1065

13 декабря 2019 в 19:26

Айан төлөбүрэ ханнык ыарыһахха төлөнөрө чуолкай буолуохтаах

 

Үрдүкү технологиялаах анал медицинскэй көмөнөн кимнээх туһаныахтаахтарый?

 

Ордук кэлиҥҥи кэмҥэ социальнай ситимнэргэ «ыарыһахха соҕуруу эмтэнэ барарыгар үбүнэн-харчынан көмөлөһүҥ» диэн ис хоһоонноох көрдөһүү үксээбитин ааҕааччылар бэлиэтии көрөр буолуохтааххыт.

Ахсынньы 10 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ ыарыһахтар үрдүк технологиялаах анал медицинскэй көмөнү ылар миэстэлэригэр айан төлөбүрүн боппуруоһугар парламент доруобуйа харыстабылыгар, социальнай көмүскэлгэ, үлэҕэ уонна дьарыктаах буолууга сис кэмитиэтин киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕа ыытылынна. Тэрээһини тустаах сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Владимир Чичигинаров салайан ыытта.

Мунньахха норуот дьокутааттара, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина, доруобуйа харыстабылын миниистирэ Елена Борисова, Булуҥ, Муома, Томпо улуустарын киин балыыһаларын кылаабынай быраастара, уо.д.а. кыттыыны ыллылар.

 

Квота  элбиирин туруорсаллар

 

Биллэрин курдук, ыарыһахха айан төлөбүрэ улууска төһө квота көрүллүбүтүнэн оҥоһуллар. Ил Түмэн тустаах сис кэмитиэтэ бу боппуруоһу биирдиилээн улуустарынан ырыппыт. Онно үгүстэр эбии квотаҕа наадыйалларын туһунан эппиттэр. Ыарыһах квотаны таһынан Дьокуускайга көрдөрүнэ, эмтэнэ барар буоллаҕына, айанын төлөбүрүн бэйэтэ уйунарын туһунан Владимир Чичигинаров бэлиэтээтэ.

Холобурга аҕалар эбит буоллахха, Ньурба улууһугар сылга 251 квота көрүллэр. Оттон тустаах улуус 400 квотаҕа наадыйар эбит. Сорох улуустарга алтынньыга хайыы-үйэ квоталара бүппүт. Оттон элбэх оҕолоох дьиэ кэргэннэртэн, кыаммат ыаллартан, искэн ыарыылаах дьонтон сайабылыанньа тиһигин быспакка  киирэ турарын тустаах сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ бэлиэтээтэ.

Маны таһынан улуус иһи­нээҕи айан эмиэ учуоттамматын мунньах кыттыылаахтара бэлиэтээтилэр. Сахабыт сирин сорох нэһилиэнньэлээх пууннара киинтэн хайдах курдук тэйиччи сыталларын бары билэбит.

 

 

Төһө үп көрүллүбүтүй?

 

2018 сыллаахха өрөспүү­бүлүкэҕэ барыта 6869 квота көрүллүбүт. Итиннэ 191 534 00 солк. анаммыт. Ааһан эрэр 2019 уонна кэлэр 2020 сылларга квота ахсаана уларыйбатах, оннунан хаалбыт. Ол эрээри ити сыалга көрүллэр үп аччаан биэрбит. Ол курдук, 2019 сылга — 182 184 09, 2020 сылга — 170 863 09 солк.

Биллэрин курдук, билигин дойду экэниэмикэтин туруга уустуктардаах.

2019 сылга Саха сирин таһыгар доруобуйаларын туругун көрдөрө барар ыарыһахтарга айаннарыгар 132 436 100 солк. тыырыллыбыт. Федеральнай анал клиникаларга 1474 киһи эмтэммит.

Улуустартан Дьокуускайга доруобуйаларын туругун көрдөрө, эмтэнэ барыан баҕалаах дьон ахсаана көрүллэр квотаны аһарар эбит. Оттон анал федеральнай клиникаларга эмтэнэ барарга уочарат суоҕун туһунан доруобуйа харыстабылын миниистирэ эттэ. Атын киин куоракка барарга үгүс үп-харчы наада буолара өйдөнүллэр. Аны ыарыһах соҕотоҕун айаннаабат. Арыаллыыр киһи ханна олороро, аһыыра-сиирэ…

 

 

Сүһүөх, тымыр, харах эпэрээссийэлэрэ тоҕо миэстэтигэр элбэхтик оҥоһуллубаттарый? Анал исписэлиистэр суохтар дуу, квота, куойка-миэстэ тиийбэт дуу? Дьокуускай куорат балыыһалара улуустары кытта бииргэ үлэлээннэр, итинник эпэрээссийэлэр миэстэлэргэ оҥоһуллуохтарын сөп этэ.

 

 

Кыһалҕаттан тахсар суоллар ханныктарый?

Киэҥ ыҥырыылаах мунньахха тустаах боппуруоһу быһаарарга тугу гыныахха, оҥоруохха сөбүн дьүүллэстилэр. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина квотаны биэриигэ чопчу ньыма толкуйдана илигин ыйда. Кини ханнык диагностардаах ыарыһахтарга квота бэриллэрэ чуолкай буолуохтааҕын туһунан эттэ. Кырдьык, билигин манна чопчу механизм суоҕунан, дьиҥ чахчы квотаҕа наадыйар ыарыһах тиксимиэн сөп. Оттон манна эмтэниллиэн сөптөөх ыарыһахтар анал федеральнай клиникаларга барыахтарын эмиэ сөп.

Баар кыһалҕаны иһиттэн билэр, эмчит идэлээх дьокутаат Семен Березин: «Тустаах боппуруоска ситимнээх сыһыан наада. Бу кыһалҕа урукку да өттүгэр мэлдьи көтөҕүллэрэ. Кистэл буолбатах, үтүмэн харчыны төлөөннөр Дьокуускайга көрдөрүнэ ыарыһахтар 30% халтайга кэлэн бараллар. Ол курдук, улуустааҕы балыыһаҕа булбут ыарыылара суох буолар, бигэргэтиллибэт эбэтэр улахан уочаракка түбэһэллэр. Сүһүөх, тымыр, харах эпэрээссийэлэрэ тоҕо миэстэтигэр элбэхтик оҥоһуллубаттарый? Анал исписэлиистэр суохтар дуу, квота, куойка-миэстэ тиийбэт дуу? Дьокуускай куорат балыыһалара улуустары кытта бииргэ үлэлээннэр, итинник эпэрээссийэлэр миэстэлэргэ оҥоһуллуохтарын сөп этэ. Оччоҕо манна ороскуот биллэрдик аччыыра чуолкай. Сэбиэскэй кэмҥэ хирурунан үлэлии сылдьан, былаан быһыытынан улуустарга ый ахсын барарбыт. Билиниэххэ наада, билигин улуустааҕы балыыһалары кытта ыкса ситимнээх үлэ суох. Үгүс үбү-харчыны өрөспүүбүлүкэ таһыгар ороскуоттуубут. Бу боппуруоһунан норуот дьокутааттарын кытта улуустарга доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин күннэрин ыытыахпытын сөп», — диэн олус сөптөөх этиини оҥордо.

Кырдьык, улуустарга анал идэлээх быраастар тиийэннэр, миэстэтигэр бэлэмнэниллибит ыарыһахха эпэрээссийэлэри оҥороллоро буоллар төһөлөөх абыраллаах буолуох этэй?

 

Арктика улуустарыгар

 

Булуҥ улууһун киин балыы­һатын кылаабынай бырааһа Алла Андреева быйылгы сылга айан төлөбүрүгэр 7 мөл. 700 тыһ. солк. көрүллүбүтүн эттэ. Ити үп-харчы тиийбэтин ыйда. Аҥаардас Тиксии-Дьокуускай-Тиксии маршрутунан көтөр арыаллыыр дьонноох ыарыһахха 80-100 тыһ. солк. наадатын туһунан эттэ. Бу улууска байыаннайдар олохсуйа кэлэннэр, нэһилиэнньэ ахсаана эбиллибит.

Кини хоту улуустарга олорор искэннээх ыарыһахтарга айаннарын төлөбүрэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөккүттэн көрүллэрин туруоруста.

Парламентарий, эмиэ эмчит идэлээх Любовь Явловская  «Сиртэн хостонор баайынан дьарыктанар бырамыысыланнай тэрилтэлэр пациеннары страховкалыылларын уонна санавиация ороскуотун төлүүллэрин курдук нуорма-быраап актата оҥоһуллара наадалаах», — диэн эттэ.

Ити эмиэ сөптөөх этии. Өрөспүү­бүлүкэ иһигэр үлэлиир бырамыысыланнай тэрилтэлэр, хампаанньалар үгүс өттүлэрэ экология нуорматын тутуспаттара, сирбитигэр-уоппутугар өтөрүнэн оспот баастары хааллартыыллара, онтон нэһилиэнньэ доруобуйата айгырыыра баар суол. Ол курдук. соторутааҕыта буолбут парламент мунньаҕар Усуйаана улууһуттан искэннээх ыарыылаах киһи кыттыыны ылбыта. Кини көмүһү хостооччулар кирдээх уулара бөһүөлэк иһэр уутугар түһэ турарын, онкологическай ыарыылаахтар элбии туралларын, манна миэрэ ылыллара наадатын туһунан истибит эрэ киһи хараастарын курдук эппитэ.

 

* * *

Киэҥ ыҥырыылаах мунньахха тустаах боппуруоһу дьүүллэһии кэнниттэн улуустарга көрүллэр квоталары ырытар анал оробуочай бөлөх бырабыыталыстыбаҕа тэриллэрэ наадатыгар сүбэлээһин оҥоһулунна. Маны таһынан мунньах кыттыылаахтара бырабыыталыстыба анал уурааҕар уларыйыы киллэрэр наадатын туһунан эттилэр.

 

Людмила НОГОВИЦЫНА

 

Поделиться