596

24 июня 2019 в 18:55

Бэдэрээссийэ Сэбиэтин кэмитиэтэ үлэлиир

 

Бу күннэргэ Бэдэрээссийэ Сэбиэтин бэдэрээссийэлээх тутулга, эрэгийиэннээҕи бэлиитикэҕэ, олохтоох салайыныыга уонна Хотугу сир дьыалаларыгар кэмитиэтэ өрөспүүбүлүкэҕэ кэлэн үлэлээн барда.

2017 сыл ахсынньытыгар РФ Бэдэрээлинэй Мунньаҕын Бэдэрээссийэтин Сэбиэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин күннэрэ ыытыллыбыттара. Ол ыытыллыбыт күннэр чэрчилэринэн «Саха Өрөспүүбүлүкэтин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын судаарыстыбаннай өйөөһүн туһунан» Бэдэрээссийэ Сэбиэтин уурааҕа ылыллыбыта. Бэдэрээссийэ Сэбиэтин туһааннаах кэмитиэтэ манна ыыппыт үлэтин иккис күнүгэр, ол уураах олоххо киириитигэр аналлаах сүбэ мунньаҕы тэрийдэ.
Бэдэрээссийэ Сэбиэтэ 2017 сыл ахсынньы 26 күнүгэр ылыммыт «СӨ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын судаарыстыбаннай өйөөһүн туһунан» уурааҕар, өрөспүүбүлүкэ туруорсубут: Уһук Хотугу уонна онно тэҥнэниллибит сирдэргэ дьон доруобуйатын харыстабылын, Аартыкатааҕы зонаны сайыннарыы, салгын суолунан пассажирдары таһыыга салгын тырааныспарын тэрилтэлэригэр бэдэрээлинэй бюджеттан субсидиялары көрүү, аэропортары тупсаран оҥоруу, Өлүөнэ өрүскэ муостаны тутуу, мааман фаунатын уонна палеонтология эбийиэктэрин тэрийии, өрөспүүбүлүкэ национальнай оскуолаларын наука-чинчийэр үнүстүүтүн оннунан хаалларыы уонна сайыннарыы, «2018-2025 сс. РФ научнай-технологическай сайдыыта» бырагыраамаҕа Саха сирин оҥоруулаах күүстэрин уонна социальнай эйгэтин сайыннарыыга туһуламмыт кэлим чинчийиини ыытыы, о.д.а. боппуруостар киирбиттэрэ.
Сүбэ мунньаҕы Бэдэрээссийэ Сэ­биэтин кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Олег Мельниченко салайан ыытта. Сэнээтэр кылгас киирии тылыгар, РФ бырабыыталыстыбата, ситэриилээх былаас бэдэрээлинэй уорганнара, СӨ судаарыстыбаннай былааһын устуруктууралара туһааннаах уурааҕы олоххо киллэриигэ дьаһаллары ылалларын туһунан этэр. Ол эрэн, Бэдэрээссийэ Сэбиэтин уурааҕар киирэн сылдьар сорох сүбэлэр дьайыылаахтык үлэлээн испэттэрин бэлиэтээтэ. Кэмитиэт өттүттэн, чуолаан, тирээн турар суолталаах боппуруостары хамсатыы кыраҕы хонтуруолга тутуллуоҕа диэн эттэ.
Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Петр Гоголев Бэдэрээссийэ Сэбиэтин 26 пууннаах уурааҕа өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй салгыы сайдыытыгар үчүгэй тирэҕинэн буоларын бэлиэтээтэ. «Социальнай, экэнэмиичэскэй усулуобуйалар бастайааннай уларыйа-тэлэрийэ тураллар, быраап нуормалаах хонуутугар биир оннук балаһыанньа. Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2032 сылга диэри социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын стратегията ылылынна. Национальнай бырайыактар олоххо киллэриллэн эрэллэр. Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан, Дальнай Восток сайдыытын национальнай бырагыраамата ырытыллан оҥоһуллар. Өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар туһуламмыт, Бэдэрээссийэ Сэбиэтин уурааҕар киирбит соруктар ураты суолталаахтарыгар саарбахтааһын суох. Ол гынан баран, дойду инники сайдыытыгар туһуламмыт саҥаттан саҥа соруктар туруоруллан иһэллэринэн, уураах сорох боппуруостара өссө сытыы тыын суолталаналлара наада», — диэтэ Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ.
Ил Түмэн ырытан оҥороругар уонна сокуоннар барылларынан хааччыйарыгар аадырыстаммыт уураах 11 пууна барыта толоруллубутун бэлиэтээн туран, Петр Гоголев маныаха өйдөммөт түгэннэргэ тохтоото. Бэдэрээссийэ Сэбиэтин кытта сөбүлэһиннэриллибит Ил Түмэн сокуоннарын барылларын кэнсиэпсийэлэрэ РФ бырабыыталыстыбатынан өйөммөтөхтөр. Бэдэрээссийэ Сэбиэтин мунньахтарыгар туһааннаах хайысхалаах үлэлээх-хамнастаах бэдэрээлинэй министиэристибэлэр бэрэстэбиитэллэрэ көтүппэккэ кыттыбыт уонна ханнык да боппуруоска утарбатах эрээрилэр, куһаҕан түмүктэри оҥорбуттара, дьэ, кырдьык, бэрдэ суох дьыала.


Этиитин түмүгэр, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Дальнай Востогу уонна дойду аартыкатааҕы зонатын сайыннарыыга туһуламмыт судаарыстыбаннай бэлиитикэ кэлим тирэх сокуона үлэлииригэр, сир аннын туһанааччылар эрэгийиэннэр уонна муниципалитеттар социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыларыгар булгуччулаах кыттыгастаах буолуулара сокуонунан бигэргэнэрэ наадатыгар, Хотугу сиргэ тиэйиини-таһыыны үбүлээһин төрүтэ нормативнай бигэргэниитигэр тохтоото.
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Владимир Солодов бэйэтин этиитин өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтин туругунан Дальнай Востокка лиидэр буоларыттан саҕалаата. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ 1 трлн солк. кээмэйдээх баалабай эрэгийиэннээҕи оҥорон таһаарыытын бэлиэтээтэ. Экэниэмикэтэ сирин аннын баайынан тутуллан олорор өрөспүүбүлүкэҕэ, киһи сөҕүөҕэ манна туох да суох. 2018 сыл түмүгүнэн, дойду тэтимнээхтик сайдар эрэгийиэннэрин ортолоругар өрөспүүбүлүкэ 4-с миэстэҕэ сылдьар уонна сүрүн макро-экэнэмиичэскэй көрдөрүүлэрин үүнүүтүнэн 11 лиидэр эрэгийиэннэргэ киирсэр диэн буолла. Арассыыйа эрэгийиэннэрин инибэстииссийэлээх килиимэтин туругун таһаарбыт национальнай эриэйтин түмүгүнэн, Саха сирэ 52 миэстэттэн 22 миэстэҕэ уһулу ойон тахсан, 2018 сылга үүнүү-сайдыы лиидэринэн биллэриллибит эбит.
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ бастаан итинник балысхан кыайыыны-хотууну үөрдэ-көтүтэ этэн баран, салгыы ол онтун бөрүкүтэ суох чахчыларынан доҕуһуоллаан биэрдэ. Ол курдук, нэһилиэнньэ дьадайыытын таһымынан биһиги биир саамай тиһэх кэккэҕэ сылдьар буолан таҕыстыбыт. Дьадайыы таһыма Арассыыйаҕа ортотунан 12,9%-ҥа тэҥнэһэр эбит буоллаҕына, биһиэхэ – 19%. Эргэрэн бүппүт уонна саахалланар туруктаах олорор дьиэ орто өлүүтэ дойдуга 2,4%-ҥа тэҥнэһэр буоллаҕына, биһиэхэ бу көрдөрүү – 18,8%. Саахалланар туруктаах оскуолабыт 10%-ҥа тэҥнэһэр, Арассыыйаҕа – 1%. Нэһилиэнньэ 21%-нын кыайбата тырааныспар сылы эргиччи сырыытынан хааччыллар кыахтааҕа бэлиэтэннэ.
РФ бырабыыталыстыбатын 2018 сыл балаҕан ыйын 30 күнүнээҕи дьаһалынан, өрөспүүбүлүкэ 16 аэропорт комплекстара тупсаран оҥоруу кэлим былааныгар хапсыбыттар. Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата инфра-устуруктууралаах хааччаҕы суох оҥорор инниттэн, 2024 сылга диэри өссө 10 аэропорду тупсаран оҥорууну туруорсар. Владимир Солодов Дальнай Востоктааҕы бэдэрээлинэй уокурукка эньиэргийэ тарыыптарын тэҥнээһин мэхэньиисимин киллэрии үтүө өрүттэммитин бэлиэтээтэ. Эньиэргийэни төлөөһүҥҥэ өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан 10 млрд солк. кэмчилэммит.
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ өрөспүүбүлүкэ иннигэр турар тутаах соруктарынан Өлүөнэни туоратар муоста тутуутун, аэропортар ситимнэрин сайыннарыыны, ЯГРЭС-2 уонна онкологическай диспансер иккис уочараттарын тутууну, аартыкатааҕы улуустарга теле-мэдиссиинэ өҥөтүн, мэдиссиинэ мобильнай биригээдэлэринэн үрдүк квалификациялаах көмөнү оҥорууну, мэдиссиинэ-саньытаарынай көмөнү нуорматын таһынан үбүлээһиҥҥэ саҥа сыһыаны киллэриини уо.д.а. боппуруостары ааттаталаата.
Бэдэрээссийэ Сэбиэтин уурааҕар киирбит, Ил Түмэн 11 пууҥҥа сокуоннар барылларын ырытан оҥороругар сорудахтаммыт үлэтэ тутатына саҕаламмытын туһунан, барылааман сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьев бэлиэтээн эттэ. Ирбэт тоҥу харыстааһын, Уһук Хоту уонна онно тэҥнэниллибит сирдэргэ таһаҕаһы тиэрдии ураты эрэсиимин, «Сир аннын туһунан» бэдэрээлинэй сокуоҥҥа, сир аннын туһанааччылар эрэгийиэннэр уонна муниципальнай тэриллиилэр социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыларыгар булгуччулаах кыттыыны ылыахтаахтара лиссиэнсийэлэрин ис хоһоонугар киллэриллиэхтээҕин, сэлии уҥуохтарын туһаныы эйгэтигэр, Уһук Хоту сир усулуобуйатыгар айылҕаны туһаныыга сыһыаннаһыылары сүрүннээһин тустарынан уо.д.а.сокуон барыллара оҥоһуллан бэлэмнэрин туһунан сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ иһитиннэрдэ.
Дальнай Восток сайдыытыгар РФ миниистирин солбуйааччыта Александр Крутиков Дальнай Восток сайдыытын национальнай бырагыраамата бырабыыталыстыбаҕа киллэриллэн, бары интэриэстээх биэдэмистибэлэри кытары сөбүлэһиннэриллибитин туһунан эттэ. Национальнай бырагыраамаҕа Өлүөнэни туоруур муоста тутуута учуоттанна диэн буолла. Эмиэ бу бырагыраама чэрчитинэн, олохтоох суолталаах 6 тыһ. км усталаах суолу нуормалаах турукка киллэрии соруга туруоруллубут. Миниистири солбуйааччы эппитинэн, Кыһыл Сыырдааҕы гаас үөс турбатын тардыы көрүллэр.
— Социальнай сайдыы хайысхатынан, – диир Александр Крутиков, – 126 ФАП-ры тутуу, доруобуйа харыстабылын 114 эбийиэктэригэр хапытаалынай өрөмүөннэри ыытыы, 1,5 тыһ. эдинииссэ мед. оборудованиелары атыылаһыы, 25 оҕо саадын уонна 42 оскуоланы тутуу уонна тупсаран оҥоруу, 201 оскуолаҕа хапытаалынай өрөмүөнү ыытыы соруктара тураллар. Маны таһынан, 18 култуура саҥа учреждениелара тутуллуохтара, 20 учреждениеҕа хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыаҕа. 4 тыһыынчаттан тахса эдэр ыал дьиэлэнэригэр өйөбүл оҥоһуллуо.
Үбүлээһин — тутаах боппуруос. Илиҥҥи экэнэмиичэскэй куорум иннинэ ыытыллыахтаах Госсовет президиумугар, оттон бу президиум национальнай бырагырааманы олоххо киллэриигэ ананыаҕа, үбүлээһин боппуруоһа быһаарыллыаҕа. Биһиги дойду бэрэсидьиэнэ Дальнай Вос­токтааҕы бэдэрээлинэй уокурукка олох хаачыстыбатын таһыма Арассыыйа орто көрдөрүүтүттэн үрдүк буолуохтаах диэн туруорбут сорудаҕынан салайтарабыт.
Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков, Арассыыйа Аартыкатааҕы зонатын сайыннарыы стратегията тирэҕириэхтээх, Аартыкаҕа сыһыаннаах туспа тирэх сокуону ыларга этии киллэрдэ. «Тирэх сокуона суох буоллахпытына, биһиги бу улууканнаах дьыалаҕа уһулуччу ыарахаттары көрсүөхпүт. Аартыка уонна Дальнай Восток сайдыыларын туһунан тирэх сокуоннар ылылыннахтарына, бу — кэнсиэпсийэ — стратегия — бырагыраама утумнаахтык олоххо киириилэрин төрүтэ буолуоҕа», – диэтэ Александр Жирков.
Ил Түмэн дьокутааттара Елена Голомарева сокуон кимиэхэ барытыгар өйдөнүмтүө буолуохтааҕын, Виктор Губарев боротокуолтан дьыалаҕа көһөн, сокуону ылынар кэм кэлбитин, Владимир Членов Аартыка туһунан сокуоннары барытын түмэн, тирэх сокуону ылынар туһунан эттилэр.
Бэдэрээссийэ Сэбиэтин кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Олег Мельниченко ордук тирээн турар суолталаах боппуруостарга, ол иһигэр Өлүөнэ муостатын тутууга, бигэ электро-эньиэргийэнэн хааччыллыыга, аэропортар эрэгийиэннээҕи ситимнэрин сайыннарыыга, сэлии фаунатын сөҕүмэр эбийиэктэрин чинчийиигэ кэмитиэт өттүттэн салгыы хонтуруол баар буолуоҕун бэлиэтээн эттэ. «Өлүөнэни туоратар муостаны тутуу боппуруоһа, – диэтэ Олег Мельниченко, – биһиги кэмитиэппитигэр бириинсиптээх хараактырдаах боппуруоһунан буолар. Бу боппуруос муҥутуур кылгас болдьох иһинэн быһаарылларыгар, биһиги бары кыаллары уонна кыаллыбаты оҥорорго бэлэммит».
Бэдэрээссийэ Сэбиэтин кэмитиэтэ Дьокуускайга ыыппыт сүбэ мунньаҕын үлэтин түмүгүнэн, ситэриилээх былаас бэдэрээлинэй уорганнарыгар уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай уорганнарыгар сүбэлэри оҥоруоҕа, Бэдэрээссийэ Сэбиэтин уурааҕын пууннара салгыы олоххо киириилэрин хонтуруолга тутуоҕа.

Прокопий ИВАНОВ

Поделиться