыа сирин 432 олохтооҕо, ол иһигэр 201 тыа хаһаайыстыбатын үлэһитэ социальнай эбии төлөбүрүнэн туһаммыт. Үүнэр 2020 сылга 1 кв. миэтэрэҕэ көрүллэр үп суумата улаатара күүтүллэр уонна 43 тыһ. солк. тэҥнэһиэҕэ.
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Денис Белозеров тыа сирин олохтоохторо маннык социальнай төлөбүргэ наадыйаллара улаханын бэлиэтээтэ. Онон тустаах сыалга-сорукка өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан көрүллэр үп-харчы кээмэйин улаатыннарар туһунан этиилэр баалларын туһунан эттэ.
Сүөһү көрөөччү тоҕо киирбэтий?
Агропромышленнай комплекс үлэһиттэригэр судаарыстыба өттүттэн өссө ханнык өйөбүл баар эбитий? Өрөспүүбүлүкэ үлэҕэ, дьарыктаах буолууга уонна социальнай көмүскэлгэ министиэристибэтин өттүттэн табаһыттарга, чуум үлэһиттэригэр, сылгыһыттарга, булчуттарга уонна балыксыттарга, дьахталлар бу салааҕа 15 сыл, эр дьон 20 сыл үлэлээбит буоллахтарына, социальнай эбии төлөбүр оҥоһуллар эбит.
Ааһан эрэр 2019 сылга ити социальнай эбии төлөбүр суумата 2919-3335 солк. тэҥнэһэр. Өрөспүүбүлүкэҕэ маннык эбии төлөбүрүнэн барыта 555 киһи туһанар. Ол курдук, Булуҥ улууһугар — 63, Бүлүү улууһугар — 41, Аллараа Халыма улууһугар — 30.
«Сиргэ үлэлээбэт, сүөһүнү ииппэт буолла да, саха суох буолар» диэн этии оруннаах. Маннык социальнай эбии төлөбүрүнэн олус ыарахан үлэлээх сүөһү көрөөччүлэр туһамматтара сыыһа дии саныыбын. Бу салаа үлэтэ-хамнаһа өнүйбэтин, хороҕор муостаахпыт ахсаана таҥнары түһэ турар биир кыракый төрүөтэ манна сытар эмиэ буолуоҕун сөп.
Биир кэмҥэ ыанньык ынах төбөтүн ахсын судаарыстыбаттан харчы көрүллэр буола сылдьыбыттара. Дьиҥэ, бу олус сөптөөх дьаһал этэ. Тустаах механизм сөргүтүллэрэ буоллар диэн тус бэйэм санаалаахпын. Биллэрин курдук, билигин итинник төлөбүр сылгыга оҥоһуллар. Өбүгэлэрбит сүөһүнү эрэ баайынан ааҕыналлара. Оттон сылгыны мөлтөх күн-дьыл турдаҕына, эстэн хаалар диэн, баайга киллэрбэттэрэ. Онон тустаах салаа үлэһиттэрэ болҕомтоҕо ылыллаллара наадалаах.
Эбии төлөбүрүнэн туһанааччылар аҕыйахтар
Урукку өттүгэр биэнсийэ ситимигэр тыа хаһаайыстыбатын ыар үлэтигэр үлэлээччилэр хаһан даҕаны болҕомтоҕо ылыллыбат этилэр. Тустаах 350 №-дээх федеральнай сокуоҥҥа бу категория дьон чэпчэтиигэ хабыллыбыттар.
Ол курдук, сокуон тустаах ыстатыйатыгар тыа хаһаайыстыбатыгар 30 сыл үлэлээбит (халандаарынан), тустаах бириэмэҕэ ханна да атын сиргэ үлэлээбэт уонна тыа сиригэр олорор дьон биэнсийэлэригэр хас ый ахсын 4890 солк. эбиллэр. Ити эрээри бу чэпчэтиигэ сөп түбэһэр дьоммут ахсаана олус аҕыйах. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр биэнсийэлэригэр ити эбии төлөбүрүнэн 3665 киһи эрэ туһанар.
Тыа хаһаайыстыбатыгар өр сыллар усталара көмүс көлөһүнүн тохпут киһи олоҕун усулуобуйатын тупсараары куоракка киирэн олохсуйара, ама, баа буолуо дуо? Куоракка көһөн киирдэ эрэ, бу пенсионер эбии төлөбүртэн матарыгар тиийэр. Бырабыыталыстыба уонна парламент бу боппуруоска болҕомтолорун ууруохтарын наадалаах.
Пенсионнай фонда өрөспүүбүлүкэтээҕи салаата Россия пенсионнай фондатыгар эбии төлөбүрүнэн туһанар дьон ахсааннарыгар кыыл иитээччини, лабораны, сварщигы, повары, сүүрүк аттар тренердэрин киллэттэрэр гына туруорсубутун Георгий Степанов бэлиэтээтэ.
Кистэл буолбатах, сэбиэскэй тутул саҕаттан, күн бүгүнүгэр диэри тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин хамнастара кыра буолан, ол тэҥэ биэнсийэлэрэ өрүү намыһах. Бу салааҕа үлэлиэн баҕалаах киһи аҕыйаҕын биир сүрүн биричиинэтэ манна сытар.
Анал бырагыраама наада дуо?
Парламент истиитигэр Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Антонина Григорьева өрөспүүбүлүкэ агропромышленнай комплексын үлэһиттэрин үлэлэрин усулуобуйаларын тупсарыыга анал бырагыраама оҥоһуллуон наада диэн олус сөптөөх санааны эттэ. Маннык докумуон баар буоллаҕына, тустаах салаа үлэтэ-хамнаһа өрө тахсара биллэн турар. Антонина Григорьева этиитин өрөспүүбүлүкэ профсоюзтарын Федерациятын бэрэссэдээтэлэ Николай Дегтярев өйөөтө.
Вице-спикер Виктор Губарев сир баайын хостооһунунан дьарыктанар предприятиелар тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар тэрилтэлэр иннилэригэр эппиэтинэһи сүгэллэрин курдук, нуорма-быраап акталара оҥоһуллаллара наадатын туһунан эттэ.
Дьокутаат Михаил Гуляев эдэр дьону тыа сиригэр, хоту улуустарга тардар сыалтан «Земскэй бэтэринээр», «Земскэй зоотехник», «Земскэй агроном» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраамалар ылыллыыларын боппуруостара үөрэтиллиэн, дьүүллэһиллиэн наадатын туһунан эттэ.
Тэрээһиҥҥэ Мирнэй улууһун Таас-Үрэх сэлиэнньэтигэр баар «Новай» сопхуоһу уларытан тэрийии боппуруоһа таарылынна.
Николай Дегтярев тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаах сокуоннар сорох ыстатыйалара үлэлээбиттэрин туһунан эттэ. Парламент истиитин түмүгүнэн сүбэлээһин ылылынна. Тустаах докумуон эрэдээксийэлэнэн баран, бу боппуруоһунан парламент уурааҕа ылыллан, кэлэр уочараттаах пленарнай мунньах бэбиэскэтигэр киллэриллиэҕин туһунан тустаах сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин бэлиэтээтэ.
Людмила НОГОВИЦЫНА